Читать книгу Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн - - Страница 2

Акаары дьахтар төрөөбүт күнэ

Оглавление

Муокас да түүл, муокас да түүл! Эмиэ ити түүл… Тоҕо көһүннэ эмиэ ити түүл Даайаҕа? Кэбис, чэ бээ, түүл аата – түүл, улахан эбит… Ол эрээри… туох «ол эрээри»? Туох да буолбатах!

Бүгүн бу дьиэ олус да тымныйбыт, остуорас эмээхсин хаһан үлэтигэр тахсар? Даайа хаһан оттуллубут сылаас библиотекаҕа кэлэр буолар, дьэ? Кэлэн бэйэтэ отуннаҕына оттор, суох буоллаҕына – суох.

Муокас да түүл, муокас да түүл. Туй-сиэ, эмиэ түүл туһунан.

О, бу долбуурдар быылларыан! Эмиэ бэйэтэ сууйарыгар, соторугар тиийдэҕэ, остуорас эмээхсин ыалдьыбыта ыраатта. Чэ, сууйан-сууйан баччаҕа кэлбитэ, сууйуоҕа, хаһан ол киниэхэ эбии киһи көрүөхтэрин, айдаарсан да диэн… Кулууп биир муннугар баҕас – муҥур ыраахтааҕы, бэйэтэ-бэйэтигэр – хотун.

Хайа, баччааҥҥа диэри ким да кэлимээри гынна дуу? Кинигэлэрин туттарбатахтара быданнаабыт дьоно баһаам этилэр эбээт, көрүөҕүҥ даҕаны. Маппыров Уйбаан үс кинигэ иэстээх, оо, аҕалбатаҕа ырааппыт дии. Бэйэ, бу ханнык Маппырабый? Аа, били тракторист уол, дьаабал, аахпат эбит буоллаҕа, дьэ бээ, сэрэн…

Чээн, ол оҕолор ньургуһун бөҕөтүн үргээбиттэр. Хата, хатаан кэбиһээт, ньургуһуннуу бардаҕына? Эх, Даайа, Даайа – акаары дьахтар… Акаары? Бээ эрэ, ити тоҕо кинини акаары дьахтар дииллэрий, ээ? Ордук оҕонньоро өрүү этэр, дьиибэтэ дуу?

– Акаарыны саҥарыма… акаары дьахтар баара…

Тугу эппитигэр инньэ диэтэ этэй? Аа, арба, «дьиэбит былаанын уларытыах, ыскаабы сыҕарытыс эрэ» диэбитэ, онуоха кини сити курдук эппитэ. Чэ, син биир уларыппыта ээ, дьиэтин баҕас Даайа, сөп буола-буола, түҥнэри-таҥнары уларытар.

– Эмиэ дьиэтин ыһан кэбиспит… бу ыскаабы тоҕо дьиэ ортотугар туруордуҥ? Киһи кэтиллэ сылдьыыһы буолбат дуо? Били мин кумааҕыларбын ханна гынныҥ? Ыскаап үрдүгэр уурбутум дии…

– Ханнык кумааҕылар?

– Тыый, оттон бухгалтертан ылбыт учуотум, маннык бланкалаах…

– Билбэти-им.

Көрдөөн-көрдөөн, оһох инниттэн булан ылбыта, дьэ уонна эппитэ:

– Акаары дьахтар диэн… Дьахтар өйө аһынааҕар кылгас диэн маны этэллэр ини…

Хайыай, управляющай тойон кумааҕыларын сүтэрэн ыксаатаҕа дии, учуот буола-буола, кинигэ буолбут, иккиһин суруйбаттар үһү дуо?

Эх, Даайа, Даайа, хата, аах, ким да кэлимээри гынна. Бүгүн бибилиотекаҕа быкпат күннэрэ үүммүт быһыылаах. «Дама с собачкой». Антон Павлович Чехов. Курус да кэпсээн. «Дама с собачкой…»

Кини кыыһа, Бэлата (бэйэтэ соруйан итинник ааты биэрбитэ – Лермонтовтан), бу кэмнэргэ, саас, төрөөбүтэ буоллар, баҕар, киниэхэ, Даайаҕа, оҕонньоро ньургуһун тута-тута көрсүһэ кэлбит буолуох этэ. Көрдөһөн да туран, биирдэ эмэтэ аҕалтарыа этэ эбээт! Ону кини балыыһа тумбочкатыгар туруорбут буолуох этэ. Хата, ол кини оҕонньоро этиттэриитэ суох аҕалбатах баҕайыта ини.

