Читать книгу Алыһардаах Аана - Коллектив авторов, Ю. Д. Земенков, Koostaja: Ajakiri New Scientist - Страница 4
Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур
Туоҕа Боотур удьуордара
Ытык мас
ОглавлениеӨрөөбүт уоспун өһүлэн,
Хоммут уоспун хоҥнорон,
Аламаас курдук чаҕылыйбыт,
Көмүс курдук күлүмнээбит,
Оҕуруо курдук кэккэлээбит
Оҕолорбут барахсаттарга
Былыргы быдан дьылларга
Олорон ааспыт өбүгэлэрбит
Уостубат уран тыллаахтара,
Өркөн-төлөн өйдөөхтөрө,
Үһүйэн кээспит үһүйээннэрин
Үкчү буолаарай диэн
Үтүктэн эрэбин,
Кэс тыл буолаарай диэн
Кэпсээн эрэбин.
Кэбээйи оройуонун I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Эбэ диэн ааттаах оттонор сир баар. Бу толоон соҕуруу өттүнэн Буурдаах үрэҕэ уонна Саһыл үрэх диэн уруккута оттонор үрэхтэр холбоһоллор. Бу Эбэ толоонун ортотугар (Эбэ толоонун хайа да өттүттэн көстөр) Ытык мас диэн тиит баара. Бу тиит ортотунан тостубута, төбөтө Ньыла диэн күөл атаҕын уҥуоргу өттүгэр тахсан сытара. Төрдө үс киһи кууһан илиилэрэ тиийбэт суон тиитэ этэ, ол мас төрдүгэр оттуу сылдьан отуу туттан, хонор буоларбыт.
Ол хоно сытан, аҕам Слепцов Федот оҕонньор сахалар бу дойдуга кэлэн олохсуйан, киһи төрдө буолан, ууһаан-тэнийэн испиттэрин туһунан маннык үһүйээни кэпсиир буолара. Тойон Булгудах Тыгын Муос уолун өлөрбүтүн иһин өстүйэн, Өрдүйэһит диэн Тыгыны уйар соҕотох миинэр аттааҕын өлөрөн баран, онон сылтах булан иирсибит уонна сүүрбэ киһилээх Горнай оройуонугар Орто Бүлүү Дьөккөн нэһилиэгинэн Бүлүү өрүһүн булардыы сиһи быһан, олохсуйар сири көрдүү кэлэн испиттэр.
Ол курдук айаннаан I Лүүчүн нэһилиэгин сиригэр Куба Сиэбит диэн сиргэ кэлбиттэр. Бу сир таһыгар Күүлэлээх, Суордаах, Бэрдьигэстээх диэн силлиһэ үрэхтээх күөллэргэ бултаан аһаан, сэттэ ураһа тоҥ омуктар олороллор үһү. Бу дьоҥҥо Тойон Булгудах биир киһини илдьит ыыппыт. Бу киһи тоҥ омуктарга илдьити эппит: «Биһиги тойоммут Тойон Булгудах бу күөл уҥуоругар кэлэн олорон илдьиттиир, Тыгын мастаах сиргэ батарбакка куотан иһэбит, үтүөнү үтүөнэн төлүөхпүт, үтүө дьоммут, күүс-көмө буоллуннар, дьонурҕаһа кэллибит, сынньанан ааһыахпытын көҥүллээтиннэр диэтэ. Туох дииргитин биллэрэр үһүгүт».
Онуоха биир хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас оҕонньор этэр: «Тойоҥҥор эт, ол улуу дойду оҕото, оттооҕор сымнаатын, сыалыһар быара буолан сылаанньыйдын, кэлэн тыл үтүөтүн кэпсэтэн, аспыт амтаннааҕын аһаан бардын, үтүөттэн туораабат дьоммут. Оттон күүс өттүнэн күрэстэһэр буоллаҕына, күөнү кытта күрсэн үөскээбит, хааны кытта харсан хатаммыт биллибит дьоммут. Онон, бука диэн куһаҕан эркиннээхтик сылдьыбатын, иккиэммитигэр эмсэҕэлээх буолуо».
Тойон Булгудах илдьити истэн баран, дьонугар: «Бэрт ыллыктаах тыллаах, киһиэхэ доҕор буолуох дьон эбиттэр, киирэн билсиэҕиҥ», – диэн дьаһайбыт. Ох саатын кирсин сүөрэн баран, соһон киирбит, дьоно кинини үтүктүбүттэр. Олохтоохтор мас хоруудаларга кумах барчаны балык хоргунугар булкуйан кутан аҕалтар, ахсааннарынан хатыҥ хамыйахтары уурбуттар уонна ыалдьыттарын: «Кэлиҥ, олоруҥ, өллө хабыҥ», – диэн ыҥырбыттар. Тойон Булгудах дьонун кэриччи көрөн баран, хамыйаҕы туора уурбут уонна икки ытыһынан баһан аһаан барбыт, дьоно кинини үтүктүбүттэр. Олохтоохтор өйдүүллэригэр, кэлбит дьон хамыйаҕынан баһан аһаабыттара буоллар, сэриилэһэр санаалаах кутталлаах дьон, илиилэринэн баһан аһыыллара, сыаны туппут илиилэринэн ох саа кирсин тардар кыахтара суох, онон куттала суох үчүгэй дьон кэлбиттэр. Кыргыс саҕанааҕы кыһалҕалаах олох абыычайдара оннук үһү.
