Читать книгу Сааскы кэм - - Страница 9
ИККИС ТӨГҮЛЭ
ЭРГИЧЧИ ЭРЭЙ
Хамнас
ОглавлениеСыллай – Луха Бэһиэлэйэпкэ Микиитэ оҕус сиэтэ сылдьар. Бэһиэлэйэптэр иитиэх уоллара бэрт элбэх хос ааттаах, малаҕар сирэйдээх, халыҥ Өлөксөй; Бэһиэлэйэптэр бырааттарыгар иитиллибит уһун синньигэс хатыллаҥнаабыт Мииппээн; Бэһиэлэйэптэр тастыҥ бырааттара үгүс оҕолоох Сиидэркэ уола Сэмэн оҕонньор көйгө уола ньаллырҕай саҥалаах, улахан истээх Уйбаан уонна Микиитэ – түөрт урааҥхайдар үлэлииллэр.
Үс уол бииргэ үөскээбиттэр. Бары «куомуннара» биир. Бары Микиитэттэн быдан аҕалар.
Атаҕастыыллар.
Туойдаах диэн улуу Эргиттэ алаас биир үрүйэтэ. Сүдү тииттэр сиҥнэриттэн түспүт ньамахтаах күөллээх, талах быыһыгар бүкпүт кыараҕас үрүйэ. Онно түөрт ыал олороллор. Үс Бэһиэлэйэп уонна үрүйэ уҥуор Сахаар Масчыт – кинилэр тастыҥ убайдара, ытык кырдьаҕас бүгэн олорор.
Микиитэ тойонун аҕата Сүөдэр Бэһиэлэйэп хобдьугураабыт түргэн саҥалаах, кыра уҥуохтаах, сытыы-хотуу киһи, сааһын тухары айаҥҥа, эргиэҥҥэ сылдьыбыт. Саҥардыыҥҥыта кини хараҕа суох буолбут. Сүөдэр алталаах-сэттэлээх кыра кыыһын сирдьиттэнэн чугас эргин ыалларга дьаарбайан кэлэ-кэлэ, дьиэтигэр кими эмэ быртахтык элэктээн, үөҕэн хобдьоорор. Эдэр тойон Луха Бэһиэлэйэп быллаҕар уостаах, хотостугас кыһыл сирэйдээх, ыыс араҕаһынан чөрбөччү көрбүт, отутугар тиийэ илик киһи. Кини бэрт кыра үөрэхтээх, онон түҥ-таҥ нууччалаабыта буола-буола бастыҥ аты миинэн муҥунан көтүтэ сылдьан арыгылыыр-хаартылыыр, содурдуур, содуомнуур, ыллыыр-туойар. Быһата, баай соҕотох уол оҕото.
Элбэх ыалдьыт-хоноһо сылдьар.
Ыалдьыт-хоноһо мааны дьон буоллахтарына батараак Өлөксөйү уонна Микиитэни туспа остуолга хаҥас диэки аһаталлар. Орто соҕус дьон буоллахтарына биир остуолга гынан баран, аһылыктара туспа буолар. Ким да туора киһи суох кэмигэр бары бииргэ аһыыллар.
Киэһэ чэй кэнниттэн Сүөдэр оҥостон олорон удьурҕай холтуунтан боруоска табах тардан ытырдан баран, киһи кыайан үтүктүбэт тылларынан батараак Өлөксөйү ыстырыыстыыр. Уол сааһын тухары истэ үөрэммит тылларыттан кыһаммат, иһиллии да барбат быһыылаах. Онтон уолуттан салҕан оҕонньор Микиитэҕэ халбарыйар:
– Чэ, доҕоор, атаһым Микиитэ суруксут, кэпсээ эрэ.
– Тугу кэпсиэмий?
Микиитэ икки илиитин тобугунан хам кыпчыйар уонна остуол анныгар сытар сымыыт хаҕын тоҕо эрэ тонолуппакка одуулаһар.
Сүөдэр халтаһаларын хамнатан уолан хаалбыт харахтарын оннун аспахтыыр, кини көрө сатыырга дылы гынар, оронугар сыҕарыҥныыр. Кыракый уҥуох көхсө, синньигэс моонньо, ыараханнык түөрэҥнээбит улахан төбөтө, күөх мэҥнэр олортообут кубаҕай сирэйэ – барыта хайдах эрэ сымыыт иччитигэр маарынныырга дылы.
