Читать книгу Сааскы кэм - - Страница 2

МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
АПТААХ ТЫЛ
Аптаах тыл

Оглавление

Өлөксөй уол үгүстүк ыарытар. Кини кыайан ытаабат, чыпчылыйбат буолуталыыр. «Бу түүн барыыһык… Оҕоҥ чугаһаабыт», – дэһэн ботугураһаллар.

Аҕыйах хонугунан оҕо эмиэ сэниэтэ суохтук кыыкынаан ытыыр уонна сылаас сиҥэни айаҕар кутан биэрдэххэ, ыйыстар буолан барар.

Астара суох.

Кириэн оттоох үөрэни сарсыарда иһэллэр. Бэс сутукатын ууга буһаран баран, быыкаайык тар тооромостору холбуу ытыйан, күнүс биирдэ аһыыллар. «Таҥара тугу биэрбитинэн» киэһэ аһаан утуйаллар. Таҥаралара үксүгэр сылбархай чэйи эрэ биэрэр. Хаппаҕын тутааҕа туллубут хампархай алтан чаанньыкка сылбархай чэйи иһэн утуйаллар. Утуйдахха, хоргуйбут биллибэт.

Микиитэ эбэтэ Баһыахтыыр Балбаара дьонуттан туспа олорор. Кини уот тыллаах, куһаҕан харахтаах, наһаа күүстээх эмээхсин. Майгытынан бардам буолан, сыл аайы баайтан баайга уларыйа сылдьан хамначчыттыыр. Быйыл Бэһиэлэйэптэргэ олорор. Кини сорҕотугар көрдөһөн, сорҕотугар, арааһа, «ыйыппакка» да ылан, быыкаайык тоҥ үүтү хоонньугар уктан киллэрэр. Оччоҕо күннүүллэр.

Табах аһыы сытынан аҥкылыйбытынан сиэннэрин ууруу-сыллыы охсоот, таһырдьа элэс гынан хаалар. Эмээхсин тахсарын кытта үүттэн быһаҕынан эмти охсон ылан, ууга суурайан, ыалдьар оҕолоругар иһэрдэллэр, Микиитэ чэйигэр үрүҥнүүллэр.

Ол курдук өлүөхчэ өлбөккө сылдьан, Өлөксөй хааман түөрэҥэлээтэ. Онтон, «тимэҕэ сөллөн», уол улам килэрийэн-молоруйан улаатан барда.

Сылдьыбыт эрэ дьон бары кинилэр балаҕаннара кыараҕаһын, куһаҕанын сөҕөллөр, манна хайдах сатаан олороллорун бэркиһииллэр.

Микиитэ онтон өһүргэнэр. Балаҕаннара үчүгэй. Дүлүҥ мастары хайыталаан баран, суорбакка эрэ туруору кэккэлэппит саркаахтаах эркинигэр киһи илиитэ бааһырар уонна таҥас, алдьаммытынан иилистэ-иилистэ, тырыттар. Ол эрэ куһаҕан.

Балаҕаннара үчүгэй. Өссө быйыл Эрдэлиирдэр диэн дьукаахтаахтар.

Молоохтор дойдулара Дулҕалаах хочото – нэһилиэк уһуга дойду. Киэҥинэн нэлэһийбит Амма өрүс уҥуоргу сыырын иилээн турар үрдүк хайалар кэтэх өттүлэригэр туспа нэһилиэк олорор. Икки нэһилиэк сылдьыһар бэрибиэһигэр – Дьөгүөрэптэр аартыктарыгар – өрүс уҥуор-маҥаар хаһыытаһаллара бэрт ыраас киэһэлэргэ эрэ манна дуораһыйан иһиллэр. Күһүн Бэһиэлэйэптэр көһөн киирдэхтэринэ уонна, өрүс мууһа туран, кыһыҥҥы суол аһылыннаҕына, чуумпу Дулҕалаах эмиэ арыый сэргэхсийэ түһэр.

Кэлии-барыы мөлтөх, сурах-садьык олус хойутаан, кубулуйан тиийэр дойдута.

Ханна эрэ ыраах омук ыраахтааҕыларын сэриилэрэ турбут. Таҥара дьиэтигэр аҕабыыт, нэһилиэккэ кинээс этэллэринэн, «биһиги үтүө санаалаах ыраахтааҕыбыт бар дьонун аһынара бэрдиттэн сэриилэспэккэ олоруо үһү».

Амма нэһилиэгин киинигэр, Кыымнаайыга, хас да сыл биир бүдүгүрбүт биэссэр оҕонньор олорбута. Ол оҕонньор туох эрэ күүстээх ыарыыга ыалдьан, бэйэтэ кыайан эмтэниэ суох буолан, куоракка киирбитэ. Онно, куорат луохтуурдара «ыарыытын үчүгэйдик көрөөрү иһин хайыппыттарын» тулуйбакка, өлөн хаалбыт сураҕа иһиллибитэ.

* * *

Молоохтор балаҕаннарын туора дьон биирдэ хайҕаабыттара.

Арай биир киэһэ Молоохтор балаҕаннарын аана киэҥник тэлэллэн аһылынна даҕаны, уһун бараан сону сөрүү туттубут, күп-күөҕүнэн тэрбэччи көрбүт «Буоста нууччатын» кытта үс ини-бии баайдартан убайдара уонна дьадаҥылара Мэхээлэ, орто бырааттара Киргиэлэй Дьөгүөрэптэр уонна хас даҕаны атын мааны сахалар балаҕаҥҥа туола түстүлэр.

Олорботулар.

Үгэс быһыытынан, «Тугу иһиттиҥ?» дэсиһии кэнниттэн, Мэхээлэ Дьөгүөрэп эттэ:

– Сөдүөччүйэ-э, бии үнүргү иһит арыгыгын бу тойоҥҥо биэр. Иһиэҕин баҕарар. Төлүөҕэ.

Сөдүөччүйэ сүр улгумнук таһырдьа таҕыста.

– Оо дьэ, сүрэ бэрт дии! Манна син дьиэбит диэн олороллор дии! – диэтэ ким эрэ.

Мэхээлэ Дьөгүөрэп сөбүлээбэтэх быһыынан, ол киһи диэки көрүтэлээн кэбистэ уонна түргэнник саҥаран бөтүгүрээтэ:

– Олорбокко, ханна барыахтарай, доҕор? Ордук суох буоллаҕа…

Бары ах баран турдулар. Онтон Киргиэлэй Дьөгүөрэп, кулун кистиирин курдук, дьырдьыгыначчы күллэ уонна эттэ:

– Бу дьиэҕэ биир күн олорбут киһи биир сыл оҥорбут аньыыта бырастыы буолар…

Ону бары сөбүлүү түстүлэр.

Нуучча бэргэһэтин устан, куударалаах чачархай баттаҕа өрүкүйэ түһээт, уҥа ороҥҥо тиийэн дьоһуннаахтык олорунан кэбистэ. Балаҕаҥҥа ымсыырар быһыылаах, Микиитэни одуулаһар. Уол сыгынньах киинин ытыһынан саба туттан баран, хаҥас диэки чугуҥнуур. «Биһигини үүрэн таһааран баран, дьиэбитигэр бэйэтэ олороору гынар» дии саныыр. Нуучча сири тиҥилэхтээт, хаһыытыы түстэр эрэ, хотоҥҥо ыстанар өйдөөх.

Сөдүөччүйэ иһит арыгыны киллэрэн, Мэхээлэҕэ биэрдэ.

– Чэ, чэ, тахса охсуохха! Сүрэ бэрт. Дьэ дойду! – дэһэ-дэһэ, ыалдьыттар тахсан бардылар.

Балаҕан иһигэр тымныы тумана күөгэлдьийдэ.

Нуучча, доҕотторуттан хаалан, Микиитэ лаглаҕай гына ымынах буолбут иһин диэки сөмүйэтинэн суптурута ыйыталаан баран, эттэ:

– Сууйда надо. Мин мыло биэрдэ.

– Мыына ньынаада, – Сөдүөччүйэ илгистэн кэбистэ. – Миэхэ бурдук, килиэп наада… Баранчаактар ис хапсыыла, – оҕолорун диэки ыйыталаата.

Нуучча чыпчырынан, илгистэн кэбистэ. Тугу эрэ бэйэтин тылынан саҥарда уонна таһырдьа ыстанна.

Сыарҕалар тыастара дьиэ таһыттан тэйиэр диэри ким да саҥарбата.

– Ити нуучча төлүөбэтэҕинэ да, көҥүлэ киси… – дьукаах Сөдүөт оһоххо хардаҕаһы эргитэ туран, уоту көдьүттэ. Онтон балачча буолан баран, эбэн эттэ: – Күтүр хараҕа көҕөрөн түһэн, сүрэ бэрт, доҕоор!

Нуучча хараҕын истээт, бары саҥарбытынан бардылар.

– Мэхээлэ бэрдэрдэ дии… Хайа үлүгэрий. Баарбын-суохпун барытын мунньан, ыллартарбытым, – диэтэ Сөдүөччүйэ.

– Мэхээлэ эмиэ хантан билэ охсубута эбитэй? – Эрдэлиирдэр ийэлэрэ Даарыйа эмээхсин хаҥас муннукка күөдэл курдук нэк оронуттан тыл быраҕан эҥээрийдэ.

– Тыый, кининэн ылларбытым дии!

– Ээ… Куоратчыт таһаарбытыгар, Даарыйа эмээхсиҥҥэ илдьэн биэрэн сээкэйи туһаныам дии санаахтаабыта… – диэн, Даарыйа эмээхсин кимиэхэ эрэ туора киһиэхэ кэпсиир курдук эҥээрийбэхтээтэ.