Дьэ, олохтоохтор үөрүү бөҕөнү үөрэн тойонноругар эппиттэр. Олохтоохтор тойонноро Куордьаан Хоһуун сарыы ураһаттан тахсан, Тойон Булгудаҕы кытта куустуһан уураспыттар, кэккэлэһэ олорон, тыл үтүөтүн кэпсэппиттэр. Өлөр-хаалар күҥҥэ өйөһөр үчүгэй дьон кэлбит диэн үөрүү бөҕө буолбут. Кэлбит дьону туос ураһа тардан хоннорбуттар.
Сарсыарда туран көрбүттэрэ: күөл ортотугар икки куба түһэн аһыы сылдьаллар эбит. Куордьаан Хоһуун этэр: «Нохоо, Муостай Бэргэн, ити кубалартан, ыалдьыттарбытын аһатыахпытын, атыырын өлөрөн таһаар эрэ». Биир быччайбыт харахтаах кыра киһи, кураахтаах саатын туппутунан сүүрэн кэлэн, саатыгар малтаахай оҕу ууран, иэмэх курдук тарда-тарда ыйытар: «Тугар ытабын?». Куордьаан Хоһуун: «Бэйэтигэр ыттаххына ас ордоруоҥ суоҕа, төбөтүгэр ыт». Муостай Бэргэн саатын иэмэх курдук төгүрүччү тардан ыһыктан кэбиспитэ, лыаба тыаһа хабылла түспүт, икки кубаттан биирэ көтөн тахсан эргийэ сылдьыбыт, биирэ сытан хаалбыт. Муостай Бэргэн дүлүҥ тыынан кубаны киирэн таһаарбыт, көрбүттэрэ: ох кубаны икки хараҕын илдьи көтөн ааспыт. Тойон Булгудах Муостай Бэргэни «үчүгэй ытааччы эбиккин» диэн хайҕаабыт, кубаларын таһааран буһаран сиэбиттэр. Уҥуоҕун чаҕылах тиити хайа охсон, онно кыбытан баран, үс күөл тумуһаҕар баар өтөҕү Куба Сиэбит диэн ааттаабыттар.
Кэлбит дьон сынньанан өрөөбүттэр, ол өрөөбүт күннэригэр далла мэндэйэн, хары хапсан, быа былдьаһан уонна илии-атах оонньуутун оонньообуттар. Муостай Бэргэн, өтөҕү төгүрүйэ сүүрэн иһэн, тоҕус оҕунан ытан субурутан баран, төттөрү түһүүтүгэр сиргэ түһэрбэккэ хабан, хомуйан ылбыт. Тойон Булгудах дьонугар ону кыайар киһи суох буолбут, кини киһитэ Көтөр Көччөх ачаахтаах тиити ачааҕын иһинэн төттөрү-таары ойуолаабыт, ону наһаа дьулайа көрбүттэр.
Ол курдук оонньоон-сынньанан баран, Тойон Булгудах этэр: «Биһиги олоҕура кэллибит, үтүө дьоннорум, көмөлөһүҥ, саха киһитэ олоруон сөптөөх сылгы-ынах үөскүүр сирэ баара буолаарай, ыйан кулуҥ», – диэн көрдөһөр. Онуоха хаар маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас баара этэр: «Дьэ, бэрт, атын сиртэн кэлэн атаҕастыыр күннэригэр көмүскэһэ олоруохпут, оҕолорбут да уруурҕаһар буолуохтара. Өйдөөн, истэ олоруҥ, мантан тус илин бардахха, биир күн айаннаан тиийэр сиргэ илими үтэн баран, этэрбэһи кэтэ олордоххо тардыалаһан барар соболоох, хотугулуу-соҕуруу ньолбуһах улахан күөл баар. Ону Кучары диэн ааттаабыппыт, ол күөлтэн от үрэх тахсан холбоһор, өрүскэ түһэр бэрт түргэн сүүрүктээх Баппаҕаайы үрэҕи кыйа сытар от үрэх баар. Ол от үрэҕи маҥан табаны миинэн туораатахха бороҥ өҥнөнөр, бэрт нүөл оттоох киһи-сүөһү олохсуйуох сирэ баара», – диэн ыйбыт.
Барар аһылыктарын, сүүрүҥүйдүү буһарыллыбыт таба этин сул туоска хоторон, төгүрүччү олорон аһыыллар, оҕонньор кэпсиир: «Тус илин бардахха, үс хонон тиийэр сиргэ элбэх киһилээх-сүөһүлээх, тэҥнээҕин була илик Тэкилик Сүргэй диэн бэрт кутталлаах киһи олорор. Онтон бэркэ сэрэнэр буолаарыҥ. Күн ортотун туһунан бардахха Баайдаах диэн күөлү тула дьон олороро, чугаһынан икки атахтаах баарын билбэппин. Оттон бу Бүлүү эбэ хотун төбө өттүгэр саамайдар, дьирикинэйдэр бааллара, хоргус дьон этилэр. Бүлүүгэ хотуттан киирэр үрэххэ Маҥан Мэкчэ баар, оттон бэттэх Түҥ өрүһүн төбөтүгэр Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар суоллара сүтэн турар. Олор сүгүн олорпокко маннааҕы омуктары сордорун сордообуттара, арааһа, ыарыы кыайда быһыылаах. Мас бараныытыгар майаат омуктар бааллар. Эһиги батан кэлбит Танара диэн үрэххит төбө өттүгэр биһигини кырган үүрбүт Торгуу Дохсун аҕатын ууһа баар буолуохтаах», – диэн кэпсии олорбут. Тойон Булгудах, эбэтэр Туоҕа Боотур этэр: «Дьэ, кырдьаҕас, эн кэпсээбиккин сороҕун истэр этим, Торгуу Дохсун аҕатын ууһа хара ыарыыга эстэн турар, Үрэнчэ Хоһуун дьоно туматтар улуу өрүһү батыһа баран бараннар сүппүттэрэ диэни истэбин».
