Читать книгу Алыһардаах Аана - Коллектив авторов, Ю. Д. Земенков, Koostaja: Ajakiri New Scientist - Страница 2

Киириитэ

Оглавление

Ойууннааһын киһи аймах үөскүөҕүттэн баар. Былыргы киһи айылҕа дьайар күүстэрин өйдөөбөт, утарылаһар кыаҕа суох буолан бу Үрдүкү Күүстэр дьаһалларын кытта сибээстиирэ, бэрик биэрэн манньыта сатыыра. Сахаларга итэҕэл улахан суолтаны ылара. Ол туһунан научнай литератураҕа элбэхтик суруллубут. Нууччалар кэлэллэрин саҕана сахаларга ойуун аптарытыата, салайар оруола үрдүк этэ. Ойууннар, Далан кинигэлэриттэн көрдөххө, аҕа баһылыктарга сүбэһит быһыытынан көмөлөһөллөрө. Олоҕу-дьаһаҕы тэрийиигэ, кыра иирсээннэри быһаарарга үтүө сүбэһит буолан, инники олоҕу сылыктыыллара, күнү-дьылы билгэлииллэрэ. Дьон көрдөһүүтүнэн ардаҕы түһэрэллэрэ, уот барыытын тохтотоллоро. Ойууннар ортолоругар отоһуттар араас ыарыыттан эмтииллэрэ.

Ойууннар туһунан В.Н. Басилов (Шаманство // Свод этнографических понятий и терминов. Религиозные верования. М., 1993), С.А. Токарев (Ранние формы религии и их развитие. М., 1993) суруйбуттара улахан сэҥээриини ылаллар. Ити учуонайдар быһаарбыттарынан, сахалар, бүрээттэр итэҕэллэрэ уруулуулар. Бэрт өрдөөҥҥүтэ Сибиир норуоттарын Киин Азияҕа тарҕаммыт ойууннааһын прогрессивнай дьайыылара сахаларга хаалбытын туһунан В.Л. Серошевскай (Якуты. – СПб, 1896), Г.В. Ксенофонтов (Хрестес. Шаманизм и христианство. – Иркутск, 1929), Г.В. Ксенофонтов (Урааҥхай сахалар. – Иркутск, 1937), Г.А. Попов (Шаманство у якутов. Т. 7. – Якутск, 2009), О.В. Ионова (Из истории якутского народа. – Якутск, 1944), Г.У. Эргис (Очерки по якутскому фольклору. – Якутск, 2008), Н.А. Алексеев (Традиционные религиозные верования якутов в ХIХ – начале ХХ вв. Этнография и фольклор народов Сибири. – Новосибирск, 2008), М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ (Үһүйээннэр уонна номохтор. – Дьокуускай, 2004), В.А. Кондаков (Ойуун эмтиир ньымалара. – Дьокуускай, 1998), В.А. Кондаков (Аар-Айыы итэҕэлэ. – Дьокуускай, 2011) үлэлэригэр суруйбуттар. Кэнники кэмҥэ саха төрүт итэҕэлин үөрэҕин киэҥ эйгэҕэ таһаардылар: У.А. Винокурова (Биһиги сахалар. – Дьокуускай, 2003), Р.И. Бравина (Шаманы – избранники небес и духов. – Якутск, 2016), В.В. Васильев-Чомпуу (Үһүйээннэр, номохтор. —Үөһээ Бүлүү, 2004), Н.Д. Васильева (Якутское шаманство (1920–1930 гг.). – Якутск, 2004).

Бу учуонайдар саха ойууннарыгар сөптөөх сыанабылы биэрэллэрин бэлиэтиибит. Холобура, В.Л. Серошевскай ойууннары үс категорияҕа араарар:

а) кыралар: Серошевскай суруйарынан, бу сымыйа ойууннар. Кинилэр гипнозтара суох, сиэртибэ биэрбитэ буолан дьону албынныыллар, сымыйанан эмтээбитэ буолаллар;

в) орто ойууннар: бу категорияҕа киирээччилэр чахчы аптаахтар (гипнозтаахтар), ону сатаан туһаналлар, ыарыһахха көмө оҥоруохтарын сөп;

с) улуу ойууннар: кинилэр күүстэрин Улуу Аар Тойон бэйэтинэн араҥаччылыыр. Күүстээх эмэгэттээхтэр. Итинник күүстээх ойууннары Хараҥа күүстэр баһылыктара истэр уонна кинилэр көрдөһүүлэрин толорор. В. Серошевскай этэринэн, Саха сиригэр биир кэмҥэ түөрт улуу ойуун баар буолуохтаах. Кини Бүлүү, Нам, Таатта уонна Бороҕон улуустарыгар олороллорун ыйбыт (В. Серошевский. Якуты. – СПб, 1896. – С. 606).

В. Серошевскай ити үлэтигэр Саха сирин улуу ойууннарын испииһэгин – «Реестр шаманов» киллэрбит. Реестргэ бааллар: Тоҕустан (оччолорго Лүүчүн Хоту Тоҕус дэнэрэ), Челодай (Дьолуодай), Даку (Туоҕа, Дуоҕа). Үһүйээҥҥэ Дуоҕа сааһыран иһэн ойууннаабыта дэнэрэ сурукка тиһиллэн киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Кини сиэнэ Дьолуодай ыраахтааҕыга илдьэ бараары бэлэмнээбит ойууннарыттан биирдэстэрэ. Кинилэри удьуордаан Лүүчүн сиригэр элбэх ойуун төрөөн-үөскээн аастаҕа.

Улуу учуонай Г.В. Ксенофонтов «ойууннары таҥараттан айыллыбыт дьонунан» сыаналаабыта. Итинник сыанабылы кини Алыһардаахха биэрбитэ. 1929 сыллаахха Гавриил Васильевич Булуҥҥа баран иһэн Ааналыын көрсөн кэпсэппитэ. Биллэн турар, уһун кэпсэтиигэ улуу учуонай бэйэтин үлэтин билиһиннэрбитэ. Эдьиий Аана быраһаайдаһарыгар киниэхэ ситиһиини баҕарбыт (Ойуку). Үгүс чинчийээччилэр этэллэринэн, ойууннарга уруурҕаһыы, удьуордааһын баарын билинэллэр. Холобур, Туоҕа Боотур уола Нэльчэкэ, киниттэн Дьолуодай төрүүр. Дьолуодай кыыһа Жирковтарга кийиит буолар. Аана хос сиэн эбит.

Саҥа былаас бастакы сылларыгар Саха сиригэр 380 ойуун баара, олортон 97-тэ Бүлүү уокуругуттан. Оччолорго ити ойуун уопсай ахсаанын үс гыммыт биириттэн ордуга киһини сөхтөрөр. Ойууннар үгүстэрэ Лүүчүн нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр, холобур, Алыһардаах удаҕан, Тумус Мэхээлэ, Мөлөкө ойуун уо.д.а.

А.А. Павлов, М.П. Григорьев

Алыһардаах Аана

Подняться наверх