Читать книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - - Страница 6
ИККИС ОҤКУЛ
ӨРКӨН ӨЙҮНЭН ТУРУУЛАҺЫЫ
ОглавлениеОмук күүһэ – өйүгэр,
Өйүн күүһэ – тылыгар.
В. Протодьяконов
Эрэйи өйүнэн кыайан, сайдыы кэскилин туруулаһыы – бары омук олоҕун кыаҕын быһаарар тыын ирдэбил. Омук тыына быстыбат мэктиэтэ, көмүскэлэ – кини өйө. «Өй» диэн өйдөбүл түүр да, монгуол да тыллаахтарга уларыйбат суолталаах «ум, разум, память, мнение» диэн суолталаах. Киһи өйө саҥа, урут киһи олоҕор көрсүбэтэх-билбэтэх күөн көрсүһүүтүгэр дьоһуннук, кыайыылаах тахсар эппиэти тобулар кыаҕа төһө күүстээҕэр биллэр. Аныгы киһи информационнай технологиялар нөҥүө аан дойду эйгэтиттэн өйүн күүһүнэн сайыннарар, тэнитэр кыаҕа муҥура суох буолан иһэр. Маннык кэмҥэ, ордук искусственнай интеллект сабардыыр суоһа биллэн истэҕин аайы, киһи дьиҥ өйүн саталлаахтык салайынан, кини кыаҕын кэҥэтии, үөрэҕи ылыыны түргэтэтии, эт мэйиитин кистэлэҥ эрчимнэрин арыйыыга болҕомтолоохтук сыһыаннаһара эрэйиллэр буолла.
Саха өй үлэтин туругар, суолтатыгар киэҥ, дириҥ өйдөбүлү уурар, тыыннаах буолуу, тас эйгэни кытта дьоһуннук бодоруһууга сүрүн тутулук төһүү күүһүнэн-кыаҕынан билинэр. Ону Былатыан Ойуунускай кэриэс-хомуруос тылларыгар чуолкайдык эппитэ:
Эрэниэҕиҥ-итэҕэйиэҕиҥ икки атахтаах
Эрэйэ-буруйа өлөрүн,
Өлөртөн өлбөт өйүн,
Өйүнэн өлбөт бэйэтин.
Аан дойду араас судаарыстыбаларын олохтоохторун сайдыыларын кээмэйдиир «киһи сайдыытын индексэ» диэн тэҥнэбилгэ туттуллар көрдөрүү баар. Нэһилиэнньэ үөрэҕириитин таһымын, ол төһө сыл ситиһиллэрин, хас сыл тыыннаах олорорун, олоҕун таһыма хайдаҕын ааҕан-суоттаан таһаарыллар. Холбоһуктаах нациялар тэрилтэлэрэ 1990-с сыллартан итинэн дьарыктанан араас тэҥнэбиллэри таһааран, сайдыы хаамыытын таһымнарын бы- һаараллар. Онно инникитин биһиги чугастан бодоруһуохтаах Арктикабыт дойдулара (Скандинавия) уонна Азия баабырдара (Финляндия, Швеция – 0,8; Сингапур – 0,88; Гонгонг – 0,81; Япония, С. Корея) буолаллар. 2020 сыллаах түмүгүнэн Арассыыйа 41-с миэстэҕэ тутуһан турар (Шанс дожить до 5 лет – 99%; среднее количество лет обучения в школе – 13,7; качество обучения – 498; выживаемость взрослого населения – 80%; түмүк – 0,68)7. Бу индикатордары туттан, Арассыыйа эрэгийиэннэрин эмиэ сааһылыыллар. Онно көрдөххө, Саха сирэ 90-с сылларга 44-с миэстэ эбит буоллаҕына, 2020 сылга 15-с миэстэҕэ өрө таҕыста!8 Бу элбэх өрүттээх үөрэҕирии, идэтийии, чөл туруктаах олох туһугар тардыһыы уонна төрүт билиигэ, өйү сайыннарыыга туһаайыы үтүөкэннээх көрдөрүүтэ.