Итигирдик кэпсэтэн, аһаан, бараары турдахтарына, оҕонньор мэҥкэрэ түгэҕиттэн биир чупчурҕан оҕу ылан Туоҕа Боотурга биэрэр: «Бу этитиилээх ох этэ, биһиги өстөөхпүт өлбүт, онон эдэр киһи, эн илдьэ сырыт». Суор тумсун курдук тумустаах оҕу ылан кэһэҕэр уган баран, Туоҕа Боотур оҕонньорго биилээх тимир төбөлөөх сэлэмэ кустук оҕу биэрэр. Оҕонньор ону ылан, тутан туран: «Дьэ, оҕолорум, бэйэҕит икки ардыгытыгар иирсэр эрэ буолаайаҕыт, көмүскэһэ, көрсүһэ олорор буолаарыҥ. Ити мин ыйбыт сирим хоту өттүгэр ортотугар арыылаах суол уҥуоргу өттүгэр мин быраатым кэргэнэ, кыыһа олороллор, бырааппын Торгуу Дохсун өлөрбүтэ. Сөбүлээтэххинэ, ол кыыһы кэргэн ылаар», – диэн ыйар. Уолугар Муостай Бэргэҥҥэ бу дьону сирдээн, олохторун булларан биэрэригэр соруйар.
Куордьаан Хоһуун сирдээн, Эбэ толоонун арҕаа өттүнэн киирэн кэлбиттэр, аттарын ыытан баран, бэйэлэрэ көрө турбуттар. Эбэ толоонун ортотугар соруйан оҥорбут курдук сүрдээх улахан мас көстөр. Харахтара ыларын тухары хойуу от үүнэн, араас үчүгэй сытынан сабыта биэрэн, долгулдьуйа хамсыыр.
Алыһардаах диэн көлүччэ күөл, уута көстүбэт үөр кус болуот курдук уста сылдьара, урут ким куттаабыта кэлиэй, киһиттэн олох кыһамматтар. Көтөр Көччөх, хас да буолан, күөлү эргийэ баран көрөн кэлбиттэр. Күөл үрэххэ түһэр сиэннээх эбит диэн, талахха хайыыларыттан тиһэн алыһары уонна биир сара көҕөнү илиилэринэн тутан аҕалбыттар. Ону ылан Туоҕа Боотур көхсүн түүтүн үргээн көрбүтэ халыҥ баҕайы тастаах, быһаҕынан быһан көрбүтэ: «Нүөл оттоох-мастаах, үтүөкэннээх дойду эбит. Атын киһи суох буоллаҕына, ол көстөр улахан мас төрдүгэр тиийэн тохтоон, сирин кэрийэн көрүөхпүт», – диэн дьаһайар. Аттарын тутан бараары туран: «Нохоо, Көтөр Көччөх, ити аартыкка турар маска ыттан, төгүрүйэ көр эрэ», – диир Тойон Булгудах. Көтөр Көччөх аартыкка турар тиит ачааҕар ыттан олорон, төгүрүйэ көрбүт: «Оо, бэрт үтүө дойду эбит, соҕуруу өттүнэн икки от үрэх киирэн бара турда, илин өттүнэн сүрдээх күүстээх сүүрүктээх өрүс курдук үрэх кэлэн ааһар, харах ыларын тухары таба, тайах үөрэ киирэн аһыы сылдьаллара көстөр. Киһи баар быһыыта биллибэт, күөх торҕону тарпыт курдук тыа көстөр, өрүс ыраах быһыылаах, көстүбэт…»
Аты иҥэһэ тэбэринэн күөх оту кэстэрэн, толоон ортотугар соҕотоҕун үүнэн турар халлаан диэки харбаспыт, буор оһох курдук суон, сүрдээх улахан сүдү маска тиийбитигэр көрбүттэрэ: арааһынай симэҕи, таҥас кырадаһынын, ох арааһын, ат иҥэһэтин, үүнүн ууран аан дойду иччитигэр бэлэх биэрэр мастара эбит. Ол маска кэлэн аттарын баайталаан, ыҥыырдарын устан, ырдыыларын түһэрэн, Туоҕа Боотур: «Оҕолоор, уотта оттуҥ, кэлиэхпит диэбит сирбитигэр кэллибит»,–диэн дьаһайбыт уонна куйаҕын устан, баараҕай мас төргүү мутугар тахсан, Куордьаан Хоһууну кытта киирбит аартыктарын таһыгар турар ачаахтаах тииккэ куорсуннаах элиэ кутуруга оҕунан дьуолка оҕустахпыт диэн иккиэн ыппыттар. Ол охторо икки салаалаах тииккэ кэккэлэһэ быһаҕастарыгар диэри батары түһэн туралларын кырдьаҕастар көрөллөрө үһү. Ол киэһэ кэлтэгэй отуу туттан хоммуттар, ойууннарын кыырдаран алгыс алҕаппыттар. Ойууннара салама баайбыт ытык мас төрдүгэр уот отуннаран, сиэллээх хамыйаҕынан буор көһүйэҕэ ууллубут арыыны баһан, уокка кута-кута алгыс алҕаабыт:
Аан дойду иччитэ
Аан Алахчын хотун,
От-мас иччилэрэ,
Ойуу-дьарҕаа уолаттаргын
Уҥа өттүгэр сэтиилэнэн,
Дьарҕаа-бичик кыргыттаргын
Хаҥас өттүгэр ханыыланан,
Үөрэн-көтөн мичилийэн
Истэн туруоххун
Төһө-хачча буолуоҕай,
Хаалдьыктаах бэйэбит
Хаҥкыйан туран,
Сүһүөхтээх бэйэбит
Сүгүрүйэн туран,
Көрдөһөн эрэбит.
