Читать книгу Биһиги сахалар…. Туруулаһыы - - Страница 8

Саха өйүн көрүҥнэрэ

Оглавление

Саха төрүт өйө – дьон тэҥинэн сананан, кими да баттаабакка, кимтэн да баттаммакка, көҥүл тыынан, көҥүл санаатынан, көҥүл дьаалытынан олох олороро буолар. (Г.С. Попова быһаарыыта). Бу киһи аймахха барытыгар бэриллэр өй сахалыы көстүүтэ диэххэ сөп. Өй үгүс көрүҥнэрэ утарыта кыахтаахтар, ол киһи өй таһымын быһаарар.

Ийэ өй

Өбүгэ өй

Өркөн өй

Удьуор төрүт өй

Анаарар өй – Хоҥхо мэйии

Айдарыылаах өй

Болҕомтолоох булугас өй

Дириҥ өй – чычаас өй

Илэ өй

Көрсүө, оттомноох өй

Кэтэх өй

Кэдэрги өй

Киэҥ өй – тутах өй, кумах мэйии

Мындыр өй – Мөлтөх өй

Оҕуруктаах, биэтэстээх өй

Олоҥхо өйө

Сайдам өй – Тутах санаа/өй

Сытыы өй —сыппах өй

Тобулук өй

Ыраас өй

Чиҥ өй – Чэпчэки өй

Өтө көрөр өй

Өйдүүр өй – умнуган

Үтүө өй – өһөгөйдөөх/өһүөннээх өй

Эт өй (эт мэйии)

Сиэрдээх өй

Тыын өй

Утумнаах уһун өй

Ырааҕы көрөр/ырыҥалатар өйдөөх.

Киһини өйүнэн салайынар кыаҕын таһымыттан көрөн араастык ааттыыллар: акаары, далай акаары, алдьаас, аҥала мэйии, өйдөөх-төйдөөх, өй хаата, бас-көс, түс-бас киһи, чулуу өйдөөх, бэдэр мэйии, тииҥ өйдөөх, сээркээн сэһэн, сир түннүгэ, өспөт өй уо.д.а. Этэр тыл эҕэлээх, саҥарар тыл салалталаах.

Өй араас өрүттээх уонна сайдар хаамыылаах. Кыра оҕо эрдэхтэн өйдөөх буолуох чинчилээх оҕо билиигэ-көрүүгэ дьаныһар тардыһыылаах, туппай, ийэ өйө сайаҕас, үөрэххэ дьулуурдаах, дьаныардаах, эргитэ саныыр дьоҕурдаах. Өй-санаа сайдыытын кытта сэргэ социальнай интеллект, ол эбэтэр өйүн туппут ыччат дьону кытта сатаан бодоруһар олох сатабыллара уонна эмоциональнай (иэйиилээх) интеллект, ол эбэтэр өй-сүрэх талаһыыларын дьүөрэлэһиитэ бииргэ тутуһан сайыннахтарына дэгиттэр иитиилээх, бэйэҕэ ирдэбиллээх, атаҕар турбут киһи-хара, киһи киһитэ, дьонноох киһи, киһилээх киһи буолан тахсар. Оҕуруктаах өйдөөх киһи түргэн-тарҕан толкуйдаах, киэҥ көрүүлээх, түгэни таба тайанар-тутар, үөйбэтэх-ахтыбатах саҥалыы көрүүнэн барыстаах, туһалаах өттүгэр уустук туругу хас да таһымынан эргитэ охсор кыахтаах. Өбүгэ төрүт өйүн тута сылдьар киһи төрүт култуураны сайыннарар, дьоҥҥо иһирэх сыһыаннааах, дириҥ билиилээх, олохтоох өйдөөх, үгэстэри тутуһар, салгыыр; кэдэрги, тутах быһыыга киириммэт.

