Читать книгу Сааскы кэм - - Страница 7
ИККИС ТӨГҮЛЭ
ЭРГИЧЧИ ЭРЭЙ
Уот
ОглавлениеБыйыл сүрдээх өҥ дьыл буолла. Бар дьоҥҥо бурдук-от дэлэйдэ. Молоох уола Дьөгүөрдээн Лэглээрин быйыл кыһын туспа буруо таһаарарга сорунан сылдьар. Нэһилиэк биэдэмэһинэн сааһын тухары киниэхэ ыйыллан турар эбэтигэр – Дулҕалаах хочотугар баай сүөһүтүн сүөһүлээн быйыл бэйэтэ ыал буолан кыстыаҕа. Сүөһү көрөр хамнастарыгар түөрт арсыын бумаһыай таҥаһы эрдэттэн «садаакка» ылан, улахан уолларыгар болтуо тиктэрдилэр. Микиитэ ону ортотунан быакаччы курданан баран: үтүөмсүйэн өҥөнөн көрүммэхтии сылдьар. Күһүөрү Дьөгүөрдээн уолунуун Амма уҥуор хас да хонукка оттуу тахсан иһэн, тойонун аахха сылдьан, икки таба тириитин, биэс сүүс харчыны, биир эргэ баата сону ылан, кыһыҥҥы хамнаһын барытын аахсан ааста. Чоҥолох көлүйэ кытыытыгар, ходуһаларын саҕатыгар, «от отууну» тутан кэбистилэр. Олохсуйдулар.
Икки-үс күнү силбиһэ ардах түстэ. Отууларын ыкса айаҕар уоттаннылар. Иккиэйэхтэр да айдааннара, көрдөрө сүрдээх.
Ардах кэнниттэн маҥнайгы кураан күҥҥэ Микиитэ, куолутунан, чэй оргута урут таҕыста. Аҕата ходуһаҕа үлэлии хаалла.
Сайын бүтэр ордук ылбархай, ордук ыраас, «дьахтар күннэрэ» саҕаланнылар быһыылаах. Күөх торҕо халлааҥҥа сардаҥалаах күн мичэлийдэ. Охсуллубут от үрдэ киһи атаҕар саҥа хаардыы курдурҕаата. Онон-манан атын отчуттар туртаҥнаһаллар. Сытыылаары өрө туппут хотуур килбэс гынан ылар.
Микиитэ кыра мас тобоҕунан уот оттон, уулаах солуурчаҕы «оллооҥҥо» ииллэ. Маа бэйэлээх саллар сааһыгар аан маҥнай кэппит саҥа болтуотун түөрт муннуктуу суулаан баран таһырдьа уурда. Бэйэтэ эбии мас көрдүү, чугастааҕы арыы талахха киирдэ. Тугу эрэ ыллыыр, ыстаҥалаан тиийэн кураанах мас бытархайын сулбу тардан ылар. Түөһэ холку, төбөтө сырдык, хараҕа сытыы, туох да кыһалҕа суох, киниэхэ барыта үчүгэй…
Арай ханна эрэ бэрт элбэх сылгы сүүрэр туйаҕын тыаһа тибигирээтэ, ханна эрэ сүүнэ улахан таҥаһы тыалга сахсыйан күлүбүрэттилэр. Микиитэ дьиибэргээн, арыы талах иһиттэн сүүрэн тахсаат, хомуйбут маһын тоҕо ыһыктан кэбистэ…
Кини отуута умайан, кутаа уот кынаттарынан өрүтэ сапсынан, киэҥ халлаан оройугар уһуутаан эрэр эбит. Сүүрдэ… Охто-охто, сүүрдэ.