Саха итэҕэлигэр Билгэ хаан диэн киһи өйүн уһугуннарар Айыы баар, кини өй күүһүнэн тыыннаах буолууну сайыннарар. «Өй – аан дойдуну айбыт Улууттан улуу Сүдү Күүс, Өй өлбөт үөстээх»9. Үрдүк өйү, сэрэйэр күүһү, аһаҕас эти Үөһээҥҥилэр дьаһайаллар, киһиэхэ өй угаллар, биир ситимҥэ холбууллар. Ону билигин ноосфера диэн куйаар ураты хаттыгаһа баарын билинэр буоллулар. Бу аат түөрт- биэс тыһыынча сыллааҕыта шумердар Билгэ диэн таҥаралаахтарыттан кэлбит кэриҥнээх.
Билгэ хааҥҥа туһаайыллыбыт алгыс ис хоһооно маннык:
Лох, лох, лох!
Билиини биэрээччи,
Өйү үксэтээччи,
Кулгааҕы тобулааччы,
Хараҕы арыйааччы,
Сайаҕас санаалааччы,
Ичээн этээччи,
Этитиини төрүттээччи,
Түмүгү сүөрээччи,
Бэлиэни этээччи,
Сиби сэрэйтэрээччи,
Үөрэх төрдө,
Билии баһа
Билгэһит
Билгэ Хаан,
Бэттэх көрө
Мичик гын!
Дом! 10
Саха түсчүтэ Дабыл этэринэн, Айыы киһитин өйө сааһынан тус-туспа наарданар. Бу наарданыы кини Айыыга, иччигэ сыһыаныттан тутулуктаах.
1. Өй хаата. Киһи битэ Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Кинилэр тыыннара киһиэхэ хаа буолар.
2. Өй-мэйии. Киһи билгэтэ Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Кинилэр тыыннара мэйиигэ биллэр.
3. Өй-төй. Киһи Таҥхата Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи биэс төгүл сэттэлии сыл ( 7 саас, 14 саас, 21 саас, 28 саас, 35 саас) тухары өйө таҥыллар. 35 диэри өйө таҥыллыбатах киһи Айыы санааҕа кыайан кэлбэт.
4. Өй-санаа. Киһи дьылҕата Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 42-гэр диэри дьылҕаны билэ сатыыр. Оттон 49 сааһыгар диэри дьылҕаны ырыҥалыыр.
5. Өй-билии. Киһи ыйааҕа Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 56 сааһыгар ыйааҕы билэн барар. Ыйдарыы баарын өйдүүр-билэр кыахтанар.
6. Билимтэ өй. Киһи оҥоһуута Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 63 сааһыгар оҥоһууну билэр.
7. Ийэ өй. Киһи төлкөтө Айыыга, иччигэ чугаһа итинник таһымнанар. Киһи 70-гар Айыы сааһыгар үктэнэр. Төлкөнү өйдөөн барар.
Өй диэн билиҥҥи кэмҥэ стратегическай ресурс быһыытынан көрүллэр. Саха бас-көс сирдьитэ Софрон Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн дакылаатыгар «биһиги норуоппут баараҕай интеллектуальнай күүһү-уоҕу мунньунан билиҥҥи кэмҥэ тиийэн кэллэ. Бу интеллектуальнай күүс – норуот саамай күндүттэн күндү баайа»11.
Үлэ араас көрүҥнэрин аан дойду таһымынан үллэстиигэ өйүнэн сайдыыта суох нэһилиэнньэ хара, барыһа суох, доруобуйаны, айылҕаны айгыратар үлэни толорор. Ити аныгы колонизация саҥа көрүҥэ буолар, ол үөрэх таһымын аттарыыга ордук чуолкайдык көстөр. Өйдөөх омук, киһи олоххо бэйэтин суолун сатабыллаахтык тэлэр, түс-бас быһаарыылаах тыллаах, дириҥ толкуйдаах, айымньылаах, ситиһиилээх суоллаах-иистээх олорор, тас дьайыыга бэйэтин күөнүн, көҥүлүн кыаҕын, дьоһунун туран биэрбэт. Өйүнэн сыппах киһи, омук араас мөкү дьайыыларга, баттабылга кииримтиэ, өс киирбэх, үтүктээйи, уһаты-туора толкуйдаабат, иннин-кэннин ыраҥалаан көрбөккө, санаабычча алҕаска сыыһа үктэтэн, кыаҕын ылбыт омугун, киһитин тылыттан тахсыбат, бэйэтин туһун билиммэт.