– Бу соло суоҕар, ханна ону көрдүү сылдьыллыай…

Кэбис, сүрэ бэрт, көрдөстөр, син аҕалаахтыа этэ эбээт.

Бэйи, эрэ ити Бэла диэн улааттаҕына ким диэн буолара буолла? Кинилэр таах Бэла диэн ааттаабыттара. Аҕата Даайыска диэри гыммыта.

– Эн ааккынан буоллун ээ, уол эбитэ буоллар, мин ааппынан барыа этэ, Федя диэн. Сүөдэр диэн.

Даайа… Пахай даа, Даайа буола-буола. Бэйэтэ да Даайа буолта сөп, кыыһа эмиэ Даайа буоллаҕай?!

– Эбэтэр Бэла, эбэтэр адьас да аата суох сыттын, – диэн буолта.

– Ээ, чэ, ким да диэ, баҕар, адьас да ыт-кус аатын биэр…

– Бэла диэн ыт-кус аата буолбатах, кыыс аата. Лермонтовтан.

– Хантан да-а?

– Лер-мон-тов-тан!

Кыыһа ити курдук Бэла диэн ааттаммыта. Оттон Даайаҕа бэйэтигэр ийэтэ адьаһын даҕаны уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка эппит үһү:

– Эбэтэ Даайа диэн этэ. Эбэтин аатын биэриэҕиҥ. Тыыннааҕа буоллар үөрээхтиэ этэ.

Бүттэҕэ ол! Ити кыһын эбитэ үһү. Саас да төрөөбүт буолбат ээ, оччоҕуна, баҕар, киниэхэ Даайаҕа… Ээ, суох, кини ийэтигэр аҕата ньургуһун бэлэхтээбит буолуох этэ. Даайа төрөөбүт күнэ саас эбитэ буоллар…

Ону баара кини төрөөбүт күнэ…

– Кэпсээниҥ? Үөрэхтээх, хамыһаар хотун, тойон ойоҕо, тугу кэпсии-ипсии олороҕун? Биһигинньиктэри долуо-уой да билбэт буоллуҥ дуу? Билиэххин даҕаны баҕарбаккын быһыылаах, сырдата түһэ, иитэ-үөрэтэ, хотоммутун өҥөйбөтөҕүҥ үс үйэ буолла. Эчикийэ, эн бэйэлээҕи, оҕонньоруҥ хотону өҥөйүмэ диэн буойар дуу?

Үгэргээн-хоһурҕаан, дьэ кыыс оҕо – Кыыс Кыскыйдаан диэтэҕиҥ! Ити да буоллар, кини Даайа баар-суох дьүөгэтэ эбээт. Матаһыйар Маайа диэн аата. Матайан-хотойон кыыс оҕо, эмиэ да туох эрэ үчүгэйдээх ээ, хайдах эрэ сахалыы үчүгэй, баттаҕа намылдьыйан уһуна-эҥинэ…

– Мин кэпсиирбин истэр да бокуойа суох, бэйэҥ кутан-симэн түһэҥҥин. Солуҥҥун батарбакка кэллиҥ дуо?

– Тыый, ама, саҥарымнабын. Саҥаран баран төннөөр диэбит киһилэрэ мин буоллаҕым дии. Кинигэҕин аҕалбатым, ааҕа сытар бокуой суох, ынахтарым төрүүллэр, түүн да аанньа утуйбакка сылдьабыт. Настаа биир ынаҕа тамыйахтаан кэбистэ ээ…

– Маайаа, эн баттаххын көрдөрбүн эрэ, уһун баттахтаныахпын баҕаран кэлэбин.

– Тоҕо сэлэммиккиний, кэһэй…

– Суунарга эрэйэ бэрт этэ.

– Сүрэҕэ суох хотууска, күнү быһа хайдах эн манна тулуйан-тэһийэн олороҕун, бу?

– Уу, дьэ манна эрэ тулуйабын-тэһийэбин.

– Даайа, солуннаахпын!

– Туох?

– Ээ, суох, кэлин этиэм. Бу тугу ааҕан сордоннуҥ? «Дама с собачкой», Чехов. Көрүөхтээҕэр, истибэтэх да кинигэм. Эҥин арааһынай эчи элбэҕэ дэ бэрт.

– Туох солуннааххын? Чэ, кистээ-кистээ, син биир истиллиэҕэ.

– Тоҕо бу былыргыны ааҕаҕын? Туохха наадалааҕый? Мин билбэппин да, тугум да көҕүрүү илик. Үнүр миэхэ биэрбит кинигэҥ эмиэ эчи халыҥын, эчи былыргытын. Тоҕо атыны суруйбаттарый? Кимиэхэ наадалааҕый, бу? Норуот син биир аахпат.

