Читать книгу Сааскы кэм - - Страница 4

МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
АПТААХ ТЫЛ
Тымтык уота

Оглавление

Айан суолун чугаһыгар ыалдьыт-хоноһо үгүс. Ол иһин Мэхээлэ Бэһиэлэйэп нэһилиэк уһугар чиэски сиргэ Дулҕалаах хочотугар мара балаҕан туттарбыт. Кураан дьылга кинилэр Эргиттэ алаастан көһөн Дулҕалаахха бүгэллэр.

Эрдэ күһүн көһөн ньирилээн киирэллэр. Чуумпу уһуктар, сылгы-ынах ааллаһар, кэлии-барыы буолар.

Бэһиэлэйэптэр аҕалара – нэһилиэккэ кинээстээбит, таҥара дьиэтигэр ыстаарыһалаабыт кырдьаҕас, өҥөҥнөөбүт Өлөксөй оҕонньор дьиэттэн тахсыбат, үксү саҥарбат, сытар да олорор. Бэрт мааны ыалдьыт кэллэҕинэ аан маҥнай кини: «Тугу иһиттиҥ, доҕоор? Эһиги диэки хайдах олороҕуот?» – диир. Үлэтэ итинэн бүтэр. Кини эмээхсинэ Бороскуобуйа, ыыс араҕаһынан чөрбөччү көрбөхтүүр, барыттан соһуйан-өмүрэн хабыаланар, тэлгэҕэ тэлээрбэхтиэр диэри эрчимнээхтик эргичиҥниир. Ол курдук күүдэпчилэнэ туран, саҥаран эрэр саҥатын эмискэччи быһан, таһырдьа ыстанан хаалар. Кини мэлдьи тиэтэйэ сылдьар.

Эдэр тойон куурбут-хаппыт, өкчөһүйбүт Мэхээлэ уонна мөдөөттүк мылаарыйбыт Өрүүнэ сыл аайы төрөтөр оҕолоро өлөн иһэллэр.

«Оҕону сиир» абааһыны Бэһиэлэйэптэр араастаан албынныы сатыыллар. Оҕо биһигин тула эһэ тыҥырахтаах ытыстарын сараччы баайаллар. Оҕоҕо араас «куһаҕан дьон», араас «кэриим нууччаларын» ааттарын биэрэллэр. Уол оҕону кыыстыы таҥыннараллар. Оҕо төрүүрүн кытары түннүгүнэн ылан, кэннилэринэн хааман илдьэн, ханнык эмэ дьадаҥы эмээхсиҥҥэ күрэтэллэр.

Оҕолор өлөн иһэллэр.

Кинилэр чугас аймахтара Сүөдэр Бэһиэлэйэп соҕотох уола, били Даарыйа эмээхсин «Сыллай Луха» диэн аат иҥэрбит киһитэ, кэлэн хас да хонукка олорон барар. Уонча мааны ыалга, Бэһиэлэйэп аймахха Сыллай Луха соҕотох ыччат. Барыларытар «уларсыкка», ыҥырыыга сылдьар, улахан үөрүүнэн көстөр уон алталаах-сэттэлээх бэдик. Кини баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун, ити аҕыйах сааһыгар бу күн аннын бары үлүскэннээх дьаллыктарын билэ охсубут. Нэһилиэгин иһигэр тустан, мас тардыһан тэҥнээҕин булбат буолан эрэр. Баҕыстыгас сирэйэ, үрбүт хабах курдук, үллэ кытаран, дириҥник тимиччи олорбут ыыс-араҕас хараҕа төгүрүйэн баран дьону соруйан булан этиһэр, ииссэр, уолуктаһар. Сыллай Луха күүһэ, кини өйө аатыран эрэр. Кини сэлиик атынан сундулутан тиийэн кэллэҕинэ, балаҕантан ампаарга төттөрү-таары сүүрэкэлэһии буолар. Биэс-алта сыл үөрэнэн, Сыллай Луха икки группаны бүтэрэн баран уурайбыт, үөрэҕэ да суох аҕатын, аймахтарын баайдарыгар олороо ини диэн буолар.

Мэхээлэ Бэһиэлэйэптээххэ биир иитиэх кыыс баар. Иирэ талах курдук имигэс, уон түөрдэ-биэһэ буолбут, кэрэ-нарын дьүһүннээх Даайыс кыыс. Кини быыс буоллар эрэ хомуһунан оонньуур, бурдук отунан, күөл хомуһунан «кырыымпа» оҥостон араас ырыалары ыллыыр. Туоһу кырыйан араастаан дьохсооттоһон турар сылгылары, сиэлэн атаралаан эрэр тайахтары, табалары оҥортуур. Үтүөкэн майгыннаах кэрэ кыыс оҕо.

Кинини оччо сынньан-мөҕөн атаҕастаабаттар. Ол эрээри, кырдьаҕас хотун «Туораах сиэнээ!» диэн кини дьиҥнээх эһэтин, «куһаҕан киһини» өйдөппөхтүүр. Оччоҕо Даайыс. «Ээ, арба, иитиэх кыыс этим дуу», – диэбиттии курус гынар, уоһун ньимиччи туттар, имэрийиэхтии сымнаҕас толбоннордоох киэҥ хара харахтарын таҥнары көрөн барар.

– Ынахтарыа! – диэн эмээхсин чоргуйар.

Хочо саҕа талахтарын быыстарыгар үүнэр «күрдьүтэс күрүөтэ» окко мэччийэ сылдьар ынахтар диэки Даайыс хааман, кылгас сиидэс ырбаахытын тэлгэҕэ тэлбиҥниир.

– Хамсаамахтаа!

Кымньыынан оҕустарбыт курдук Даайыс «ходьох» гынар, абааһы тайаҕа эрбэһин сараҕар төбөтүн илиитин таһынан булгу сөрөөн ылар, бурдук ото «кырыымпатын» дьабалдьытынан өрө үрэн кэбиһэр да өрүтэ ойуолаан дьиэрэҥкэйдээбитинэн барар. «Хабарҕа ырыата» диэни ыллаан, күөмэйин төрдүнэн курдургуурун быыһыгар, өрө ойуутугар дэгэттээн, күөрэччи ыллыыр. Килэриччи тоҥмут уулартан да, хочо түөрэҥэлэс үрдүк дулҕаларыттан да иҥнибэккэ кини ыллаан-дьиэрэҥкэйдээн курбачыйа турар.