Кыһыл, араҕас, маҥан үөрбэ уоттар өрүтэ уунаҥныы-уунаҥныы төбөлөрө иэҕиллэн ойоҕосторун саламмахтаан ылаллар, бэйэ-бэйэлэрин быһыта хадьырыһа-хадьырыһа тэйсэллэр, эмиэ холбоһо-куустуһа түһэллэр. Отуу ойоҕосторуттан, аллараттан, сүүһүнэн кыракый кыһыл кыымнар быгыалаһаллар, сүүрэкэлэһэллэр, уот чиэрбэлэр түрдэҥнэһэн-чиккэҥнэһэн бырдаҥалаһаллар. Отууну тула тыһыынчанан уот үрүмэччилэр дьиримнэһэ көтөллөр. Дьэс алтан, кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс кыырпахтара ыһыллаллар. Ол икки ардыгар отуу өндөйдөр өндөйөн, чоҥойох көлүйэни үрдүнэн күрүлүү көтөн барыах курдук, нэлим кынатынан киэҥ халлаан өрөһөтүн халты охсуталыах курдук.
Микиитэ, охто-охто, сүүрэн иһэр.
Икки киһи уулаах чаанньыктарга сүүмэх оттору уган ыла-ыла, отууттан тэйиччи, күөх кэнчээри бүөлүү үүммүт хадьымалыгар сахсыйаллар.
«Отуу ойоҕосторун тиэритэ хаһыйталаабаккалар», – дии саныыр Микиитэ сүүрэн иһэн…
Отуутугар сүүрэн кэлбитэ, кини бумаһыай болтуота умайан мөхсө сытар эбит. Тыыннаах курдук… Часкыйбытынан эһэ тардан ылла да көлүйэ уутугар ыстанан кэбистэ. Түөһүн тылыгар диэри ууга туран, күлүбүрүү умайар болтуотун уу иэнигэр таһыйар… Уу иэнэ килэриччи тоҥон кытааппыт курдук. Хара көмөрдөр ыһыахтаналлар…
Ким эрэ отуута умайар. Тугу эрэ дьон кэпсэтэллэр:
– Уол акаарыта! Итиччэ уол! – дэһэллэр.
Муруннара, айахтара, харахтара барыта булкулла сириттибит сирэйдэр өҥөҥнөһөллөр, кэтит тиистэр килэҥнэһэллэр.
– Бачча бэдик! Акаарыта тугун сүрэй!
– Бу үлүгэри көрдүгүт дуо, доҕоттоор! – диэтэ Дьөгүөрдээн саҥата.
Уол өйдөнө түстэ. Аҕата атырдьаҕы туора кыбынан турар эбит.
Чохчойбутунан өлбүт ханнык эрэ сүдү кыыл кур дьардьаматын курдук, отуу кэриэрбит мастара атыгыраан хаалбыттар. Чооруос уоттар ол мастары өрүтэ хааман догдороҥноһоллор. Ордон хаалбыт оллооҥҥо быыкаайык алтан солууччах оргуйан эйэҥэлиир.
Микиитэ ньылбы сытыйан баран, болтуотуттан ордон хаалбыт биир сиэҕи хаҥас харытыгар биллэҕи ууран турар эбит…
– Уол куһаҕана! Итиччэ уол! – дэһэ-дэһэ, үс-түөрт киһи ыраатан мадьардаһа-кыпсыҥнаһа турдулар.
Киппирийээн Дьөгүөрэп ойоҕо Харытыана диэн эдэр дьахтар утары мылаллан олорор эбит. Кини төп-төгүрүк маҥан сирэйигэр төгүрүк хара харахтара – чааскы бүлүүссэтин түгэҕэр икки хара буруону үҥкүрүҥнэппит курдуктар.
Харытыана ааттаах тыллаах, наһаа күлүүк. Үөһээ уоһун киэр үтүрүйэн туора үүнэн тахсыбыт ордьоҕор тиистээх этэ. Күлэрэ үксэ эмиэ бэрт, ордьоҕоруттан саатара эмиэ олус. Онон, Харытыана хаҥас илиитэ айаҕын саба туттарыттан орпот буолар этэ. Ордьоҕор тииһэ аттынааҕы икки ыалын илдьэ саҥардыы түһэн хаалбыт. Онон, сааһын тухары кыбыһыннарбыт өстөөҕүттэн быыһанан, Харытыана чэпчээн, күлүбүрүү көтө сылдьар кэмэ.
