Читать книгу Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн - - Страница 7

Төрдүс уонна бэһис таптала

Оглавление

Дьэ туран, онтон киниэхэ төрдүс таптала кэлбитэ. Ээ, чэ, ол ону Даайа өйдүү сатыыр, ырыта сатыыр санаата суох. Сүөдэри кытары субу күҥҥэ диэри бииргэ олоруох быата тарпыта буолуо, туох да уустуга суох, барыта орун-оннугар, буолуохтаах буолуохтааҕын курдук, тахсан испитэ. Студенныы, судургутук. Чэ, ол кинилэр хаста-хаста хаамсыбыттарын барытын Тимирязевка эрэйдээх аллеяларын тииттэрэ эрэ арай аахтылар, көрдүлэр-иһиттилэр ини. Студеннар хаамсаллара кэмнээх буолуо дуо, ол да тииттэр аахайбатылар ини. Оттон Сүөдэр биэс сыл усталаах-туоратыгар бэйэтин Тимирязевкатын уопсайыттан кинилэр, Даайалаах, уопсайдарыгар диэри хаста-хаста таскайдаммытын арай, баҕар, эргэ трамвай халырҕас көлөһөлөрө эрэ көрдүлэр ини. Ол да – саарбах.

Даайа маҥнай Сүөдэри тута сэрэппитэ:

– Көрөҕүн дуо бу суруктары? Во-от! Эн миигин киинэҕэ эҥин барыах диэн ыҥырбытыҥ буоллар…

– Тоҕо?

– Мин атын киһи туһунан саныахтаахпын. Эн мэһэйдээмэ…

– Баһаалыста! Санаан көр, баран да иһэн санаа, киинэни көрө олорон да санаа, кэлэн да иһэн санаа. Киинэҕэ барсыбыккынан санаабат буолан хаалыаҥ дуо? Санаан көр, ол эрэн барсыахтааххын, билиэти таах хаалларыма.

Даайа онуоха «кырдьык даҕаны» дии санаабыта уонна куруутун-куруутун, үйэ тухары бииргэ сылдьыах буолан кэпсэппит табаарыһын туһунан эппитэ:

– Өлүөхпүтүгэр диэри… – диэн кини кэпсээнин түмүктээбитэ уонна, чэпчээбиттии үөһэ тыынан баран, өрө көрөн кэбиспитэ.

Сүөдэр ити күнтэн ыла наар ыйытар идэлэммитэ:

– Хайа, били «өлүөххэ диэри» табаарыс тугу суруйар?

Онуоха Даайа биирдэ иһиллэр-иһиллибэт хардарбыта:

– Суруйбатаҕа ыраатта. Билбэтим…

– Суруйуо-суруйуо. Хата, театрга барыах.

– Мин бэйэм өссө суруйуом. Үстэ суруйдум, эппиэттээбэт, өссө суруйуом. Тылбын биэртим… кини эмиэ уонна баран…

– Ничего-ничего… ыалдьыбыта буолуо.

– Ой, кырдьык даҕаны! Мин сибилигин суруйабын!

Атын куораттан сурук адьас кэлбэт буолбута, оттон Даайа суруйара уонна маннык саныыра: «Баҕар, мин санаабар эрэ буолуо, кини тугу да эппэтэҕэ буолаарай? Куруутун-куруутун, өлүөхпүтүгэр диэри диэн эппэтэҕэ буолуо. Суох, эппитэ дии уонна баран… Итинник гынар сөп үһү дуо? Сөп үһү дуо?!»

Даайа итиниэхэ тугу да булан хардарбатаҕа, оттон сурук кэлбэтэҕин курдук кэлбэтэҕэ, онуоха кини кыыһыран тиһэх, уһун суругун суруйбута уонна ыытаары кэнбиэрдээн иһэн, тоҕо эрэ эмискэ хайыта тыытан кэбиспитэ уонна дьэ үөһэ тыыммыта, өр баҕайы биир сири тобулу одуулаан олорбута. Иннигэр бып-бытархай гына хайыта тардыллыбыт кумааҕы чөмөхтөнөн тахсыбыта, кини ону өссө бытарыта олорбута….

Чэ, уоннааҕытын Даайа барытын бүгүн кэлэн ымпыгын-чымпыгын ырытар санаата суох. Сүөдэрдиин олордохторо – бу! Мотоциклынан ыһааччыларга элээрдэн иһэллэр. «Уолбуттара» диэн төһө ыраах сир эбитэ буолла?

– Сүөдэ-эр, «Уолбутуҥ» төһө ырааҕый?

– Ээ, кэллибит.

– Пахай, мин букатын ыраатар курдук санаммытым…

– Онтуҥ баара, кэллибит.

– Маппыров Уйбаан биригээдэтэ диигин дуу?

– Ы-ых.

– Мин ол киһиэхэ наадалаахпын.

– Туох?

– Кинигэлэрин туттара илик.

– Туттарыа буоллаҕа дии.

– Ылбыта быданнаата ээ.

– Солото суох буоллаҕа дии.

– Солото суох… Бээ эрэ, өссө «Уолбукка» быйыл оҕуруот олортугут дуу?

– Ы-һы. Оҕурсу.

– Үчүгэйдик тахсыа дуо?

– Тахсымна.

Хата, сотору оҕурсу сииһилэр дии. Саатар, дэриэбинэ иһигэр атыылыыллар ини. Манна урут хаһан да ыспаттара үһү, боруобалыыллар. Оҕурсу баҕас, уу эрэ баар буоллун, тахсыахтаах ээ.