Ийэ өй 94 төрүт өйдөбүлү ситимниир диэн сахалыы үөрэҕи тарҕатааччы В.Е. Степанова быһаарар.23 Кини түмүктүүрүнэн, элбэҕи эрэйбит, эрэммит национальнай оскуолабыт концепцията улахан уларыйыыны киллэрбэтэ: уларыйыы ис өттүбүтүн тумнан, тас өттүбүтүн эрэ таарыйда. Күн бүгүҥҥэ диэри, биһиги өйдүүрбүтүнэн, үөрэх эйгэтигэр үс сыаннас бэйэ-бэйэлэрин кытта «күрэстэһэр»: билиини өрө тутуу, өй үлэтин дьоҕурун уонна сатабыллаах буолуу таһымын сайыннарыы, киһи, оҕо омук быһыытынан бэйэтин дьылҕатын айарыгар-тутарыгар, салайарыгар, салайынарыгар көмө буолуу24. Маннык түмүгү кытта сөпсөһөн туран, олоҥхо педагогикатын төрүттээбит Е.П. Чехордуна «Сэдип» диэн өй-билиини сайыннарар технологияны айан оҕо төрүөҕүттэн оскуоланы бүтэриэр диэри алта саас кэрдиис кэмнэринэн сайдарга туһаайыллан ситиһиилээхтик олоххо киллэрэ сылдьар.

Өйдөөх киһи өйүгэр элбэх билиини сааһылаан илдьэ сылдьар, ол булугас өйү, инникини өтө көрөр, анаарар өйү күүһүрдэр, өйдүүр өй эйгэтин кэҥэтэр, саҥа билиини-көрүүнү дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатар. Үтүө өйдөөх киһи ис чиҥнээх, дьиҥнээх өрөһүлтэлээх өйүн дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах өттүгэр туһаайар, олох кыһалҕаларын туоратарга орооһор, кыттыһар, кыаммакка, кырдьаҕаска амарах сыһыаннаах, сытыы өйүнэн дьон олоҕо туруктаах буоларын ситиһэр. Олох саҥа ирдэбиллэригэр мындыр өйүнэн ураты көрүүлээх ньымалары, албастары толкуйдаан, сайдар суолу тобулар, уустук түгэннэргэ быыһанар кыһалҕаны туоруур, эрэйи чэпчэтэр сатабыллары төрүттүүр. Г.С. Попова этэринэн, өй икки сүрэх мөккүөрүн киһи удьуор тыына, тыын кута эрэ быһаарар. Удьуор тыынын үс утаҕа диэн ийэ тыл, дойду тыына, төрүт итэҕэл буолар.25 Көрсүө, оттомноох өйдөөх киһи саҥа-иҥэ култууратын баһылаабыт, дьон, киһи саҥатын болҕомтолоохтук истэр, ыйааһыннаах, олохтоох, дуоспуруннаах, дьоһуннаах тыллаах-өстөөх, өйдөнөр гына быһаарар, ис санаатын, билиитин-көрүүтүн, сатабылларын сайа тиэрдэри сатыыр киһи.

Өбүгэлэрбит 3 тыһыынчаттан тахса өс хоһоонун, өссө элбэх дэгэт тыллары, кылыс этиилэри айбыттара биллэр26. Маны сэргэ 100-тэн тахса араас таайсыылаах оонньууну айбыттар. Үлэ өйү-билиини кэҥэтэр дьоһун кыаҕын олох сатабылларыгар уһуйуу, бэйэни сайыннарыы, салайыныы, үөрэҕирии ньымаларыгар иҥэрбиттэр. Өй-мэйии уонна илии оонньууларын, таабырыннаһыыны, өбүгэлэрбит оонньууларын үйэтитии, киһи чөл туругар, өйүн сааһылыырыгар туһалааҕын өйдөтүү суолталанна.

Саха биллиилээх суруйааччыта, бөлүһүөгэ Семен Данилов этэн турар: «Киһи олоҕун түмүгэ – өлбөт өй өрөгөйө». Саха бэйэтин дьон тэҥинэн олорорго баҕалаах, Күн өркөн уустарабыт диэн өркөн өйүн күүһүнэн Сырдыкка, Үтүөҕэ, Кэрэҕэ, Үйэлээххэ тардыһар дьүкүөрдээх. Ол да иһин этэн эрдэхтэрэ – «Күүскэр эрэнимэ, сатабылгар эрэн», «Сээркээн Сэһэн», «Сир түннүгэ».

Өй суолтатын, туругун, туттуллуутун туһунан өс хоһоонноро, номохторо элбэхтэр.

Өй суолтатын, дьайыытын туһунан өйдөбүллэр: айдарык, барыл, билгэлээһин, сылык, санаа күүһэ атастаһыыта, тойоннооһун, дьүүллээһин, күннээҕи өй-санаа, өйү-санааны харыстааһын / өрүкүтүү, өйү өрө тутуу, тускул, өйдүүн-сүрэхтиин тардыһыы, эт мэйии, cүрүн өйдөбүл, чиҥэтии, өйдөбүнньүк, үтүгүннэрии уо д.а.

