Читать книгу Алыһардаах Аана - Коллектив авторов, Ю. Д. Земенков, Koostaja: Ajakiri New Scientist - Страница 6
Бастакы түһүмэх. Дуоҕа Боотур
Туоҕа Боотур удьуордара
Луоҕа Боотур – биһиги төрүппүт
ОглавлениеБылыр, мин оҕо эрдэхпинэ, Аһахтааччыттан Кучаҥҥа үрэҕи туораабакка быһа сылдьар этибит. Бу Хапчыл Эбэтигэр былыр тоҥус биистэрэ олорбуттара үһү. Сайын үгэннээн турдаҕына маҥан буур табаларынан толоону туораан таҕыстахтарына маҥан таба от күөҕэ өҥнөнөн хаалара үһү. Оннук нүөл сүмэһиннээх оттооҕо дииллэр.
Туймаадаҕа нууччалар кэлэллэрин саҕана Тыгын тойон биир хоһуун сэрииһитэ Луоҕа Боотур аймахтарын уонна сэриигэ илдьэ сылдьар бөҕөстөрүн илдьэ кэлэн, маннааҕы тоҥустары кыайан, Бүлүү өрүһүн уҥуор үүрэн баран, олохсуйбута үһү. Ол Луоҕа Боотур олохсуйбут сирэ Эбэ ортотугар турар үрдүк булгунньах буолар. Кини бу булгунньаҕы өстөөх киирэн иһэрин ыраахтан көрөргө табыгастаах диэн талан олохсуйбута дииллэр.
Кинилэр булгунньахха олорон кураахтаах ох сааларынан сыал ыта оонньууллара үһү. Ити булгунньахтан ыппыт охторо икки биэрэстэлээх сиргэ турар баай тиити ортотунан холобурдаах хайа көтөн тахсан баран, кыбыллан турарын мин ийэм уонна кини саастыылаахтара көрөрбүт диэн кэпсииллэрэ. Кэлин ити тиит нөҥүө-маҥаа икки өттүнэн дьабата эрэ ордон турарын, иккис кылааска үөрэнээри ийэбин кытта баран иһэн мин эмиэ көрбүтүм.
Эбэҕэ Луоҕа Боотур төһө өр олорбутун, тугунан дьарыктаммытын туһунан кэпсээни мин истибэтэҕим. Ол эрээри Эбэ көрдүгэн күөллэрин тула элбэх өтөх, былыргы араҥастаах киһи уҥуохтара баалларын аттаран толкуйдаатахха, ити Луоҕа Боотуру кытта кэлсибит сахалар I уонна II Лүүчүннэр төрүттэрэ буолбатахтара буолуо дуо диэн санааҕа кэлэҕин.
С.П. Егоров
Лүүчүннэр үйэлэр аҥааттар аартыктарынан. – Дьокуускай: Бичик, 2003. – С. 327–331.