Эн бэйэлээҕи
Аат ааттаан,
Айах тутан,
Аҕам ынах
Ахтаах арыытынан
Аһатан эрэбит.
Сиэл баайан,
Дэбдиргэ ыйаан,
Бэлэх-туһах биэрэн эрэбит.
Үөрүнньэҥҥинэн үс дойдуга
Үгүстүк сураҕырбытыҥ –
Үөрэн көрүөххүн
Төһө-хачча буолуой?
Иэримэ дьиэни иччилээри,
Алтан сэргэни анньаары,
Тойон сэргэни туруораары,
Дойду оҥостоору
Тулаайахтарыҥ кэллибит,
Туохтар кэллилэр диэн
Туората көрөр буолаайаҕын,
Дьоллоох хонноххор хорҕотон,
Бүтэй бүккэр бүктэрэн,
Түүлээх түһэххэр төкүнүтэн
Иэримэ дьиэни иччилэтэн,
Иитэр сүөһүнү күрүөлэтэн,
Улууһу ууһатан,
Кэнчээрини кэҥэтэн,
Түүлээх төлкөбүтүн
Төрүттээн көр диэн
Үҥэн-сүктэн эрэбит,
– диэн сиэллээх хамыйаҕынан түөрэх кээспитэ олоро түспүтэ, бары үөрэн: «Уруй! Уруй!»–диэн ыһыытаспыттара, онтон салгыы ойууннара кыыран: «Иэйэхсит уонна Ынахсыт быһаҕастарыгар диэри быган, иһэгэйи ыһыахтыы турар бэрт дьоллоох дойду эбит», – диэн көрүүлэммит.
Сарсыҥҥы күнүгэр туран сүбэлэспиттэр, бу дойдуга олоҕуруоҕуҥ диэн, онон Туоҕа Боотур, Куордьаан Хоһуун, Дагдаҕар Боотур, Лэбиэрийэ Бөҕө буолан, били оҕонньор ыйбыт кыыһын көрө барбыттар.
Оҕонньор ыйбытын курдук, сайыҥҥы күн тахсыытын туһунан, ортотугар арыылаах бэрт улахан күөлү эргийэн, уҥуоргу өттүгэр буор холомо баарыгар кэлэн аттарын баайан баран, холомону көрбүттэрэ киһи суох эбит. Холомо холумтаныгар буор көһүйэҕэ собо буһан турар, тардыы алтан солуурга чэй оргуппуттар. Холомо хаҥас өттүгэр кыллаах туос ыаҕайа, далбар чабычах, саар ыаҕас, эҥин эгэлгэ тириилээх мэһэмээннэр кэккэлээн тураллар, остуолларыгар удьурҕай чороон оҥоһуллан эрэрэ баар, мас кытахха кумах барча кутуллан турар, мас мөөчүктэр араас таҥалай дьэрэкээн ойууларын оҥоһуута үчүгэйин көрөн туран, бу ким оҥороро буолуой диэн сөҕөн, Куордьаан Хоһуунтан ыйыппыттар, ону: «Мин балтым Үрүмэччи, эмээхсин кыыһа манна олорор, биһиги таайбыт сылгы-ынах сүөһүлээх, мантан чугас Баай эбэҕэ олорор, ол оҥорторор, – диэн кэпсиир.
Ол турдахтарына, таһырдьа сылдьар Лэбиэрийэ Бөҕө: «Иһэллэр!» – диэн биллэрэр. Куордьаан Хоһуун Тойон Булгудаҕы кытта эмээхсиннээх кыыска утары барбыттар. Сибэккинэн тэлгэммит тыа саҕатынан сарт тымтайдарга собо сүгэн иһэр эмээхсиннээх кыыска тиийэн кэпсэппиттэр. Такымынан охсуллар баттаҕын икки аҥыы өрүнэн намылыппыт, сарыы ырбаахылаах, тахсан эрэр күн саһарҕатын курдук тэтэркэй иэдэстээх олус үчүгэй кыыс кыбыстыбыт быһыынан өгүрүк-төгүрүк көрөн, сарыы тирэҥсэтинэн оту тарыйа турбут. Убайа Куордьаан Хоһуун балтыгар тиийэн: «Абаҕаҥ кырдьаҕас, бу Тойон Булгудахха кэргэн буоллун диэн илдьиттиир», – диэт, кыыһы сиэтэн аҕалбыт. Тойон Булгудах: «Сүрэхпинэн сөбүлээн, харахпынан хайҕаан турабын», – диэн кыыһы илиититтэн сиэтэн холомо таһыгар аҕалбыт. Атын үгүс тыл, кэпсэтии суох буолбут, уруулуу дьон быһыытынан кыыстаах эмээхсин туох баар астарын тардан аһаппыттар. Аһаан баран, кыыстаах эмээхсини икки хонон баран, көһөрөн ылыах буолан кэпсэтэн, улахан наадаларын толорбут дьон быһыытынан, ааһа турбуттар.
Тойон Булгудах, бу дойдуга кэлэн ааттаммыт аата Туоҕа Боотур Лүүчүн эмээхсин кыыһын Үрүмэччини кэргэн ылан, Кучан диэн күөл билиитигэр дьиэ туттан, кыыс Баай эбэҕэ олорор таайыттан сылгы-ынах сүөһү ылан, байан-тайан, киһи-сүөһү төрдө буолан олорбуттара үһү.