– Суох, дьэ ити нуучча төлөөбөт! – диэтэ Сөдүөт сүрдээх эрэмньилээхтик. – Иһэн баран, таһы умнан кэбиһиэ буоллаҕа дии. Төлүөн саныыра буоллар, Балааҕыйа эмээхсинтэн ылыа этэ. Ол эмээхсиҥҥэ кини тотор арыгыта баар ини.

– Ити, кырдьык, дьиибэ… – Даарыйа эмээхсин мунаара олордо. – Чугас баар лааппыттан ылбат, хата, Сөдүөччүйэ эрэйдээх кинээс дуу, аҕабыыт дуу, Балааҕыйа эмээхсин дуу таарыйдахтарына толук туттуом диэн булунаахтаабыт биир иһит арыгытын таба көрбүт. Төлөөбөтөҕүнэ иэдээн…

Улахан кинээс Уйбаан Сыҕаайап хотуна, уонча бууттаах, харалҕан харахтаах Балааҕыйа эмээхсин, эмтиэкэттэн чугас, Эргиттэ алааска лааппыланан олорор. Нуучча, чугаһыгар баар мааны дьон лааппыларыттан ылбакка, сэттэ биэрэстэлээх сиргэ дьадаҥы дьахтар биир иһит испиирдээҕин эккирэтиһэн кэлбитэ, кырдьык да дьиибэ.

– Ити нуучча хата төлөөбөт! – Сөдүөт өссө ордук эрэмньилээхтик саҥарда.

– Төлүөҕэ! – диэтэ Миитэрэй.

– Көрдөөтөххө, үлтү бардьыгынаан таһаарыаҕа.

– Таһаарыа суоҕа-а!

– Бэрт киһи, эн баран ыга тутан ылаа инигин?

– Ылыам, доҕор!

– Кэбиһиҥ даа, мөккүһүмэҥ! – диэн эҥээрийдэ ийэлэрэ.

Нуучча арыгыны төлүүрүн дуу, төлөөбөтүн дуу туһунан балачча өр дьүүллэстилэр да, оччо быһаарбатылар. Нуучча төлөөбөтөҕүнэ, Мэхээлэттэн иэстииргэ сөптөөх диэн түмүктээтилэр. Сөдүөччүйэ сарсыарда тураат «итиитинэ» ирдэһэ барыах буолла.

«Нууччалар бары биир дьүһүннээхтэр» дэһистилэр, иэстээх киһитин кини буларын мунаардылар, ол киһи араас бэлиэлэрин өйдүү сатаатылар.

Кинилэр дьиэлэригэр олорор киһи аньыыта бырастыы буоларын туһунан истибит сонунун кэпсээри гына-гына, быыс булбакка тэпсэҥнии туран баран, Микиитэ ийэтин кууһа түһэн чанчыгынан сигэнэ-сигэнэ, эттэ:

– Ийээ, биһиги дьиэбит үчүгэй дьиэ буолбат дуо?

– Үчүгэйэ да суох буоллар син олордохпут дии…

– Ити дьон этэллэр ээ…

– Тукаам, хайҕаан эппэттэр, саҥарба, – диэтэ Даарыйа эмээхсин хаҥас диэки хараҥа муннуктан. – Куһаҕан дьиэҕэ аньыылаах киһи олороро буоллар, манна баайдар олоруохтара этэ. Аньыы үксэ кинилэргэ баар.

Эмээхсин тылыттан Микиитэ «баайдар үгүс аньыылаахтар» диэн өйдөөтө. Ол да иһин тастарынааҕы баай ыалларыгар – Бэһиэлэйэптэргэ сотору-сотору аҕабыыт кэлэр эбит буоллаҕа…

Сарсыныгар Сөдүөччүйэ бурдук, саахар, куһаҕан баҕайы сыттаах хап-хара мыыла уонна «токууккай» диэн үрүҥ бурдук аһын аҕалла. Бары нууччаны хайҕаан айдаардылар.

«Токууккайын» Микиитэ тоһута тута-тута, дьоҥҥо түҥэттэ.

– Кыһын хаардаахха туох барыта маҥхайар, сайын хараҕа туох барыта хараарар. Балыктар уу курдук дьүһүннээхтэр, көтөрдөр от-мас сэбирдэҕин курдук түүлээхтэр. Оттон киһи – аһылыгын курдук. Нууччалар маннык аһы аһааннар, үрүҥ сирэйдээхтэр, – диэн Даарыйа эмээхсин кэпсээн эҥээрийэ олордо.

Эрдэлиирдэр төрдүөлэр: ити кырдьаҕас эмээхсин, кини улахан уола Сөдүөт диэн өкөҥнөөбүт хатыҥыр, ордуос майгыннаах-сигилилээх киһи, ол киһи ойоҕо Маайа уонна эмээхсин кыра уола Миитэрэй – кыра уҥуохтаах, икки өттүнэн чылаарыҥныы-чылаарыҥныы тиэрэ тэбэн хаамар сүүрбэччэлээх, хап-хара киһи. Миитэрэй үтүө майгыннаах, куруук бэһиэлэй, ону ааһан айылҕаттан артыыс. Бэйэтэ сэдэхтик, кылгастык күлэр; кинини тула күүгүнэс күлүү, айдаан буолар. Ол курдук нэһи сэргэхситэр, улугу уһугуннарар көрдөөх аҕыйах тыллары бэрт дөбөҥнүк этэн кэбигирэтэн кэбиһэр. Миитэрэй кими эмэ үтүктэн туттан-хаптан, көрөн-истэн таһырдьаттан киирэр, ону дьиэҕэ олорооччулар бары таайан айдаара тоһуйаллар. Бар дьон таптаан, киниэхэ эһэтин хос аатын иҥэрбит. Онон, кини биллэр аата Эрдэлиир Миитэрэй.

Маайа бастыҥ үтүө майгыннаах, аҕыйах саҥалаах саха нарын дьахтара, кини олус балыйтардаҕына хап-хара харахтарын чанчыктарынан соҕус тэрбэлдьиччи көрүтэлээн кэбиһэр уонна төбөтүн кыҥначчы тутта түһээт: «Чэ, ити!» – диэн тэбис-тэҥ, ып-ыраас тиистэрэ кэчигирэһэн көстөллөр. От охсооччу, бурдук быһааччы бастыҥа. Сүрдээх нарын, ыраас дьахтар, кини аттыттан кир-бөх халбарыйан, сыҕаллан биэрэр курдук.

Сөдүөтү ийэтэ олус таптыыр. Маайаны Өлөксөй уол наһаа таптыыр, «маамам» диэн ааттыыр. Хантан булбут тыла буолла? Микиитэ саамай бастыҥ доҕоро Даарыйа эмээхсин.

Эмээхсин – саха норуотун умсулҕаннаах дэлэгэй тылын бастыҥ баһылыга. Кини сүрдээх элбэх таабырыннаах, өс хоһоонноох, сэһэннээх, остуоруйалаах. «Сүрдээх элбэх» диэн этэр тутах, кыайан ааҕыллыбат, куруук сайда, дэлэйэ турар, бараммат баайдаах киһи.

Олоххо, айылҕаҕа баар бары эгэлгэҕэ барытыгар кини уустук быһаарыыны биэрэр. Хаҥас муннук борук-соругар оронноох. Онно куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кып-кыараҕас кыһыл харахтарын ыттаҥнатан кэҥэтэн көрө сатыы-сатыы, бэйэтин баҕатынан, арааһы сэһэргээн эҥээрийэ олорор киһи.

– Кыһын сайыннааҕар тоҕо уһун буолбутун билэҕит дуо, доҕоттоор? – диир кини. – Көр ол маннык ээ. Былыыр-былыр, сылгы, ынах кыыл сылдьар кэмнэригэр, оҕус уонна атыыр мөккүспүттэр.

Оҕус эппит:

– Сайын муннум уута сүүрэр. Муннум кыһыйар, муннум сытыйар. Сайын кылгас буоллун.

Атыыр эппит:

– Кыһын атаҕым сылайар. Атаҕым тоҥор. Атаҕым ыалдьар. Кыһын кылгас буоллун.

Мөккүһэн баран этиспиттэр. Этиһэн баран охсуспуттар. Оҕус атыыры үөһүн тоҕо сиэлийэн кэбиспит. Атыыр түҥнэри холоруктуу түһээт, оҕуһу тииһин көтүрү тэппит.

Түөрт атахтаах бииһин ууһа мунньустан дьүүл аспыттар. Оҕус мөссүөнүн алдьаппытын иһин атыыры ордук буруйдааҕынан аахпыттар. Онон, оҕус баҕата туолан, сайын кылгыырыгар эппиттэр.

Онтон ыла сайын кылгаабыта үһү. Оҕус тоҕо сиэлийэн кэбиһэн, онтон ыла сылгы үөһэ суох буолбут. Атыыр көтүрү тэбэн кэбиһэн, онтон ыла ынах сүөһү инники үөһээ тиистэрэ суохтар…

Дьиэлээхтэр бары оҕуһу мөҕөн айманаллар, кини куһаҕаныттан кыһын уһаабытыгар абаланаллар. «Күтүр, муннум сытыйар» буола-буола! Сытыйдар, күлүккэ сыттын ээ», – дэһэллэр.

Киэһэ утуйуох иннинэ Даарыйа эмээхсин таһырдьаттан киирэн иһэн, кыра уолугар Миитэрэйгэ этэр:

– Тукаам, оҕускун киллэриэҥ дуу? Тымныы олустаабыт ээ.