Тымныы чыпчаалынан ааттанар тыйыс айылҕалаах Саха сиригэр олох олорор иһин туруулаһыыга өй санааны сайыннарыы дьарыга тыыннаах буолуу кэрэһитэ буолар. Туох барыта төрдүн тобулуу, араас көстүүлэри таба тойоннооһун олоххо тардыһыыга угуйар, күүстээх тыын биэрэр. Ол да иһин чинчийээччилэр быһаарбыттарынан, тымныы сир олохтоохторо өйдөрүн сайдыыта биллэ үрдүк, атын сылаас дойдулаахтары куоһарар. Тымныы кыһыннаах сирдэргэ олох олоруу уратыларын теорията кэрэһилииринэн, Хоту, Илин Европа уонна Илин, Хоту Азия төрүт олохтоохторо сылаас сир олохтоохторунааҕар быдан үрдүк таһымнаах (IQ) интеллектээхтэр. Ол корреляциятын 20 тыһ. төбө чөмчөкөтүн кээмэйдээн, экватортан төһөнөн ыраатар да, соччонон чөмчөкө ис сабардама улаатар диэн быһаарбыттара12. Австралия психологтарын элбэх дьоҥҥо чинчийиилэрэ көрдөрөрүнэн, самыырдаах, тымныы күн-дьыл сабыдыала киһи толкуйдуур, өйүгэр хатыыр дьоҕурун күүһүрдэр. Оттон сылааска киһи мэйиитин үлэтэ бытаарар, сыппыыр, салбаҕырар.
Киһи өйүн үлэтин дириҥин, муҥурун быһаарар уустук, үгүс толкуй көрүҥнэргэ өй-санаа таһымыгар тахсыбаттар, онон киһи өйүн үлэтин маннык-итинник диэн быһаарара табыллыбат13. Ити бүтэйдии быһаарыы (подсознание) үлэтэ буолар.
«Я никогда так не относился к восточным народнос- тям, как после последней поездки в Якутию. Оказывается, якуты – совершенно фантастический народ. У них суперобразное мышление. Я там встретился с первоклассным ученым В.И. Оконешниковым. Он разработал теорию строения электрона, в которой он четко показывает, что информационная емкость электрона [атома] больше, чем у всех вместе взятых цифровых носителей на Земле. И с помощью своей теории он разработал теорию таблицы Менделеева, строения атомов, всех энергетических каналов человека, отработал свою систему диагностики и профилактики настолько точную, что к нему обращаются профессора из Новосибирска…» – диэн сөҕөн-махтайан киһи ис туругун тупсарыыга дьаныһан саҥа ньымалары айар физик С.В. Кольцов суруйбута. Ити курдук, атомнай мэдиссиинэ сайдан иһэрин хоту чараас эйгэҕэ иҥэн киириитэ «араллааннаах ат-аам тыын алгыстаах айана» (Н.А. Аржакова-Иванова) илгэлээх-уруйдаах тыынын сайыннарар саха ыччаттара үөскүөхтэрэ.
Тымныы киһи мэйиитин икки өттүн үлэтин сытыырхатан айар-тутар дьоҕуру күүһүрдэрэ биллэр. Маны тэҥэ үрдүк томтор, хайалаах сирдэргэ өй күүһэ сытыырхайар бадахтаах. Онон, биһиги, сахалар, тоһуттар тымныы чыпчаалын олохтоохторо, анал үөрэхтээх идэлээхтэри куоһара түһэн айар, араас эйгэни саҥалыы ситимниир кыахпыт ситэри арылла илик. Билигин биһиги судаарыстыбабытыгар туттуллар атлантическай үөрэх-иитии ситимигэр айар дьоҕуру сайыннарыы диэн ирдэниллибэт, ситэритин баттанар да диэххэ сөп. Симик, толоругас гражданин буолар эрэйиллэр. Салгыы атлантическай үөрэх-иитии ситимэ Чуумпу акыйаан кытылларын кыйа олохсуйбут цивилизациялар үөрэхтэрэ баһылаан истэҕин аайы саха өйө, айар дьоҕура сытыырхайар кэмнэрэ иһэллэр.
Тымныы сир олохтоохторо тус бэйэлэрин ииттэр-көрүнэр ньымалара хааннарыгар иҥэ сылдьар. Ол курдук, психолог Е.А. Неустроева14 Москва уонна Дьокуускай кыра саастаах оҕолоругар аччык куосканы ойуулаппыта. Саха оҕолоро аччык куоска кутуругун өрө хоротон, сүүрэ-сиэлэ былаастаах бултуу баран эрэрин, оттон Москва оҕолорун куоската баппаҕайын умнаһыт курдук уунан олорорун ойуулаабыттар. Ити православнай итэҕэл киһи умналаан, аһыннаран, туора дьоҥҥо харайтаран олорорун омнуолаабат, «Хаайыллартан уонна умналыыр дьылҕаттан быһа этинимэ» диэн дьылҕатыгар эрдэттэн сордоох-муҥнаах өлүүнү-чааһы этинэн кэбиһэр хобдох буолуо?15.
