Читать книгу Алыһардаах Аана - Коллектив авторов, Ю. Д. Земенков, Koostaja: Ajakiri New Scientist - Страница 8

Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур
Туоҕа Боотур удьуордара
Нээтийэ аҕатын ууһа

Оглавление

Нээтийэ ойуун оҕолоруттан улахан уола Григорий Борисов (1724 с.т.), кыыһа Агафия Екимова (1732 с.т.) Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн олохсуйбуттарын туһунан суруйан турабыт. Кыыһа Агафия Иккис Үөдүгэй биир бас-көс киһитэ Хомподой Телкоев (1698–1774 сс.) төрдүс уолугар Василий Петровка (1730–1782 сс.) сүктэн барбыт. Оттон Григорий Борисов олохтоох үһүйээҥҥэ Барыыс диэн аатынан киирбит, Кинээс аҕатын ууһун төрдө буолбут.

Нээтийэ сурукка-бичиккэ киирбит кыргыттара – Эйээкчин (1710 с.т.), Орина (1722 с.т.), уолаттара – Иван (1726 с.т.), Беппе (1733 с.т.), Ефрем (1738 с.) Орто Бүлүү улууһугар олохсуйбуттар. Улахан кыыһа Эйээкчин Лүүчүҥҥэ Дьуона аҕатын төрүттээбит Асхарыма холоонноох доҕоро буолбут. Нэһилиэккэ 1782 с. ыытыллыбыт ревизскэй сказкаҕа суруллубутунан, Эйээкчини Хаҥаластан саха саарына Софрон Сыраанап кинээстиир буолаһыттан Нээтийэ Күчэнэхэп кыыһа диэбиттэрэ интэриэһи үөскэтэр. Уон уолуттан биирдэстэрэ Кучуняк диэн ааттааҕа историяҕа бигэтик киирэн турар (Элерт А.Х. Народы сибири в трудах Г.Ф. Миллера. – Новосибирск, 1999. С. 175). Күүстээх Күчүнэх (Хара Бытык, Кылыыһыт ойуун) оччолорго улахан ойууннартан биирдэстэринэн ааҕыллара (Серошевский В.Л. Якуты. М., 1993. С. 606). Кинини хайдах өлөрбүттэрин туһунан үһүйээни Багдарыын Сүлбэ 1988 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Ис иһигэр киирдэххэ» кинигэтигэр киллэрбит: «Күүстээх Күчэнэх (Хара Бытык, Кылыыһыт ойуун); Дьөҥкүүдэни баһылаан баран, өрүһү таҥнары батан, өссө атын үтүө дойдулары сабардыыр санааламмыт. Кини, сэһэн быһыытынан, түөрт уонча киһилээх Үөһээ Бүлүү диэки айаннаабыт. Ол иһэн, илин диэкиттэн, Нам сириттэн, Мымак кинээс сиэнэ дуу, быраатын уола дуу Быыгынас ойуун диэн киһи дьоннорун кытары иһэллэрин истибит. Ол кэннэ кинилэри сэриилээн кыргар биитэр төттөрү кыйдыыр санаалаах утары айаннаабыт. Быыгынастаах ону билбиттэр уонна Быракаан үрдүгэр тоһуур тэрийбиттэр. Быыгынас мүөлүтэр охтоох Мүөгү Бөҕө, Халан Тулааһын, Тор Маҕайылык диэн уолаттардаах уонна Куоҕай Моҥус диэн атастаах эбит. Сарсыарда күн тахсан эрдэҕинэ хаҥаластар элбэх буолан, куйахтара килбэҥнээн, тиийэн кэлэн, үрэх оломугар кэстэрэн киирэн, аттарын уулата турбуттар. Намнар, аҕыйахтара бэрт буолан, дьулайбыттар. Ытыһыа суох курдук буолбуттар. Ол түгэҥҥэ уолаттар аҕалара Быыгынас ойуун саҥа аллайбыт: «Мүөгү уолум, толоон уҥуор олорор куруппааскыны моонньоох баһын быһа ытан кэбиһэбин диэн кэпсэнэриҥ дии. Көр эрэ. Кылыыһыт ойуун көмөгөйө күөрэйэн көстөрүн. Дьэ бэрт буоллаххына, түүлээх охто уолугун үүтүнэн харахалаа эрэ!» – диэбит. Мүөгү, эттэ дуу, эппэтэ дуу диэбит курдук, кулгаах тааһыгар диэри саатын аҥаабыллаат, ытан саайбыт. Уолугун оҥойор үүтүгэр түһэрбит. Кылыыһыт ойуун өлөр кыланыытын кыламмыт: «Бу хайдах, хараҕым сабыллан, оноҕос кэлэрин көрбөккө хаалбыт сорбунуй! Мүөлүтэр охтоох Мүөгү Бөҕө диэн баар сурахтааҕа. Ол сиэтэ быһыылаах!..» – диэбит. Ити кэнниттэн намнар, харса суох ытыалаан кыырайдатан, хаҥаластар уонтан тахса киһилэрин былдьаабыттар. Хаҥаластар, тэриллиилээхтик кыайан утарсыбакка, куотар айдааныгар барбыттар. Намнар, атынан эккирэтэ сылдьан, охтортообуттар. Кэлиэхситтэр үүрэн аҕалбыт сылгыларын (сиир сылгыларын оччотооҕуга үүрэ сылдьаллара үһү) быһа охсон ылбыттар. Онуоха Кылыыһыт ойуун быраата дуу, туга дуу Эрэһэ ойуун диэн баара, бөрө буолан тула сүүрэ-сүүрэ, иччилээхтик улуйбута үһү. Ол иһин, ойуунтан дьиксинэннэр, ылбыт сылгыларын аҥаарын хаҥаластар кэннилэриттэн кыйдаабыттар. Ол Эрэһэ ойуун, фольклортан сылыктаатахха, убайа өлбүт сиригэр, суурт туттан, олорбут, убайын харайбыт чинчилээх. Ол иһин билиҥҥэ диэри Эрэһэ Суурда диэн ааттаах, үрэх ээйэ, дулҕалаах, бадарааннаах кэҥэс маара баар. Хаҥалас ааттаах киһитэ, Тыгын сиэнэ Күчэнэх-Кылыыһыт ойуун быстыбыт сирэ билиҥҥэ диэри Хаҥалас Оломо диэн ааттана турар» (С. 50–51).

Күчүнэх хас оҕолооҕо, кинилэр ааттара сурукка киирбитэ биллибэт. Нээтийэ кини уола буолуон син дуо? Сааһынан сөп түбэһэр курдук. «Колониальная политика Московского государства в Якутии XVII в.» (Л., 1936. С. 191) уонна И.Г. Березкин «Өбүгэлэрбит уонна үөлээннээхтэрбит суолларынан» (Дьокуускай, 1981. С. 79–80) кинигэлэргэ суруллубутунан, 1680 с. Үөһээ Бүлүү кыстыгар буолбут иирсээни (Тараҕай Болтоҥо баһылыктаах сахалар нуучча булчуттарын уонна хаһаахтар этэрээттэрин кытта сэриилэспиттэр) быһаарса бара сылдьан, Маһары уолугар Хара Бытыкка Тараҕай Болтоҥо 16 саастаах кыыһын Үчүгэй Чөмөҕөрү кэргэн кэпсэтэн кэлэр. Сотору буолан баран, кыыһы бэйэтэ сөбүлээн, үһүс ойоҕунан сүгүннэрэн аҕалар, онон кыннын кытаанах дьүүлтэн быыһаабыт. Оччолорго Маһары уола Күчүнэх кэргэн ылар саастаах эбит диэн сэрэйиллэр.

Өскөтүн Нээтийэ чахчы Маһары сиэнэ, Күчүнэх уола буоллаҕына, кини 1680 с. кэнниттэн төрөөбүт буолан тахсар. Аҕатын Быыгынастаах 1703 с. кэнниттэн өлөрбүттэрэ буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Маһары тыыннааҕар кини уолун өлөрөртөн туттуммут буолуохтаахтар. Маһары оччолорго нуучча администрациятыгар сахалартан улахан ыйааһыннаах киһи этэ. Онон тыыннааҕар уолун өлөрүү иэстэбиллээх буолара биллэр. Аны кыыһа Эйээкчин 1710 с. төрөөбүтүттэн сылыктаатахха, Нээтийэ аҕатын өлөрөллөрүгэр турбут киһи буолуохтаах. Баҕар Күүстээх уолун Нээтийэни олохсутаары сир көрдүү сылдьан суорума суолламмыт да буолуон сөп. Нээтийэ аймахтарыгар лүүчүннэргэ (Туоҕаны үһүйээннэргэ Тыгын чугас аймаҕа дэнэр) кэлэн, сир ылан олохсуйдаҕа, Кырыкый аҕатын ууһун баһылыга буоллаҕа диэн сабаҕалыыр оруннаах соҕус.

