Читать книгу Сааскы кэм - - Страница 6

ИККИС ТӨГҮЛЭ
ЭРГИЧЧИ ЭРЭЙ
Эдьиий

Оглавление

Үгүс уолаттардаах Такыйаах оҕонньор сэниэ ыал. Сөдүөччүйэ балта Ылдьаана – Такыйаах кийиитэ. Кыһын уонна сайын биирдиитэ Сөдүөччүйэ улахан уолун батыһыннаран балтыгар хоно барар.

Кими барытын соһуйа-үөрэ көрсөр үчүгэй майгыннаах Такыйаах оҕонньор төбөтүнэн балаҕан үрдүн тоҕу анньыах курдук суодахыс гына ойон турар уонна быһыытыгар, улаханыгар сөбө суох нарыннык ньаамыргыыр:

– Ноу, аны бу дьон тиийэн кэллилэр дуу?

Кини ойоҕо, кылгас уҥуохтаах, лаһыккыччыйбыт, сүр омуннаах, эрчимнээх эмээхсин өрө татынньахтыы түһэр:

– Һэ, аны ходоҕойум кэллэ. Һы, бу киһи балачча улаатан тоотойбут доҕор! Дьэ хайдах олороохтуугут?

Байбал уонна Сэмэн диэн лиҥкинэһэ сиппит, ойох ыла илик, бэрт күүстээх чэгиэн дьон, Микиитэни илиититтэн-атаҕыттан чырбаччы тардаллар. «Тустуохха! Көмөлүөххэ!» диэн айманаллар.

Саамай кыра уоллара Охонооһой, Микиитэттэн эрэ аҕа, тыла айаҕар баппатах курдук бөҕүөстүгэстик саҥарар уол, чахчы улаханнык үөрэр, бэрт ыраах тэбэр мас саатын өҥнөр, ыстаанын өрүтэ тардыммахтыыр:

– Дьэ, оонноон-көлүлээн хааллахпыт! – диэмэхтиир.

Ыас харанан мэндээриччи көрбүт харахтаах, кэтит соҕус маҥан сирэйдээх, көнө уһун уҥуохтаах Ылдьаана кинилэри олус таптыыр.

Арай кубаҕай дьүһүннээх, ньаамырҕаан саҥарбыт хатыҥыр, ыарыһах Уйбаан – Ылдьаана эр тойоно – кинилэри абааһы көрөр, дьэбидийэ түһэр, кэпсэппэт, киэр хайыспахтыыр.

Эр тойоно көрбөтүгэр халты харбатан, эдьиийигэр тугу эмэни биэрэн ыытаары Ылдьаана дьулуһар. Кинилэр чахчы дьиэлиэхтэригэр диэри хайаан да кэтэһэргэ Уйбаан ылынар. Күрэстэһии буолар.

Ылдьаана, ыарыһах эриттэн быдан күүстээх эрээри, киниттэн куттанар. Тойон кыыһыран баран сэниэтэ суохтук хайысхаланан ааһан эрдэҕинэ, кини халбарыс гынан, оһох күлүгэр сөрөнө охсор.

Киэһэ аһылык кэнниттэн Сөдүөччүйэни кытта Уйбаан дьэ кэпсэтэр:

– Хайа бии ыларбын аҕаллыҥ ини. Аҕал эрэ, бэрт өр туттугут ээ, – диэн ньыымырҕаабытынан, холбоҕой уҥуох ытыһын утары уунар.

– Аҕалбатым дии, туохпут да суох ээ…

Хаһан эрэ ылбыт икки солкуобайдарын Уйбаан иэстээн муҥнуур.

Кини улаханнык күөдьүйэн, кыыһыран-абаран барбат, уурайан да хаалбат, тохтуу түһэ-түһэ: «Дьэ уурайда ини», – диэбит кэннэ, эмиэ ньыымырҕаабытынан барар. Ол ордук илиһиннэрэр.

– Аҥаардас ыларгытын-аһыыргытын эрэ өйдүүр эрэйдээхтэргит. Утары уунары умнубут сордоохторгут, – диир, киэр хайыспахтыыр, тугу эрэ көрдүүр курдук дьиэ сирин өҥөлдьүйэр. – Сүрэ бэркэ дылы буолуо эбит сирэйдээх дьоҥҥо… «Уолаттарым» да? Күлэбин даҕаны! Эн уолаттарыҥ улаатыахтарыгар диэри мин умуһахтанаа инибин. Мин сүүрбэ сылга иэс түҥэтэр баайа суох киһибин. «Уолаттарым» буолаахтаан, күлэбин даҕаны! Эн уолаттарыҥ да диэн… Ким билэр…

Киэһэни быһа ити курдук эрэй.

Микиитэ тыына-быара ыксыыр, бу дьиэттэн аны кыайан тахсыбат гына хаайтарбыт курдук сананар, балаҕан үрдэ күөгэлдьийэ-күөгэлдьийэ намтаан иһэргэ дылы… Ыраахтааҕы төбөлөөх икки манньыаты остуолга лоһурҕаччы уурталаан баран: «Мэ, сиэ! Түксү ньыымырҕаама!» – диэн ыгыта көбүөлээт, Иҥиэччэ уонна Илгиэлимэ диэн икки бухатыыр бырааттан хайаларын эрэ курдук, хаҥас харытын таһынан оһоҕу тоҕо садьыйан кэбиһэн тахсан барыан баҕарар… Манньыат суох, Уйбаан уурайбат. Ырбаахы бүтэй тоноҕоһун уҥуоҕа субуллан, уот кытыытыгар токуччу туттан олорор Уйбаан хаһан да турбакка, тохтообокко сэниэтэ суохтук саҥара олоруох курдук.