Микиитэ дьулайара да бэрт, аһынар даҕаны: «Тугу да саҥардын», – дии саныыр, тулуйарга оҥостор.
– Үөрэхтээх үтүө киһи эрээри хардары хатыллан ыйытаҕын дуу? Ити куһаҕан дьон идэлэрэ… Үөрэххинэн төһө туһанаҕын, доҕоор?
– Син туһанабын.
– Тугу? – Сүөдэр сирэйэ сырдыырга дылы гынар, онон-манан ойута тыытыллыбыт курдук хаастара үөһэ диэки түрдэҥнииллэр, уол диэки нөрүйэр, сүрдээхтик кэрэхсээбит быһыыланар. – Тугу туһанаргын иһитиннэр эрэ, атаас.
– Чэпчэки кинигэлэри ааҕабын.
– «Чэпчэки» да?.. – тарбахтарын төбөлөрүнэн остуолу тоҥсуйбахтыы олорон тугу эрэ толкуйдуур. Чэпчэки кинигэ диэни аҕыйах сыаналаах кинигэ диэн өйдөөбүтэ буолан кубулунаары гынан баран, уолу олус эрдэ «тыла суох ыытан» көрүн көҕүрэтэриттэн тардынар. – Чэ, ол чэпчэки кинигэлэргэр тугу кэпсииллэр? Эргинэргэ үөрэтэллэр дуо?
– Суох.
– Хаартынан сүүйэргэ үөрэтэллэр дуо?
– Суох.
– Уорарга?
– Суох.
– Баай ыал кыыһын иирдэн ойох ыларга?
– Суох.
– Чэ, оччоҕо туохха үөрэтэллэр ол кинигэлэр?
Микиитэ өйдүү сатыыр да аахпыт кинигэлэрэ туохха үөрэтэллэрин кыайан өйдөөбөт. Аахпыта син үгүскэ дылы. Таптал туһунан элбэх. Ону эттэххэ, ыстырыыһынан ыһаарара чахчы. Тыа ыраахтааҕыта, муора иччитэ эмиэ табыгаһа суохтар. Сүөдэр буоллаҕына хоруй эрэйэн нөрүйэн олорор, уоһун уһуктара ибирдииллэр, кыламаннара титирииллэр. Хараҕа суох, кырдьаҕас, мааны киһини кэтэһиннэрбититтэн уол кыбыстар, бэйэтиттэн кэлэнэр. Тиһэҕэр тиийэн, өйүгэр көтөн түспүччэ этэр:
– Чыычаах уйатын…
– Дьэ, дьэ ону?
– Алдьатымаҥ диэн сүбэлииллэр.
– Туох да? «Чыычаах» диигин дуу? – Сүөдэр чугаһыы сыҕарыс гынар, ол-бу диэки хайыспахтыыр.
– Ээ…
Кини бүтүннүү эндэрэҥнии-эндэрэҥнии күлэр, холтуунун сулбу тардан таһааран табаҕын сыҥсыйбахтыыр: «Чыычаах уйатын алдьатымаҥ!» диэн этэн көрө-көрө, күлэр.
– Оттон аһаамаҥ диэбэттэр дуу?
– Суох.
– Дьахтарга чугаһаамаҥ диэбэттэр дуу?
– Суох.
– Аһаабакка сылдьыаҥ даҕаны, үөн өлбөт. Оттон дьахтара суох хайдах киһи буолуоххунуй? Эн эт эрэ, хайдах киһи буолуоххунуй дьахтара суох?..
Бутуллан хаалан баран, тугу ыйытарын да өйдөөбөккө Микиитэ:
– Хайдах да буолбаппын, – диэн кэбиһэр.
Сүөдэр күлэн алларастыы түһэр: «Хайдах да киһи буолбаппын» диэтэ эбээт, бу ытыҥ баара!» – дии-дии, күлэр.