Оччотугар Нээтийэ Ойуун – Маһары сиэнэ, Күүстээх Күчэнэх уола. Кини аатын Нятия Кученяков – Софрон Сыранов кинээстиир буолаһын киһитэ диэн сурукка киллэрэн үйэтиппиттэр.

Нээтийэ аҕатын ууһугар төннөбүт. Нээтийэ улахан кыыһа Эйээкчин Дьуона аҕатын ууһун тэнитиспитэ диэн суруйан турабыт. Бу халыҥ аймахха билигин киирсэллэр: Ионовтар, Михайловтар, Николаевтар, Григорьевтар, Яковлевтар. Урукку көлүөнэлэртэн ордук биллибиттэрэ Сүлбэ Баһылай уолаттара Саппырыан (01.01.1891 с.т.) уонна Биллигир Мэхээлэ (07.09.1893 с.т.). Улахан уол Саппырыан элбэх үһүйээннэри, номохтору билэрэ, барыны барытын интэриэһиргиирэ. Суруйааччы Болот Боотур кэлэ сылдьан анаан-минээн көрсүбүтэ, күнү-күннүктээн олорон кэпсэппиттэрэ. Кини кэпсээбит сэһэннэрэ сурукка киирбэккэ хаалбыттара хомолтолоох.

Сүлбэ Баһылай иккис уолун Биллигир Мэхээлэ туһунан «Лүүчүннэр. Өбүгэлэрбит омоон суолларынан» кинигэҕэ (Дьокуускай, 2008) сиһилии соҕус суруллан турар: «Биллигир Мэхээлэ орто уҥуохтаах киһи кырдьыбыта, тардыбыта быһыылааҕа. Тараҕай төбөтө өрүү былааттаах буолара, үрдүнэн хара хортуус уурунара. Үчүгэйдик истээри гынара эбитэ дуу, былаатын аҥаар өттүн кулгааҕын кэннигэр кыбытар идэлээҕэ. Баркытын, чараас ырбаахытын кэтэн олохтоохтору уонна кэлбит дьону батыһыннаран сулбу-халбы хомунан хоруу хоро үөскэ киирэрэ. Маннык субуотунньуктар, хоруу бүтүөр диэри, нэдиэлэнэн барар быһыылаахтар этэ. Бөһүөлэк дьоно барбыттарын да кэннэ, Мэхээлэ оҕонньотторун батыһыннаран, өссө хас да хонукка үрэхтэри устатынан кэһэ сылдьан, атахтарынан мээрэйдииллэрин, сорох сиринэн күрдьэҕинэн эбии баһан биэрэллэрин батыһа сылдьан көрөрбүт.

Бу үлэ төһө, туох кэскиллээҕин биһиги оччолорго хантан билиэхпит баарай? Төһөлөөх бааһына сирэ солонорун, үгүс үрэх хорулларын көрө улааппыппыт буолуой? Баҕар, күнүгэр дьоммут такайыыларынан тугу эмэ ыйдаҥардыбыта буоларбыт эбитэ буолуо да, кэлин улаата түһэн эрэ баран ити барыта олоххо улахан наадалааҕын, инникини өтө көрөн, кэскили тэринии буоларын удумаҕалатарбыт быһыылааҕа.

Биллигир Мэхээлэ сүрдээх сытыы гынан баран, бал-бааччы тыллаах-өстөөх кырдьаҕас этэ. Өрөлөһөр киһиэхэ баламат да соҕустук тыллаһара. Ордук холкуос салайааччыларын кыайара. Үлэ-хамнас кыайтарбата, сыыһа-халты да дьаһаныы ханна барыай? Дьэ, онно кини үчүгэй аҕайдык кымньыылаталаан биэрэрэ» (С.С. Ионов).