Биирдэ Ылдьаана тулуйбата: ынаҕын ыан хотонтон тахсаат, ыаҕастаах үүтүн Уйбаан иннигэр дьалкыччы ууран кэбистэ, суруйа тардыталаммыт синньигэс хаастара түрдэс гыннылар:

– Эн уурайымаары гынныҥ ээ, ол икки солкуобай иннигэр бараҥҥын соҕотох ынахтарын былдьаан кэл! Сирэйиҥ сааппат ээ, сатана уола!..

Бары соһуйдулар. Уйбаан хайдах буолуон билбэккэ ол-бу диэки көрбөхтүү түстэ. Онтон Такыйаах оҕонньор ылгынынан кулгааҕын хаста-хаста, сүрдээх эйэлээх куолаһынан эттэ:

– Тукаам, Ылдьаанаа, «сатана уола» диэтиҥ дуу, эн?

– Диэтим…

– Ол сатана диэн мин аатым буоллаҕа дуу?

– Хайдах?..

– Ити киһи аҕата – мин буолбат этим дуо?

Кэпсэтии атыннык салаллан таҕыста. Аны Ылдьаана тугу этиэн булбата, ыаҕастаах үүтүн харбаата да, таһырдьа ыстанна.

– Бу тымныыга ити оҕо эмиэ ырбаахынан таҕыста ээ, – диэтэ оҕонньор. Онтон олорбохтоон баран уолугар эттэ: – Уйбаан, кырдьык, олустаары гынныҥ. Киһи саҥаран баран уурайар баҕайыта. Бу да барахсаттар хантан булан биэриэхтэрэй? Эн уурай. Көр эрэ, ол дьааһыгы… – Оронун баһыгар турар кыһыл уонна хара кырааскаларынан туорута сотуллубут эргэ дьааһыгы ыйа олордо. – Онно харчы элбэх. Кинилэр иэстэрин эйиэхэ мин төлүөҕүм. Эн уурай.

– Ама мин дьадаҥы буруйдааҕым иһин, сыл баһыгар-атаҕар кэллэхпинэ… – Сөдүөччүйэ бөтөн хаалан кыайан саҥарбата.

– Ээ, Сөдүөччүйээ, кэбис доҕор… Уурайда эбээт… – диэтэ оҕонньор.

Ол курдук сыттылар. Ылдьаана уот кытыытыгар иистэнэ хаалла. Балачча буолан баран кини кэлэн, тугу эрэ суулуу тутан аҕалан сыттыктарын анныгар уга-уга, обургутук саҥарда:

– Сыттыккыт намыһах буоллаҕа буолуо…

Онтон Микиитэ утуйан эрдэҕинэ, хараҥаҕа, ийэтэ сыттык анныттан тугу эрэ оруу тардан ылла да, таҥныбытынан барда.

– Ийээ, ханна бардыҥ? – диэн уола аймана түстэ.

Ийэтэ тоҕоноҕунан аста уонна сибигинэйдэ:

– Бачча оҕо тугун акаарытай, доҕор!.. Эдьиийиҥ кистээн биэрбит эргэ ырбаахытын кэтэбин. Чэ, хаһыытаа!

Кыра, хатыҥыр Сөдүөччүйэ бэйэтин илдьиркэй ырбаахытын иһинэн үрдүк уҥуохтаах дьахтар ырбаахытын хос кэтэн баран, көрдөрүмээри, өрө тардынан бобо курдаммыта, киһи күлүөх суон буолан сарсыарда турда.

Баралларыгар Ылдьаана бэрт кыра бурдугу уонна аҕыйах кырбас эти киллэрэн биэрдэ. Уйбаан кэтэһэн олордо.

Микиитэлээх кунаннарын сыарҕатыгар олорон дьиэлээтилэр. Ылдьаана быар куустан, сэргэ төрдүгэр ырбаахынан туран хаалла. Уйбаан сонун бүрүнэн тахсан аан аттыгар тохтоон турда.

Сирдэрин ортолообуттарын кэннэ, олорон иһэр отторун аннынан ханнык эрэ куһаҕан таҥаска сууланан бобо тардыллыбыт уонча муунта туораах бурдугу оруу тардан ылан, Сөдүөччүйэ «илэ ылбыт» бурдугар, этигэр холбоон кэбистэ.

– Ити хантан кэллэ? – диэн айманаат, өссө арааһы булаары Микиитэ оту харбыалаата.

– Эй, хантан кэлиэй! Оттон эдьиийиҥ эрэйдээх биэрдэҕэ дии. Бу оҕо акаарыта тугун сүрэй, доҕор! – диэн баран, Сөдүөччүйэ кунанын кымньыылаата.

Сааскы кэм

Подняться наверх