Миитэрэй хамса чубууга дуу, айа элбэрээгэ дуу оҥорбутун кыратык да тохтоппокко олорон, чахчы абаламмыт куолаһынан этэр:

– Тоҥмохтуу түстүн, дьиккэр баара!

Бары соһуйаллар. Арай Даарыйа эмээхсин өссө эбии холкутуйан эҥээрийэр:

– Ол туох толкуйтан, ханнык майгынтан соҕотох кунаҥҥын токуччу тоҥорор толкуйдаммыккын иһитиннэриэҥ эбитэ буолаарай?

– Кыһыны тоҕо уһаппытай! Мунна кууран абыранан турдаҕа дии!

Бары күлсэллэр. Уоллаах эмээхсин эрэ күлбэттэр, кинилэр оҕустарын аһынан киллэрэри дуу, өһүөннээн тоҥоро түһэри дуу сүбэлэһэн эйэҕэс сытыы тылларынан күрэстэһэ оонньууллар.

Кэнники, дьарыктаммыт сээбэһин оҥорон бүтэрэн, ньилбэгиттэн мас сыыһын тэбэнэ туран, Миитэрэй этэр:

– Бэйи, эрэйдээҕи киллэриэххэ даҕаны. Кини төрүөн ыраах инниттэн кыһын уһун этэ дуу… Буруйа да кыра соҕус эбит.

Оҕус киллэриллэр. Бары сыталлар.

Оһох уота улам мөлтөөн, балаҕан иһэ боруҥутуйан барар, уҥа эркиҥҥэ ханнык эрэ бороҥ күлүктэр эйэҥнэһэллэр. Дьиэттэн быыһамматах хотоҥҥо дөрүн-дөрүн кырдьаҕас ынах ыараханнык үөһэ тыынан буугунаталыыр, дьиэ таһыгар тохтубут оту итигэстээн сии сылдьар субан сылгылар туйахтара тоҥ чигдигэ хоочугурууллар.

Уу чуумпу ортотуттан Даарыйа эмээхсин холку саҥата эҥээрийэ түһэр:

– Ити үгүрүө чыычаах, халлааҥҥа өрө дьурулаан тахса-тахса, тоҕо таҥнары дыыгынаан түһэрий? Ону билэҕит дуо, доҕоттоор?

Онуоха Миитэрэй саҥата аан оронтон кэбигириир: «Түөкүн оонньообутун дьүһүнэ ини оттон. Кини курдук кынаттаах буоллар, киһи эрэ даҕаны өрө көтөн дьурулуо этэ».

– Ээ суох, доҕор, кэбис, оонньообот. Түөрт сымыыттан ордугу сымыыттаабатыттан абаланар дьүһүнэ ити. «Чуккумай кус, миигиттэн улахана суох да, уон икки сымыыты сымыыттыыр. Миэнэ түөрт эрэ буолар» диэн саатан, үлтү түһэн өлөөрү гынар ээ.

Сэһэргэһии буолар. «Түөрт да оҕо сөп, наһаа сомсуһар эбит» диэн сорохтор үгүрүөнү сэмэлииллэр. Сорохтор аһыналлар. Микиитэ аһынааччыларга холбоһор, үгүс оҕолору батыһыннаран чучугурата сылдьар үчүгэй буоллаҕа. Онтон көтөрү уопсайынан кэпсэтэллэр. «Ураанай кус уйатыгар биирдии сымыыты хаалларан истэххэ, түөрт уон сымыыты сымыыттыыр үһү» дэһэллэр. Ураанай кус оҕонньоругар тиийэн: «Эмиэ табыллыбатыбыт. Чэ эрэ…» диэн иһэр бэйэкэтэ буоллаҕа», – диэн Миитэрэй сэрэйэр.

Ол туһунан өр кэпсэтэллэр. Элбэхтик күлэллэр. «Оҕонньорго туох буолуой, эрэйэ – сымыыттыыр киһиэхэ буоллаҕа» диэн түмүктүүллэр.

Ити устатыгар мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр уот сырдыга дьиэ эркиниттэн, сыҥаһаттан, остуол атаҕыттан хастанан оһох диэки сыҕаллан иһэр. Хараҥа улам хойдон иһэр. Онтон күөх төлөннөрүнэн чыпчылыйбахтыыр кыһыл чохтор эрэ хаалаллар, холумтаҥҥа турар хампархай чаанньыгы эрэ тунаархайдык сырдаталлар.

– Чооруос чыычаах төбөтө кыһыл ээ, доҕоттоор, – диир Даарыйа эмээхсин саҥата. – Ити маннык. Былыыр-былыр чооруостаах күүдээх күүстэрин холбоон бииргэ кыстыырга сүбэлэспиттэр. Күүдээх бытаны, сардаананы, бурдугу хаһааммыт. Чооруос мас дабаххайын, эрбэһин туорааҕын хаһааммыт. Кыһын ортотугар дылы күүдээх хасааһын иккиэн сиэн бүтэрбиттэр. Онтон чооруос хасааһыгар киирбиттэрэ, дабаххайы да, эрбэһин туорааҕын да күүдээк аһаабат астара буолан биэрбит. Күүдээх ыксаабыт.

– Эн миигин албыннаабыт эбиккин, хара түөкүн! – диэбит.

– Мин эйигин албыннаабатаҕым, бэйэм аһыыр астарым. Бу көр ээ! – диэбит да чооруос бэйэтин хасааһын тоҥсуйан тобугураппытынан барбыт.

Күүдээх абаланан чооруос үрдүгэр саба түспүт. Охсуһуу буолбут.

Чооруос түөһүн күүдээх хайыта тыыппыт уонна куйахатыттан ойо ытырбыт.

Күүдээх хомурҕанын уҥуоҕун чооруос тосту тоҥсуйбут.

Онтон ыла чооруос түөһэ кыһыл эбирдээх уонна төбөтө кыһыл түүлээх буолбут. Онтон ыла күүдээх хомурҕанын уҥуоҕа тостон баран оспут курдук бөлтөгөрдөөх буолбут.

Үҥсүү барбыт.

Көтөр кынаттаах ыраахтааҕыта Хомпоруун Хотой эппит:

– Мин киһибин Чооруоһу атаҕастаабыттар.

Сүүрэр атахтаах ыраахтааҕыта Хахай кыыл эппит:

– Мин киһибин Күүдээҕи атаҕастаабыттар.

Икки ыраахтааҕы тыл тылларыгар киирсибэтэхтэр. Онтон Хомпоруун Хотой туран, көтөр кынаттаах тоҕус бииһин ууһун Сытыы Кырбый суорумньуһутунан күөйтэрэн аҕалтарбыт уонна Суор Суруксукка бирикээс биэрбит:

– Халыҥ сэриини испииһэктии оҕус! Хааннаах кыргыһыы тахсаары гынна!

Онуоха Хахай кыыл туран, сүүрэр атахтаах аҕыс бииһин ууһун Сур Бөрө сонордьутунан хомуйтаран ылбыт уонна Саһылыкаан Албыҥҥа ыйаах ыйбыт:

– Ааттаах аармыйаны ааҕа оҕус! Алдьархайдаах айдаан тахсаары гынна!

Хомпоруун Хотой таас дьааҥы чабырҕайыгар тахсан даллаарыс гына олоро түспүт да, таҥнары көрөн олорон, таҥалайын таҥсынан дьаҕырыйбытынан барбыт. Хахай кыыл улуу тумул тумсугар «адьырыс» гына ыстанан тахсыбыт да өрө көрөн туран, ынырыктык ырдьыгынаан ыкпытынан барбыт.

Чооруостаах күүдээхтэн төрүөттэнэн, аан дойду көтөр кынаттааҕа бары, аан дойду сүүрэр атахтааҕа бары улуу кыргыһыыны аһаары гынан эрдэхтэринэ Микиитэ утуйан барар…

Кэмниэ кэнэҕэс, уутун быыһынан иһиттэҕинэ, эмээхсин саҥа кэпсээни бүтэрэн эрэр буолар:

– Туруйа туран, онтон өһүргэнэн, боҕурҕана муҥнааҕы хаптаччы тэпсээн-тэпсэн кэбиспит…

– Эмээхсиэн, түксү! Ньаллырҕаама! Иирээри гынныҥ дуу? – диэн эмээхсин улахан уола Сөдүөт бардьыгыныыр саҥата бобуллаҥныыр.

Эмээхсин кыратык да өһүргэммэт, дьэ эбии холкутуйан этэр:

– Ээ суох, доҕоор! Аньыы даҕаны… Микиитэ утуйда дуу?

– Утуйда дии, бадаҕа, – диир Сөдүөччүйэ улаҕа диэки хайыһан кыра уолун таптайа сытан. – Чэ, кэпсээ, эмээхсиэн, утуйааччы утуйдун, истээччи иһиттин ээ.

Микиитэ: «Суох, утуйа иликпин, өссө кэпсээ» дииргэ дылы гынар да саҥата иһиллибэт. Орон оргууй күөгэлдьийдэр күөгэлдьийэн талбаарыйан барар. Онтон куттанан, ийэтин кулгааҕыттан тардар. Онуоха ийэтэ эргиллэн, сылаас тыына кини сүүһүгэр охсуллар, кыайан этиллибэт тапталлаах, сымнаҕас сытын уола билэр… Ол уоскутар, үөрдэр, дьоллуур. Ийэтин муннун бобо тутар. Ийэтэ тыынара кини ытыһын кычыгылатар. Онтон күлэ-күлэ Микиитэ утуйан хаалар…

Даарыйа эмээхсин ити курдук көтөр кынаттаах, сүүрэр атахтаах, үөн-көйүүр, сүөһү-ас, икки атахтаах, хамсыыр-харамай, сир-халлаан тустарынан тус-туспа хаһан да бараммат, салгыппат кэрэ, дэлэгэй кэпсээннэрдээх.