– Кэллибит. Кирээдэлэр ол тураллар. Оттон ол – парник. Түһэн көрөҕүн дуо?

– Чэ, тохтот.

Оо, адьас саҥардыы быган эрэллэр эбит. Сорохторун, бадаҕа, бэҕэһээҥҥэ диэри олордор этилэр. Син үүнүүһүлэр быһыылаах.

Ити туохтара чөмөхтөһөн сытар буоллаҕай? Кумааҕы кууллар. Ээ, уоҕурдуулара эбит. Ханнык уоҕурдуунуй бу? Азоттара дуу, калийдара дуу? Уоҕурдаары аҕалан бырахтахтара, эбэтэр кутан бүппүттэрэ дуу? Уоҕурдуу кутулла сытара эмиэ да көстүбэккэ дылы. Кута иликтэр быһыылаах. Быыс буолбакка сырыттахтара дии, хата, көмөлөһүөххэ дуу? Ол тимир күрдьэх сытар эбит. Тимир күрдьэҕинэн баһа-баһа, маны баҕас Даайа начаас элээрдэр ини. Көрүөх бэтэрээ өттүнэн бүтэриэ. Даайа уоҕурдууну баҕас тоҕо харыстаатаҕай, кута түһэн биэриэҕэ…

Сиэн-аһаан, үүнэр буоллахтарына үүнэ оҕустуннар ээ, буо-уот, чэ, сөп да буолар ини, томточчу кута түһэн биэрдэҕинэ сөп буолуо. Итийдэр эрэ, хамсыы-хамсыы тахсыахтара.

Сүөдэр көрөн соһуйара буолуо – туох буолан аллааҕымсыйдаҕай диэҕэ. Бээ, Даайа өссө даҕаны ону-маны сатыырын көрдөрүөҕэ! Кини даҕаны үлэлиири баҕас сатыыр ини, доҕоор. Уонна баран, Даайа тугу да сатаабат, тугу да билбэт диэҥ, дьэ! Биир дьахтар билэрин-сатыырын билэр даҕаны, сатыыр даҕаны оҕо буолуо ээ…

Һэ, Сүөдэр сүүрэн аҕай иһэр. Туох буолбут буоллаҕай? Туохха итиччэ үлүгэр ыксаатаҕай, ээ?

– Туох буолан мэҥийэн кэллиҥ?

– Туй-сиэ, сэрэйбитим курдук…

– Туох даа?

– Һы… өссө «туох даа» диир! Биир кирээдэни олоччу буорту гына охсубут. Ыл, төттөрү кута оҕус!

– Тоҕо?

– Оннук! Күрдьэхтэнимэ, олоччу түөрэ баһыаҥ буоллаҕа дии, илиигинэн тарый. Көр, маннык.

– Тоҕо-о?

– Кэнники быһаарыам. Түргэнник, түргэнник! Бу, хайыы-сахха өлөртөөбүккүн, дьэ, бэйэҕэр хат олорторуом.

– Оттон… үүннүн диэн.

– Саҥа олордуллубукка тугун эмиэ уоҕурдуутай?

– Оттон… тоҕо манна аҕалан бырахтарбыккытый?

– Сыыһа сүөкээбиттэр. Атын сиргэ илдьиэхтээх этилэр. Үксүн саҥаттан олордууһубут, көр эрэ, бу!

– Оо, кырдьык даҕаны…

– Ох, Даайа-Даайа…

Ситэ саҥарбата, иһигэр «акаарыгын даҕаны» диэтэ быһыылаах уонна хайдах эрэ көрдө. Хомойбут курдук. Суох, кэлэйбит курдук уонна өссө үөһэ тыынан кэбистэ. «Ох, Даайа-Даайа, акаарыгын даҕаны…» Хомойор уонна кэлэйэр…

Үүт-үкчү ол онно, ол күн, курдук көрдө. Даайа ол күнү тоҕо өйдөөн кэллэ, тоҕо өйдөөн кэллэ ол ону?

Ол – холорук сөрөөбүт аҕыйах хонуга – туох этэй: эмиэ таптал дуо?

…Даайа биирдэ, ханнык эрэ бырааһынньык күн, биир уолу кытары билсибитэ уонна ол күнтэн ылата Тимирязевка аллеяларыгар көстүбэт буолбута, оттон Сүөдэр кинилэргэ кэллэҕинэ, саһан хаалара. Ол да буоллар, Сүөдэр кинини биир күн кэтэһэн-кэтэһэн, суолун күөйэ туран кэбиспитэ уонна ыйыппыта:

– Бу эн туох буоллуҥ, Даайа?

– Туох да буола иликпин. Ыыт. Бардым. Тоҕо өрүү эккирэтэ сылдьаҕыҥ? Надоело…

– Кимий – ол?..

– Онно эн тугуҥ кыһалҕатай? Миигин рестораҥҥа ыҥырдылар. Саҥа Арбатка. Эн хаһан да ыҥырбаккын.

– Аччыккын дуо, ол эн?

– Дьыала онуоха буолбатах…

– Кимий ол, көрдөөх атыыһыт?

– Атыыһыт буолбатах, художник. Аны манна кэлимэ даҕаны, ыйытыма даҕаны. Бүттэ. Ыыт, мин ыксаан иһэбин.

Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн

Подняться наверх