Сотору талахтар быыстарын аайыттан араас эриэн, саадьаҕай, кугас ынахтар сүүрэн сүллүкүччүһэн тахсаллар. Даайыс бэйэтэ көстүбэт. Талах кэннигэр, ырыата сүтэн намырайан бара-бара, күөдьүйэн иһиллэр.

Ыҕым-ырым!

Бобо туппут

Ыҕым-ыҕым!

Болтуолаах,

Ыҕым-ыҕым!

Хам туппут

Ыҕым-ыҕым!

Хаалтыстаах,

Ыҕым-ыҕым!

Маҥан дьоруо

Ыҕым-ыҕым!

Аттардаах,

Ыҕым-ыҕым!

Махсыахалыыр

Ыҕым-ыҕым!

Суруксут…


– Хотуой! Туораах кыыһаа! – диэн эмээхсин кыланар.

Туораах диэн сэҥийэтин төбөтүгэр үрүҥ мөчөкө бытыктаах, кыһыннары-сайыннары уларыйбат арбаҕастаах, акыйбыт улахан оҕонньор. Кини күһүн биирдэ кэлэн сиэнин Даайыһы көрөн барар. Кэлэн атах орон маҕанатыгар өйөнөн олорон, уһун ньолоҕор сирэйин иҥнэҥнэтэн, эргэлээх бөлтөгөр хараҕын быһыта симмэхтии-симмэхтии, арыычча хараҕын ыратынан хаҥас диэки одуулаһар.

Хамначчыттар үс атахтаах остуолларыгар эмээхсин чаанньык, чааскы уонна тооромос лэппиэскэ аҕалан уурар. Чэй куттан иһэ олорон, оҕонньор хаҥас диэки одуулаһан кыҥнаҥныыр.

Таһырдьа сылдьар Даайыска: «Хотуой, эһэҥ кэллэ, киир!» – дииллэр. Кыыс түтүөлэнэн кэбиһэр.

Кыыс киирэн оһох кэннинэн хаҥас диэки чуулааҥҥа ааһан дьылыкыччыйар. Оҕонньор муус маҥан төбөтүнэн өрө кэҕис гынар, кэтэҕэ титириир, маҥан мөчөкө бытыга туллараҥныыр.

Чуулааҥҥа киирэн, эмиэ хаһыытыыллар:

– Үөдэн, тугун төттөрүтэй! Таҕыс!

Даайыс оһоҕу иннинэн таһырдьа тахсан сулукуччуйан хаалар. Оҕонньор кэтэҕэ титириирэ, бытыга туллараҥныыра түргэтиир. Күлэрэ, ытыыра биллибэт.

– Оҕонньоор, кыыһыҥ ити баар!

– Ээ, чэ… Ооккобун…

Чэйин иһэн бүтэн баран, бэрт өр төҥкөйөн олорор. Дьон киирэллэр-тахсаллар, айдаараллар. Оҕонньор олорор. Ким билиэй, кини маҥан чөмчөкөтүгэр туох дьон ньуурдара, төһө дьыллар-хонуктар, туох быһылааннар киирэн ааһалларын? Ким да кинини кытта кэпсэппэт, ким да кинини таба көрбөт.

Ол курдук олороон-олорон баран, оҕонньор аргыый туран тахсан барар.

Атахтарын хатыйа үктээн бүдүрүйэ-бүдүрүйэ, хочону туораан, тыа саҕатынааҕы талахха киирэн көстүбэт буолуор диэри, ампаар хабарҕа муннугар сөрүөстэн туран Даайыс эһэтин кэнниттэн одуулаһан хаалар. Онтон уһуутуу тыынар уонна ортоку тарбаҕын төбөтүнэн хараҕын уутун хаһыйа соттуталаан кэбиһэр.

Кырдьаҕас эһэ уонна эдэркээн сиэн сылга биирдэ «көрсүһүүлэрэ» итинэн бүтэр. Оҕонньор баарынааҕар суох буолта ордук биллэр.

– Ээ, бии Туораахпыт баран хаалбыт эбит дуу?! Хотуой, эһэҥ барбыт дии!.. Үөдэн, эҥин буолан сөрүөҥнээн! – диир саҥалар чаҕаарыһаллар.

Дьиэҕэ суох өттө кэнники кэлэн: «Ноо, бу кыыс эһэтин Туорааҕы кытта барсыбатах эбит дуу!» – диэн соһуйар.

Ол киэһэ Даайыс саҥата-иҥэтэ суох мунчааран сылдьар, хара баархат харахтарыгар дириҥ хомолто күлүгэ түһэр.

Бэһиэлэйэп аймах уонча ыаллар. Барыларыгар оҕолор өлөллөр. Ол туһунан маннык ынырык кэпсээн баар.

Былыр кинилэр төрүттэригэр Кээрэкээн диэн улуу ойуун баар эбит. Биирдэ үс түүннээх күн кыыран баран: «Оҕо абааһыта ыт буолан сылдьарын тутаммын кыаһылаан, томторуктаан кэбистим», – диэбит. Онтон ыла Бэһиэлэйэп аймах төрөөн-үөскээн испиттэр.

Биир саас, Амма үрэх халаанын уутунан эҥсиллэн; халҕаһата көһөн ньирилээн эрдэҕинэ, улуу Кээрэкээн өлөр кэмэ кэлбит.

Өлөрүгэр кэриэс эппит:

– Мин «Уус Хайатыгар» көмүллэр ыйаахтаахпын. Сибилигин уҥуоргу кытыыга тахсан охтуоҕум. Сүүрүгү өрө көрдөөн булаҥҥыт көмөөрүҥ. Быарым туһунан кэнэҕэс үс салаалаах хатыҥ мас үүнэн тахсыаҕа. Ыт абааһы босхолонор күннээх буоллаҕына, миигин иккиһин төрөтөөрүҥ. Кинини мин эрэ туттахпына тутуом. Мин уҥуохпар үүммүт хатыҥ анныгар аас тэлгэхтэри тэлгэтэн, арыылаах-суораттаах кытыйалары кэккэлэтэн баран оҕото суох эдэр дьахтар сөһүргэстээн олордун. Оччоҕо биир кытыйаҕа ооҕуй үөн түһүөҕэ. Ону суораттары лөглү баһан ыйыһыннаҕына, мин иккиһин төрүөм. Бар дьоммун, хаан аймахтарбын өлүүттэн быыһыаҕым.