Кинилэртэн биир уол оҕо төрөөбүт, ол оҕо хараҕар күөх мэҥнээҕэ үһү, ол иһин Күрүөлээх Харахтаах Күрэнтэй Бэргэн диэн ааттаабыттар. Уоллара улаатан, аҕатынааҕар ордук сырыылаах киһи буолбут. Күҥҥэ түөрт уон көһүнэн эргийэн бултаан кэлэрэ үһү. Өлүөнэ эбэни өрө-таҥнары сыыйар, Сиэгэҥҥэ, Сиинэҕэ, Өлөөҥҥө тиийэн, ыйы ыйынан баран бултаан кэлэр, аҕалаах ийэтигэр истибэтэхтэрин иһитиннэрэр, көрбөтөх бултарын аҕалар киһи буолбут.
Сүүрбэ сааһын ааһыар диэри кэргэннэммэтэх. Аҕалаах ийэтэ кэтэһэ сатаан баран, биир киэһэ аҕата уокка иттэ олорон, уола баттах баҕанаҕа өйөнөн, аттыгар турдаҕына, эппит: «Хаһан кэргэннэнэн көрдөрөҕүн? Биһиги да кэтэһэ сатаатыбыт, ити сылдьан биир эмэ кыыһы көрбөккүн дуо?» Уола турбахтаан баран: «Мин сөбүлүүрбүн эһиги сөбүлүөххүт суоҕа», – диэбит. Аҕата кыыһыран мөхпүт: «Биһиэхэ хаһан аҕалан сирдэрдиҥ-таллардыҥ, утуй», – диэн буолбут.
Сарсыарда оҕонньор эрдэ туран эт буһартарбыт уонна уолун уһугуннарбыт. Уола аһыыр кэмигэр, суол аанынааҕы орон сыҥаһатыгар батыйатын тутан олорон, оҕонньор маннык диэбит: «Киһитэ суох кэлээйэҕин, үчүгэйдик тэринэн, аһаан бар». Уол саҥата суох тэринэн, таҥнан тахсаары турдаҕына, оҕонньор хаһан кэлэрин ыйыппытыгар: «Үчүгэйдик сырыттахпына түөрт хонуом», – диэт, уол тахсан барбыт. Үс хонон баран, төрдүс сарсыардатыгар оҕонньор туран ат баһа көхөҕө ыйанан турар аланаатын, нипчикатын, толору охтоох кэһэҕин, кураахтаах саатын ылан көрөттөөбүт уонна саҥата суох куобах истээх түнэ сонун түһэҕэр уурунан, уотугар аргынньахтаан олорон: «Куһаҕан да түүлү түһээтим, эмээхсиэн, – диэн кэпсии олорбут. – Оҕом хаҥас илиитигэр удьурҕай уктаах хара түөстээх быһыччаны тутан, быһаҕаһыттан үөһээ өттө хаан буолан кэлэн турарын көрдүм. Тугу-тугу түһээбитим буолла?» – өр саҥата суох соҥуоран олорбуттар.
Киэһэ уоллара улахан баҕайы хааһаҕы сүгэн киирэн кэлбит. Хааһаҕын арыйан, аргыый аҕай сиргэ түһэрбит. Кураахтаах саатын, кэһэҕин, батыйатын, балык хатырыга алтан куйаҕын устан, уот кытыытыгар кэлэн турбут. Аҕата: «Хайа, киһиҥ? – диэбит. «Аҕаллым, бэлэмнээххит дуо?» – диэн баран, түнэ хааһах тиһилигин сүөрэн, истэртэн дьикти эриэккэс, көрөртөн олус үчүгэй кыыһы сиэтэн таһаарбыт. Дьоно үөрэн, оҕонньор түүлүн умнан кэбиспиттэр. Дьэ, кийииттэрин (аата Инньээнчэ диэн) былыттаахха быктарбакка, күннээххэ көрдөрбөккө үс сыл олус үчүгэйдик олорбуттар. Оҕо төрөөбөтөх. Инньээнчэ булчута, үлэһитэ сүрдээх буолан, дьоно наһаа сөбүлээбиттэр.
Бииргэ олорбуттара төрдүс сылыгар сир тоҥон, кыра кыраһа түһэр буолуута, биир сарсыарда туран, Туоҕа Боотур уолун таһырдьа ыҥыран таһаарбыт уонна ыйыппыт:
– Дьэ, тукаам, бөөлүүн түһээтэхпинэ, ох сааларын кураахтарыттан тутан, дьиэбитин дьоннор эргийэ хаама сылдьаллар. Бастаан кыыскын аҕаларгар эмиэ бэрт куһаҕан түүлү түһээбитим. Күн-дьыл былдьаһар буоллубут, ити киһигин хайдах ылан кэлбиккин кистээбэккэ кэпсээ, – диэбит. Уола эппит:
– Субу мантан тус соҕуруу, күн ортотун туһунан бардахха, улуу Эбэ бэтэрээ өттүгэр, уу долгунун курдук кэрдиистэнэн үөһэ тахсар, күөх тумарык түһэн турар сирэ баар. Ол сир саамай оройугар олорор сэттэ бырааттыы тоҥ омуктартан улахан уол кэргэнин, бултуу бартарын кэннэ киирэн, уоран аҕалбытым.
Аҕата эппит:
– Ол дьонуҥ эккирэтэн кэлэр буолтар. Онон тус-туспа олоруохха, биһигини өлөрдөхтөрүнэ, эһиги ордуоххут, эһигини өлөрдөхтөрүнэ, биһиги хаалыахпыт, – диэн оҕонньор бүтэһиктээх быһаарыыны эппит уонна оҕолорун туспа олорпут.