Биллигир Мэхээлэ биэс сылы быһа субуруччу 40 биэттэн 40 кулуну ылбыта. Үөһээ тэрилтэттэн: «Социалистическай Үлэ Геройугар киһигит докумуонун оҥорон түһэриҥ», – диэбиттэрин, олохтоох салалта дьоно: «Киһи быһыытынан герой буолар кыаҕа суох», – диэн куолулаан, Мэхээлэни өйөөбөтөхтөр. Били сытыы кылыс тылынан кымньыылаталларын сөбүлээбэттэрэ итинник диэлийэн таҕыстаҕа. Ол да буоллар С. Ионов суруйарынан, салайааччылар Мэхээлэ оҕонньору бэйэлэриттэн тэйиппэттэр этэ. «Туох эмэ уустук боппуруос үөскээн таҕыстаҕына, Мэхээлэни кытта сүбэлэһэллэрэ, ыллыктаах тылын-өһүн истэллэрэ. Кэлин эргитэ санаан көрдөххө, улахан муударай оҕонньор бу орто дойдуга кэлэн барбыт эбит. Хайаан да тылынан-өһүнэн, өйүнэн-санаатынан сабырыйтыыр буолан тойотторго «сээн» дэттэҕэ, үөлээннээхтэригэр баһылык буоллаҕа.

Кини туһунан билигин да төрөөбүт түөлбэтигэр эрэ буолбакка, чугастааҕы нэһилиэктэргэ, өссө улууска даҕаны тиийэ элбэх үһүйээн аҥаардаах кэпсээннэри истиэххэ сөп. Онно кини мындыр өйө, сытыы тыла-өһө булгуччу чорботуллан бэлиэтэнэр. Үтүө киһи аата-суола ити курдук уос номоҕо буолбут. Биллигир Мэхээлэ сахаҕа дэҥҥэ төрөөн ааһар сүдү киһи этэ» (С. 216–217). Эйээкчин атын оҕолорун, ыччаттарын туһунан эмиэ бу кинигэттэн билсиэххэ сөп.

Нээтийэ иккис кыыһа Орина (1722 с.т.) биир дойдулааҕар Оебит Ожиҥҥа-Николай Антоновка (1731с.т.) кэргэн тахсан, соҕотох Дария (1776 с.т.) диэн кыыстааҕа биллэр. Орина кыыһын 54 саастааҕар төрөппүт, онон сааһыран баран олоҕун оҥостубут диэн сабаҕалыыбыт. Кыыһа Дария 15 саастааҕар Батак Бекчоков кинээстиир Үөдүгэй буолаһын киһитигэр Килэҥкэйгэ сүктэн барбыт. Кини туһунан мантан ордук билиибит суох.

Мантан аллара Нээтийэ Орто Бүлүүгэ олохсуйбут уолаттарын утумун эридьиэстээһиҥҥэ киирэбит.

Нээтийэ иккис уола Иван (1728 с.т.) Үөһээ Бүлүү кыстыгыттан Куһаҕан Сырай Желаков кинээстиир Дьаархан буолаһыттан Уракан Уткин кыыһын Матрена Афанасьеваны (1720 с.т.) сүгүннэрэн аҕалбыт. Оҕолоро: Михаил (1759 с.т.), Петр (1761 с.т), Илья (1766 с.т.), Сэргэх (кыыс, 1752 с.т.), Мария (1754 с.т.), Катерина (1764 с.т.). Кыргыттара бары Орто Бүлүү кыстыгын буоластарын кийииттэрэ буолбуттар. Улахан кыыс Сэргэх Самсон Шергин кинээстиир буолаһын (I Тоҕус) киһитигэр Жалдай Берчеховка сүктэн барбыт. Ити буолас киһитэ Бобров Оконнеев иккис кыыһы Марияны кэргэн ылан, дьиэ-уот тэриммит. Бобров Дагдаҕар Боотуртан тымыр-сыдьаан тардар. Кини улахан уола Мэлтэҕэр Чуохаан диэн үһүйээннэргэ кэпсэнэр. Чуохаан уола Ньээкэҥниир Бастакы Тоҕуска олохсуйбут. Киниттэн Орто Бүлүү биэс кулубалааах Еремеевтэр утум тардаллар. Ньээкэҥнииртэн Оконней төрүүр. Кини аҕыс уолаттарыттан биирдэстэрэ Бобров-Павел Оконнеев. Үһүс кыыс Катерина – Лүүчүннэр кийииттэрэ, Саргыр Ожин холоонноох доҕоро буолбут.