Өлөрдүү ыалдьыбыт ойуун кыырбыт. Дүҥүрүн охсо-охсо, чэпчээтэр-чэпчээн, хардыыта кэҥээтэр-кэҥээн, көтө былаастаан атаралаан, киэҥинэн эҥсиллэ турар Аммаҕа, муустан мууска дэгэйбэхтээн, уҥуоргу кытыыга тиийэн иһэн тимис гынан хаалбыт. Халаан уута ааспытын кэннэ, түспүт сириттэн үс биэрэстэ, сүүрүгү өксөйөн кытыыга тахсан сытарын булбуттар. Оҕонньор чэбдик ньуура уларыйбатах.

Эппитин курдук көмөн кэбиспиттэр. Кээрэкээн быарын туһуттан үс салаалаах хатыҥ мас лаглайа үүнэн тахсыбыт, Уус Хайатын үрдүк мөҥүөнүттэн аан дойдуну, улуу алаастары, бар дьону айхаллаан баай лабаатынан талбаатаан наскылдьыйа турбут. Бэһиэлэйэптэр үөскээн-тэнийэн испиттэр.

Кэмниэ кэнэҕэс, кинилэр аймах олорор Эргиттэ алаастарын арҕаа тумулун тумсугар түөрт атаҕа кэлгиэлээх, тумсугар томторуктаах, түүтэ соролоон түһүтэлээбит, «түөрт харахтаах» дьүүдьээки ыт кэлбиккэ-барбыкка эккэлиир, иннигэр-кэннигэр түһэр буолбут. Бэһиэлэйэп аймахтан Сиидэркэ диэн дьадаҥы киһи аһынан, ол ыт хаччаччы хаппыт кыаһытын быһа тарпыт. Ыт кутуругун куйбаҥната түһээт, тыа диэки субурус гынан хаалбыт… Бэһиэлэйэп аймах кыра оҕолорун ол босхоломмут ыт-абааһы кэрийэ сылдьан быһыта хабар. Ол иһин кинилэр оҕолоро өлөр. Арай Сиидэркэ уола Сэмэн бэрт элбэх оҕолордоох. Ыт махтанан, арай кини оҕолорун тыыппат. Ол иһин Бэһиэлэйэп аймах Сиидэркэ уола Сэмэннээҕи абааһы көрөллөр, үтүрүйэллэр.

Күһүҥҥү ый быыһа хараҥаҕа Кээрэкээн уҥуоҕар дүҥүр иҥсэлгэннээх тыаһа иһиллэрэ үһү. Иккиһин төрөтөллөрүн кэтэһэ сатыыра, эрэйдэнэрэ үһү. Кини кэриэһин толорор дьахтар көстүбэтэх. Онтон үс салаалаах хатыҥ мас эмэҕирбит, хаппыт салааларын силлиэ булгурута көппүт. Бэһиэлэйэп аймах мөлтөөн, быстан испиттэр.

Кинилэр тустарынан умнуллан эрэр, дириҥ хоһоонноох ынырык кэпсээн хаалбыта итинник.

Улуу Эргиттэ алаас арҕаа халдьаайытыгар Бэһиэлэйэп аймах дьонун уҥуохтарын ортотугар тойон сэргэ турар.

Мэхээлэ Бэһиэлэйэп аҕалаах ийэтэ өлбүттэрин кэннэ Өлөксөй оҕонньор кинээстээн сылдьыбытын бэлиэтигэр, ол тойон куортугун ойуулаан кэбиспиттэр.

Мэхээлэ Бэһиэлэйэп, аҥаардыы дьабадьытын ыттах гыннара-гыннара саҥаран дьабдьыгыратар, өкчөһүйбүт хатыҥыр киһи, наһаа сүүйтэригэс хаартыһыт. Кини төрүт табыллыбатах киһи. Былыр, күннэрин саҕана, улуус бастыҥ баайа Уйбаан Сыҕаайап кинээс балтын, Дарыбыан кулуба соҕотох кыыһын, ойох ыла тахсыбыт. Сурах бөҕөтө, күтүөтү көрбөккө сылдьан, кулуба сөбүлүөх курдук эбитэ үһү. Бэрт айхалынан көрсүбүттэр. Сымса харахтарынан дьэргэлдьиччи көрөн, түргэн саҥатынан дьабдьыгыраччы кэпсэтэн, күтүөт оҕо моҥохтоох собону сиэн хоммут.

Сарсыарда туран Дарыбыан кулуба булгуччу аккаастаан тиэрэ түһэн кэбиспит. Сааты-сууту кытта Мэхээлэ дойдутугар төннүбүт. Дарыбыан кулуба күтүөтү сирбит төрүөтүн дириҥ кистэлэҥ сураҕа кэмниэ кэнэҕэс биллибит. Үс суолунан сирбит эбит: хараҕа олоҕо суох – дьэргэлдьигэс, саҥата астыга суох дьабдьыгырас уонна, собулҕаны тоҥсуйар суорга дылы, собону көхсүттэн сиир. Бары билгэтиттэн көрдөххө: дьоло суох киһи буолсу.

Онтон ыла Мэхээлэ дьоло суох киһинэн ааттанар.

Хаартыга балыйсан баран, кини омун муҥутаан, урут охсор. Мөлтөҕө бэрт, хотторуулаах мэлдьи кини. Киһи анныгар сытан мөхсөн булумахтана-булумахтана: «Турдарбын эрэ сэрэн!» – диир. Анарааҥҥы киһи турдаҕына, Мэхээлэ өрө хатаастан турар да, эмиэ охсуһан кулупаайдаспытынан барар. Эмиэ аллара буолар, эмиэ: «Турдарбын эрэ сэрэн!» – дии-дии, мөхсөн булумахтанар.

Кырдьаҕастар баалларыгар Мэхээлэ хаартылыыр сирин чуҥнуу киһи барар. Атын сүүйтэрэрэ ыкса чугаһаабыт буоллаҕына, хаартылаах дьиэ таһыттан аты күрэтэн кэлэллэр. Кимиэхэ сүүйтэрэн эрэрэ эмиэ быһаарыллар. Дэлэ киһи эккирэтэн кэлэн сүүйүүтүн ылан барбат кырдьаҕастара! Ол быыһыгар мүччү туттаран сүүйтэрэ охсор.

Кырдьаҕастар өлбүттэрин кэннэ дьэ көҥүл барда. Ойоҕо Өрүүнэ намыһах уҥуохтаах, мылаарыйбыт суон дьахтар – үчүгэй майгыннаах. Кини төгүрүк сирэйин мытырыччы туттан, харахтарын кыараҕастык быһыччы көрөн баран, үксүтэр күлэн быыһыгырыы сылдьар. Мэхээлэ олус сүүйтэрдэҕинэ Өрүүнэ эмиэ оонньуур. Иккиэн сүүйтэрэллэр. Өрүүнэ этиспэт, кыыһырдаҕына дьэ ордук саҥарбат буолар, уһун уктаах тимир хамсаҕа табах тардан сүр наҕыллык унаарытара эрэ арыый түргэтиир. Ол эрээри, кини күүстээх, баламат. Мэхээлэ хас эмэ хонукка хаартылаан, сүөһүтүн бастыҥын толоонтон туттаран ыла-ыла, дэлби сүүйтэрэн баран илистэн, салбаҕыран кэлэр. Хотун түҥнэри хайыспытынан табах тардан унаарытар, кини кэлбитигэр кыһаммат. Мэхээлэ сыгынньахтанан баран, табахтаары, кураанахтаммыта ырааппыт саппыйатын тэбии сатыы турар.

Дьиэ иһэ чуҥкунуу чуумпурар.

Онтон хотун туран чэй тардаары остуолга чааскылары уурталыыр. Ол сылдьан эрин аттынан ааһан иһэн, сүр хатаннык «Ньаах!» диэн часкыйа түһэр да, харытын таһынан эрин ороҥҥо тиэрэ хаһыйан ааһар.

– Һок! Иирдэ дуу! – диэн Мэхээлэ дьардьыгыныы түһэр уонна сибилигин туран өлөрсүөхтүү кырыктаахтык көрөн-истэн сирэйиттэн-хараҕыттан уот сардыргыы олорор.

Этиһии суох.

Хотун иккис кэлиитигэр табахтаах саппыйаны остуолга элитэн ааһар. Киһиэхэ кыыһырар, киһини сынньар сөп. Оттон табаҕа суоҕун билэн баран, табах биэрбэт олус сүрэ бэрт! Табахтаах саппыйаны көрөөт, Мэхээлэ тута сымныыр. Буруйдаммыт оҕолуу сурдурҕаан туран, ыраахтан уунан, тарбаҕын төбөтүнэн саппыйаны аргыый соһо тардан ылар.

Иирээн итинэн бүтэр.

Атыырын, икки биэтин, ат соноҕоһун Мэхээлэ сайыҥҥы биир кылгас түүҥҥэ сүүйтэрэн, сылгы аатыттан «ытыһын соттон» турбута. Кыратык кубарыйбыт уонна өкчөччү туттан баран тулатын көрүммэхтээн эргичиҥниирэ өссө түргэтээбит этэ.

«Лэппиэскэни уокка ититэн баран арыыны сотон ньалҕарытан сиир барыыстаах. Кыраны сиигин да, арыы амтана син баар», – диир. От үлэтигэр ол ньыматын туттар.

Лэглээриннэр хас да сайын кинилэргэ ынахсыт буоллулар. Хаһааммыт арыылара биир күһүн уонча муунта итэҕэстийдэ. Мэхээлэ кыратык да иэс көһүппэт киһи буолла, кыыһыран өрө күүдэпчилэнэ түстэ:

– Мин киһиэхэ арыы иэс күүтэр баайдаах киһи буолбатахпын! Бүтүн сайыны быһа хаһааммат диэн тугуй! Арыыны аҕалыҥ, ылбакка эрэ барыам суоҕа!

– Булан төлүөхпүт этэ. Ханна күрүөхтэрэ диэтэххиний? Оҕолуун-уруулуун аһыыр буоллахпыт дии. – Ситэ хаһаамматах буруйдаах киһи Сөдүөччүйэ эйэлээхтик кэпсэтэ сатаата.

Дьөгүөрдээн саҥата суох, төҥкөйөн олордо.

– Эн оҕоҥ-урууҥ миэхэ наадата суох. Аҕал, арыыны! Бу дьахтары көрүҥ!

«Оҕотун-уруутун» аанньа ахтыбатаҕыттан уонна «дьахтар» диэбититтэн өһүргэнэн биирдэрэ харса суоҕар түстэ. Харыс уһун быһаҕы сулбу тардан ылан, сибилигин ыйаан уурталаабыт арыылартан биирдэрин хас да сиринэн батарыта анньан баран хайа олуйан кэбистэ. Мэхээлэ хайыан билбэккэ, «һок-һок-һок!» диэмэхтээбитинэн өрүтэ ойбохтоон өкчөрөҥнүү турда.

– Баарбын-суохпун барытын мунньан биэртим үрдүгэр өссө үөҕэҕин! Уоллуун-кыыстыын хоргуйан барыам дуо? Бу арыыны биэрбэппин… – Хайа аспыт арыытын аҥаарын харбаабытынан үгэх диэки дьулуста.

Мэхээлэ кууруссаны күөйэрдии, икки илиитин быластаан, күөйэ турунна уонна бокулдьуйа-бокулдьуйа, этэн аҕыластаата:

– Һок-һок-һок! Бу дьахт… Ээ… Тугун сүрэй, доҕор! Бэйи, тохтоо. Арыыны аҕал. Суох, маны, маны… Оттон итэҕэһи кэнники төлөһүөхпүт буоллаҕа. Хайыахпытый…

Иккиэн уоскуйдулар. Хайдыбыт арыыларын самсыы тутаннар иккиһин ыйаатылар. Муунта аҥаара итэҕэс буолан таҕыста.

– Арыы итинник, – диэтэ Мэхээлэ. – Элбэх бытархайы холбоотоххо ыйааһына үксүүр. Биир улаханы бытарыттахха кыччыыр.

– Кырдьык оннук эбит, – диэтэ Сөдүөччүйэ уонна, арыы сыстан хаалбыта буолаарай диэбиттии, ытыстарын көрбөхтөөтө. – Хайыппыкка итиччэ кыччаан таҕыста дии.

– Һок, биэбэккэм, доҕоччугум, Сөдүөччүйэм! «Дьахтар» диэн алдьана сыстым дии, кыыс оҕо барахсаны!.. – Дьөгүөрдээн диэки чыпчылыйбахтаан кэбиһэн баран, арыыны сыарҕатыгар таһан өкчөрүйдэ.

Барбытын кэннэ Сөдүөччүйэ сирэйэ бүтүннүү сырдаан мичээрдээтэ уонна дьоно бары истэр гына сибигинэйэн эттэ:

– Доҕоттоор, үс-түөрт муунта арыыны умуһахпар кистээн хааллым ээ…

Бары үөрэ түстүлэр, ийэлэрин хайҕаан аймаластылар. Үс-түөрт муунта арыылаах биэс-алта кэргэн биир кыһыҥҥа туох буолуохтарай!

– Чэ, бу уолаттар улааппахтааҥ! Баай кыргыттары ойох ылыҥ. Арай байдахха сатаныыһы. – Баай ордугун сибилигин сабыс-саҥа өйдөөн таһаарбыт курдук Дьөгүөрдээн күөдьүйэ түстэ.

Кини дьадаҥытынан хаһан да муҥатыйбат. Кыһаннар эрэ хаһан баҕарар байар кыахтаах киһи курдук туттар.

– Ханнык баай кыыһын эн уолаттаргар биэрэр? – диэн Сөдүөччүйэ соһуйа түстэ.

Онуоха Дьөгүөрдээн лыкыччы туттан кэбиһээт, сүр кистэлэҥнээхтик, кылгас-кылгастык сапсыйбахтаан кэбистэ.

– Саҥарба, ханнык баҕарар биэриэҕэ. Сатыыр быраап. Биһиги уолаттарбытын кыргыттар, ытыы-ытыы, бэйэлэрэ эккирэтиһиэхтэрэ. Ону илдьэн бэргэһэлээн «тап» гыннаран кэбиһиллиэ да, бүтэр! – Ытыстарын «тап» гына охсоот, киэҥник быластаан нэлэйэн кэбистэ, хотуулаахтык тула көрбөхтөөтө. – Бүттэҕэ ол.

Дьахтартан өлөрдүү өһүргэнээччи Өлөксөй кытара түһээт, таһырдьа ыстанна. Микиитэ кэнниттэн эккирэтэн кэлэр баай кыыһы илдьэн «бэргэһэлээн тап гыннарар» ньыманы дьүүллэһэ хаалла.

Былдьаһыктаах сырыыларга барытыгар убайа соҕотоҕун түбэһэрин билэн, Өлөксөй киирэн кэллэ уонна дьүүллэһиигэ кыттыспытынан барда. Кини ийэтиниин ол сырыыга араас көрүдьүөс мэһэйдэри туора быраҕаттыыллар. Микиитэ аҕатыныын ол мэһэйдэри араастаан хотор ньымалары булаллар.

Сырыытын таптахха кырдьык да баай кыыһын күрэтэр оччо уустуга суохха дылы. Таҥара дьиэтэ да чугас. Аҕабыыкка биэрэр үс солкуобай да көстүөххэ дылы… Күлэллэр, үөрэллэр. Үгүс баайдардааҕар кинилэр үөрүүлээхтик олороллор. Быыкаайык балаҕаҥҥа туох барыта тиийбэт. Арай күлүү-оонньуу дэлэй, кинилэр баайдара ол.

Мэхээлэ Бэһиэлэйэптээх улам мөлтөөн-ахсаан истилэр. Эргиттэ алаас биир эҥээрин бүтүннүү сабардаабыт киэҥ күрүөлэрэ, бүтэйдэрэ иэгэйдэр иэгэйэн сиҥнитэлээн бардылар, киэҥ тэлгэһэлэригэр сытыган эрбэһин торолуйан үүннэ. Нэһилиэк аҥаарын дьоно туппут үтүө сайылык дьиэлэрин киэҥинэн килэҥнээбит түннүктэрэ үлтүрүйэн истилэр. Ону туоһунан, өрбөҕүнэн, хаптаһынынан саппыттарын тыал мөҕүһүннэрдэ.

Холлубут, дьүдэйбит дьон тымныы-боруҥуй олохторун үтүө майгыннаах, кэрэ дьүһүннээх Даайыс хара баархат харахтара, сардаҥалаах мичигэ сэргэхситэн сырытта. Кини улам ситэн-хотон, төлөһүйэн истэ.

Биир күһүҥҥү ый быыһа киэһэ, хас да хостоох улахан сайылык дьиэлэрин аан хоһугар, остуолларын уот кытыытыгар тардан, хобдох аһылыктарын аһыы олордулар.

Арай айан суолугар муҥунан көтөн иһэр ат туйаҕын тыаһа өрө харбыалаһа түстэ.

– Били быччаҕар ааһан эрэр! – диэн Мэхээлэ уоһун кытта саҥарда…

Оҕуруоттарын ыксатынан Сыллай Луха күн аайы өрө көтүтэн аастар даҕаны кинилэргэ сылдьыбатаҕа ырааппыта. Кинилэр улам дьадайан, уостан истэхтэрин аайы Сыллай урут уруургуурун улам умнан испитэ. Билигин да, куолутунан, ааһа көтүтэн, атын туйаҕын тыаһа симэлийэн барда.

– Аата оҕо!.. – диэн аҕыйах саҥалаах Өрүүнэ сиилиэх курдук гынан эрдэҕинэ, Сыллай атын туйаҕын тыаһа төттөрү табыйбахтаан кэлэн, оҕуруот айаҕар тохтоото.

