Читать книгу Хомурахха хоммут хоһооннор - - Страница 15

Ардах

Оглавление

Ыадаһан ыанньыйбыт былыттар

Ыарахан ыарынан тэниһэн,

Ыыстыйбыт санаанан сундуһан

Ыргыһан кэллилэр үрдүбэр.


Күндээрэр күнүм кубарыппыт

Көҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,

Кураанах буорун өрүкүппүт,

Куолайа кууран күкээрбит,

Куйаартан сииги эрэйбит,

Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,

Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспыт

Көҕүөрдээх сирим барахсан.


Чаҕылҕан курунан таһыллан,

Чыпчаххай тыаһынан куһууран,

Хайыта бардылар былыттар,

Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,

Хатан-хабараан халлаантан

Халыс гынна уу муора,

Хатан сыппыт хара буорга

Хабах үллэн тэһэ барда,

Чоҕул таммах тэйэ-тэйэ

Чобуо битии тэптэ, тэптэ.

Куттас куттаах быкпат гына

Курбуу уота күлүмнээтэ,

Кэрэ-намчы көрбөт гына

Көҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,

Иҥнэри барыах илиттэ

Түҥнэри барыах инчэттэ,

Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,

Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,

Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,

Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,

Хара уу халыйда,

Үрүҥ уу үлүннэ,

Олус омуннуран

Уоҕа хараата,

Уостан хаалла,

Халлаан халынна,

Үрүҥ Айыы тыынна.


Сир ийэ тилиннэ,

Симэҕин иилиннэ,

Сир киһитэ илгиһиннэ,

Сирэм күөх эргилиннэ.


Хомурахха хоммут хоһооннор

Подняться наверх