Читать книгу Куорат булчуттара - - Страница 4
Капитан
ОглавлениеКапитан диэн аат кэлин иҥмитэ. Кини бастаан тыыһыт бэрдэ этэ. Төһө да бөдөҥ-садаҥ буоллар, хайа да бэйэлээх кыра уйуктаах тыынан ханна баҕарар устар. Саас тоҥмут мууһу тоҕута сынньан, куһу ылааччыбыт, быыраһыппыт. Тыаһыт кэлэ илигинэ илим үтэн, балык амсатан, үөрдээччибит эмиэ Кини, Капитаммыт, этэ. Ыксаатаҕына, эрдинэрин көрүө этигит, эриэккэс. Кэлин кыра мотуорканы дэгиттэр баһылаан, биир бастакынан ыытар көҥүлү ылбыта. Онтон ыла, иллэҥ кэм көһүннэҕинэ, Өлүөнэ Эбэ арыыларыгар сүүрдэ сылдьан күөгүлүүр, спинниҥинэн, илиминэн балыктыыр дьарыктаммыппыт. Ууга сыстаҕаһын табаарыстара даҕаны билэн эрдэхтэрэ, капитанскай фуражка бэлэхтээбиттэрэ. Онтон ылата Капитантан атыннык ыҥырбат буолбуппут.
Капитан ууһутун таһынан, массыынаттан саҕалаан, кэпсэтэр тэриллэри көрөөччү-истээччи, бэрэлээччи. Биир талаана тахсыбыта – куһаҕан суолга массыына ыытыыта. Ылбат-биэрбэт икки ардынан гаастаан, хачайдаан, хайа баҕарар бадараантан, хаспахтан тахсыбыта баар буолар. «Кэбээйи бадарааныгар айаннаабыккыт буоллар, бары мин курдук ыытар буолуо этигит», – диэн биһигини хаадьылаан ылааччы. Чахчыта даҕаны, Кэбээйи суола-ииһэ «бырыы да бадараан, кыыннаах быһах бэтэрээл» дойдута буоллаҕа. Итинник дойдуга элбэхтик бадарааны, хаары хаһан, массыынаны бааҕылаан, тоҥон-хатан, аччыктаан эрэ сылдьыбыт киһи үчүгэй үөрэҕи барар буоллаҕа. Манна барытыгар Капитан күүһүн-уоҕун, булка көҕүн эбэн кэбис. Ханнык-ханнык булка, ханна-ханна сылдьыспатаҕай, тугу бултаспатаҕай? Хоту андыга, хааска саамай элбэхтик бултаспыттартан биирдэстэрэ. Үчүгэй карабин, туоһапка ылынан, улахан булка хото сылдьыһар. Туртас, тайах, чубуку, кулааһай, бэл диэтэххэ, хас даҕаны төгүл тыатааҕыны бултаһан турардаах. Тэрилтэтигэр спортиҥҥа чемпионнаан ылбыт булгу тутар быһаҕын «ыйааһына» биһиги араас күрэхтэһиилэргэ сыралаһан ылбыт мэтээллэрбитинээҕэр ыйааһыннааҕа. Ити быһах хостонон таҕыстаҕына, күрэхтэһии, ытыы тиэмэтэ уларыйа охсоро.