Иван Борисов уолаттарын утумун биирдиилээн үөрэтэбит. Улахан уол Михаил кэргэнэ эмиэ Бастакы Тоҕустан Дария Пономарева кыыһа Анна Степанова, аҕата кимэ биллибэт. Михаил 1785 с. өлбүт, кэргэнэ кини өлбүтүн кэннэ, 1792 с. Чобох Быкин кинээстиир буолаһын киһитигэр кэргэн тахсыбыт. Михаилтан утуму салгыыр оҕо хаалбатах.

Иккис уолун Бүөтүрүн кэргэнэ – Павел Попов кинээстиир Дьооху буолаһыттан кинээс кыыһа Орина (1755 с.т.). Кинилэр алта оҕолоохтор: Магандык-Григорий (1784 с.т.), Барахсан-Еким (1787 с.т.), Чомчорук-Александр (1792–1856 с.с.), Татьяна (1785 с.т.), Саатыыр (1791 с.т.), Пелагея (1795 с.т.).

Григорий Петров кэргэнэ Марина (1823 с.т.), оҕолоро: Павел (1821 с.т), Василий (1823 с.т.). Нэһилиэккэ 1850, 1858 сс. ыытыллыбыт биэрэпискэ кинилэр ааттара киирбэтэх. Олохтоох сэһэҥҥэ Павелтан Сыгынньах ойуун төрүүр, сүрэхтэммит аата Николай. Кэргэнэ Саха сиригэр бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит Алыһардаах Удаҕан-Анна Дмитриевна Иванова (13.03.1848 с.т.). Кинилэр 1888 сыллаахха тохсунньу 31 күнүгэр Бүлүү таҥаратын дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэр. Миэтирикэҕэ Николай Павлов сааһын 35-һэ диэн ыйбыттарыттан сылыктаатахха, кини 1853 с. төрөөбүт буолан тахсар. Бэйэлэриттэн оҕолоро суох буолан ыалтан Дарияны уонна Иваны ииттэллэр.

Ииппит кыыһа Даарыйа Кучан олохтооҕор Кылаан Борокуоппайга-Михайлов Прокопий Прокопьевичка (1884 с.т.) кэргэн тахсан, 1927 с. биэрэпис (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 38. Д. 221) кэрэһилииринэн, үс оҕолоох: Петр (1914 с.т.), Прокопий (1925 с.т.) , Евдокия (1921 с.т.). Кучантан төрүттээх Саввинов Прокопий Иннокентьевич кэпсээбитинэн, Кылаан Борокуоппай оҕолоро Прокопий уонна Евдокия Кэбээйигэ олохсуйбуттар. Ииттибит уола Борисов Иван Михайлович – аҕата Мэхээт (Мукучу), ийэтэ кимэ биллибэт. Араспаанньатын биэрэн бэйэтин үйэтиппит. И.М. Борисов оҕолоруттан Степан сылгыһыт этэ, кэргэнэ аатырбыт олоҥхоһут Куоҕас Уйбаан кыыһа Дуунньа, уон оҕолоохтор. Иккис уола Иван Иванович – СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Үһүс уол Алексей биллиилээх механизатор этэ. Билигин Баҕадьанан, Мукучунан, Дьокуускайынан Борисовтар диэн аҕа ууһа, халыҥ аймах үүнэн-үөскээн эдьиийбит Аана араспаанньатын халыҥата сылдьаллар. Өссө да үүнүөхтэрэ-сайдыахтара турдаҕа.