Күлээн-күлэн баран, өрүтэ уһуутаан уоскуйар, лабай курдук кирдээх былаатынан хараҕын оннун, моонньун, сирэйин соттумахтыыр уонна ханнык эмэ саамай бүдүгүрбүт эмээхсининэн араас ымпыктаахтык ыстырыыстаан киирэн барар. Уол сотору-сотору «Па!» диир, кини ол аайы ордук тэбиллэр. Суох, ыстырыыһа көрүттэн буолбатах, сүрэҕэр мунньуллубут сытыган ириҥэтин ыгынар, күрдьүк буолбут дууһатын түүнүк бөҕүн сахсынар. Чанчарыктык тутуллар куурусса оронуттан кэлэр сидьиҥ сыттар кини оҥоҥнообут айаҕыттан үргүйэргэ дылылар. Кини бэйэтэ да көрүлээбиттии туттубута уурайбыта өр буолан сабыстыбыт; күөх мэҥнэрэ силбэһэннэр сирэйэ бүтүннүү сытыйбыт уу түгэҕин курдук суһуктуйбут, халтаһаларын, уоһун хам ньимиппит, кулдьайбыт эргэ баас хаҕын хастыы сатыыр курдук туттубут. Ыстырыыстыыр эмээхсинин силигин ситэрэ олордоҕуна таһырдьа ыстанан хаалыах баара, төттөрү туттаран ылара биллибэт этэ. Ол эрээри, туох эрэ хараҥа күүс Микиитэни хам баттаан олорор, сидьиҥ тыл дьуоҕатыгар кини батыллыбыт курдук. Сүөдэр диэки хайыспат эрэ мөккүөннээх да хараҕын кырыытынан көрбөхтүү олорор.
Сүөдэр айаҕа ханньастан, мунна токуруйан барар, кулгаахтарын өҥүргэстэрэ бүүрүллэллэр, бэйэтэ олорон эрэ иннин диэки ыстаныах курдук өкчөччү туттар, олус абаламмыт быһыыланар:
– Дьэ бу акаары да сордоох ээ, Молоох уола ыт! Үөрэттэрбит буола-буола, дьиккэр оҕолор! Тугун эрэ санаан эрэр. Хайа… сабар ыстаана да суох ини. Кэнники дэлби байбыккыт дуу? Байбыккыт дуо, доҕоор!
– Суох…
– Кыһыл көмүс кылааты күрдьүккүтүттэн була иликкит дуо?
– Суох.
– Уола хата үөрэхтээҕимсийэн үлэлиэ суоҕа, сирэйин тэпсиэҕэ, бырадьааҕа барыаҕа. Нохоо, бу Микиитэ суруксут төһө бэрт үлэһитий?
Ыйытыллааччы уол, Микиитэни кытта үлэлиир батараак Өлөксөй, хам хаппыт этэрбэһин устаары оһох кэннигэр ынчыктаһа олорон дэбигис саҥарбат. Сүөдэр хоруй көһүтэн олорбохтоон баран, сирдьит кыра кыыһыттан аргыый ыйытар:
– Сыччыай, бии ырҕайа сытыйбыт суох дуу?
Алталаах-сэттэлээх сирдьит, бэйэтэ эмиэ хараҕынан буорайбыт киһи, халтаһалара дьолточчу испиттэр, кыламаннарын кыллара кэлимсэлэһэ силбэспиттэр. Кыыс икки өттүнэн кыҥнаҥнаан дьиэ иһин эргиччи көрүөлүүр.
– Ээ, кини оҕуһу кыайан сиэппэт. Хата кинини бэйэтин оҕус сиэтэр. Улахан оҕус көҥүл дэйбиир оҥостор. Быстыбыт киһи! – Оһох кэнниттэн кэтит сирэйэ малас гынан, Өлөксөй толору сыананы биэрэн кэбиһэр.
