Читать книгу Хомурахха хоммут хоһооннор - - Страница 5
«Хоһоон холбоон хоҥкуйан…»
ОглавлениеХоһоон холбоон хоҥкуйан,
Хомоҕой тылы халбыйан,
Хараҥа иэйиини хаһыйан
Хоройо хонобун хорооммор.
Тоҕо эн, тыыппа тыл,
Тыын сирбэр уйаланан,
Тоҕо куппун хат тарбыы
Туой туолбаккын астынан?