– Нахаа, отуугун уматан бараҥҥын тоҕо туймааран хааллыҥ? – диэтэ.
Оччо кыайыылаах киһи сэргэхсийиэ эбитэ үһү! Микиитэ, атын сир диэки хайыһан, дьэ хамсаата, тура көһүйэн хаалбыт эбит.
– Ээ, бу сордоох болтуотун сиэҕин тутан турар дуу, хайа үөдэний! – диэн Харытыана чаҕылла түстэ. – Болтуоҥ сиэҕэ дуо, ныхаа?
Айаҕын аппакка эрэ, Микиитэ «ыы» диэтэ уонна харытын көннөрү тутан көрдөрдө.
– Чэ ыл, ныхаа, сиэххин кэтэн кэбис, бэрт таҥас буолбут дии! – Ол бытааһах күлэн таҥалайа кытыаһынна эбээт, доҕоттор!
Күлээн-күлэн баран эмискэччи уоскуйда, хара оҕуруо харахтарынан ол-бу диэки дьиибэргээбиттии көрөн эргичиҥнэттэ уонна эттэ:
– Дьэ бу алдьархай, доҕоор! Чэ, бу чэйгитин иһиҥ, миигиттэн көҥөнүмэҥ, мин бардым. Уолан баранна дии!.. Алҕас саҥаран кэбистим дуу, хайдах-хайдаҕый? Бэйэтэ аһыйан турар сордооҕу. Улааттаҕына өһүөннээн өлөрүө. Чэ, онно тиийэр да биллибэт! Киһи оонньоотоҕун аайы эҥин буолан! Түксү, оннооҕор киһи өлөр баҕайыта…
Ити курдук сирбитэ-хайҕаабыта, сэтэрээбитэ-аһыммыта биллибэттик этэн-тыынан тыгыластаан бүтээт, Харытыана күөлү кытыытынан тиэрэ дайбаан сабыахайдана турда.
Барбахтаат, эргиллэ түһэн хаһыытаата:
– Чэйгитин иһиэҥ! Уолан хаалла ээ! – эмиэ кэдирги дайбаан сабыахайдаан, көлүйэ күөлү эргийэ көтөн иһэн чугурус гына тохтуу түстэ, күөл диэки ыйа-ыйа хаһыытаата: – Дьөгүөрдээн, Дьөгүөрдээн! Балык оонньуур ээ. Балык, балык, баҕа эҥин буолбатах. Туута уган кэбис! Туута ук! Миэхэ бэрсээр. Чэйгитин иһиҥ…
Хойуу бугуллар быыстарынан кыһыл сатыын ырбаахыта умайбахтыы турда.
– Киһи кыыһырар эрэ, өстөммөт киһитэ. Абырыыра-алдьатара аҕастыы-балыстыы киһи. Бүгүн кырылас өстөөҕүҥ, сарсын өлөр дьүөгэҥ. Сүрдээх эйэҕэс, наһаа аһыныгас ээ, ол гынан баран.
– Чэ, тукаам, кэл, чэйбитин иһиэххэ, хайыахпытый?
Уолбут солуурчаҕы Дьөгүөрдээн оллоонтон ылан сиргэ уурда.
– Биир сыллааҕы көлөһүммүт умайан хааллаҕа ити дии. Сиэптээҕим эбитэ буоллар, сатаатар харчым бэйэбэр буолуо этэ. Отуу маһыгар кыбытан кэбиспитим…
Уоттан ордон хаалбыт биир тимир куруусканы кэриһэн сылбаххай чэйдэрин иһэ, күөл бүүрүгүн үрдүгэр сукуһан олордулар.
Отуу биир ойоҕос маһа тосту сиэнэн хачыр гына сиргэ түһээт, буруолуу сытта…