Читать книгу Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн - - Страница 6
Акаары дьахтар үһүс таптала
Оглавление«Эн олоҕу билбэккин». Олоҕу билбэт үһү… Олоҕу билии диэн тугуй? Билэр киһи хайдах буолуохтааҕый, билбэт киһи хайдаҕый? Кини, Даайа, билбэт киһи, билэр дьонтон туох атыннааҕый? Чэ, холобура, Маайаттан да буоллун. Бээ, Даайа аны Маайаны уонна Настааны кытары күн аайы фермаҕа сырыттаҕына табыллыыһы, эбэтэр адьас да батыһа сылдьара ордук буолара дуу?
– Сүөдээр, эн олоҕу билэҕин дуо?
– Туох даа?
– Олоҕу билэҕин дуо? Билэбин дии саныыгын дуо?
– Билимнэ. Билбэтим буоллар мин – мин буолуо суоҕа этим.
– Хайдах, ол аата? Ол аата тугуй? Дьону билии дуу, сарсын туох буолуохтааҕын, өйүүн, биир сылынан, уон сылынан туох буолуохтааҕын билии дуу? Эбэтэр ааспыты сатаан быһаарыы дуу, тоҕо, туохтан, кимтэн буолбутун? Эбэтэр баҕар…
– Барыта! «Агрономия» диэн кинигэни аҕал эрэ, долбууртан. Ол-ол, күөх тастаах.
– Агрономия… Мэ! Сүөдээр, сарсын ханна бараҕын?
– «Уолбукка», ыһааччыларга.
– Миигин илдьэ бар.
– Тоҕо-о?
– Таах, көрө.
– Һы… күүлэйдии сылдьар кэм буолбатах, мин өр буолуом, киэһэ, хойут кэлиэм.
– Буоллун!
– Акаарытыйыма! Кыыскын ким көрүөй?
– Мин библиотекарбын, сылдьыахтаахпын!
– Оо, дьэ, эйигин эрэ күүтэн олордохторо буолуо. Чэ, сөп-сөп, барсаар. Бу эн туох буоллуҥ, ээ?
– Туох да буола иликпин. Эн билэргин барытын билиэхтээхпин. Маайа билэрин, Настаа билэрин, бары билэргитин-сатыыргытын, барытын…
– Оһо! һа-һа-һа…
– Күлүмэ. Хайа, ытаайаҕын… Эн тоҕо аахпаккыный? Хемингуэйы булан биэрэбин дуо?
– Кэнники. Сололоннохпуна. Ээ, сөбүлүөм суоҕа.
– Кырдьык, сөбүлүөҥ суоҕа… Мин эйиэхэ кыһыл свитер атыылаһыам, сөп дуо?
– Кыһыл да-а?! Кыһылы баҕарбаппын.
– Кыһыл свитер үчүгэй. Эйиэхэ барыа.
– Суох-суох! Кыһыл эрэ буолбатын!
– Кыһыл свитер атыылаһыам… син биир…
– Чэ-чэ, бэйэҥ бил.
– Хата, инньэ диэ.
Ситинник! Итинник эрэ. Субу күнтэн ыла кини өйдөөхтүк эрэ олоруоҕа, оччоҕуна кинини ким да олоҕу билбэккин, эн диэхтээн, хантан кэлэн билиэххиний диэ суоҕа. Түүл баҕайы (суох, түүл эрэйдээх) куоттун, симэлийдин, адьаһын эһиннин, олох эрэ хааллын, хайдах да буоллун, хайдах да эргийдин, хайдах да көрдүн-иһиттин. Даайа эрэйдээх, быраһаай, быралыйар бырастыы, аны атын Даайа буолуоҕа. Атын!
– Күн сарсын эйиэхэ кыһыл свитер атыылаһыам! Син биир…
– Сөп сөп.
– Син биир!..
Ситинник! Итинник эрэ. Туох үлүгэрэй, төһө өр акаары буолуохха сөбүй?! Түксү! Били ол күнтэн ыла кини уларыйа илик быһыылаах, киһи саатыах… Хайдах этэй ол?
…Оскуоланы кытары быраһаайдаһар күнүгэр кини тэтэркэй өҥнөөх ырбаахылааҕа. Саманнык, сараҕар баҕайы этэ.
Даайаны наар биир уол үҥкүүгэ ыҥырара, Даайа ол уолу урут көрөн эрэ билэрэ, кини «Б»-лартан этэ.
Бал кэнниттэн оҕолор бары өр баҕайы күүлэйдээбиттэрэ. Ол уол тоҕо эрэ наар Даайа аттыгар баар буолан иһэрэ, онуоха Даайа иһигэр маннык быһаарбыта: «ити кини… таптал».
Тоҕо – бүгүн? Билигин? Хантан күөрэйдэ кини? Тоҕо бүгүн? Таптал соһуччу кэлэр дииллэр, ол кырдьык эбит буоллаҕа. Суох, тоҕо «хантан күөрэйдэ» диирий?! Кини таптаабыта ыраатта эбээт, быданнаата, ону бу бүгүн өйдөөтөҕө эрэ дии. Ити – кини, кини… дьылҕа.
Даайа, баҕар, алҕаһыыра буолаарай? Суох, туох үлүгэрэй, бу сырыыга баҕас – кырдьык. Көрүллүө даҕаны! Билигин кини Даайаны атаарыаҕа, оччоҕуна кырдьык буолуо. Ити дии, кэнниттэн иһэр, дьылҕа эбит буоллаҕа. Суох, бүгүн буолбатах, тоҕо бүгүн? Хантан күөрэйдэ кини? Маннык эбит дии, маннык кэлэр эбит дии киһиэхэ таптал диэн. Саманнык дуо? Маннык эбит. Бүттэҕэ. Хобдоҕуо-уон!
Билигин кини, арааһа, өссө ууруура буолуо. Ити дии! Ол аата бу – үйэ тухары буоллаҕа, өлүөхтэригэр диэри, куруутун-куруутун… Маннык эбит дии… «Тоҥмут быһыылаах, иэдэһэ тыбыс-тымныы, муокас баҕайы…»
– Куруутун-куруутун, өлүөхпүтүгэр диэри дуо? – диэбитэ Даайа.
– Ы-һы! Эн үлэлиэҥ дуу, үөрэниэҥ дуу?
– Үөрэниэм.
– Мин эмиэ. Ханныкка?
– Өссө билбэтим. Мин библиотеканы таптыыбын. Институкка барыам, баҕар, библиотечнайга.
– Мин – Ригаҕа, авиационнайга. Суруйсуохпут дуо? Суох, бииргэ барыахпыт.
– Сөп. Чэ, мин киирдим. Маамам түннүгүнэн көрөрө буолуо. Суох, тохтоо эрэ, кэл, бэттэх тур. Буо-уот!
Бүттэҕэ ити, аны Даайа бэйэтэ уураата, иэдэһиттэн, ол аата бүттэҕэ, үйэ тухары маннык буолуо. Аны туох да кистэлэҥ ордубата быһыылаах…
Даайа ол түүн утуйбатаҕа да быһыылаах, наар ону эрэ саныы сыппыта. Муокас дии, кини олоҕо аны үйэ-саас тухары быһаарылыннаҕа. Эмиэ да үчүгэй курдук, суох, ол эрээри олус-олус курус… Бүттэҕэ, аны олоххо туох да кистэлэҥ ордубата быһыылаах. Ама, оннук буолуо дуо? Оччоҕо ханнаный, кинигэҕэ суруйар тапталлара? Суох эбит буоллаҕа. Ол эрээри Даайа таптыыр эбээт кинини, ити – кини… атын буолбатах, атын буолуох туһа суох, барыта быһаарылынна дии. Чэ, ол – үчүгэй… Ол гынан баран эмиэ да курус. Чэ, кэлиэхтээх – кэллэҕэ, бу аата – олох диэн буоллаҕа. Олох диэн тугуй? Бу – күн аайы, чаас аайы, мүнүүтэ аайы саарбахтааһын, онтон эмиэ да быһаарыныы, эмиэ да саарбахтааһын – дууһа мучумаана…
Истэн абыран, оччотооҕу Даайа эмиэ да сөпкө санаабыт эбит буолбат дуо?! Олох диэн – күн аайы, чаас аайы, мүнүүтэ аайы саарбахтааһын, онтон эмиэ да быһаарыныы, эмиэ да саарбахтааһын – дууһа мучумаана… Ити кырдьык. Чахчы оннук быһыылаах.
Оччотооҕу Даайа эрэйдээх ол түүннээҕи санаалара, кини үһүс таптала, түүҥҥү түүл курдук, муокас түүл курдук, күн-дьыл аастаҕын ахсын симэлийдэр-симэлийэн, күн-дьыл ардаҕын-хаарын кытары хайдах суураллыбыттарын, сүүрүгүрдүбүттэрин туһунан аллара кэпсиэхпит.