– С…! Баар эрээри саҥарбат эбит дуу? Оҕус муннун кыайбата диэн кэлиэ дуо? Үөрэхтээҕимсийэн соруйан гынар буоллаҕа. Эппэтэҕим дуо! – кырдьыга тута дакаастанан Сүөдэр үөрэ түһэр уонна эмиэ Микиитэҕэ эргиллэр. – Эн үөрэххиттэн туох туһа баарый? Туох да суох! Нууччалаан да халлырҕаа, аҕабыыттаан да онолуй, ким эйиэхэ кыһаныай? Ол кэриэтин таһырдьа ыт үрдэр, бии дээдэйэ сытыйбыты: «Нохоо, тахсан көр эрэ, ким кэллэ?» – диэм этэ. Эн үөрэхтэммиккинээҕэр ыт үрбүтэ быдан ордук. Оннук буолбат дуо, Микиитэ суруксуот? – көһүппэхтээн баран, эмиэ кыыһыттан ыйытар. – Бии уол суох дуу?
– Баар, баар, бу олорор, – диир кыыс.
– Эн үөрэхтэммиккинээҕэр ыт үрбүтэ ордук буолбат дуо?.. Ээ, саҥар эрэ, доҕор, киһи кэпсэттэҕинэ!
– Мин үөрэхтэннэхпинэ ыт үрбэт буолан хаалыа дуо?
– Но! Өһүргэнэр дуу?!
– Өһүргэниэ суоҕа дуо? Үөрэхтээҕимсийэн ити уол эйигин хайаата? Саҥаран баран уурайбаккын. «Ыт ордук да, ыт ордук!».
Ыалдьар хараҕын саба туттан баара-суоҕа биллибэккэ төҥкөйөн олорор Өлөксөөндөрө эмээхсин эригэр кыыһырар.
– Эй, үрүмэ! Эйигиттэн баҕас ыт ордуга чахчы!.. Сатана, эдэр, суруксут киһи диэки буолар ээ. Микиитэ суруксут, ойохпун хайыы үйэҕэ иирдээхтээбит эбиккин дии. Чэ, ити аата эн биһикки бу киэһэ… – кини дьэ сорунан үөҕээри оронугар сыҕарыҥнаамахтыыр.
Ол кэмҥэ таһырдьа ыт үрэн моргуйар. Сүөдэр хоноччу туттаат, хараҕа суохтар быһыыларынан, ордук түргэн-түргэнник ол-бу диэки эргичиҥнээмэхтээт, ордоотуу түһэр:
– Дэдэйэ сытыйбыт, тахсаҥҥын көр эрэ, ыт тугу үрэр? – уонна Микиитэни кыһытан, аргыый ботугуруур. – Эппэтэҕим дуо? Ыт үрэн туһалаатаҕа ити дии, эн курдук буолуо дуо?
Саҥардыы «иитиллэ» кэлбит сэттэлээх-аҕыстаах тулаайах Бүөтүччэ куруук сынньыллар-мөҕүллэр эрээри, куруук күлэн, кэтит бөдөҥ тиистэрэ бөлтөрүттэ сылдьар. Кини эмиэ Өлөксөй курдук мааһайбыт суон быһыылаах, малайбыт кэтит сирэйдээх, ол гынан баран Өлөксөй курдук утары көрбөт чой кулут буола илик киһи, кини үлэ көлөтүн курдук хаһыы улаханынан, охсуу күүһүнэн түргэтээбэт, бэйэтэ туох эрэ санаалаах, үөрүүлээх-хомолтолоох, онуоха эбии кырдьаҕас тойону соруйан кыйахыыра чахчы биллэр.
Тиэрэ мэтэрийбит төбөлөөх, дьалларыттыбыт айахтаах сүүнэ улахан этэрбэстэри хоруйа тэбиэлээн саллырҕайдаан хаҥас диэкиттэн кэлэн, Бүөтүччэ атах ороҥҥо ыттан тахсан түннүгүнэн одуулаһар уонна улахаҥҥа уурбатах куолаһынан, этэр:
– Луха кэллэ дии.
– Луха да? Итиригэ суох дуо?
– Суохха дылы… Бэрт кыра итирик дуу…
– Соҕотох дуо?
– Соҕотоххо дылы… Иккиэлэр дуу… Ээ, иккиэлэр быһыылаах.
– Бу кэрэдэк тылын истиҥ! Соруйан гынар ээ! Абам да баар эбит… доҕоро мааны киһи дуо?
– Оччо мааныта суох… Мааны соҕус диэххэ да син.
– О, дэриэтинньик, бэйэкэй! Ырҕайа сытыйбыат, ыл эн көр!
