Читать книгу Куорат булчуттара - - Страница 5

Барыта ыксал

Оглавление

Кэнники сылларга, араас сылтаҕынан диэххэ дуу, сааскы кус булда көҥүллэнэрэ биллибэккэ булчуттары эрэйдиир. Туо – «птичий грипп» туран, туо – Фукусима айдаана, туо – баһаар, туо – халаан уута, онтон даҕаны атын элбэх. Дьиҥэр, ити биһигини харыстыыр дьаһаллар буоллахтара. Ол эрээри бүтэһик күҥҥэ диэри тардыллыбыт көҥүллүүр дьаһал булчуттарга араас өттүнэн дьиэлийэн тахсар.

Сааскы куска, төһө даҕаны эрдэттэн бэлэмнэннэргин, барар күҥҥэр син биир туох эрэ умнуллан, төттөрү-таары мэскэйдэнии бөҕө буолааччы. Дьэ, биирдэ Капитан, Потап уонна мин буолан, тардыллыбыт болдьох эмискэ көҥүллэнэн, үөрүү-көтүү буолла. Ким өрөбүл күн ылаары сүүрэр, ким бултуур билиэтин уһаттарар, ол быыһыгар эрдэ оҥоһуллубут испииһэгинэн мончуук, кырааска, ас-үөл ылыытыгар ылсар. Биһиги эмиэ бүтэһик күҥҥэ диэри урукку мончууктарбытынан барыах буола сылдьыбыппыт. Онтубут баара, сирбит уларыйар буолан, эбии мончуук атыылаһарга күһэлиннибит. