Читать книгу Куорат булчуттара - - Страница 10

Моонньоҕоттор

Оглавление

Инники кэпсээбит саҥа тэриллэрим, бу да кэпсээри олорорум, ама да кэм-кэрдии ааһан мөлтөөбүттэрин, куччаабыттарын иһин, оччолорго киһи муҥура суох өйүн сөҕөр тэриллэрэ этилэр буоллахтара.

Араас кус саҥатын үтүктэн ыҥырар тэрили кыһыны быһа сакаастаһан, соҕурууттан ылларбыппыт. Дьэ көрөн-истэн, улаханнык сөхпүппүт. Киһи ытыһын саҕа тэрилгэ араас кус-хаас тойуга баһаам этэ. Саҥата улахана, ырааһа, ыйааһына чэпчэкитэ үчүгэйэ бэрдэ. Ити иннинэ бобиннай магнитофону соһо сылдьарбыт. Ону да хааска эрэ анаан. Ол тэрилбит эрэйдээх кыыкынаан-хаахынаан син үлэлиирэ эрээри, саҥата кырата бэрдэ. Ону улаатыннараары бүтүн динамигы илдьэ сылдьар да кэмнэрбит бааллара. Оттон бу тэрилбитин сиэпкэ укта сылдьаҕын. Билигин бобуулаах тэриллэргэ сурулла сылдьар. Оттон ол биһиги илдьэ сылдьарбыт саҕана бобуу, хааччах суоҕа быһыылааҕа. Бэл, хаста даҕаны бэрэбиэркэлээччи уолаттар көрөн-истэн сөҕөн, ымсыыран барбыттара.

Дьэ туран, ити тэрилбит кэлбит сааһыгар эрдэттэн тэринэн, үлэлиир тэрилтэлэрбититтэн хонук көҥүллэтэн, кустуу айаннаатыбыт. Оччолорго бултуур билиэтиҥ сыллааҕы харчытын төлөөтүҥ да, ханна баҕарар кустууруҥ көҥүл этэ. Бэрт да кэмнэр ааспыттар. Биһиги, кус ытар ууну булар инибит диэн, Нам суолунан айаннатан иһэн, Кэҥкэмэ диэки тутан кэбистибит. Саас буоллаҕа, суол-иис дьаабы. Капитан, киһитэ кини буолан, син сир өтөбүт. Биир алааска бирдьигинэтэн киирбиппит, икки кыра күөллээҕэ хаарынан, мууһунан көрө сытар. Ол оннугар ходуһатыгар хаар суох, хара сир. Бу эбиэт иннинэ аҕай быһыылааҕа. Уута суоҕуттан салламмыт, салгыы куугунаттыбыт. Син балачча барбахтаһан иһэммит, биир сиргэ «харахпытыгар» диэри түһэн хааллыбыт. Хайыахпытый, кутаа оттон, чэй өрүнэн, аһаан-сиэн баран, массыынабытын бэрт эрэйинэн хостоотубут. Салгыы барар суол суох. Онон эргийэр суолу солооммут, төттөрү айаннаатыбыт. Били алааспытыгар киэһэлик соҕус эрилиҥнэтэн киирдибит. Арай көрбүппүт, күөллэрбит уунан дьалкыйа сыталлар. Билиигэ тохтоон кэпсэтэ турдахпытына, биир кус көтөн ааста. Бары өрүкүнэһэ түстүбүт. Салгыы сир көрдүү айаннаатахпытына түүҥҥэ ылларыыһыкпыт уонна бачча уулаах сири буларбыт саарбах диэн тохтуурга быһаарынныбыт. Миэстэ эҥин көрдүү сатаабатыбыт. Малбытын сүөкүү охсоот, эбэлэргэ биирдии хаххалары оҥортуу оҕустубут. Күөллэрбит хаарын уута ууллубут быһыылаах, киһи атаҕын сототунан, анна килэгир муус. Бэрт эрэйинэн, сэрэҕинэн киирэн мончуук анньыталаан кэбистибит. Кус кэтииргэ бэлэм буола түстүбүт. Дьэ наҕылыйан, кутаа оттон, чэй өрүнэн, Барыылаах Баай Байанайбытын, Эбэлэрбитин аһатан, бэйэбит эмиэ аһаан баран, иккилии буолан дурдаларбытыгар тарҕастыбыт. Мин Потаптыын кыра күөлгэ, Капитан Сааһыттыын улахаҥҥа олордулар.