Кини туох да ааҕан сиппэт үгүс араас көрүдьүөстээх, уустук хоһуйуулаах, таабырыннаах. Онно кыра улаатар. «Тоҕус былас ураа лаҥкыр муостаах улуу дойду оҕуһунабын» диэччи таайыллыыта – таракаан буолан хаалар. Онно куһаҕан киэркэйэр. «Уу саарыстыбатын ньадараал тойоно муора хааһыгар тахсан кыһыл көмүс чыыннаах-хааннаах түөһүн имэринэ сытар үһү». Ити баҕа.

Бултуур сэби-сэбиргэли араастаан чуолкайдык хоһуйан таабырынныыр. «Сири аннынан силлирики уоруйах баар үһү». Муҥха, баҕадьы. «Абааһы кыыһа түөһүн түүтүн таарыйтарбат үһү». Айа. «Суола биллибэт сур соноҕос баар үһү». Тыы.

Дьиэ иһинээҕи дьон бары таайаллар. Таабырына таайыллыытын кини улам-улам чэпчэтэн иһэр. Туохха сыһыаннааҕын маҥнай этэр. Онтон баайдарга эрэ баарын дуу, дьадаҥыларга да баарын дуу этиэҕэ. Онтон: «Чэ, оҕолорбор этэрим кэриэтэ эттэхпинэ», – диэн сибилигин ханна баарын этэн, таайтарар. Сытыы кылыс өс хоһооннорунан, тыл дэгэттэринэн икки атахтаах араас дьиэктэрин курбуулаталыыр. Киһиргиир туһунан «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат» диэҕэ. Иҥсэрэр туһунан «Оҕус сымыыта түһэрин саһыл кэтэспит» диэҕэ.

Нэһилиэк, улуус баайдарын үрдүк арҕастарыгар Даарыйа эмээхсин ыардык тайаныталаан ааһар. «Күтүр баай окко сытар ыт курдук ээ… Киргиэлэй Дьөгүөрэп баайынан бэйэтэ да туһаммат, дьону да туһалаабат». «Баайга биэрэр кумахха ииктиир кэриэтэ – утары иҥэн иһэр… Даарыйа Сыҕаайап эмээхсин ампаара бар дьон үбүгэр хаһан туолуой?!» «Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун… Сыллай Луханы көрбөккүт дуо?» Сүөдэр Бэһиэлэйэп баай соҕотох уолугар Лухаҕа сааһын тухары сүппэт хос аат иҥнэҕэ ити.

Ол эрээри кырдьаҕас Даарыйа саамай таптыыр суола остуоруйа. Манна кини идэтэ ордук сытайан көҥүллүк көрүлүү көтөр.

Кини остуоруйатыгар бэрт элбэх эрэйи, атаҕастабылы, муҥу туораан, уһугар тиийэн дьадаҥы байар, мөлтөх күүһүрэр, акаары өйдөнөр, дьүдэх киэркэйэр. Манна «Күн ыраахтааҕытааҕар» умнаһыт оҕонньор ордук өйдөөх буолан тахсар. Манна «үрдүк сололоох» тойон уола ойох ылыах буолбут мааны кыыһын илбирийбит таҥастаах кулут уол ылан дьоллонор. Манна талаары гыммыт уон икки ороспуонньугу соҕотох дьахтар өйүн күүһүнэн баһыйан тутуталыыр. Манна сэттэ бырааттан саамай көйгөлөрө, акаарылара кэнники бастыыр, баһылыктыыр. Муҥу-сору, батталы сүкпүт тулаайах кыыс туругурар, кырыктаах маачаха мааны кыргыттара буорайаллар.

Бу остуоруйаларга туохтан да бөҕө быһыы доҕордоһуу буолар. Доҕор алдьархайга түбэспитин быыһаары дьулуспуттар оргуйа турар уот сымала байҕалы дьулайбакка туорууллар, халлааҥҥа харбаспыт суорба таас хайаны чаҕыйбакка дабайаллар.

Уонна туох чугутуой доҕордоһуу дьулуурун!

Бу остуоруйаларга саамай сырдык, ыраас суол таптал буолар. Уоттаахтык таптаһар сүрэхтээхтэри түөрт уон түөрт «тимир чугуун» халҕаннаах хараҥа хаайыы да кыайан хаайбат, сэттэ уон сэттэ былас дириҥ түүнүктээх түрмэ да кыайан тохтоппот, хараҥа баттал дириҥ дьуоҕата ол дьону кыайан тумнарбат.

Уонна туох тохтотуой таптал күүһүн!

Бу остуоруйаларга туохтан да күүстээх, тугу да хотор айар күүс уоттаахтык баҕарыы буолар. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин оҕото суоҕуттан муҥатыйан ытыы-ытыы, сир симэҕин үргээн дьиэтигэр аҕалан сыттыгын анныгар уурбута саннын хараҕар диэри түспүт куударалаах баттахтаах кыыс оҕо буолан хаалбыт үһү ээ… Күүстээх баҕарыыттан, дьиҥнээх муҥатыйыыттан тахсыбыт харах уута сир симэҕэр тыыннаах сиик буолан түспүт эбит.

Уонна тугу кыайбат, тугу айбат буолуой дьиҥнээхтик баҕарыы!

Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да, кимтэн да дьулайбат.

Куһаҕан харахтаах, хатыҥыр, кыра эмээхсин хаҥас диэки боруҥуй муннукка күөдэллэммит нэк ортотугар киэбэ эрэ боруйан олорон, куобах тыһын, кулгааҕын имитэ-имитэ, кэрэтик кэпсээн унаарыйар, дьиэ иһинээҕи дьон болҕомтотун барытын бэйэтигэр тардынар.

Балаҕаҥҥа сылаас уоттаах сыбыы оһох уонна кэрэ кэпсээннээх Даарыйа эмээхсин саамай наадалаахтар, кинилэрэ суох сатаммат.

Кини остуоруйалыыр, кэпсиир. Остуоруйа ханна тиийэн олохтон арахсарын Микиитэ билбэт. Хантан ыла кини олоххо холбоһорун кини эмиэ билбэт. Олох уонна остуоруйа быа икки утаҕын курдук холбуу өрүллэн бара турар быһыылаахтар.

Олох курдук остуоруйаттан остуоруйа курдук олох буолан барар.

Быыкаайык балаҕан иһэ кэҥээтэр кэҥиир, үрдээтэр үрдүүр, киэркэйдэр киэркэйэр. Истиэнэ быыстарынан чэҥ муустара килэриһэн тураллар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Остуоруйа дыбарыаһын үрүҥ көмүс эркиннэрэ күлүмүрдэһэллэр… Сиргэ бөх-сыыс ыһылла сытар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кыһыл көмүс кырадаһыннара кылбаҥнаһаллар… Таһырдьа буурҕа тыал улуйар диэтэҕиҥ дуо? Суох! Кырыктаах маачаха хара тыаҕа муннарбыт тулаайах кыыһа Үрүҥ Үкэйдээн ытыыр… Сибилигин кини киирэн кэлиэҕэ. Киирээт, Микиитэ кэтит түөһүгэр сүүһүн өйөөн туран ытыаҕа, ытыырын быыһыгар этиэҕэ: «Миигин аһыннаххына эн аһыныаҥ, харыһыйдаххына эн харыһыйыаҥ…»

Кырдьыга да оннук.

Микиитэ үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр да, толооҥҥо өлбүт кулун буолан хаалар. Икки оҕолоох суор кэлэн тиит төргүү мутугар түһэр. Оҕо суордар иҥсэлээх харахтарынан кулуну одуулаһан турулуҥнаһаллар уонна быыстала суох айманаллар:

– Ийээ, ийээ! Ас-таҥас, уйгу-быйаҥ! Тоҥсуйа охсуохха, тоҕута тардыахха!

Кырдьаҕас суор сүрдээх сэрэхтээх, албын, кини түҥнэри хайыһан олорон куолайын төрдүнэн куллургуура иһиллэр:

– Икки атах буолуо, саха урааҥхай буолуо. Эргийэ көтүөххэ, эрэлин билиэххэ!

Эргийэ көтөн иһэн, оҕо суордар тулуйбаттар, кулун хараҕын тоҥсуйа охсоору төбөтүгэр түһэллэр. Микиитэ биир оҕо суору саба харбаан ылар, биирдэрин кутуругун туура тардан хаалар да, үҥкүрүс-күөлэһис гына түһэр, бэйэтэ бэйэтинэн, эр бэрдэ буолан хаалар. Ийэ суор айдаарар-айманар, Микиитэ иннигэр-кэннигэр түһэр, иэйэр-туойар:

– Эппэтэҕим дуо, сэрэппэтэҕим дуо?! Оҕобун ыыт, талбыккын ыл. Сорум-муҥум, муҥум-сорум!

Оҕо суор иэрбэҥ-таарбаҥ көрбүт харахтарыттан сылаас уу таммалыыр, Микиитэ модун түөһүгэр хатыылаах атахтарынан тирэнитэлиир.

– Арай өлбөт мөҥү уутун аҕалларгын хайыам эбитэ буолла, – диэн Микиитэ сөҥөдүйэн кэбиһэр.

– Атынна ыл. Тугу барытын биэрэбин…

– Суох! Атыны ылбаппын!.. Оччоҕо! – Суор оҕотун моонньун булгу эрийээри гыммыта буолан, Микиитэ тарбаҕын сараадытар.

– Тохтоо, – диэн өлөрдүү сарылыы түһээт, ийэ суор илин халлаан сиксигин диэки көтөн быластана турар.