«Ырҕайа сытыйбыт» Өлөксөй түннүккэ ойон кэлээт:
– Ньукууһа Сыҕаайап, – диэн кэбиһэр.
«Дэдэйэ сытыйбыт» Бүөтүччэ наһаа холкутук хаҥас диэки саллырҕайдыыр.
– Хомуна охсуҥ! Бу Микиитэ суруксут, уҥа оронтон киэр бар, эйигиннээҕэр арыый ордук киһи кэлбит үһү дии.
Тиэтэллээхтик хомунан суугунаһыы буолар. Олох мастары хаҥас быыс кэннигэр симэллэр, үс ордуктарын уҥа быыс ойоҕоһугар кэккэлэтэллэр, дьиэни миинньиктээн элэстэтэллэр, остуолтан сылабаары сулбу тардан илдьэллэр, чааскылары, тэриэлкэлэри барытын холбуу биир ырбаахы тэллэҕэр суулаан бараллар.
Үөһэ-аллара тардынан бүтээт, тугу да билбэтэх-көрбөтөх дьон буолан кирийэн хаалаллар. Сүөдэр оронугар сытан улаҕа диэки хайыһаат, аргыый ынчыктаабытынан барар.
Мааны ыалдьыт кэллэҕинэ түҥ-таҥ түһэр идэни билэр буолан, Луха атын соруйан наҕыллык баайан, дьиэ таһыгар тардыллар.
Тиһэҕэр, эдэр тойон ыалдьыттыын киирэн кэлэллэр.
– Ким киирдиҥ, доҕоор? – диир Сүөдэр, ынчыгын тохтото түһэн.
– Лухабын.
– Соҕотоххун дуу?
– Иккиэбит.
– Доҕоруҥ кимий?
– Ньукууһа Сыҕаайап…
– «Ньукууһа» да? Көр эрэ! – Оҕонньор наһаа үөрбүтүнэн олоро түһэр.
Микиитэ үөрэҕин ырыттарар ынырык суолтан босхолонон таһырдьа тахсар.
Муҥур үрүйэни түгэҕэ биллибэт халыҥ тыа иилээн турар. Тыа дьалкыс гынаат, үрүйэни саба ыпсан кэбиһиэх курдук. Тайҕа тыа ортотугар киирэн эрэр күн сардаҥалара тииттэргэ, хахыйахтарга, дөлүһүөн уктарыгар тус-туспа толбоннонон бырдаҥалыы ыһыллыбыттар. Ханна эрэ, бэрт ыраах оҕус айаатыыра дуораһыйан иһиллэр. Ньамахтаах күөл үрдүнэн уу чөкчөҥөтө: «Күүс чыычаах! Күүс чыычаах!» диэн киһиргээн тыгыластыыр. Микиитэ тыа саҕатыгар баран дьэдьэн көрдөөн булбакка, күөх кырыска сытар. Кини үөрэҕинээҕэр ордук «идэлээх» моойторуктаах хара ыт көскөрүйэн кэлэн тула сытырҕалыыр уонна «Хоргутума, доҕор» диэбит курдук, кыҥнаҥныы-кыҥнаҥныы, одууласпахтаан баран, ааһа турар.
Сиидэркэ уола Сэмэн Бэһиэлэйэп кыһыннары-сайыннары олорор балаҕанын сыбаҕа аллара сыҕаллан, ыалдьар харах дьолточчу испит үөһээ халтаһатын курдук, түннүккэ таҥнары сабырыйбыт.
Сиидэркэ уола Сэмэн киһи арычча быһааран истэр гына кыгынайан саҥарар, намылыйбыт холку быһыылаах, уһун оҕонньор. Кини уһун көтөх моойдоох ньолбоҕор төбөтүн дьүккүччү уунан, тугу эрэ сытырҕалыыр курдук туттан сылдьар, сүһүөхтээх улахан муннун төбөтө уонна үөһээ уоһа, боруоска табах иҥэн күөхтүҥү өҥнөөхтөр, чэлкэхтээҕинэн сургуччу көрбүт киэҥ харахтардаах. Сааһыгар кими да кытта иирсибэт, үҥсүбэт, куруук көрдөөхтүк элэктэһэ, айхаллаһа сылдьар, үчүгэй майгыннаах оҕонньор. Бэрт үгүс оҕолоро кырдьан эрэллэр. Арай кини бэйэтэ кырдьыбат, кыры-кыпсыгыр уһун атахтарынан тэлбик-тэлбик хаамара уонна наһаа холкутук кыгынайан көрдөөхтүк саҥарара уларыйбат.