Мэхээлэлээх дьиибэргээн утарыта көрсөн кэбистилэр.

Хас да сыл хатанан турбут үрүҥ ааны Сыллай тардан «лиҥ» гыннарда. Мэхээлэ сүр имигэстик ойон туран хараҥа хоско тимис гынна. Аан хатааһынын иилэҕэһэ кылырдаата, Мэхээлэ саҥата хабытайдана түстэ:

– Ноо, Луха эбиккин дуу?! Хайа, тукаам, бу хантан кэллиҥ? Сэрэн, хараҥаҕа сээкэйгин өлөрөөйөҕүн… Чэ, биһиги бу олоробут. Хотуой, Даайыс, сылабаары…

Сыллай улахан холуочук эбит: ньилбэктэригэр иккилии бууттаах киирэни баайбыт курдук, чиҥ-чиҥник лиһиргэччи үктэнитэлээн кэлэн үллэс гына олоро түстэ, сиэбиттэн иһит аҥаара арыгыны оруу тардан таһааран остуолга ыараханнык ууран кэбистэ уонна суон күөмэйинэн эттэ:

– Убаай, Мэхээлээ!

– Тугуй, тукаам?!

– Саҥаас, Өрүүнээ!

– Эһээ…

– Мин эһиэхэ соруйан хоно кэллим.

– Хоно да? – Мэхээлэлээх Өрүүнэ соһуйан, иккиэн тэҥҥэ саҥардылар.

– Ээ, хоно! Хоннорумаары, холдьоҕоору гынаҕыт дуо? Хоммут-сылдьыбыт дьиэм буолбат этэ дуо? Бу аһы мыынымаҥ: иһэн кэбиһиҥ.

Мэхээлэ үөрэн, өрө көтө түстэ:

– Бу оокком дьүһүнүн! Ол иһин да, миигин хайдах өрүү умнан кэбиһиэ эбитэй! Чэ, үрүүмпэлэри… Ээ, доҕоор, Өрүүнээ, бу чааскылары сайҕаталыы охсон аҕал. Даайыас, сылабаары тиэтэт. Чэ, туттумахтааҥ! – Мэхээлэ эрдэттэн итирбит курдук буолла, үөттүрэҕинэн уотун кэйиэлээтэ уонна хаппыт мутугу муннукка чохчолообутун аҕалан ыга симэн биэрдэ.

Арыгыларын иһэн, Мэхээлэлээх Өрүүнэ холуочуйдулар. Даайыс аккаастаммытын, ыххайан туран иһэттилэр. Кыыс төбөтө туймаарыйда, нухарыйыах курдук буолуталыы олордо.

Кэпсэтии аанньа тахсыбата. Мэхээлэ бэрт үксү дьабыгырыа эбит да, Сыллай үөмтэлээбэтэ, быстах-остох биирдии тылы тамнааттаан биэрэ олордо. Онтон эмискэччи ойон туран, курун аллара баттанна уонна эттэ:

– Чэ, утуйуохха!

– Даайыас, таҥаскын Лухаҕа биэр, – диэтэ Мэхээлэ.

– Оо, кэбис, ылбаппын, – диэн Сыллай ордоотуу түстэ. – Мин атыттар курдук ньүдьү балай киһи буолбатахпын. Баарыһына таҥаһын былдьаабат киһибин. Бу арбаҕаһы тэлгэниэм, болтуобун саптыам, атын таҥастарбын сыттаныам, онон бүтэр.

Көхөҕө ыйанан турар Мэхээлэ арбаҕаһын ыйыыр быатын быһа тардан ылла. Мэхээлэ аһыйан, үөһүн тартара түстэ.

Сыллай чуулааҥҥа киирдэ. Сотору муннун тыаһа баччыгынаан барда.

Даайыс чуулаантан утуйар таҥаһын суулуу тутан таһаарбытын дьоно мөҕө тоһуйдулар.

– Эҥин буолан сөрүөҥнээҥ, ханна күрүүгүн?.. Убайыҥ буолбат дуо, хотуой! – диэн кыбдьырыммытынан Мэхээлэ ойон тиийдэ, Даайыс кыбынан турар таҥаһын мүччү тардан ылан чуулааҥҥа киллэрэн «тарк» гына бырахта.

– Эҥин араас буолума, – диэн киҥинэйдэ Өрүүнэ.

– Оҕом муннун тыаһын! Хата итиччэ утуйан баран, эйигиннээҕэр буолуох сарыыссаҕа бэйэтигэр да уһуктубат киһи буолуо. Бу дьахтар, орону оҥор. Утуйуохха. Оҕом, көр, сүрэҕэ чугас эбит ээ…

Сарсыарда уһуктубуттара, Даайыс дьонун оронун аттыгар сиргэ көһөн тахсан ытаан сурдургуу сытар эбит.

Сыллай хайы-үйэҕэ баран хаалбыт.

Өрүүнэ оронуттан өндөйөн аргыый ыҥырда:

– Даайыс…

– Сиэн барда… «Ооккоҕут!» – диэн баран Даайыс күүскэ ытаата.

Ити күнтэн ыла Даайыс тосту уларыйда, күлбэт-оонньообот буолла. Кини туохха да кыһаммат, тугу да сэҥээрбэт, халыҥыар эттээх уостарын ньимиччи туттан баран, уутугар аҥаарыйбыт курдук, туймаарыччы көрөн сылдьар буолла.

Дьоно кинини «олоҕун булларар» кыһалҕаҕа киирдилэр. Кыһыныгар олоҕо көһүннэ. Икки ойоҕо өлбүт, үрэх баһын оҕонньоругар күүстэринэн биэрдилэр. «Күүстэринэн» диэн… «Ити оҕонньорго бараҕын» диэбиттэригэр Даайыс саҥарбата, ханнык эрэ кини билбэт дьахтара кимиэхэ эрэ барар буолбутун истибит курдук аахайбата. «Ону миэхэ тоҕо этэҕит?» диэбиттии Өрүүнэ диэки көрөн кэбиһээт, тахсан барда.