Микиитэ аҕыс салаалаах аал дууп маска өйөнөн олорон суор оҕотун аһынан имэрийэр: «Ийэҥ билигин кэлиэ. Мин эйигин ыытыам. Эрэйдээх, акаарыҥ сүрдээх ээ», – диэн ботугуруур. Өр-өтөр гыммат, ийэ суор «өлбөт мөҥү уута» диэн мунду хабаҕын курдук күөгэлдьигэс хаалаах дьэҥкир ууну тумсугар тутан аҕалан биэрэн, оҕотун ылан барар.

Микиитэ ол ууну Үрүҥ Үкэйдээн өлбүт ийэтин уоһугар таммалатар. Өлбүт дьахтар имэ тэтэр гынар, уоһа ибир гынар. «Мин оҕом Үрүҥ Үкэйдээн ханнаный?» – диэн ботугураабытынан, хараҕын көрөн кылбаарыс гыннараат, күн уотуттан симириктии түһэр. Мичээрдээбитинэн олорор, ол-бу диэки көрөр, онтон туран кэлэр, уонна улам кэҥээн, эҥсиллэн киирэр алаас сир үрүйэтин устун таҥнары хааман, муус маҥан ырбаахыта тэлээриҥнии турар. Ырыых-ыраах, үрүҥ үрүмэччи курдук, туох эрэ киниэхэ утары эймэкэччийэн иһэн, өрө күөрэс гынар да, хотун дьахтар түөһүгэр хатана түһэр. Дьэ көрүстүлэр эбээт, ахтыспыт кыыстаах ийэ!.. Омуннуран бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, үөһэ тыыммахтыы-тыыммахтыы, Үрүҥ Үкэйдээн кэпсиир саҥата кыҥкынаан иһиллэр: «Ийээ, Дьөгүөрдээннээх Сөдүөччүйэ улахан оҕолоро Микиитэ диэн киһи бэрдэ, саха бастыҥа баар. Эйигин ол киһи тилиннэрдэ эбээт». Ийэ хотун Микиитэ толбонноох ньуурун көрөөрү, баһыттан атаҕар диэри махтанаары-баһыыбалаары эргиллэ хайыспыта: Микиитэ ханна да суох… Микиитэ Айыы аймаҕар, күн улууһугар тиийэн тыл эттэ, саҥа саҥарда: «Өрөгөй-талаан буолла, дьол-соргу туолла! Отут омук оонньуутун оонньуоҕуҥ, отут омук көрүн көрүлүөҕүҥ!».

Үрүҥ көмүс дыбарыас иһигэр үөрүү-көтүү буолар. Сылгы сыатын, саламааты, сүөгэйдээх дьэдьэни, көбүөрдээх лэппиэскэни сиэ да сиэмэ буолаллар. Көр-нар, ас-үөл ортотугар, дьон саҥата туой: «Микиитэ уол, эр бэрдэ, элик туйгун!» – дэһэллэр.

– Һыччыай, кэл, үөрэҥ тобоҕун ис, – диэн баран ийэтэ кэтэҕиттэн сыллаан, Микиитэни өлөрдүү соһутар. Балаҕан ньалҕарыйа ууллубут муус түннүгэ эккирээмэхтээн ылар.

Күнүскү бэс үөрэттэн ордорон кэбиспитин сылытан ийэтэ остуолга ууран биэрэр.

Ону иһэн баран улам тардыллан эмиэ аптаах тыл сүүрүгэр оҕустаран, уол устубутунан барар.

Аны тиит кумалааныгар тоҥсоҕой уйаламмытын булар. Кумалаан айаҕын бүөлүү хаптаһыны саайан кэбиһэр уонна бэйэтэ тиит анныгар саһан сытар. Сотору соҕус буолаат, ийэ тоҥсоҕой тиийэн кэлэр да уйатыгар кыайан киирбэккэ, төттөрү көтөр. Онтон эмиэ кэлэн хаптаһыны тардыалыы сатаан баран, кыайбакка төннөр. Бэрт өр буолан баран, тумсугар от салаатын туппутунан үсүһүн кэлэр. Кэлээт, кумалаан хаппаҕын төлө тардан ылар. Сонно Микиитэ часкыйбытынан ойон турар. Соһуйбут тоҥсоҕой отун салаатын сиргэ ыһыктан кэбиһэр. Ол күүстээх от салаата. Микиитэ ону сиэн, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ буолар. Түөһүн быччыҥнара дыыгынаһа күүрэллэр, охумаллара, бууттара ыараан бараллар; чабырҕайдара умайаллар…

Атаҕастабыллаах, аптаах маачахалар, кырыктаах ыраахтааҕылар, ийэни-аҕаны сиэччи абааһылар, быһыта оҕустах аайы утары үүнэ турар уон икки төбөлөөх эриэн кыыллар… О, дьэ билигин Микиитэ эһигини кытта кэпсэтэрэ буолуо. О, кини дьэ…

– Эмиэ хараҕын тиэрэ-маары көрдө! – диир ийэтэ.

Дьик гына түһээт, Микиитэ кыараҕас, боруҥуй балаҕанын иһигэр буолан хаалар…

– Иллэрээ сыл тойоммут аахха Сүөдэрикээн кулуба Уйбаан суруксуттуун хоммуттара. Онно Уйбаан суруксут сурук ааҕан дьэргэлдьийбитэ. Ону үтүктэн оҕом хараҕын дьэргэлдьитэр буолан хаалбыта…

Сөдүөччүйэ итини кимиэхэ да сэһэргээбэт, оҕотун буруйун чэпчэтээри бэйэтигэр быһаарыы бэринэрдии саҥара олорор. Икки мааны дьон, кырдьык, хонорго дылы гыммыттара. Хаптаһын быыс тумсунан быган көрдөххө, уҥа ороҥҥо сурук ааҕар киһи баарга дылы этэ. Маҥнай, баҕар, үтүктүбүтэ да эбитэ буолуо.

Оттон манна, аан дойду бастыҥ күүстээҕэ киһи, саамай мүччүргэннээх сырыыга, чэгиэн эт сэймэхтэнэр, хатан бүлтэс үлтүрүйэр тиһэх охсуһууга киирээри силбиэтэнэн эрэр этэ… Хааннаах харахтарын тиэрэ-маары эргичиҥнэппэккэ, буордааҕынан-сыыстааҕынан булкуйталыы көрбөккө, хайыаҕай? «Биир сымыыт ханна сытыйбатай, биир уол оҕо ханна өлбөтөй!» диэн бөҕө санааны ылынан, сүдү өстөөҕү кытта өлөрсөн, хаһыытаһа-хаһыытаһа хаппар куҥтан харбаһар кэмэ тирээн кэлбитэ эбээт… Мичээрдиэ, уйаргыа баара дуо?!

Ол курдук умуннара умсугутар кырдьаҕас эмээхсин холку тыллара. Сырдык, сылаас барыта эмээхсин олорор чэҥнээх хараҥа муннугуттан кэлэргэ дылы…

Даарыйа эмээхсин, Микиитэ, Өлөксөй буоланнар күнүс балаҕаҥҥа үһүөйэҕин хаалаллар. Уот умуллан бардаҕына, мас сыыһын быраҕан күөдьүтэ-күөдьүтэ, кинилэр арааһы кэпсэтэллэр, арааһы биттэнэллэр-билгэлэнэллэр.

Кылгас тымтык төбөтүн хайытан туора мас кыбытан киэптэтэн баран, холумтаҥҥа туруору анньаллар. Туорай мастарын саамай ортотунан уматаллар уонна этэллэр: «Сыҥаах ойуун, биттэнэн-билгэлэнэн кулу, дьоммут балык аҕалыахтара буоллаҕына – хаҥас диэки түс; мэлийэн кэлиэхтэрэ буоллаҕына – суол айаҕар түс!» Уот быһа сиэн эрэр туорай маһа хайа эмэ диэки кыырайан хаалар. Ол эрээри туорай мас аан диэки ыстаннаҕына, туохха эмэ баайсан хат биттэнэллэр, хайаан да хаҥас диэки түһэрэн арахсаллар. Ол аата, «үтүө ыра» диэн буолар.

Киэһэтигэр дьонноро кураанах кэлэн «үтүө ыра» сымыйа буолара бэрт үгүс да, кинилэр сыҥаах ойууннарыттан кэлэйбэттэр, сарсыныгар эмиэ биттэнэллэр.

Даарыйа эмээхсин Микиитэлиин кыттыгас «халандаар» хаптаһыннаахтар. Хаптаһыннарын ортотунан сэттэ төгүрүк үүт кэккэлэспит: ол нэдиэлэ хонуктара. Ону тас өттүнэн отут төгүрүк үүттэн эргийбиттэр; ый хонуктара. Быаҕа баайыллыбыт икки төгүрүк мастар хонук аайы үүттэн үүккэ сыҕарыйан иһэллэр. Онон бүгүн хайа күнүн, ый хаһыс хонугун билэллэр, дьон кинилэртэн ыйыталлар.

Итини ааһан, чугастааҕы «Дьоро киэһэни» – эт сиир киэһэни, чугастааҕы «таҥараны» ааҕар, – хонук ахсаанынан кэрдиистэммит тымтыктаахтар. Хонон турдахтарын аайы биирдии кэрдииһи тоһутан иһэллэр.

Ону барытын тус толорооччу Микиитэ. Эмээхсин оронугар олорон куобах тыһын, кулгааҕын имитэн илиилэрэ булкуллумахтыырын тохтоппокко эрэ, ыраахтан салайар. Өлөксөй уол хороҥ оту уматан табах тардан оппоҥнуур, оһох көмөрүн сиэн хаачырҕатар уонна, «Ынах ойуун» диэн үтүктэ-үтүктэ мэһэйдэһэн, убайын киэҥ көхсүн кыаратар.