Сытан эрэ Микиитэ ол оҕонньору саныыр. Үс нэһилиэк дьоно оттуур Киэлимэ күөлүн онно ходуһаҕа от кэбиһиитэ. Дьон ордоотоһон кэпсэтэр гына чугас-чугас үлэлииллэр. Бэрт элбэх дьону кытта Микиитэ аҕатынаан бииргэ отууламмыттара. Өйдөөх сэһэннээх, көрдөөх тыллаах уонна ардах-кураан, сут-өҥ туһунан бэрт элбэх билгэлэрдээх Сэмэн Бэһиэлэйэп ордук кэрэхсэбиллээх киһи.
От кэбиһиитэ – ыгыл үлэ, онуоха эбии Сэмэн билгэтинэн сотору «атыыр ардах» буолуохтаах. Саамай улахан эрэй – табах бараммыта. Саппыйалар тэбэммиттэрэ, холтууннар кыһыйыллыбыттара ыраатта. Дьон муруннара кыһыйар, харахтара бүрүллэр, бэлэстэрэ хатар. Амма үрэх эргийэн ылбыт тоҕоноҕо, икки өттүттэн Амма туорааһыннаах, ким да ааспат дойдута.
– Ол биир дьахтар иһэр! – диэн от үрдүгэр турааччы дьон аймалаһаллар.
Чөрбөҥнөһүү буолар.
– Табахтаах бытааһах эбитэ дуу? Хайа барахсан эбитэ буолла… – диэн Сиидэркэ уола кыгынайар.
Сэмэн атырдьаҕын туруору анньар.
– О, Дьэбдьиэскэ эбит… Дьэбдьиэскэ-э, доҕоттоор! – дииллэр сотору соҕус буолаат, үөһэлэр.
– Э, ол киһи эбит буоллаҕына… Кэбис! – Сэмэн атырдьаҕын төттөрү сулбу тардан ылан үлэлээбитэ буолар да үлэтэ тахсыбат, дьахтар кэлиэхтээх сирин диэки көрбөхтүүр.
Нуучча кыыһа Дьэбдьиэскэ диэн сааһын тухары ыал хамначчыта, сулумах дьахтар. Кини ааттаах үлэһит, наһаа тыллаах. Биир ыалга наар олорон атаҕастаппат, кыһын-сайын саҥа ыалларга сыҕарыйталаан «талбытынан» сылдьар киһи. Онон, кини кимтэн да толлубат. Бу былдьаһыктаах кэмҥэ бука биир ыалтан уурайан баран, атыҥҥа кэпсэтэ илик буолан, иллэҥ сырыттаҕа буолуо.
Дьэбдьиэскэ ааттаах табахсыт, кыра эмэ табахтааҕа чахчы, хата биэрэрэ биллибэт, уот ыстанарын курдук киһи, бэстилиэнэй биир хамса табаҕын да кутан биэриэн сөп, төһөнү эмэни илдьэ сылдьан биэрбэккэ, эбиитин үөҕэн да ыыттаҕына көҥүлэ. Бачча үгүс киһиттэн көҥөнөрө чахчы.
Дьон: «Эн бар», «Эн көрдүө» дэсиһэн найылаһаллар да, барааччы көстүбэт.
– Арай Сэмэн оҕонньор бардар хайыа эбитэ буолла, – дэһэллэр.
– Ээ барбаппын, биир хонуохха наада… Миэхэ өстөнөн сылдьар, – диир Сиидэркэ уола.
Дьэбдьиэскэ кылгас маадьаҕар атахтарынан сүр түргэнник битийиктээн, чугаһаан иһэр.