– Ол эн үһү дуо, норуот, ээ?

– Мин!

– Эн билэр үһүгүн дуо, норуокка туох наадатын, туох наадата суоҕун?

– Мин билэбин, миэхэ наадата суох, ол иһин этэбин!

– Сэгэриэм, киһи барыта эн курдук…

– Эн курдук акаары диэ, ыл!

– Акаары диэбэппин, эн билбэккин!

– Оттон мин билбэтим ол – биллэр, мөккүспэппин ээ. Билэбин диэтим дуо? Ону эн үөрэт, сайыннар ээ!

– Ээ, чэ, түксү! Туой этиһии төрүөтүн көрдүү сатыыгын, бүгүн эйигин кытары мөккүһэр баҕам суох. Хата, ыл ол солуҥҥун кэпсээ.

– Иһит эрэ, бэттэх төҥкөй, кулгааххар этиим: Настаа Арамааны кытары көссүүлэһэр! Ол иһин биир ынаҕын көрбөккө тамыйахтатан кэбистэ.

– Туох… туохтаһар даа?

– Көссүүлэһэр.

– Пахай даа, бу кыыс тыла-өһө баламатын!

– Эчикийээ, аны мин тылбын тутуста дии.

– Оттон… таптыыр эҥин диэххин, сөбүлэһэллэр.

– Сө-бү-лэ-һэл-лэр буолумуна! Барахсаны-ы, аанньал оҕото дии.

– Оттон доҕордуу буоллахтара дии.

– Доҕордуу даа? Аа-һа-һа-хо-хо!..

– Һы, онтон тоҕо күллүҥ?

– Иһит эрэ, аанньал оҕото-оо, эн сааһыҥ оруобуна отутуҥ буолла, оҕолооххун, оҕонньордооххун уонна бачча сааскар диэри акаарыгын, бырастыы гын, чахчы акаары эн бааргын. Көссүүтэ диэбэккэ, ама! Кэнэниҥ да бэрт ээ. Таптал даа? Ха-ха-хо-хо! Кыбыстыбакка эрэ, эн тугу баары-баарынан ааттыыр-суоллуур сааһыҥ буолла ини. Эн билбэккин, олоҕу билбэккин, дьону билбэккин. Эн диэхтээн… Оо, эн тугу да билбэккин. Манна олорон тугу билээхтиэххиний? Олоҕу билбэккин! Оннооҕор бэйэҥ оҕонньоргун, Сүөдэргин, да билбэккин буолбат дуо? Киһи эрэ барыта билэр кини… Сэрэн эрэ, бу долбуурдаргын кытта олорон хаалаайаҕын, эппэтэҕэ диэн миигин буруйдаамаар, оннук!

– Чэ ээх, билэр буоллаҕыҥ! Бээ, ону-маны онно суоҕу лабаҥхалаама, хата, ыл, дьиҥнээҕин кэпсэтиэх. Наташа Ростованы сөбүлээтиҥ дуо?

– Онно суох ааттаах… Оруна суоҕу мин этээччим суох. Настаа Арамааны кытта көссүүлэһэрэ чахчы! Кими ыйыттыҥ?

– Наташа Ростованы сөбүлээтиҥ дуо диибин.

– Ол эмиэ киммитий? Хантан күөрэйдэ? Эн билэр кыыһыҥ дуо? Ханна олорор?

– Эх, Маайа, Маайа… Оттон үнүр биэрбит кинигэбин арыйбатыҥ да дуу?

– Өлөр да солом суох диибин буолбат дуо? Хайдах өйдөөбөккүн, бу күннэргэ ынахтарбыт… уонна халыҥа бэрт дии…

– Аҕалаар…

– Аҕалыам-аҕалыам. Даайа, эн кыыһырыма, эн миэхэ чарааста уонна сахалыыта булаар, сөп дуо?

– Сөп. Туох туһунан?

– Ээ, ити… тапталлааҕы. «Төлкө» курдугу. Мин ону наһаа сөбүлээбитим ээ. Маайалаах Сүөдэр эрэйдэнэллэр даҕаны, ол гынан баран эмиэ халыҥа бэрт.

– Сөп-сөп, өйдөнөр.

– Даайаа, эн кыыһырыма, ааҕыам этэ да, долуой солом суох. Хата, ыл, биһи кыһыл муннукпутун оҥосторбутугар көмөлөһөөр эрэ. Онтубут адьас кубус-кураанах, соҕотох телевизор эрэ килээрийэн турар.

– Эх, Маайа-Маайа, Матаһыйар Маайа, телевизордаах ыанньыксыт…

– Чэ, мин ыстанным.

