Читать книгу Хомурахха хоммут хоһооннор - - Страница 12

Сайын

Оглавление

Куйаас тыынын бүрүнэн,

Кустук курун тардынан,

Чээлэй күөҕүн тэлгэтэн

Кэллэ сайын, илгийэн.


Хамсыыр бары көҕүйэн,

Халлаан эмиэ көҕөрөн,

Тулам бары киэркэйэн,

Хаамта сайын, сайбайан.


Ылбай олох салҕанан,

Ырам ыллыга аһыллан,

Күөгэл-нусхал тыыннанна,

Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.


Сайын, сайын барахсан,

Сайыһыаҕым, ыксаама,

Сайын, сайын, биһигим,

Сатыылыахха, куотума.


Хомурахха хоммут хоһооннор

Подняться наверх