Оҕонньор дэгиттэр барыыстаах күтүөт: улахан халыымы кэрэйбэт, үгүс энньэни эрэйбэт киһи эбит. Онон, үөрүү-көтүү, тиэтэйии буолла.

Кыараҕас харахтарын сүүрэлэҥнэтэн кылахаччытар, тэллэстигэс уостаах, уҥуох-тирии бэйэтин күндү түүлээҕинэн сууламмыт оҕонньор Даайыһы бэргэһэлээн кэллэ. Дьиэ иһинээҕи дьон бары, туох эрэ дохсун күүстээҕи албыннаан тутуох курдук, дьиксиммит дьүһүннээхтэр, ботугураһан кэпсэтэллэр. Саҥата-иҥэтэ суох, тиэтэйэ-саарайа киэһээ аһылыгы аһаатылар да, Мэхээлэлээх кэтэҕэриин оронтон хаҥас диэки көһөн суугунастылар. Кинилэр оннуларыгар орон оҥоро охсубукка күтүөт оҕонньор сытта. Сытаат, күрдүргэччи сөтөллүбүтүнэн барда. Быыһы арыйан, хойуу бөлөнөҕүнэн силлээн дьиэ ортотугар тамнааттыы сытта. Утуйар кэм иннинэ утуйуу буолла.

Симэлийэн эрэр уот иннигэр Даайыс соҕотоҕун хаалан, тымтык төбөтүнэн күлү булкуйа олордо.

Күтүөт күрдүргэччи сөтөллөр уонна сөтөлүн кытта үөхсэн киҥинэйэр.

Маҥнай Өрүүнэ олох мастан испиискэни түһэрэ-түһэрэ, ырбаахытын кэтэн, оһоххо кэлэн уоттаах чоҕу ылан табахтаата. Ол туран бэрт киҥнээхтик бэрт өр тугу эрэ ботугураата. Онтон Даайыс сирэйигэр сыпсыны дугдуруйан баран, оронугар төнүннэ.

Даайыс күлү булкуйа олордо. Хараҥа оһох диэки ыган истэ. Балачча өр буолан баран Мэхээлэ туран таһырдьа таҕыста. Онтон киирэн оһоххо иттэ уонна табахтыы туран, бэрт кырыктаахтык киҥинэйдэ: «Туох буолбут дэриэтинньигий, доҕор!.. Эҥин буолан сөрүөҥнээбиккин, хата!..» – диэн кыбдьырыммахтыы турда.

Оһоххо өһөн эрэр уоттаах чохтор эрэ хааллылар. Даайыс күлүн булкуйа олордо. Онтон тутан олорор тымтыгын эмискэччи тоһута кумалаан оһоххо бырахта уонна сулбу хааман тиийэн таҥас быыһы харытын таһынан арыйа охсон халбыс гыннаран киирэн хаалла. Мэхээлэ аргыый биэтэҥнии турар быыһы одуулаһан турбахтаан баран оронугар өкчөрүйдэ.

Даайыс тоһута кумалаан бырахпыт тымтыга эмискэччи умайан күлүбүрээн, дьиэ иһин сырдата түһээт, умуллан ньимис гынан хаалла. Хараҥа ордук хойунна, чиҥээтэ.

Сарсыарда күтүөттэрэ дьон иннинэ туран уот отунна. Кини хаартыга улаханнык сүүйтэрбит киһи курдук хайдах эрэ кыайтарыылаах дьорҕооттук туттан, саҥата суох аһаан-сиэн бүтээт атын көлүнэн баран хаалла. Барарын кытта дьиэлээхтэр сэргэхсийэ, саҥара-иҥэрэ түстүлэр. «Аныгы чыыр-чаар силлээбит уолаттардааҕар ордук буолуо». – «Биир кыыс оҕону кырытыннарыа суох киһи дуо?» – «Биһиги да кыыспыт манна диэн эттэххэ…» – диэмэхтииллэр.

Ыкса киэһэ күтүөт оҕонньор хас да иһит арыгыны аҕалла. Үөрэн-көтөн арыгылаатылар. Итирии саҕана таайыгас киһи өйдүүр одоҥ-додоҥ кэпсэтиилэрэ таҕыстылар.

– Миэхэ түгэҕэ дьөлөҕөстөөх үрүүмпэ баара буоллар… Кылын тойоммор арыгы кутан биэриэм этэ. Былыргы сиэр оннук буолар этэ. Ол хайдаҕый? – диэтэ күтүөт уонна остуолга быардыы түһэн Мэхээлэ муннун анныгар тэллэстигэс уоһун тоһуйда.

– Хайтаҕый диэн… Эн да уолан уол буолбатаххын!

– Мин буолбатаҕым биллибит киһи буоллаҕым! Собообут собулҕаҕар үппүн-аспын тоҕо тардан ылбыккын, хоруоскаһыт.

– Туох да?.. Бу сөрүөстэ сытыйбыт үөхтэрэн сордотон эрдэҕин истиҥ эрэ! Абыым-абам! – Мэхээлэ тэриэлкэлээх тоҥ эти сиргэ тоҕу хаһыйда уонна кыыһы кырбаары ойон турда…

Үһүс сарсыардатыгар күтүөт дойдулуура буолла. Кини бырастыылаһар кэмигэр Даайыс сүтэн хаалла. Кыбыыга, хотоҥҥо, Молоохторго көрдөөтүлэр. Көстүбэтэ. Күтүөт атын тумана хочону туораан субуруйан эрдэҕинэ, Даайыс Амма сыырын анныттан тиийэн кэллэ. «Саакка-суукка уктуҥ» диэн мөҕө тоһуйдулар. Даайыс саҥарбата.

Сааһыары күтүөт ойоҕун сүгүннэрэ оҥостон киирдэ. Кини ыалдьара бэргээбит, өкчөччү тартаран хаалбыт, сүрэ тостубут. Сыарҕаҕа олороругар Даайыс көнө, уһун ортоку тарбаҕын төбөтүнэн кэмчи хараҕын уутун хаһыйталаан кэбистэ.

– Хочону туоруоххар диэри кэннигин хайыһымаар. «Сүрэ-кута дойдутугар хаалан, эрин дойдутугар кыыс дьоллоохтук олорбот» диэн былыргылар аньыыргыыр буолаллара, – диэн сүбэлээн дьабдьылыйда Мэхээлэ.