Кучан күөлүгэр баар «Туоҕа өтөҕүттэн» аҕыс биэрэстэ холобурдаах Инньээн диэн улахан күөл баар, ол ортотунааҕы тумуһаҕар Мэтэгэр Бэс диэн муҥха тахсарын бэлиэтиир улахан бэстэрэ баарын таһыгар буор холомо оҥостон, уоллаах кыыс олорбуттар. Бу күөлү хойукка диэри кыыс аатынан Инньээнчэ дииллэрэ (билигин Инньээн диэн ааттыыллар). Кыыс халлаан сырдыыта ынах ыаһан, уол туутун көрөн, туһаҕын кэрийэн күн ойуута кэлэр эбиттэр.
Сир тоҥор, хаар түһэ-түһэ ууллар буолуута, биир сарсыарда уол да, кыыс да кэлбэтэхтэр. Кэтэһэ сатаан баран, Туоҕа Боотур оҕонньор баран көрбүтэ, уолун куорсуннаах оҕунан курдаттыы ытан кэбиспиттэрэ, тиити кууспутунан туран эрэ өлбүт, кыыс суох, ылан барбыттар. Уолларын аҕалан, ытаһан баран көмпүттэр. Туспа дууһалаахтар быстыахтара дуо, олороохтообуттар.
Уоллаах кыыс буор сыбахтаах холомо тутан, сыбах оһоҕунан ититэн олорбуттар эбит. Инньээнчэлээх биирдэ утуйа сыттахтарына, түүн ортотун диэки, күһүҥҥү хараҥаҕа бэрт сөҥ саҥалаах киһи хаһыытаабыт, уоллаах кыыс соһуйан уһуктубуттар. Уол хотохоонун сулбу тардан ылан, таһырдьа ыстаммыт, дапсы тыаһа табырҕаабыт, икки киһи көтөн түһэн, кыыһы сарыы суорҕанынан саба быраҕан, хамсаабат гына чороччу эрийэн, хааһах иһигэр уган сүкпүттэр. Кыыс бу урукку кэргэнэ илдьэ иһэрин кэпсэтэр саҥаларыттан билбит. Иккис Дьааҥы диэн ааттаммыт улахан Сиинэ оройугар олорор дьон (билигин Горнай оройуонун сирэ) түөрт уон көстөөх сиргэ сүгэн илдьиэхтэрэ дуо, кыыһы Дэбэки бэһин бэтэрээ өттүгэр түһэрбиттэр, хааһаҕын тиһилигин сүөрэн, сиэтэн аҕалан уот иннигэр тобуктаппыттар. Эрэ Дьабдьыл хотохоонун тирээн: «Аны куотуом суоҕа диэн аал уоккар андаҕай, саманна ортоҕунан быһан, төбөҕүнэн хайытан көмөн барыахпыт!» – диэн хаайа турбут.
Кыыс уот иннигэр тобуктаан, сэттэ хотохоонунан (батыйанан) тирэнэн, киэҥ көхсө кыараан, оччотооҕу уодаһыннаах хараҥа олох оонньуура буолан, күн-хаан тирээн, икки хараҕын уута чөмчүүк таастыы таммалаан: «Мин сөбүлээбиппэр эһиги аҕаллыгыт дуо, күүһүнэн хааһахха уган, сүгэн барбыта, эһиги ситэн көмүскээбэтэххит», – дии олорбут.
Аччыгый уол Сокор, саҥаһын аһыннаҕа буолуо, убайдарын хотохооннорун киэр тарыйбыт уонна саҥаһын сиэтэн илдьэн аһаппыт. Ити кэнниттэн туох да саҥата суох ортолоругар уктан илдьэ барбыттар. Улахан уол Дьабдьыл кэргэнин аҕалан, сүтүктэрин булбут дьон быһыытынан, үөрэн-көтөн уруккуларын курдук олорбуттар. Бу дьон Улахан Сиинэ үрдүгэр сүүһүттэн тахсыбыт кыыс абаҕатын кытта куруук бииргэ ураһаларын туруоран олорбуттар. Кыыс хабдьыга туһахтыыр, куобахха айалыыр уонна сэттэ киһи таҥаһын оҥорор, аһын бэлэмниир. Аччыктыыр, бултуйбат диэни үйэлэригэр билбэттэр. Тоҥ омуктар (биистэр) өбүгэ саҕаттан кэспэт биир алдьархайдаах абыычайдаахтар: кэргэннэрэ атын омуктан оҕолонноҕуна, төһө да аһыйбыттарын иһин, ити оҕону өлөрөн кэбиһэллэр. Хараҥа үйэ абыычайа да хараҥа этэ.
Хонуктар ааһан истэхтэрин аайы Инньээнчэ ити амырыын абыычай кыһалҕатыгар түбэһиэхтээҕин сэрэйбитэ. Урукку кэргэнэ Күрүөлээх Харахтаах Күрэнтэй Бэргэнтэн ыарахан буолбутун билиммитэ. Саха оҕото төрөөтөҕүнэ, дьонноро син биир өлөрүөхтэрэ, куотан да диэн төһөнү ыраатыай, биир көһү ыыппакка ситиэхтэрэ турдаҕа. Онон Инньээнчэ санаарҕаан быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалбыта, ыран-дьүдьэйэн барбыта.