Өйдүүр дьоҕур туһунан саха тылыгар бэрт элбэх өйдөбүллэр бааллар: өйдөөһүн, дьолоҕойго тутан, өйдөөн-дьүүллээн истии / көрүү, албас, бэйэ өйүнэн толкуйдуур сатабыл, өй күүһэ, өй кыамтата, өйгө тутар дьоҕур, билиини кэҥэтии, өйгө оҥорон көрүү /дьайыы / дьүһүйүү / таайыы, өйү сытыылааһын, мэҥэ / төрүт өйдөбүл, дьиҥи / таба өйдөөһүн, өй-ньыма, өй ууһа, өйү-санааны олохтооһун / тургутуу / ыраастааһын, саргылаах өй-санаа, өйгө-санааҕа иитиллии, өйгө өйү угуу, тобул санаа, сытыы өй, тобуллаҕас өйү сайыннарар үөрүйэхтэр, өйдөһүү, өйдөнүү, өйдөтүү-быһаарыы, өй кыайарынан, сааһылаан саныыр ньымалар, олохтоох толкуйдуур ил турук, өй-санаа тирэхтэрэ, өй-санаа таҥыллыыта, эгэлгэ билии, сонурҕатыы, тутах / татым өй-санаа, өй-санаа сатарыйыыта, өй бааллыыта, өйдөөҕүмсүйүү уо.д.а.

Өй туругун туһунан маннык өйдөбүллэр бааллар: баһыйар өй-санаа, ис эйгэ өйө, күн өйүнэн сылдьыы, өйү уһугуннарыы, кэтэх өйү өрө тутуу, өй аҥаардаах,  өй-төй, өй куоһарыыта, өйүнэн тургутуу, тута / табатык өйдөөһүн, өй күүһэ / үлэтэ, өй-санаа өһүөтэ көҥүл / түмүллүүтэ / арахсыыта, толкуйдаан таһаарыы, өйтөн оҥорор дьоҕур /билгэлээһин, үтүөнү өйдөөһүн, өйүкү, сэргээһин, үтүмэн өйдөбүл, өйүн туппут / тута илик, өһүөннээх хос санаа, өй өһүллүүтэ / үрэллиитэ / мастыйыыта, өйүнэн ыалдьыы, өйү сүүйтэрии, өйтөн көтөн хаалыы, умнуу, саарбах өй, хаалынньаҥ өй-санаа, чаҕылҕанныы түргэн сытыы санаалар.

Бар дьон тыла – ох, санаата – батас. Биэстэ сэмэлиэх кэриэтин биирдэ сүбэлээбит ордук. Болҕомтолоох киһи булугас буолар. Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук.

Күн курдук көнө санаалаах, ый курдук ыраас өйдөөх. Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини. Билбэтэххиттэн кыбыстыма, үөрэммэтэххиттэн кыбыһын. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр. Кыахтаах буола айыллыбыт буоллаххына, дьоҥҥор-сэргэҕэр дурда-хахха буол диэн аналлааххын. Кэйиик оҕус муоһунан өттөйөр, өйө суох киһи сутуругунан өттөйөр. Кыыһырдыҥ – өйгүн сүтэрдиҥ. Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс.

Оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ – олоххун сүтэриэҥ, сарсыарда эрдэ турбатаххына – күҥҥүн сүтэриэҥ. Өйдөөх үтүөнү сатыыр, акаары – алдьархайы сатыыр. Сүбэ – бухатыыр. Үтүө сүбэ өтүүтээҕэр көмөлөөх. Туппутун ыһыктыбат, көрбүтүн умнубат киһи. Тылын тыалга ыспат киһи. Тыл татыаһырдаҕына – санаа кыарыыр, өй кылгыыр. Тимири дьэбин сиир, киһини санаа сиир. Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук.

Ити курдук, саха биир ураты кыаҕа күүс өттүнэн быыппастыыга, өттөйүүгэ буолбакка, өй – дьулуур күүһүнэн туруорсуутугар сытар. Оннук кыах баар, дьулууру күүһүрдүү соруга турар.