Халандаар бэрээдэктэнэр, бит-билгэ ситэр. Киэһэлик Даарыйа эмээхсин үлэтиттэн сынньанар, үс атахтаах төгүрүк остуолун бэйэтин диэки сыҕарыта тардынан ытыһынан соппохтуур. Уонна этэн унаарытар:

– Чэ, кэл эрэ, доҕоор, бу диэки.

Микиитэ үөрэ-көтө ойон тиийэр. Кинилэр хабылык хабаллар, дурда эргитэллэр, эрилээҥкилииллэр.

Мээлэ сүүйсэллэр. Кинилэр ылсар-бэрсэр, сүүйсэр-сүүйтэрсэр үптэрэ-баайдара – остуоруйа.

Микиитэ илиитэ имигэс, хараҕа сытыы, үксүн кини сүүйэр. Оччоҕо үһүөн үөрэллэр: Микиитэ саҥа остуоруйаны истэн баайын хаҥатынаары, эмээхсин Микиитэ «дьоллоох, бааттаах киһи» буоларыттан, Өлөксөй дьоно үөрэллэриттэн. Даарыйа остуоруйалыырыттан хаһан да салгыбат, сүүйтэриини төлүүрүн хаһан да уһаппат.

Микиитэ сүүйтэрдэҕинэ – урут киниттэн истибит остуоруйатын төттөрү кэпсээн биэрэр. Остуоруйалыы олорор Микиитэни эмээхсин хаһан да тохтоппот, кэрэхсэбилин кыратык да мөлтөппөт, сүүйүүтүн бэрт дьоһуннаахтык ылар киһи.

Остуоруйа бүппүтүн кэннэ Микиитэ ханна, тугу бэйэтиттэн эбэн эппитин, тугу көтүппүтүн эмээхсин ыйар. Сөпкө эбиллибити «ылыналлар», сыыһаны быраҕаллар, көтүтүллүбүт сирдэри толороллор.

Кинилэр сүүйсүүлэрин атын дьон истэн туһаналлар. Эмээхсиннээх уол сүүйсүүнү хайа сатанар үгүс киһи истиэн баҕараллар, өссө «истэ түс эрэ» диэн сорохтон көрдөһөллөр.

Туһанааччы туһаннын: бараммат баай!

Саха тылын дэлэгэй баайын, оһуордаах уустугун бу эмээхсин бас билэр, ким барыта түөһэ уйарынан ол баайтан ылан туһанар. Тыл баайа онтон дьадайбат, хата ордук дэлэйэр, үрдүүр, кэрэтийэр.

Тыл бытархайдьыттара, тирбэҕэһиттэрэ эрэ кистэнэ, кэмчилэнэ сатаахтыыллар. Умнаһыттарга, кинилэргэ, ким ымсыырыаҕын, кинилэри ким ордук саныаҕын, бөхтөөх сиэптэрин бүүрэ харбаналлара буолла!

Суох, Даарыйа эмээхсин баайа хааччаҕа, бүтэйэ суох үксүүр, үүнэр.

Дьиэ таһыгар киһи атаҕын тэбэнэрэ иһиллэр. Өлөксөй уол куттанан «Маамаа!» диэн хаһыытаабытынан хотоҥҥо, Сөдүөт ойоҕо Маайаҕа сүүрэр.

Эмээхсин бэркэ сэргэхсийэр, тымныы туманынан аргыйа турар ааны одуулаһан олорон, ботугуруур:

– Киммит кэллэҕэй… Сээкэй сонуннаах саха урааҥхай буоллар үчүгэй этэ.

Аан киэҥник тэлэллэ түһэр да, эмээхсин бэйэтин кыра уола Миитэрэй, намыһах уҥуохтаах бэйэтэ, бэрт үрдүк киһилии, ааҥҥа наһаа төҥкөйөн киирэр. Чонойуоҕунан чоноччу туттан, тобуктарын бокуппакка дьоролдьуйан иккитэ-үстэ атыллаат, кини тохтуу түһэр, ийэтин диэки сүр киэҥинэн күрдьэччи көрүтэлиир, ханна да суох бытыгар сыстыбыт кырыаны «сыыйа тардыталаан» сиргэ «илгитэлиир», ханна да суох саал былаатын сүөрүнэн, сототугар охсунан баран уот иннигэр аҕалан «ыйыыр». Дьэ уонна эрэ бэргэһэтин устан, тарбахтарын төбөтүнэн тутан, уҥа ороҥҥо илдьэн аргыый түһэрэн кэбиһэр.

Даарыйа эмээхсин эйэҕэстик эҥээрийэр:

– Ыалдьыт, тугу иһиттиҥ, доҕоор, туох сонуннааххын?

– Суох! – диэн муннунан соҕус дириҥник кигинэйэн кэбиһээт, Миитэрэй орон аттыгар сото кэбиһэн туран, хамсаҕа табах уурунар.

– Дамыйаан дуу?.. – эмээхсин сибигинэйэн Микиитэттэн ыйытар, кып-кыһыл кыараҕас харахтарынан уҥа орон диэки одуулаһан симириктиир.

Микиитэ күлэн кыччыгыныыр. Эмээхсин онтон саарыах курдук гынан эрдэҕинэ, Миитэрэй: «Эһиги тугу биллигит?» – диэн сөҥөдүйэн кэбиһэр. Онуоха Даарыйа эмээхсин дьэ чахчы итэҕэйэн, сэһэргэһэргэ оҥостор, уол күлэрин буойан харытын туппахтаан имнэнэ-имнэнэ, аргыый турар уонна аттынааҕы олох маһы туппутунан уот диэки тэйээриҥнээн иһэн, этэр:

– Балаҕан бараахтара, хотон хоптолоро биһиги тугу билиэхпитий! Дамыйаан, чэ, тукаам, сыыйа-сыппайа сээкэйдэ сэһэргии түһэн…

– Миитэлэй… Миитэлэй, – диэбитинэн, хотонтон Өлөксөй уол сүүрэн тахсан Миитэрэй атаҕын кууһа түһэр.

Эмээхсин олох маһын туппутунан тохтуур, ол-бу диэки көрүөлүүр уонна бэйэтин уоскутунардыы: «Чэ, кэлбиччэ иттэн да барыым», – диэн баран, уот кытыытыгар олорунар.

Миитэрэй киһини үтүктүбүтэ табыллан үөрэ-көтө чылаарыҥныы-чылаарыҥныы сыгынньахтанан, атаҕар иилистибит уолу адаҕа курдук соһо таппытынан уот иннигэр кэлэн турар. Эмээхсин уокка ойоҕостуу олорон ытыстарын ититэр. Ол курдук саҥата суох олорбохтоон баран, бэрт эйэлээх куолаһынан, уолуттан ыйытар:

– Бу «дьону үтүктэр идэбиттэн хаһан эмэ өһүргэс тахсыа» диэн саныырдаах буолаҕын дуо, доҕор, Миитэрэй Харалаампыйап?

– Оннук санаабат буолабын! – диэн түргэнник хоруйдаан кэбигирэтэн кэбиһээт, Миитэрэй кыҥнах гынар, аллараа уоһун энньэтэн, арыттардаах уһун тиистэрэ атыгыраһан көстөллөр.

– Ээ… Ону баара мин «Киһини өһүргэтэн иирээн тахсыа» диэн санаан аһарардаах буолабын эбээт.

– Тыый, сатаабат эрээри үтүгүннэххэ кыыһырыахтара эбитэ ини! Үнүрүүн Дамыйааннаахха сылдьан үтүктэн көр бөҕө. Дамыйаан күлэн уҥа олорор. Бэркэ тахсыбыта.

– Чэ, ол эрээри, сэрэнэн оонньуур үчүгэй буолуо суоҕа этэ дуо, доҕоор? – диэн ыйытан унаарыйар ийэ.

Онуоха уола бэрт улгумнук сөбүлэһэ охсор.

– Сэрэнэн-сэрэнэн, ол баҕас, бодуруобуна бэлэм!

Миитэрэй атаҕын кууһан өрө хантайан турар кыра уол үтүктэр:

– Эйэнэн-эйэнэн, уобуна эбэм!

Бары күлсэллэр, балаҕан иһигэр айдаан-күйгүөн диэлийэр.

Дьэ Миитэрэй итинник киһи. Дамыйаан Охонооһойоп диэн, аҕыйах сүөһүлээх эрээри, бэрт ыраастык туттан олорор, бэрт мааны таҥастаах-саптаах, дьон ытыктыыр киһилэрэ баар. Миитэрэй ол киһини үкчү үтүгүннэ. Сарсын, өйүүн, ол анараа өттүгэр кимнээхтэри үтүктүөҕүн ким билиэй кинини. Иирэ талах курдук имигэс кыыстан бүдүгүрэ кырдьыбыт эмээхсиҥҥэ диэри, быыкаайык уҥуохтаах хабдьыгыраабыт оҕонньортон саһаан үрдүк лоҥкунаабыт тойон киһиэхэ диэри кини барыларын үтүктэр. Ону ааһан, быстах-быстах ол-бу киһилии саҥаран, көрөн, силлээн; «бытыгын» хамсатан, ыстаанын өрүтэ тардыммахтаан ылыталыыр. Ол ахсаан буолбат. Ким да тус бэйэтин кыра да туспата кини кыраҕы хараҕыттан куоппат. Артыыстыы талааны киниэхэ айылҕа ийэ дэлэгэйдик иҥэрбит киһитэ.

