Читать книгу Куорат булчуттара - - Страница 9
Сааһыт
ОглавлениеСааһыт Сунтаартан төрүттээх. Кини биһиги хампаанньа биир сүрүн киһитэ. Төһө ыраах, хас хонукка барарбытыттан көрөн, аспыт, уматыкпыт төлөбүрүн тыырааччы, атыылаһааччы Кини. Атын сирдэргэ барыыга тиэхиньикэни, айан билиэтин кэпсэтээччи, булааччы – эмиэ Сааһыт. Бэл, Халыматааҕы андылыыр күөлбүтүттэн порт диспетчердэрин кытта спутниковай төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, суолбутун хайара. Бэйэтэ, аата этэрин курдук, сүрдээх сааһыт – Байанайдаах уол. Сааһыт – дьикти айылгылаах. Баҕа санаатынан «ыҥырар» күүстээх курдук. Куһа, куобаҕа даҕаны суох сиргэ тиийэн, үлтү хааман, кэрийэн, хайаан даҕаны бастакынан бултаабыта эрэ баар буолар. Биир дьиктитэ, туохха бултуурбутунан, ону бултаан үөрдэр. Холобура, биир саас анды көҥүлүгэр Горнай улууһугар таҕыстыбыт. Оччолорго тэриирбит мөлтөх буоллаҕа. Аҕыйах кураанах кус мончууктаахпыт, биир эрэһиинэ тыылаахпыт. Дьиҥ сыалбыт – анды көҥүлүнэн туһанан, тыаҕа тахсан сынньаныы. Табылыннаҕына, үөл кус ытар бүччүм санаалаахпыт. Андыны көрөрбүтүгэр да улаханнык эрэммэппит. Арай Сааһыппыт эрэ чахчы андылыы барарын итэҕэйэрэ.
Олохтоохтортон ыйдаран, ыҥырыылаах, миэстэлээх дьонтон хаалбыт биир күөлгэ бартаалланан кэбистибит. Эбэбит син кэҥэс. Манан киириэ, ааһыа диэбит сирдэрбитигэр дурда туттан, аҕыйах мончуукпутун кииннээн, көстүүлээх буоллун диэн, биир сиргэ үтэн кэбистибит. Дьэ уонна, сааскы айылҕаҕа тахсыбыт дьон быһыытынан, сынньана таарыйа, дурдаҕа олоробут. Анды, кус маныыбыт. Улахан эбэлэргэ сытар олохтоох дьон сарсыарда аайы дьиэлэригэр ааһаллар. Куорат булчуттарын, биһигини, аһаҕастык күлэллэр. Бу күөлгэ үйэтигэр анды табан түспэт үһү. Бэл, сорох саас куска даҕаны сыппаттар эбит. Кураан сайын уолан, муоҕунан көрөр үһү. Онон дьара буолан, уу куһа таппат диэн быһаарбыттара. Биһиги олох кыһаллыбаппыт. Айылҕаҕа сынньана тахсыбыт дьон буоллахпыт. Дьиҥэр, бу күөлү каартанан көрөн, бэйэбит билэрбитинэн, үөрэппиппит. Биһиги сытар Эбэбит тула үс улахан күөл баар. Өскөтө ити күөллэргэ анды киирэн ытыллар түгэнигэр биһигини хайаан даҕаны быһа охсон ааһыахтаах. Дьэ, оччоҕо халбыйыы быһаарыахтаах. Ити кэмҥэ бары даҕаны спортинынан «ыалдьа» сылдьарбыт.
Сайын барахсан кэлиитэ кэрэ даҕаны буоллаҕа. Дурдаҕа, чэбдик салгыҥҥа анды манаан сытар, ама, туохха тэҥнэһиэй? Хайа, уонна, анды манаабыт диэн ааттыын да үчүгэй буоллаҕа. Дэҥ олус хойуу үөрдээх бараахтан таммалатаммыт, бэртээхэйдик күөстэнэбит.
Көҥүл үс күн. Ханна даҕаны улахан ытыы буола илик. Хата, биһиэхэ, эбэлэртэн үтүрүллэн, ытыллан, умсаахтар табан ааһаллар. Сороҕор, сирэйэ-хараҕа суох курдук, түһэн ыттарар. Мончууктарбытын «кураанахтар» диэн сирбэттэр. Биһиги ол аайы үөрүүбүт муҥура суох. Хойобул гынан, ол эккирэтиһиитэ, күөйүүтэ биһиэхэ туспа көр.
Көҥүл бүтэһик түүнүгэр, сарсыарда тахсыы саҕана, биир умсааҕы күөрэтэн, ону ылаары андаатар уйатын үктээн, ууга түстүм. Төһө даҕаны сайын буоллар, уу тымныыта сүрдээх. Ыксаан, отууну былдьастым. Тымныйымаарыбын ньылбы сыгынньахтанан, спальникка киирэн, устунан нухарыйан хаалбыппын. Икки түүннээх күн утуйбакка, барыбыт даҕаны уута муһуннаҕа. Мин кэннибиттэн өтөр буолбакка Капитан, Потап тахсан, чэй оргута сылдьыбыттар. Киин дурдаҕа Гашпай тылланан, харабылынан хаалбыт. Оттон Сааһыт, Байанайын битэ тартаҕа, дурдатыттан тахсан, Эбэтин биир өттүнэн эргийэ барбыт. Эмискэ кыырай үрдүктэн халлааны хайа суруйан, икки анды таҥнары сурулаан түспүт. Гашпай харабыл, өлүү болдьохтоох, нухарыйан хаалбыт. Киин дурда таһынан ыһыктынан, ытыллар сиринэн ааһа көппүттэр. Тардар анды мончууга суоҕуттан буоллаҕа, киирбиттэрин курдук Эбэ ортотунан ааһа көтөн, өрө күөрэйэн эрдэхтэринэ, Сааһыт биирдэрин халбыйан түһэрбит. Анды олус бөҕө көтөр буолара даҕаны, олох таастыы барбыт. Иккиһэ хайыһан даҕаны көрбөтөх, ааһа турбут.
Хомуна сырыттахпытына, олохтоохтор эмиэ бүтэн, тахсан иһэн, анды бултаахпытын көрөн, сөҕөн ааспыттара. Үйэтигэр анды тарпат, түспэт сириттэн биһиги Сааһыппыт дьэ итинник бултаан, сөхтөрөн турар. Оттон тулатынааҕы Эбэлэр булчуттара анды өҥүн даҕаны көрбөккө көҥүлү түмүктээбиттэр этэ.