Биирдэ абаҕатыгар эт таһаара тахсыбытыгар, оҕонньор сандалытын уот иннигэр аҕалан, чоҥку охсон, оҕотун чэйдэппит уонна ыйыппыт: «Туох дьоҥҥо бара сырыттыҥ, тоҕо ыраҕын-дьүдьэйэҕин, кэпсии олор», – диэбит. Инньээнчэ: «Сылгы-ынах сүөһүлээх улуу Хоро тойонун Тыгын сиэнигэр, самантан тус хоту күн тахсыытын туһунан, улуу Эбэ бэтэрээ саҕатыгар баран, олус үчүгэйдик олордохпуна, кэргэммин өлөрөн баран илдьэ кэллилэр, киниттэн ыарахан буолбуппун»,–диэн абаҕатыгар ыар-баттык буолбут санаатын кэпсии олорбут. Тирээн кэлбит кыһалҕаны хайдах да халбарытар кыахтара суох, иккиэн ытаспыттар. Кыыс тахсаары олордоҕуна, оҕонньор манныгы эппит:
– Дьэ, тукаам, күрээтэххинэ эрэ тыыннаах ордоҕун, икки хос сарыы сонно тигин, ол иһигэр итиигэ ирбэт, тымныыга тоҥмот сыата сирийэн өйүөтэ бэлэмнэн. Онтон атынын кэнники сүбэлэһиэхпит.
Оҕотун сыллаан, санаатын көтөҕөн атаарбыт. Кыыс курупааскыга ииппит туһахтарын, куобахха ииппит икки ойдоох ырбалаах мас айатын, тайахха тарпыт сулус ырбалаах мас айатын көрөр, итинэн санаатын аралдьытар, абаҕата күрүөҥ диэбититтэн улаханнык дьулайа саныыр. Киһи санаата тиийбэт ыраах сиригэр хайдах тиийиэй? Сэттэ эр бэрдэ кини эрэйдээҕи үрүҥ хаар үрдүгэр суоллаан, ыраатыннарбакка ситиэхтэрэ, оттон саха оҕотун төрөттөҕүнэ, үгүһү толкуйдуу барбакка, өлөрүөхтээхтэрэ турар. Ити кыһалҕатыттан кини күрээн көрөргө быһаарынар. Абаҕам тугу эмэ толкуйдуо диэн эрэнэ саныыр.
Күннэр ааһан иһэллэр, кыыс ол аайы ыараан, бытааран иһэрин билинэр, дьыл сааскытыйан, хаар кытаатан, киһи туутунан эрэ сылдьар, сатыы киһи мас да устата барбат бириэмэтэ буолбут.
Биирдэ аһаан тэллэҕэр хастаран аһатар табаларын бөрө ыспыт, дьоно бөрөлөрү сойуолуу, табаларын көрө бараары олордохторуна: «Бүгүн улахан буурҕа буолар, оҕолор, барымаҥ», – диэн оҕонньордоро киирэн эппит.
Сарсыарда үчүгэй баҕайы чуумпу күн буолла, Дьабдьыл тэһийбэтэ, тура-олоро сатаата уонна эттэ: «Оҕолор, ити кырдьаҕас түөһэйбит, бу бэйэлээх ыраас күҥҥэ туох буурҕата түһэр үһүө? Барыаҕыҥ», – диэн тэринэн барбыттар.
Кыыс үлэтин бүтэрэн абаҕатыгар тахсыбыт, эмиэ сандалытын уот иннигэр аҕалан, оҕотун чэйдэппит уонна маннык сүбэлии, кэпсии олорбут:
– Дьэ, тукаам, бу түүн күрээтэххинэ сатанар, кинилэр да буоллар киэһэ сылайан, нэһиилэ кэлиэхтэрэ. Олус сылайаннар, кэлээт, охтон утуйуохтара, кытаанахтык утуйбуттарын кэннэ, сэттиэннэрин кэтэр хайыһардарын өлүөр этэ быһах ончоҕун саҕа хаалар гына быһыта суруйан кэбиһээр, бүрүөтүн төттөрү сыһыардаххына, бу тымныы халлааҥҥа түргэнник сыста тоҥуо, оччоҕо билиэхтэрэ суоҕа. Субу мантан күн тахсыытын туһунан бардаххына, аҕыс күөлү ааһан, тохсус уҥуоргу тыата тараах тииһин курдук аччаан көстөр улахан күөлгэ тиийиэҕиҥ, ол күөл бэтэрээ өттүгэр халлаан сырдаатаҕына көрдөххүнэ, дуур булгунньаҕы умса уурбут курдук, тибиргэлээх буолуо, ону саамай кытаанах хомураҕын булан, хастан киирэн сытаар. Буурҕа суолгун тибиэҕэ, буурҕа астыар диэри онно сытыахтааххын. Дьэ, тукаам, куһаҕан түүлү түһээбэтэҕим, киһи төрдө буолаар, – диэн оҕонньор оҕотун сыллаан, алҕаан атаарбыт.
Күн киэһэриитэ эмискэ тоҥ маһы тоһутар, ураһаны көтүтүөх курдук алдьархайдаах буурҕа түспүт. Ыкса киэһэ маамыктанан курдаһан, дьоно ыран-быстан, дьиэлэрин нэһиилэ булбуттар. Кэлээт, наһаа сылайан, туох түбэһиэх охтон, утуйан хаалбыттар. Кыыс өйүөтүн суулаан, таҥаһын таҥнан, ураһатын аанын тутан туран, бырастыылаһан кэриччи көрбүт. Икки хараҕын уутун үтүлүгүн таһынан хаһыйа соттон тахсан барбыт, дьонун хайыһардарын өлүөр этэ быһах ончоҕун саҕа хаалыар диэри быһаҕынан быһыта суруйан баран, уунан ибиирэн бүрүөтүн хат сыһыарбыт уонна күн тахсыытын туһаайан, будулуйа турар буурҕаны ортотунан киирэн барбыт.