Хочо хордоҕоһун туораан улахан күөл дулҕалаах сөкүтүгэр киирэн иһэн Даайыс сыарҕаҕа туора олорунан, кэннин диэки хайыһан истэ.

– Ити күтүр кэмэлдьитэ түҥнэритин көр!.. Киһи буолуо суох баҕайы, – диэт, Мэхээлэ балаҕаныгар дьулуста.

– Ээ, чэ ээх! – диэбитинэн Өрүүнэ сэргэ төрдүгэр хаалан Даайыһы батыһыннары көрөн турда.

Эр тойоно дойдутугар тиийээт, турбат охтуутун охтубут. Даайыһы ыҥыран ылан, аттыгар олордон баран, киниэхэ кэлиэн иннинээҕи «аньыытын» туһунан ыаһыйалаан ыйытар, дар уҥуох илиитинэн кырбыыр идэлэммит.

Ол сытан ойуун аҕалтаран кыырдарбыт. Ойуун кыыра сылдьан «таарыччы туһалаан» Даайыс үрдүгэр кэлэн түспүт. Даайыс хаһыытаабытынан уҥан охтубут. Абааһы уола сөрүөстэ сылдьарын туппут киһи буолан дьаабыланан баран ойуун эппит: «Ойоххун абааһы уола булбут. Ол иһин эйигин абааһы көрөр эбит. Аны дьэ таптыыр буолуоҕа».

Нөҥүө киэһэтигэр Даайыс соҕотох ырбаахынан дойдутугар күрээбит. Икки түүн, биир күн айаннаан, дойдутун булбут. Бэһиэлэйэптээххэ барбакка, чуо Дьөгүөрдээннээххэ тиийэн кэллэ.

Бэргэһэлээх эриттэн күрээн сылдьарын туһунан мааны эмээхситтэртэн үөҕүллэн кэлэн ортоку тарбаҕын төбөтүнэн хараҕын уутун хаһыйан кэбиһэ-кэбиһэ, уоһа титирээтэ.

Хас да хонон баран Мэхээлэ Бэһиэлэйэп дьөгдьөрүс гына ойон киирдэ, Дьөгүөрдээҥҥэ баайыллан дьабалдьыларын ыттараҥнаппытынан барда:

– Дьөгүөр Миитэрэйэп Лэглээрин, киһи бэргэһэлээх ойоҕун күрэтэн ылбыккын. Бу сыыһа быһыы. Миигин эппэтэҕэ диэйэҕин. Бу иннигэр тойон иннигэр туруоҥ… Бу дьахтар, эн аны биһиги дьиэбитигэр сылдьаҥҥын ааты алдьатаайаҕын…

– Сылдьар санаам суох, – диэтэ Даайыс иһиллэ-иһиллибэттик.

– Туох даа! – Мэхээлэ өһүргэнэн чаҕылла түстэ. – Мин бөлөнөхпөр улаатан кубаҕай маҥан буолтуҥ, үтүө киһиэхэ ойох барбытыҥ.

– Үтүө киһигин…

– Туох даа! Сирэйгин үлтү охсон… – Мэхээлэ сахсарыс гына ойон тиийбитигэр Даайыс дьигис да гыммата, өссө хайдах эрэ мичээрдиэх курдук туттан баран сүрдээх холкутук эттэ:

– Сынньыаххын саныыгын дуу? Мин үтүө киһи бэргэһэлээх ойоҕобун ээ, оҕо буолбатахпын.

Мэхээлэ ити тылтан улаханнык салынна, сиэрин эрэ ситэрэн хотоойута суохтук айдаарбахтаан баран таҕыста.

Сарсыҥҥытыгар Дьөгүөрдээн икки уолун батыһыннаран бэйэтин эбэтигэр Дулҕалаах хочотугар оттуу киирдэ. Кинилэр ходуһаҕа үс хонон баран ыкса киэһэ таҕыстылар. Арай балаҕаннарын өһүөтүн устатын тухары туос сылгылар саайыллыбыттар. Ол сылгылар араастаан туттан, сиэллэрэ-кутуруктара охсуллубуттар. Сорохторо сиэлэн тамаһыйан эрэллэр, сорохторо туоруу хаамаллар, күөлэһийээри сытан, төбөтүн ньолбоччу туттан эрээччи эмиэ баар, сорохтор тугу эрэ ыйытар курдук бэттэх диэки туора хайыспыттар. Сылгылар ойоҕосторугар сымса кулуннар күөххэ көрүлээн бырдаҥалаабыттар.

– Даайыс Эрдэлиир Миитэрэйи кытта сибилигин Таатталаата. «Эрэ эккирэтиннэриэм» дии сытар үһү. Даайыс эһигини көһүтэ сатаан кэбистэ. Бүгүн күнү быһа ити сылгылары кырыйан саайталаата: «Оҕолорго бэлэхтиибин», – диир. Арыый эрдэ да соҕус кэлээхтээбэккин, – дии тоһуйда Сөдүөччүйэ.

– Кини барарын биһи хантан билиэхпитий… – диэн хомойбуттуу саҥарбытынан Дьөгүөрдээн туос сылгылары одуулаһан өрө хантайан турар уолаттарыгар барда. – Букатын тыыннаах курдуктар… Дьэ нарын тарбах!

Тааттаҕа ыраах уруута дьадаҥы дьахтарга Даайыс аҕыйах хоммут. Кини ханна эрэ барбыт. Биир кэпсээнинэн, көмүс үлэтигэр Бодойболообут. Иккис этэринэн, хаама сылдьар нууччаны батыһан куораттаабыт. Ханнык эрэ оскуолаҕа остуорастыыр курдук эмиэ этэллэр.

«Киһи буолбатах киһийдэх» дэһиспэхтээн аҕыйах хонукка ньамаарыһан баран, Даайыһы умнан кэбистилэр. Арай Молоох уола Дьөгүөрдээннээх өргө диэри өйдүү, дьонтон сураһа сырыттылар. Даайыс сүттэ.

Сааскы кэм

Подняться наверх