Сэмэн көхсүн этиппэхтиир уонна, харса суоҕар киирбит киһи быһыытынан, холурдук атырдьаҕын сиргэ батары анньаат, Дьэбдьиэскэ диэки хайыспакка эрэ күөйэн, айан суолугар быһа хааман салбыҥныыр. Дьон үлэлээбитэ буола-буола, кэпсэтиини кэтэһэннэр уу чуумпу.
Сэмэн төһө да бытааҥҥа, холкуга дылы буоллар, ыраах-ыраах уурталаан, суолга урут тиийэн тохтоон туран, наһаа болҕомтолоохтук ытыһын чэрин дуу, ытыһыгар мас киирбитин дуу кытаахтаһан кыҥастаһа турар. Дьэбдьиэскэ өрө сабаан ыкса чугаһаан кэлбитигэр эрэ саҥа көрбүт курдук, Сэмэн бэрт наҕыллык төбөтүн өндөтөр уонна унаарыччы кыгынайан кэбиһэр:
– Хайа, Дьэбдьиэскээ, туох кэпсээннээххиэн?
– Суох, суох! Ол бу буолума!
Дьэбдьиэскэ өстөөхтүк өрө чаҕылла түһэр, дьэ эбии түргэтээн битийиктэнэр, суолтан туора хааман быһа түһэн Сэмэни арыылаан ааһарга оҥостор. Оҕонньор итинник тымныы кэпсэтииттэн кыратык да соһуйбат, хоргуппат. Саҥата дьэ ордук наҕылыйар:
– Дьэбдьиэ, табахтааххын дуо, тардыах эрэ.
Анарааҥҥыта ааһа көтөн мэтэстэнэн иһэн эһитэ охсор:
– Суох, суох! Эн миэхэ араас буолан бэлэстэтимэ!
Оҕонньор мэлийбитэ чахчы буолан, дьон имнэниһэн кэбиһэллэр.
– Дьэбдьиэ, уостааххын дуо, уураһыах эрэ.
– Суох, суох!..
Кэбиһиллэн эрэр оттор үрдүлэриттэн, тулаларыттан дьон соҕотохто күлэн ньиргиһэ түһэллэр. Дьэбдьиэ алҕас саҥарбытын сэрэйэн, эмискэччи эргиллэр:
– Туох, туох диир?!
Оҕонньор уҥуохтуун-сүһүөхтүүн накыйар, төбөтүн кыҥнатар, чахчы көрдөһө быһыытыйар:
– Табахтааххын дуо, тардыах диэтим, ыксаабычча…
– Суох диэтим!
– Уостааххын дуо, уураһыах диэтим, таптаабычча…
Дьэбдьиэ тугу этиэн, хайдах өһүргэниэн билбэккэ тэпсэҥэлии туран, күлэн чачыгырыы түһэр:
– Сатана уолун араас тыла диэн!..
Оҕонньор утары хардыылаамахтаан халбыҥнаталаан кэбиһэр да, хоппо күрдьэх курдук ытыһын утары уунар:
– Аҕал эрэ, үлэҕэ баттатан өллүбүт ээ. Үлэ киһитэ бэйэҥ билэҕин.
Дьэбдьиэ саппыйатын көтүтэн таһааран икки тарбаҕын төбөтүнэн кытаахтаан ылан кырбаммыт табаҕы оҕонньор ытыһын ортотутар уурар. Оҕонньор ытыһын муннугар сыһыары тутан сытырҕалыыр уонна этэр:
– Бэйэҕэр да суоҕа бэрт буолаахтаатаҕа…
– Миэхэ хантан дэлэйиэй?
– Оттон хайыай, оннук ээ… – Оҕонньор аны биир ытыһын тоһуйан куду анньар.
Дьэбдьиэ эмиэ икки тарбаҕын төбөтүнэн кытаахтаан оҕонньор ытыһын ортотугар уураат, өйдөнө охсон, өрө татынньахтыы түһэр:
– Хайа, иккиһин биэрдим дуу, аҕал бэттэх!
– Дьэбдьиэ, абыраатаҕыҥ бу дии…
Оҕонньор аргыый салбыҥнаан төннүбүтүн, оттор үрдүлэриттэн таҥнары сурулаан түһэ-түһэ, онтон-мантан сырсан кэлэн төгүрүйэ көтөллөр. Үөрүү-көтүү буолар, үлэ күүһүрэр…
Сэмэн оҕонньор үтүө майгыннаах, күлэ-оонньуу сылдьар киһи. Кини хараҥа дьиэтин, эйэлээх дьиэ кэргэнин аламаҕай майгына сырдатара буолуо.