Уубут син тулуктаһа сатаата эрээри, түүн үөһүн ааһыыта лыҥкыначчы тоҥно. Хараҥараммыт, отуубутугар тахсан чэйдээн, сылаас массыынаҕа олорон нухарыйан ыллыбыт. Халлаан сырдыыта эмиэ киирэн дурдаларбытыгар олордубут эрээри, кус көппөтө.

Сарсыарда тахсан ойуур саҕатын кэрийдибит, дьэ олохтоохтук тохтуур сирбитин булунан, балаакка эҥин туруоруннубут. Кыратык сынньанан ылаат, алааспыт тулатынан кэрийдибит. Бастаан саҥа сирбит олус чуҥкук. Киһи кута-сүрэ улаханнык тохтуо суоҕун курдук. Онно эбии халлааммыт былытыран, кыратык хаардаан барда. Ол эрээри айылҕа барахсан уһуктар кэмин билэн эрдэҕэ. Чаастан чаас диэххэ дуу, иһийэн турбут алаас барахсан сыыйа араас чыычаах ырыатынан туолан, халдьыгырыы сүүрэр үрүйэ тыаһыгар холбоһон, дьикти, кэрэ муусуканан туолла. Эбиэт саҕана түүн лыҥкыначчы тоҥмут эбэлэрбит эмиэ ыраас уунан дьалкыйа оонньоон, сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Бу күн барыта кэрэ буолуоҕун, Потап тымныйан ыалдьан хаалла. «Киэһэ кус манааһыныгар диэри сытан ыллахпына, ааһар ини», – диэт, киһибит сууланан баран, сытынан кэбистэ.