– Хайа, тукаам, өрүү мэлийдиҥ дуу? – Даарыйа эмээхсин, ытыстарын ититэн баран, көһүйбүт тарбахтарын мускуна олорон ыйытар.

– Мэлийэн, кырынаас, ыт баара, эмиэ тарбаан эспит. Биир лааскайы эрэ аҕаллым.

Эмээхсин үөрэ түһэр:

– Ыы, тукаам, лааскайыҥ – кырынаас балта эбээт! Чэ, аһата оҕус: «Үөргүн-сүүрүккүн үүрэн-түрүйэн аҕал» диэ.

Сүөгэй салааһынын көрдөөн баран булбакка, кытыйа кытыытыгар ымньаммыт тартан тарбаҕын төбөтүнэн ымньаан ылан лааскайын муннугар сото-сото, Миитэрэй алгыыр:

– Чэ, доҕоор, аһаа-сиэ, кытаат. Миэхэ өлөҥҥүн бу абыраннаххын көрбөккүн дуо!

– Ээ, кэбис, доҕор! «Бэйи, оонньоомуум эрэ» дии санаабат бэйэкэҥ буоллаҕа дуу?

– Санаан-санаан… Эдьиийгин, Түгэх хочоҕо баар кырынааһы чааххааммар киллэр эрэ. Үөргүн-сүүрүккүн барытын мин чааххааннарбар үлтү үүрэн киллэр… Төһө үөрдээх күтүр эбитэ буолла… Атыыр эбит дуу? Ойохтоох буоллаххына…

– Ээ, кэбис, тукаам…

– Уо, алҕас, – Миитэрэй лааскайын эргим-ургум тутан одуулаһар, онтон Өлөксөй көлөһүннээх сыгынньах иһин диэки эмискэччи дуктуруйар.

Уола «өкчөс» гына түһээт, күлэн быыһыгырыыр уонна лааскайы көрдөөн тарбачыһар. Миитэрэй биэрбэт, уол ытаан барар. Миитэрэй тулуйбат, хараҕын кырыытынан эмээхсин диэки көрбөхтөөн баран, чыпчылыйбахтаан Микиитэҕэ имнэнэр уонна булдун уолга туттаран кэбиһэр. Уол өрө сыҥсыйан кэбиһэ-кэбиһэ, одуулаһар, лааскай тоҥ харахтарын тарбаталаан көрөр, онтон лааскай тумсугар сотуллубуттары салаан «ньалып» гыннарар. Миитэрэй күлэн «кыык» гынаат, уолтан лааскайы былдьаан ылар:

– О, кыра да наада тойоно!

– Кими эттэҥий? – диэн эмээхсин сэргэҕэлиир.

Миитэрэй быһаарыыта суох хоруйдаан куотар:

– Э, бу оҕону эттим ини…

Булдунан оонньууру кырдьаҕастар сөбүлээбэттэр.

Эмээхсин аргыый туран оронугар төннөр. Онно тиийээт, кэпсиэн-ипсиэн ордук баҕарбыкка дылы буолар.

– Кырынааһы, сүрэхтээх быарын ылан ыйыстан кэбистэххэ, чааххааҥҥа бэркэ киирэр диир буолаллара былыргылар.

Хаһааҥҥыттан эмэттэн уокка турбут чаанньыгы таһааран Миитэрэй чэй иһэр.

– Ол аһы сиикэйдии аһыыбын дуу, ийээ? – диэн ыйытар, балачча өр саҥата суох олорон баран.

– Тугу эттэҥий?

– Ол кырынаас сүрэхтээх быарын.

– Ээ… Сиикэйдии буолбакка.

Миитэрэй илгистэн кэбиһэр, чахчы мунаарбыт, бэркиһээбит быһыыланар уонна этэр:

– Кини сүрэҕэ-быара диэн дьоҕус да буолуо этэ. Үчүгэйдик дьүккүйэн кэбистэр… Чахчы туһалааҕын билбит киһи…

– «Бэркэ туһалыыр» диир буолаллара.

– Бодуруобуна бэлэмнэнэн баран боппуруобуйдаан да көрүллүө. Муосабыт буосса буолуо, – диэн Миитэрэй «нууччалыыр». Кини мунаардаҕына нууччалааччы.

– Айаларгын көрбөтүҥ дуу?

– Көрөн, доҕор! Хас да куобах кылыыбын көрөн, туораан чонойбут. Биир сыыстаран бурҕаттарбыт.

– Куобах этин сылгы этин кытта холбуу буһардахха, куобах айаҕа кииримтиэ буолар сурахтааҕа. Кини сылгы инитэ эбээт. Үкчү сылгы курдук.

Миитэрэй чэйин иһэн бүтэн турар, чаанньыгы толорон эмиэ уокка уурар уонна этэр:

– Ээ, куобах үүт-үкчү сылгы курдук. Барахсан сиэлэ-кутуруга намылыйан!

Куобах сиэлэ-кутуруга намылыйбытыттан бары күлсэллэр.

Эмээхсин саҥата суох күлэн, кэтэҕэ титирии олорбохтоон баран, этэр:

– «Солуута суох саҥарабын эбээт» дии санаабат бэйэҥ буоллаҕа дуу? Куобахтаах сылгы ини-биилэр. Былыыр-былыр сылгы киһиэхэ сүөһү буола илигинэ, куобахтаах сылгы бырааттыылара үһү. Арай биирдэ…

Даарыйа эмээхсин ааҕан ситиллибэт кэрэ кэпсээннэриттэн биирдэстэрин кэпсээбитинэн барар.

Хотонтон Маайа тахсар. Кини аҕыйах саҥалаах. Өлөксөй уол сотору-сотору: «Маамуо!» диэн хаһыытаатаҕына, Маайа үтүктэн «Эһуо!» диэн кэбиһэ-кэбиһэ, дьиэ иһигэр ону-маны үлэлии, бүтэрэ-оһоро сылдьар. Эбэтэр уола ытаатаҕына, Маайа ыраах сылдьан: «Нохоо, Өлөксөөй, тохтоо эрэ бу!» – диэн чаҕаарыйар. Уол оччоҕо уурайан хаалар. Киэһэ «кырдьаҕас булчуттар» Микиитэ эһэтэ уонна дьукаах Сөдүөт чат тымтай түгэҕэр быыкаайык ньоҕор балыктаах кэлэллэр. Оҕолорго биирдии обургу мундуну сиэптэригэр уктан аҕалаллар.

Сөдүөччүйэ ыалтан кэлэр. Былаатын төбөтүгэр биир куһуок саахары түмэ баайбытын ылан, Микиитэ хайа эрэ сыталынан дьиэ дьонугар барытыгар үллэрэр. Дьон «өлүү саахардарын» сөмүйэлэригэр сыһыаран ылан, тылларын төбөтүгэр ууруналлар. Быыкаайык кыһыллыбыт чэйи тэрэпиискэҕэ суулаан аҕалбытын икки дьукаах аҥаардаһан чаанньыктарыгар кутуталаан кэбиһэллэр.

Үөрүү-көтүү, ас-үөл. «Дьоро киэһэ».

Силипиэн оҕонньордоох диэн сэниэ ыал биир кыыстара «дьүһүнүнэн мөлтөх» буолан эргэ барбакка сылдьыбыт. Сааһыары Миитэрэй ол кыыһы ойох «кэпсэттэ». Халыым төлүүр баайа суох киһи. Ол иһин энньэ да кыра. Эриэн тыһаҕастаах хара ынаҕы Миитэрэй Амма мууһунан дьурулаабыт суол устун үүрэн аҕалла. Бэйэтин балаҕанын дьоно үөрэн, оттон баай ыаллара Бэһиэлэйэптэр көрүдьүөс оҥостон сыыр үрдүгэр бөлүөхсэн тоһуйдулар.

– Сүөһүлэри күөйүҥ! Тоҕо түһэн куотан хаалыахтара!

Сүүсчэкэ сылгыны-ынаҕы үүрэн халытан иһэр киһи быһыытынан, кини ыраахтан хаһыытыы, үтүлүгүнэн талбаатыы истэ. Көтөх хара ынах туораан тахса-тахса, күөйтэрэн эмиэ суолга киирэн, албыннаан, хоротуута суохтук сүүрэн хаадьараҥныыр. Эриэн тыһаҕас, ынах иннигэр-кэннигэр түһэ-түһэ, сүүрэн моһурҕайданар. Миитэрэй соруйан хаала-хаала, сүүрэн кэлэн ынахтаах тыһаҕаһын үтүлүгүнэн охсуталаан кэбиһэр да, туора ыстанан хаарга кылыйталаан ылар.

Сүүрэн-көтөн, күөйэн-хаайан тыһаҕастаах ынаҕын хотоҥҥо киллэртээтэ. Онтон бэйэтэ дьиэҕэ ойон киирдэ, бокук-бокук гына-гына, үтүлүгүн-бэргэһэтин тэбэммэхтээтэ, тириппит сүүһүгэр сыстыбыт баттаҕын өрө анньынан кэбистэ уонна эттэ:

– Көр, уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах! Ынах сүөһүнү аҕалан хотон муҥунан хаайан лиһигирэтэн кэбистим буолбат дуо?

Баары-суоҕу барытын мунньан, иһит-иһити барытын тэбээн, солуурчахха саламааттаатылар. Үөрүү-көтүү буолла.