Сэмэни Микиитэ хайаан да көрүөн баҕарар. Арай кинини көрдөҕүнэ көхсө кэҥиэх курдук. Ойон туран бэрт тиэтэлинэн дьулуруйан тиийэн сааһыгар сылдьыбатах балаҕаныгар көтөн түһэр.
Сэмэн оҕонньор эмээхсинэ бэрт үтүө майгыннаах, мэлдьи күлэн, табах дьаатыгар ыас хара буолбут туора-маары тиистэрэ ардьарыттан көстө сылдьар, хап-хара Балааҕыйа эмээхсин сүөгэй иирдэ олорор эбит. Өртөн көһүппүт ыалдьыта кэлбитин курдук эйэҕэстик көрүстэ. Микиитэни кытта бииргэ үлэлиир ньаллырҕай Уйбаан – киһи саккыраҥа, дьиэлээх тойон быһыытынан тэйгэҥниир, хаадьаҥныыр, көрдөөхтүк саҥара-саҥара күлэр. Оҕонньордоох саамай кыра, уон биэстээх-алталаах мааны кыыстара – мору-молтоҕор сирэйигэр бүлтэркэй харахтардаах кырасыабай Биэрэ түргэн-түргэнник саҥаран чубугуруурун быыһыгар эрчимнээхтик күлбэхтиир. Дьон киирэллэр-тахсаллар, күлэллэр-оонньууллар.
Микиитэ тута кэргэнниһэ оҕуста. Балаҕан иһинээҕи дьону барытын таптыы санаата. Барыта үчүгэй, барыта үөрүүлээх. Оҕонньор суоҕар хомойор, кини баарына өссө ордук буолуо.
– Оҕонньор кэллэ, – дэстилэр.
Микиитэ үөрдэ, ааны одуулаһан олордо.
Сэмэн оҕонньор бэрт аргыый унньулуйан киирдэ, торбос үтүлүгүн, тэрэпиискэ бэргэһэтин наһаа холкутук уҥа көхөҕө ыйаата уонна сүөгэй иирдэ олорор эмээхсинин диэки хайыһан көрөөт, хайдах эрэ чугурус гынна, туох да хоһооно суох соһумар улаханнык «Һуо!» диэн кыланна. Микиитэ төйөн хаалла. Ол курдук чыпчылыйбакка эмээхсинин супту одуулаһан турбахтаан баран, дьэ хоһоонноохтук ордоотоото:
– Бу күлүккэр туттан, туох аһын астыыгын, с…!
Эмээхсин кыратык дьигис гынна уонна ыаҕаһын халбарытан, оҕонньор диэки хайыста. Били күлэ-үөрэ олорор дьон бары кирийдилэр, кыччаатылар, суһуктуйдулар. Кэпсии-ипсии чаҕаарыйа олорбут Балааҕыйа тута бүдүк кырдьаҕас эмээхсин буолан хаалла. Сэмэн уот кытыытыгар тиийэн көхсүнэн турунан баран, чэлкэхтээх киэҥ харахтарынан тымныы-тымныытык ол-бу диэки кынчыатыы турда, туора киһи баар эбит диэн кыратык да сэҥээрэ барбата, халтарыта көрүтэлээн аһартаата. Ол курдук турбахтаан баран, эмиэ хоһооно суохтук кылана түһээт, бардьыгынаан ыйытта:
– Хайа, чэйбиэт?
– Ситэ оргуйа илик ээ, – диэтэ эмээхсин, бэрт улахан буруйдаах быһыынан.
Оҕонньор тугу да саҥарбакка эрэ, чаанньыгы сулбу тардан таһааран оһох кэннин диэки уунан умса тутан кэбистэ уонна кураанах чаанньыгы холумтаҥҥа иҥнэри бырахта.
– Бу ас хаһан!.. – диэн хаһыытаат, уокка кыынньа турар чугууннаах үүт диэки иҥиэттэн кэбистэ.