Көҥүл санаалаах өй хаата киһи ситэритин ыраас ньуурдаах буоллаҕына, Айыы тыынынан түөһүн толору тыынан туохха да хотторбот, булгуруйбат сирдьит буолар аналлаах. Оннук дьон сэдэхтик төрүүллэр, хотугу тиит курдук туруулаһар айылгы үйэ туһааннаах эргииригэр үөскүүллэр. Ньуур диэн айыы сирэйдэнии, «ньуурун сүтэрбит киһи» диэн суобаһын сүтэрбит, кэрээниттэн тахсыбыт, сааты-сууту билиммэт сирэйэ халыҥ тириилэммит киһини ааттыыллар.

Билигин интэлигиэнсийэ диэн өйдөбүлү туттубат да буолан эрэллэр. Социальнай бөлөхтөр, идэлээхтэр бөлөхтөрө, элита араас көрүҥнэрэ диэн баар буоллулар. Интэлигиэнсийэ диэн майгы-сигили ыраас туругун, дьон-сэргэ туһа диэн ытык сыһыаны ирдиир өйдөбүл. Билиҥҥи өй кыаҕынан үлэлээччилэр бүддьүөт эйгэтиттэн иитиллэр буолан, үүннээх-тэһииннээх, томторуктаах курдукпут, саҥарар саҥабыт саталаммат, адаҕаламмыт, кыаһыламмыт курдук хардыылыыбыт. Эбиитин үгүс үлэһит кирэдьиит, ипотека угаайытыгар оборторон төлүүр харчы эккирэтиитигэр сылдьар. Аныгы Арассыыйаҕа уларытыыга угуйар күүһүнэн космополитическай орто кылаас тахсыахтаах диэн сабаҕалыыллар. Орто кылаас диэн бас билээччилэр, тус бэйэлэрэ оҥорон таһаарар дохуоттарынан ииттинээччилэр, аҥаардас бүддьүөттэн хамнастаах үлэһиттэр үгүстэрэ бу араҥаҕа киирбэттэр. Онон, космополитическай орто кылаас диэн аан дойду таһымынан өйдөөх-санаалаах, үлэлээх-сырыылаах бэйэлэрин олохторун хаачыстыбатын тупсарбыт дьон. Оннук ыччаттарбыт билигин ханна эрэ аан дойду киэлитигэр тутта-хапта сырыттахтара, сахабыт, дойдубут туһа диэн хаһан эргиллэллэрин кэтэһэбит.

«Хайаан да эргиллиэм!» диэн өйгө-санааҕа чулуу ыччаттарбытын иитэр-такайар соругу үүнэр көлүөнэ күөгэйэр күннээх суолун сыдьаана буоларын ситиһии саҥа соруга турда. Саха дьылҕатын баттабыллаах ыраахтааҕылаах былаастан быыһыырга туруммут, сис ыаллар ыччаттара дойдуларыттан тэскилииллэригэр «хайаан да эргиллиэм!» диэн санаалаах былаҕайга былдьаппыттара.

История эргимтэтэ оннук кэмнэри саҥалыы эрийэн аҕалла. Урукку өттүгэр кыараҕас ыырдаах, түҥкэтэх, «төрүөҕүттэн төннөрү төлкөлүүр» төрөппүттэр үүммүт үйэҕэ биһирэммэттэр. Өйүнэн туруулаһар үйэ сахалыы көҥүл тыыннаах, дойдумсах, бэрт мэйиилээхтэри кытта тэҥҥэ аахсар, өссө баһыйар, чөл туруктаах, ыраас ньуурдаах, өркөн сахалыы өйдөөх көлүөнэ дьылҕабыт аанын модьоҕотун атыллаары турар. Биһиги кинилэри «ЭРГИЛЛИҤ!» диэн ыҥырабыт!

23

Степанова В.Е. Саха үөрэҕэ оскуолаҕа. – С. 16.

24

Степанова В.Е. «Сэргэлээх» оскуолата: бэйэни күрүөлэнии.– Дьокуускай: Бичик, 2017. – С. 56.

25

Попова Г.С. Национальнай оскуола концепцията: культурологическай ырытыы. – Дьокуускай, 2003. – С. 9.

26

Чиряев К.С., Васильева Ф.А. Норуот педагогикатынан дьарыктанар хайысхалар. – Ороһу, 1997. – С. 38.

Биһиги сахалар…. Туруулаһыы

Подняться наверх