Тымныы айылҕа киһиттэн олох сатабылларыгар үөрүйэх буолууну эрэйэр. Тымныы сир киһи мындыр, сытыы, тобуллаҕас өйүн сайыннарар. Поэт В. Власов ону бэлиэтии көрөн маннык хоһуйбута: «Аам-даам ахсынньыга Саха өйүн сытыылыыр»16. Киһи өйүн кыаҕынан хараҕа аһыллар – аан дойдуну, олоҕу-дьаһаҕы, тус бэйэтин анаарар кыахтанар. Ол иһин калмыктар өс хоһоонноругар «Киһи тугу өйө билэрин – ону хараҕа таба көрөр» диэн бэргэн этиилээхтэр. Өйүнэн салайынар киһи атыттарга күөнүн нөрүппэт, бэйэтин дьоһунун ыһыктыбат. Маннык түмүктэрдээх чинчийиилэри саха психолога М.Д. Бугаева устудьуоннарга ыыппыта17.
Маны таһынан, тыйыс айылҕа олохтоохторо «плененное сознание» (captive mind) диэн өй ураты туругар түспэттэр, тобуллаҕастык толкуйдуур, өйдөрүн сытыылыыр дьоҕурдаах эрэ буоллахтарына, көрбүттэрин-истибиттэрин сэргээн, сонурҕаан, ыараҥнатан, ырытан, бары өттүттэн эргитэн илдьиритэн, тэҥнээн, алтыһыннаран, элбэх информацияны холбоон, ханыылаан, өйүгэр оҥорон көрөн, дьүөрэлээн, сааһылаан, анааран, сабаҕалаан, сэрэйэн, тобулан, тус бэйэлэрэ түмүк оҥостоллор.
Саха үөрэҕинэн, сахалыы өй үс сүрүн көрүҥэ баар: Төрүт өбүгэ өй, Ийэ өй уонна Күннээҕи өй. Төрүт өй – Үөһээлэр бэрсэр өйдөрө, филогенетическай диэххэ сөп. Ийэ өй – киһи бэйэтин өйүн кыаҕа, онтогенетическай, удьуордааһын, диэххэ сөп. Оҕо үөскүөн инниттэн сайдар, үлэҕэ, олоххо сатабыллара удьуорунан бэриллэр. Буор саха сэрэйигэс, таайыгас буолар. Ол кини Сир-ийэтин кытта быһаччы ситимэ билиини биэрэр. А.Н. Павлов-Дабыл, «Айыы Кыһата» гимназиятын уһуйааччыта, «Кут-сүр» түмсүү түсчүтэ маннык быһаарар: «Биһиэхэ, сахаларга, «барҕа» диэн өйдөбүл баар. Барҕа удьуорунан бэриллэр өй-санаа баайыыта буолар. Бу баайыынан өбүгэ өйүн-санаатын күүһэ кэлэр. Киһи айылгыта уһуктар. Удьуор утума төһөнөн бигэ да, соччонон барҕа улахан. Оччотугар уруу-аймах барҕарар. Омук барҕата эмиэ эбиллэр».18 Ол аата, ийэ өй өбүгэ илдьитин, өбүгэ тыынын тута сылдьар.
Күннээҕи өй олох сатабылларыгар көстөр, дьону кытта бодоруһуу, бэйэни көрүнүү, ииттинии, салайыныы ирдэбиллэрин толорор. Киһи өйүнэн төһө оҥорор көрөр кыаҕа кини олоххо күүстээх сатабыллаах буоларын бэлиэтиир. Сатабыл үөрэҕин дьаныардаахтык быһаарааччы, үөрэх-билии ситимигэр киллэрээччи П.П. Кондратьев өй күүһүнэн сатабылы иҥэринии маннык хаамыылаах сайдар диэн быһаарар: баҕарабын – булабын – өйдүүбүн – туттабын – туһанабын – айабын19. Кини «дэгиттэр сатабыллар» диэн дьайыыны көрдөрөр, сирдиир тылларынан бэриллэллэрин быһаарбытын өркөн өйү сайыннарарга төһүү билии быһыытынан сыаналыыбыт. П.П. Кондратьев бэйэтин теоретическай көрүүтүгэр олоҕуран маннык быһаарыылары биэрэр:
Тобулуу. Долоҕойго түһэрии. Өйдөөбүтү дириҥник ылынан, өйгө-санааҕа ырытан эккэ-хааҥҥа иҥэрии, туох эмэ суолтатын чуолкайдаан чопчу быһаарыы, өйдөбүлүн ис дьиҥин ылыныы, ону өйгө хатааһын, кыаллыбат курдугу быһаарыы, чинчийии.