Аҕыс күөлү ааһан, тохсус күөлүн уҥуоргу өттүгэр тиийиитигэр, халлаан суһуктуйа сырдаан барбыт. Өйдөөн көрбүтэ, уҥуоргу тыата тараах тииһин курдук аччаан көстөр улахан күөл эбит. Абаҕам бу күөлү эттэҕэ диэн хайыһарын устан, кытаанах хомураҕы хастан киирэн сыппыт. Өр-өтөр буолбатах, дьоно төттөрү-таары үрдүнэн кэлэн ааһыталаабыттар, хаһыытаан ыҥырбыттар. Инньээнчэ олус сылайан, кэнникинэн утуйан хаалбыт.
Уһуктубута буурҕа астыбыт, хайыһарын кэтэн, күн тахсыытын диэки туһунан баран испит. Дьоно кыыс хастан сыппыт сириттэн үс күөлү ааһааттарын кытта бастакы хайыһардара тостубут. Күрүөйэх кыыс итиннэ үс хайыһар тостубутун көрбүт да, дьоно иннилэрин хоту бара турбуттар. Ону көрөн, соҕуруу өттүлэринэн ырааҕынан тумнан баран испит. Түүн сыгынах хоонньугар хататынан саҕан, уот оттунан нуктаан ылар. Ол курдук айаннаан, ахсыс хонугар дьонун дьиэтин кэннигэр Эбэ хапчылыгар хайыһарын устубут. Дьиэҕэ киириэн тойонуттан толлон, кыбыылаах от иһигэр киирэн, хотунун күүтэн сыппыт. Үрүмэччи эмээхсин сүөһүтүн киллэрээри тахсыбытыгар, кийиитэ утары туран кэлбитигэр, бастаан соһуйбут, онтон билэн, сыллаан ахтылҕанын таһааран баран, киллэрэн хотон түгэҕэр олордон аһаппыт.
Оҕонньоруттан дьулайан, ол киэһэ тугу да эппэтэх. Сарсыарда аһыы олорон эмээхсин оҕонньоругар:
– Мин бэрт муода түүлү түһээтим, түһээтэхпинэ оҕобут доҕоро Инньээнчэ кэлбит. Арай кэлэрэ буоллар, оҕонньор, хайдах буолуо этэй? – диэбит.
Оҕонньор олорбохтоон баран:
– Мин бөөлүүн түһээтэхпинэ, киһи киирэн, кийиитиҥ эн уолгуттан уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар ынах, сылгы түүтэ тутуурдаах бэрт толору дьоллоох уол оҕону төрөттө диэн кэпсии турдаҕына уһуктан хааллым. Ол биһиги оҕобутун туох ааттаах сураҕын иһитиннэриэ баарай? – диэн сөҥөн олорбут.
Итиннэ эрэ эмээхсин Инньээнчэ күрээн кэлбитин кэпсээбит. Оҕонньор саҥата суох истэн олорон баран эппит:
– Оҕом сөпкө кэлбит, хайыһардарын быһыта суруйбут буоллаҕына, саҥа хайыһар оҥостон бу хаар үрдүгэр кэлэр кыахтара суох. Хаар ууллуута үрэх уҥуор көһүөхпүт. Онно бэрт үтүө сирдэр бааллар, эккирэтэн кээлтэрин да иһин, абыычайдарын кэһэн, үрэҕи туоруохтара суоҕа. Оҕоҕор эт, уруккутун курдук киирэ сырыттын. Биһиги уолбут оҕото буоллаҕына, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар сылгы, ынах түүтэ тутуурдаах уол оҕо буолуо. Атын омук оҕото буоллаҕына биһигиттэн хоргуппатын, ону билэ-билэ киирдин, – диэбит.
Инньээнчэ уруккутун курдук киирэн олорбут. Хонуктар ааһан испиттэр. Эмээхсин сылгы, ынах түүтүн этэрбэһин иһигэр уктан хаһаанар идэлэммит. Кэм-хонук кэлэн, кыыс төрөөрү талыыламмытын, сарыы быыс тардан, эмээхсин ыарыылаабыт. Өр буолбатах, эмээхсин уол оҕо төрөөбүтүн бэлэмнээн турар хара саһылыгар суулуу тутан, ортотунан иҥиннэрэн баайа турдаҕына, оҕонньор быыс таһыгар кэлэн: «Оҕону таһааран көрдөр эрэ!» – диэн баргыйбыт. Икки илиитин мукуччу туттан, тымныырҕатан ытаан бахсыйа сылдьар оҕону эмээхсин таһаарбытын, оҕонньор оҕо илиитин көрбүтэ, уҥа ытыһыгар күөх мэҥнээх, хаҥас ытыһыгар түү тутуурдаах эбит, ону көрөн оҕонньор унуоҕа хамсыар диэри үөрбүт:
– Ол иһин оҕобут билэн кэлбит, кырдьык биһиги уолбут оҕото эбит, тыын оннугар тыыннаммыт, дууһа оннугар дууһа кэлбит. Тура төрүөбүт Турун диэн киһи буолаар, – дии-дии көтөҕөн ылбыт.
Бу оҕо сахалары уонна олохтоох тоҥ омуктары иккиэннэрин иллэһиннэрбит, кини үйэтигэр кыргыс буолбатах. Тура Төрүөбүт Турун Ньидьили күөлү сөбүлээн, онно олоҕурбута эбитэ үһү.
Н. Егоров
Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 302–311.