Еким Петров кэргэнэ Матрена (1793 с.т.) диэн эбит, оҕолоохторо биллибэт. Оттон Чомчорук-Александр кэргэнэ Анна Петрова (1798 с.т.), оҕолоро: Петр (1826 с.т.), Леонтий (1830 с.т.), Семен (1839 с.т.), Матрена (1820 с.т.), Анна (1831 с.т.). Улахан уол Бүөтүр ыал буолбута эрэ биллэр, кэргэнэ Матрена киниттэн икки сыл балыс. Мантан ордук кинилэр тустарынан билиибит суох.

Иван Борисов үһүс уолун Илья сахалыы аата Моҕус диэн эбит. Бука аһастаах киһи буолан итинник ааттаннаҕа. Ефросинияны (1781 с.т.) кэргэн ылан лаппа ыччатырбыт – Алексей (1798 с.т.), Сергей (1802 с.т.), Николай (1808 с.т.) , Мария (1809 с.т.), Никифор (1816 с.т.), Евдокия (1817 с.т.), Петр (1815 с.т.), Гаврил (1827 с.т.). Илья алта уолуттан нэһилиэккэ 1850 с. биэрэпиһинэн түөрт уола хабыллыбыт. Биэрэпискэ улахан уолларын Алексей аата киирбэтэх. Матрена (1827 с.т.) диэн ааттаах кыыһа, ииттибит уоллара Семен (1832 с.т.) кинилэри кытта олороллоро ыйыллыбыт. Илья иккис уолун Сергейин кэргэнэ Марфа Петрова (1800 с.т.), оҕолоро: Василий (1845 с.т.), Домна (1843 с.т.). Нэһилиэккэ 1858 сыллаахха ыытыллыбыт ревизскэй сказкаҕа Сергей 1856 с. өлбүтүн суруйбуттар, уолун Василий аатын киллэрбэтэхтэр. Сергей кэргэнэ Марфа өлбүт бадахтаах, иккис ойоҕун аата Аана (1855 с.т.) диэн эбит. Оҕолоохторо суруллубатах. Онон Сергей Ильич уол өттүнэн утумун манан быһарга күһэлиннибит.

Үһүс уол Николай Ильин кэргэнэ Агафия Алексеева (1803 с.т.), үс оҕолоохтор: Николай (1831 с.т.), Елена (1834 с.т.), Анна (1856 с.т.). 1858 сыллаах биэрэпискэ Николай Николаев олоҕун өссө да оҥосто илигэ бэлиэтэммит.

Төрдүс уол Петр Ильин ыал буолбут, кэргэнэ Мария Константинова (1820 с.т.), оҕолоро: Семен (1832 с.т.), Егор (1852 с.т.). Уолаттар ыал буолан оҕо төрөппүт докумуоннарыгар архыыпка таба тайамматыбыт.

Бэһис уол Гаврил Ильин кэргэнэ Феодосия Ларионова (1828 с.т.), сурукка киирбитинэн Дмитрий (1847 с.т.) диэн ааттаах уоллаахтар. Маны таһынан 1854 с. төрөөбүт Николайы ииттэллэрэ бэлиэтэммит.

Аны нэһилиэккэ 1917 с. ыытыллыбыт хаһаайыстыбаннай биэрэпиһи (НА РС(Я). Ф. 343-и. Оп. 4. Д. 455) ылабыт. Нээтийэ аҕатын ууһа биэс хаһаайыстыбаттан ( 10 эр киһи, 12 дьахтар) турара ыйыллыбыт. Аҕа ууһун үс хаһаайыстыбата Петр Ильиҥҥэ сыһыаннаах быһыылаах. Уола Иван Петров (1856 с.т.) түөрт оҕолоох: 41 саастаах Семен, 32 саастаах Иван уонна ааттара суруллубатах (аҕаларын кытта бииргэ олороллор) 30, 28 саастаах уолаттар. 51 саастаах Егоров Савва – Петр Ильин Егор диэн уолун уола буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Маны таһынан Петр Ильин 1858 сыллаах биэрэпис кэнниттэн төрөөбүт Алексей диэн уоллаах быһыылаах. Бэйэтэ өлөн биэрэпискэ хабыллыбатах, кэргэнин сааһа – 52, икки уоллааҕа, икки кыыстааҕа ыйыллыбыт. Хаһаайыстыбаны улахан уола Спиридон тутан олороро суруллубут. Онон бу аҕа ууһугар Петр Ильин эрэ ыччаттара киирбиттэрэ дьикти. Бука, кинилэр эрэ өбүгэлэрэ Нээтийэ ойуун олорбут сиригэр олохсуйан хаалбыттар быһыылаах. Атыттар бары атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйдахтара.