Киэһэ сөпкө соҕус тэринэн, дурдаларбытыгар киирдибит. Потап биһиэхэ көх-нэм буолан кииристэ эрээри, сэниэтэ суох. Олорбохтуу түһээт: «Доо, улаханнатаары гынным быһыылаах. Эмтээх-томтоох сири буллахха сатаныыһы», – диэтэ. Мин рациянан уолаттарга биллэрдим. Сотору буолаат, Капитан массыынанан элээрдэн кэллэ. «Мантан киэһэ тоҥорор ини. Потабы куоракка тиэрдээт, төттөрү айанныам. Сарсыардааҥҥы ытыыны баттыы кэлэр инибин?» – диэт, Капитан Потабы олордон айанната турда. Массыына барахсан иҥнэл-таҥнал түһэн, алаастан тахсан барда. Хайдах эрэ олус курус буола түстэ. Борук-сорук сатыылаата, күөллэрбит эмиэ килэгир муус буола түстүлэр. Таах олоруохтааҕар, Сааһыты кытта рациянан ону-маны буолары-буолбаты сэлэһэбит. Эмискэ биир түгэҥҥэ: «Моонньоҕоттор, моонньоҕоттор кэллилэр… саҥарсаллар…» – диэт, киһим рациятын арааран кэбистэ. Арай иһиттэхпинэ, кырдьык, моонньоҕон куруктуур. Кулгаах-харах иччитэ буола түстүм. Аны чыккымай чурустаан турда. Сотору буолаат, икки кус сирилээн кэллэ да, мончууктар быыстарыгар түһүнэн кэбистилэр. Түһүнэн диэн, ити түспүттэрин эрэ иһин эттим. Көр диэн манна буолла. Биир кус уруттаан түһэн баран, килэгир мууска сатаан тирэммэккэ халтарыйан сырылаан иһэн, умса барда. Атаҕар тура сатыыр эрээри, атахтара тиэрэ бара тураллар. Ыксаан, кынаттарынан тирэнэ сатаата. Көтөр да кыаҕа суох курдук буолла. Иккис кус итини көрдө быһыылаах, икки атаҕын иннигэр сараччы тэбэн, эмэһэтинэн олорон туормастаан иһэн, тохтоору умса барда да, биир мончуугу миинэ түстэ. Соһуйан өрө халыкынайан көтөн тахсан эрдэҕинэ, түҥнэри ытан түһэрдим. Иккис куһум, соһуйда бадахтаах, иһинэн мууска олоро түстэ. Туһаайа тутаат, ытан бытарыттым. Куһум ойон тураат, кынаттарын төбөтүнэн эр-биир мууска даҕанан, кытыы диэки түөрэҥкэйдээтэ. Бу сырыыга ыксаабакка кыҥаан, олох биэрэккэ чугаһаабытын кэннэ «умса» ытан кэбистим. Бу кэпсээтэххэ уһун, дьиҥэр, кыл түгэнэ буоллаҕа. Көрбөтөхпүн көрөн, бастакы кустары бултаан долгуйан, үөрэн, табахпын хостообуппун билиминэ да хааллым. Ити олорон хаһан эрэ, ханна эрэ мууска түһэрэн кустаабыттарын туһунан омуннаах, көрдөөх кэпсээни өйдөөн кэллим. Онно эмиэ мууска түһэрэн ытан баран, мууһу алдьатан кэһэн киирэн ыланнар, кус түспэт буолбутун өйдөөн кэллим. Чахчыта даҕаны, билигин мууһу алдьатан кустарбын ылаттаатахпына, мантан түүн ол муустарым кыдьымахтара адаарыһан, хаарыан килэгир мууспун суох оҥорууһу. Онон сарсыардааҥҥа диэри кустарбын ылбакка сананным. Утаакы буолбата, эмиэ икки кус кэллилэр даҕаны, халтарыйа-халтарыйа түһүнэн кэбистилэр. Хоһулаары син балачча кэтэһэн баран, чыыбыспын тартым. Арай саам ньам курдук, эстибэтэ. Аа-дьуо автоматым затворун тардан көрбүтүм, мааҕын ыппыт ботуруонум уоһун иһигэр эпсэри сааллан сылдьар, бырахпатах. Дьэ, кыһыы. Өссө кыһытыан иһин, кустарым аа-дьуо хаамсан, олох хоһулаһан кэбистилэр. Быһах төбөтүнэн олуйан ыла сатаатым. Олох кэлбэтэ. Хайыахпыный? Саабын сэрэнэн ыстым. Кустарым олороллор. Дурдам кэлин өттүн алларанан тоҕо анньан, саам уоһун туппутунан таһырдьа сыылан таҕыстым. Чугас баар талахтартан биир көнө соҕуһу быһаҕынан быһа анньан ылан, ыраастаан, саам уоһунан уган эстибит ботуруоммун төттөрү анньан таһаардым. Дурдабар төттөрү сыыллан киирэн, илиим иминэн саабын хомуйдум. Кустарым олороллор. Дьэ, хайдах гынан ииттэн ытабын диэн боппуруос турда. Затворбун аа-дьуо астахпына, ыппата чуолкай. Инньэ гынан уоспар ботуруон уган баран, эмискэ затворун ыытан ытан көрөргө быһаарынным. Ити кэмҥэ олох хараҥаран да барда. Бэлэмнэнэн-бэлэмнэнэн баран затворбун ыытан «халыр» гыннарбыппар кустарым көтөн турдулар. Биирдэрин тиэрэ биэрэн түһэрдим, иккиһэ ханан да көппүтүн көрбөккө хааллым. Дьэ, кыһыы диэтэҕиҥ.

Ити түүн Сааһыттыын бэркэ ыппыппыт. Чыккый ааһар түүнүгэр түбэспиппит, быһыыта. Онон ыраас, килэгир мууска даҕаны кустар түһэллэрин илэ көрөн, бултаан олус астыммыппыт. Кэлин да итинник түгэҥҥэ хаста даҕаны түбэһэн бултаан турардаахпыт. Арба даҕаны, кус ыҥырар тэрилим туһунан кэпсээн иһэн халыйан хаалбыппын. Сааһыт Капитанын атааран баран, халыҥ тас таҥаһын таҥна-таҥна миигин кытта рациянан кэпсэтэ олордоҕуна, эмискэ моонньоҕоттор саҥарсыбыттар. Сааһыт миэхэ этээт, хаптас гына түспүт. Моонньоҕоттор чуп-чугас айманаллар үһү. Сааһыт истэ сатаан баран, сэрэнэн дурдатыттан тахсан көрө сатаабыт даҕаны, тугу да көрбөтөх. Интэриэһиргээн турбут. Арай кустара ханна эрэ аллара саҥарсаллар. Төҥкөс гынан иһиллээбитэ, бэйэлээх бэйэтин сиэбин иһигэр моонньоҕоттор саҥалара айманан олорор үһү! Тас таҥаһын таҥна олорон, алҕаска баттаан кэбиспит. Дьэ, муут-маат буолан араарбыт. Ол эрээри аҥаардас саҥардан долгуппута даҕаны үчүгэйэ бэрдэ.

Куорат булчуттара

Подняться наверх