Өйдөнүү-санааланыы. Киһи ис күүһэ – мэйии күүһэ. Киһи ситимнээхтик, иннин-кэннин санаан, тургутунан толкуйдуур дьоҕура. Тэҥнээн көрөн табатык быһаарыныы. Өйү-санааны сааһылааһын, төрүөтүн булуу, тиһэҕэр тиэрдии, дириҥ өй, киэҥ көҕүс, күүскэ өйдөөһүн.
Сиэрдээх өйдөнүү. Барыга барытыгар оттомноохтук толкуйдаан сыһыаннаһан, ырааҕы сыныйан көрөн боччумнаахтык саҥарыы-туттунуу. Киһи бэйэтигэр, атыттарга туһалаах, табыгастаахтык, ылыннарыылаах өттүн тутуһан быһыыланыыта, боччумуруута, оттомуруута. Сэрэнэн, суоттаан, ыраҥалаан, сыныйан көрөн этии, саҥарыы, өйдөөхтүк туттуу20.
Ийэ өйгө тирэҕирэн олоҕу салайыныыны сахалыы өй-санаа диэн саха ааттыыр. Саха быһаарыммыт өйгө-санааҕа кэллэҕинэ, «Эппит тыл биир – санаабыт санаа төлөрүйбэт», «Тыл барда – бас барда» диэн халбаҥнаабат эрэбил, итэҕэйсэр сыһыаны олохтуур. «Өбүгэ мындыр өйө өйгөр-санааҕар, эккэр-хааҥҥар өлбөт тыыннаах», – диэн сахалыы уһуйааччы А.С. Федоров бигэргэтэр.21
7
Индекс развития человеческого капитала. 2020 г. – https://nonews.co/directory/lists/countries/human-capital
9
Уткин К.Д. Өбүгэлэр үгэстэринэн толкуйу тобулуу / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С.27.
10
Таҥха (Айыы итэҕэлин үгэһин ситимэ). – Дьокуускай: Бичик, 2001. – С.38.
11
Саха норуота барҕарыы суолунан. Софрон Петрович Данилов 1992 с. ахсынньы 12 күнүгэр саха норуотун Бастакы конгреһыгар оҥорбут дакылаатын 20 cылыгар ананар. – Дьокуускай, 2012.– С.31.
12
Раштон Д.Ф. Раса, эволюция, поведение. Взгляд с позиции жизненного цикла. – М., 2011. – С. 15.
13
Крамаренко В.Ю., Никитин В.Е., Андреев Г.Н. Интеллект человека. – Воронеж: Изд-во Воронежского ун-та, 1990.
14
Неустроева Е.А. Особенности развития творческих способностей в условиях освоения детьми символических средств выразительной пластики (дошкольный и младший школьный возраст). Автореф. дисс.на соискание уч. ст. к. пс.н. – М., 2014.
15
Михайлов В.Д. Киһилии киһини иитии суолун-ииһин туһунан / Сахалыы өй-санаа сайдыытын сүрүн тосхоллоро. Научнай-практическай конференция матырыйааллара. Муус устар 2 күнэ, 2011. – Дьокуускай, 2022. – С. 6.
16
Власов В. Киһибин.– Дьокуускай: Бичик, 2006. – С. 526.
17
Бугаева М.Д. Интеллект как фактор подверженности психологическому воздействию. Автореф. Дисс. К.пс.н. – М., 2005.
18
Аргунова Л.С. Өй-санаа өһүөтэ.– Дьокуускай: Сандам, 2017. – С. 20.
19
Кондратьев П.П. Сатабылланыы. – Дьокуускай, 2017. – С. 12.
20
Онно. – С. 42—43.
21
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома. – Дьокуускай: Бичик, 2011.