Нээтийэ үһүс уола Бебпе (1735 с.т.) 1781 с. өлөн сүрэхтэммэккэ хаалбыт быһыылаах. Кэргэнэ Мукучуттан Дагдаҕар Баатыр сиэнэ, Клевинскэй Дагдагаров кыыһа Мария (1724 с.т.). Оҕолоро суох, онон бу салаа манан быстан хаалла. Бебпе сүрэхтэммэтэҕинэн сылыктаатахха, кини эдэр сааһыгар көрү-нары батыһан, өлүөн аҕай иннинэ бэйэтиттэн 11 сыл аҕа дьахтары кэргэн ылан, оҕоломмокко да хаалбыт буолуон сөп курдук.

Ефрем Борисов (1738 с.т.) кэргэнин бэрт ыраахтан сүгүннэрэн аҕалбыт. Намтан (Дьокуускай таһа) Салбаҕа Бүөтүр кинээстиир буолаһыттан Путилка диэн киһи кыыһын Мария Михайлованы (1747 с.т.) кытта олохторун холбоон, соҕотох биир уоллаахтар – Павел (1769 с.т.). Кинилэргэ таҥара итинтэн элбэх оҕону биэрбэтэх быһыылаах. 1816 с. ыытыллыбыт биэрэпискэ Ефремы 1812 с. өлбүтүн, кэргэнэ Пелагея (1776 с.т.), оҕолоро: Федот (1804 с.т.), Агафия (1812 с.т.) диэн ааттаахтарын ыйбыттар. 1816 с. төрөөбүт Николайы бу биэрэпискэ көтүтэн кэбиспиттэр. Кини аата 1833 с. оҥоһуллубут докумуоҥҥа киирбит, онно сааһын 16-та диэбиттэр да, ити төһө сөбө-сөтөгөйө биллибэт. Пелагея Семенова сааһын алта сылынан эппиттэр, Федоту үс сылынан эдэрсиппиттэр. Өскөтүн Николай 1813 с. кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына, кини Ефрем Борисов оҕото буолбатыгар тиийэр.

Павел Ефремов Борисов кэргэнэ Самсон Шергин кинээстиир буолаһыттан (Бастакы Тоҕус) Авдотия Саввина (1773 с.т.), оҕолоохторо биллибэт. Павел эдэрчи сааһыгар 1795 с. кэнниттэн, 1812 с. иннинэ соһуччу өлөн, кэлин ыытыллыбыт биэрэпистэргэ кини аата ахтыллыбат буолбут.

Федот Ефремов сааһын 1850 сыллаахха ыытыллыбыт биэрэпискэ 50-на диэн суруйбуттар. Сааһа түөрт сыл эбиллибит. Кэргэнэ Дария Сидорова (1810 с.т.), оҕолоро: Семен (1831 с.т.), Максим (1833 с. т.), Николай (1835 с.т.), Агафия (1842 с.т.), Феодосия (1846 с.т.), Анна (1851 с.т.). 1858 с. биэрэпискэ Максим аата уларыйан Михаил буолбут.

Федот бу оҕолоругар сыһыаннаах архыыптан үс дукумуону эрэ буллубут: Максим Федотов (кэргэнэ Татьяна Кириллова) кыыһа Анна (02.04.1882 с.т.), Семен Федотов (кэргэнэ Анастасия Петрова) кыыһа Мария (01.04.1883 с.т.) төрөөбүт миэтирикэлэрин уонна Максим Федоров 1891 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр өлбүтүн туһунан.

Мантан атын кинилэргэ сыһыаннаах докумуоннары булбатыбыт.

П.С. Максимов, М.П. Григорьев, В.Ф. Николаев

Кырыкыйдар: удьуор-утумун сонордоон. – Дьокуускай: Медиа-холдинг «Якутия», 2016. – С. 157–164.

Алыһардаах Аана

Подняться наверх