Аһаабыт-сиэбит, Миитэрэйи үгүс оҕоҕо, элбэх баайга алҕаабыт кэннэ Даарыйа эмээхсин хараҥа муннугуттан кэпсээн эҥээрийдэ:

– Элиэ көтөр тоҕо кулуннуу кистиирин билэҕит дуо, доҕоттоор? Былыыр-былыр элиэ Улуутуйар улуу тойон сылгыһыт уола эбитэ үһү. Улуу тойон киниэхэ эрэ сылгытын үөрүн итэҕэйэн халлаан сырдык сыһыытыгар сылгылатара үһү. Арай биирдэ сылгы сылгылыы барбыта икки хоммут да, элиэ кэлбэтэх. Улуу тойон ытырыктата санаан элиэни бэйэтин чуҥнаппыт. Элиэ «сылгыһыт» биир бастыҥ кулуну уоран сии олорорун көрөн төннүбүттэр.

Үһүс күнүгэр элиэ кэлбит. Улуу тойон кинини бэйэтигэр ыҥыртаран ылбыт. Улуу тойон сылгыһыт уолунаан бу курдук кэпсэппиттэр:

– Хайа, нохоо, ханна сырыттыҥ?

– Сылгы сылгылыы.

– Сылгыларыҥ бары бааллар дуо?

– Биир кулун сүттэ.

– Көрдөөтүҥ дуо?

– Үс түүннээх күн көрдөөтүм.

– Буллуҥ дуо?

– Көстүбэтэ.

– Кырдьык дуо?

– Кырдьык…

Онуоха Улуу тойон олустук уордайбыт.

– Өлөрдүҥ. Уордуҥ. Сымыйалаатыҥ. Үс төгүл халыҥ буруйу, хараҥа аньыыны оҥордуҥ. Үс төгүл хара кырыыстаах эн буол! Сааһыҥ тухары кулуннуу кистии сырыт! Элиэтии көтө көрдүү сырыт! Суолга охтубут собулҕаны тоҥсуйа сырыт!

Онтон ыла элиэ кулуннуу кистиир, былыр бэйэтэ уоран сиэбит кулунун көрдөөн элиэтиир, собулҕаны тоҥсуйар.

Бэрт элбэҕи кэпсээтэ Даарыйа эмээхсин бу киэһэ. Бу киэһэ оһох уота өргө диэри күүдэпчилэнэ умайда, күллэ-салла, кыһыл чохторунан тамнаатанна. Уоттарын кытыытыгар бары үөрэ-көтө олордулар. Бүтэр уһугар Даарыйа эмээхсин Манчаары Баһылайы кэпсээтэ. Кини Манчаарыта хас кэпсээтэҕин аайы саҥа айыллар, үтүө майгыта, ньургун сырыыта саҥаттан саҥа арылла турар Манчаары. Мэлдьи сонун, мэлдьи эдэр, мэлдьи туйгун Манчаары Баһылай. Ол иһин соргу көтөҕүллүбүт уһулуччу үөрүүлээх бастыҥ «дьоро» киэһэлэргэ эрэ айыллан кэпсэнэр. Даарыйа эмээхсин оронугар олоро түһэн, илдьирийбит даба ырбаахытын тиэтэллээхтик кэтэн сарымахтанна, илбирийбит нэк суорҕанын түүрэ тардан бэйэтигэр ыга куустан өйөннө уонна аргыый-аргыый икки өттүнэн иэгэҥнии-иэгэҥнии сүһүөх-сүһүөх этэн барда:

– Тоҕустуу түптүрдээх түүнүктээх түрмэни

Төлүтэ көппүтү,

Аҕыстыы хаппахтаах хараҥа хаайыыны

Хайыта тэппити

Манчаары туйгуну билэҕиэт, доҕоттоор?

Толоону-томтору тумнара сабардыыр

Тоҥуу хаар иэнинэн

Тоҕустуу хаамыынан чүөмчүлээн бырдааттыыр,

Быыппастар быччыҥнаах

Быһыйкаан даҕаны атахтаах дэһэллэр.

Бардам баай тэриммит ыаҕастаах күлүүһүн

Көтүрү тардыбыт,

Дохсун баай эрэммит болгуолаах олуурун

Тоһута анньыбыт

Ньыгылкаан даҕаны ытыстаах дэһэллэр.

Адаҕа тимиртэн, сатара кымньыыттан

Таҥнары көрбөтөх,

Кылырдыыр чыыннардаах кырыктаах тойонтон

Толлору билбэтэх

Уот чолбон даҕаны харахтаах дэһэллэр.

Ырыаҕа ылланар Манчаары Баһылай

Дьоһуннаах сураҕа:

Күүстээхтэн туйгуна, быһыйтан бастыҥа,

Төлөннөөх сүрэҕэ, —

Эр бэрдин төлөннөөх сүрэҕэ дэһэллэр.

Сирэйдээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө

Манчаары Баһылай,

Суохтааҕы халаабыт, мөлтөҕү муҥнаабыт

Буруйа суох этэ…

Сүрэхтээх ырааһа – Манчаары дэһэллэр.

Батыйа күөрэтэн баайдары уолутан

Булбутун барытын:

Кылааннаах түүлээҕи, өрүөллээх харчыны

Бар дьоҥҥо түҥэтэн,

Суохтаахха түҥэтэн үргэҥниир дэһэллэр.

«Сүһүөхпүт сүүрээнин, харахпыт ууларын

Уулааннар уойаллар,

Баай үбэ барыта – бар дьоммут сүмэтэ…

Манчаары аатыгар

Туһаныҥ, доҕоттоор», – диир үһү дэһэллэр…

Тордуохтаах тумустаах тойон кыыл дойдута —

Таас дьааҥы үрдүгэр,

Сэргэхтэй кулгаахтаах саһылбыт ордуута —

Сис тыабыт үөһүгэр

Манчаары Баһылай көрсүһэр дэһэллэр.

Эр бэрдэ киһиэхэ уотугар олорсон

Олоҕу сураһар:

«Төрөөбүт дойдубун, үөскээбит дойдубун,

Бар дьоммун ахтабын…

Ахтабын, доҕооччуок!» – диир үһү дэһэллэр.

«Тымныыга-дьыбарга, кыстык хаар ортото

Мин суолум биллиэҕэ…

Тымныыны күрэтэр күн уота күлүмнээн,

Күөх сирэм кэлиэҕэ,

Оччоҕо эргиллиэм!» – диир үһү дэһэллэр.

Эр бэрдэ киһиэхэ, бэрт эдэр киһиэхэ

Уотугар олорсон,

Сис тыабыт үөһүгэр, таас дьааҥы үрдүгэр

Доҕордуу арахсан,

Килбэҥниир болоту талбаатыыр дэһэллэр.

Саас буолан көҕөрөн, мутукча хамсаарай,

Тахсаммыт көрүөҕүҥ!

Күөх сирэм чэлгийэн, Манчаары кэлээрэй,

Уруйдаан көрсүөҕүҥ.

Манчаары Баһылай кэлиэҕэ дэһэллэр…

Манчаары Баһылай кэлиэҕэ, сэгэрдэр!

Эрдэлиирдэри кытта олорор үчүгэй этэ.


Арай биир киэһэ туох эрэ кыраттан кыыһыран, куруубай киһи Сөдүөт биир куһаҕан тылынан ойоҕун үөхтэ. Маайа бэрт өр ытыы сытта. Сөдүөт дөрүн-дөрүн: «Түксү! Оҥторума!» – диэн бардьыгыныы олордо. Ол киэһэ Даарыйа эмээхсин тугу да кэпсээбэтэ… Куһаҕан киэһэ буолла. Дьадаҥылара, аччыктара, кыһалҕалаах олохторо ол түүҥҥү ыарахан хараҥа үөһүттэн таҥнары өҥөйөн турдулар.

Эрдэлиирдэр саас бэйэлэрин балаҕаннарыгар көстүлэр. Остуолларын, саҥа төрөөбүт томуйахтарын уонна бары «сэптэрин-сэбиргэллэрин» биир сыарҕаҕа тиэйэн бардылар. Эмээхсиннэрин уонна утуйар таҥастарын эргийэн кэлэн ылаары, хааллардылар. Кинилэри аһыйан Өлөксөй ытыы турда. Микиитэ хомолтотугар харан, ыгылыйан олорон хабылык хабан ыһыахтанна. Онтон Даарыйа эмээхсин тэйээриҥнээн кэлэн Өлөксөйү кэтэҕиттэн сыллаан баран, Микиитэҕэ чугаһаан эрдэҕинэ, Микиитэ туох да хоһооно суох чардырҕаабытынан ойон туран, үөттүрэҕи сулбу тардан ылан эмээхсин төбөтүн сиигинэн туһаайан өрө күөрэппитинэн барда. Сөдүөччүйэ ыстанан кэлэн үөттүрэҕи мүччү тардан ылла:

– Нохоо, туох буоллуҥ? Эмээхсиҥҥин таптыыр аххан этиҥ дии! Өлөрөөрү гынныҥ дуу?!

– Өллүн! Барар буолбат дуо!.. – тыына хаайтаран салгыны арыычча эҕирийэн ыла-ыла, Микиитэ улуйа турда.

Саха тылын саллар сааһын тухары умсугуйарга уһуйбут кырдьаҕыыс-кырдьаҕас доҕорун ол курдук атаарар киһи буолла. Сатаан быһаарыллыбат быһыы таҕыста. Ол эрээри ол сээркээн сэһэн эмээхсин судургутук уонна дириҥник быһааран эттэ:

– Итинтэн ордук хайдах таптыай? Оҕом таптыырын күүһүттэн өлөрөөрү гынар ээ ити… Оо, күндү да киһи буолар эбиппин… Тоойуом, ытаама. Көрсүөхпүт буоллаҕа дии. Тапталлаах Таатталыыр…

Сааскы кэм

Подняться наверх