– Ыстан-ыстан!

Дьэ Маайа диэтэҕиҥ, биир тылынан Матаһыйар Маайа… Кини – норуот үһү, һы… Ити хантан эрэ истибит тылларын эттэ, ити – кини тыллара буолбатахтар. Норуокка туох наадатын, туох наадата суоҕун кинилэр ол хаһан, хайдах дьаарыстаталаабыттарай? Ону барытын кинилэр билэллэр үһү дуо, итинник тыллаһар дьон? Маайа диэхтээн, хантан эрэ истэн баран, хатылыыр эрэ буоллаҕа дии. Матаһыйар Маайа – норуот буоллаҕына, тоҕо кини норуот буолуо суохтааҕый? Бу сытар картотеката олоччута. Бу, бу! Ким тугу таптаан ааҕарын кини, ама, билбэт үһү дуо? Киһи киһи – тус-туспа. Биир маны сөбүлүө, атын – атыны. Матаһыйар Маайа «Төлкөнү» сөбүлүүр, Арамаан Хемингуэйы ааҕар. Арба, Арамаан туһунан тугу-тугу туойда, ити кыыс? Арамаан уонна Настаа, һы… Сымыйа ини, киһи өйө кыайан хоппот: Арамаан – учуутал уонна Настаа кэргэннээх эдэр кыыс, бүрэ баҕайы, арба, кэргэнэ куоракка үөрэнэ барбыт сурахтааҕа. Арамааҥҥа Настаа наадата суох. Ол ону кини быһаарар үһү дуо? Кини хантан билиэй? Баҕар, кырдьык буолуо…

Кини, Даайа, кырдьык даҕаны кэнэн, акаары быһыылаах. Матаһыйар Маайа сөпкө этэр, сөпкө этэр. Сөрү-сөпкө этэр! Маайаҕа Толстойу биэрэ турбута да баар ээ… Кини син биир хаһан ааҕыаҕын… уонна Маайа Толстойа да суох олоруо, бэйэтэ этэригэр дылы «туга да көҕүрүө суоҕа». Киниэхэ – ол наадата суох, олорбутун курдук олордун. Олорбутун курдук олорбута ордук! Ону Даайа буоллаҕына киниэхэ, «наадата суох» кинигэлэринэн долгута, сахсыйа сатыыр эбит. Киһи киһи тус-туспа олохтоох эбээт. «Каждому – свое!»

Арамаан ол да иһин көстүбэтэҕэ ырааппыт эбит дии. Буоллаҕа…

Кини, библиотекарь Даайа, Маайаттан элбэҕи аахпытынан киэн туттар, оттон олохторо биир буолбатах дуо? Кини да, Маайа да биирдик олороллор, Маайаҥ малынан-салынан өссө ордук да быһыылаах.

Арамаан ол да иһин көстүбэтэҕэ ырааппыт эбит. Маайа кини туһунан сөпкө этэр: кэнэн, акаары диэн. Оннук-оннук! Маайа барытын сөпкө этэр, норуот туһунан эмиэ. Барыта сөп.

Хатаан кэбиһэн баран, хата, бар, садтан оҕоҕун ыл, илдьэн аһат-сиэт, оҕонньоргун аһат.

– Дария Павловна, кинигэбин аҕаллым.

– Туох даа-а?

– Бу. Кинигэбин аҕаллым.

– Аа! Талаҕын дуо? Түргэнник тал, мин бараары олоробун. Хаһыс кылаас этигиний?

– Бэһис «А», Егорова.

Кыысчаан ийэтигэр «библиотекаҕа бардым» диэн баран ньургуһуннуу тэлээрэ сылдьыбыт. Сыалай биир көтөҕү үргээбит, онтон илдьириһэн түһэн мөкүлэрин ньии, таҥасчыт тамыйах кэбийбитигэр дылы буоланнар… Ньургуһуннар, ньургуһуннар диибит даҕаны да, онтубут адьас даҕаны бөрүкүтэ суох сибэкки эбит ээ. Сибэкки да буолан – от! Өссө сүлүһүннээх үһү. Хапчыһан-ипчиһэн, өҥтөн-дьүһүнтэн матан түһэннэр…

– Хайа, таллыҥ дуо?

– Талан.

– Аҕал.

Маны ааҕар үһү дуо?! Булан-булан ылбыта да баар. Ээ, чэ…

– Доспидаанньа.

– Пока.

Түксү, дьиэлиэххэ. Чэ, биирдэ эрдэ хатаан көрүөххэ, кини даҕаны харабыл курдук олорон биэрэр…

Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн

Подняться наверх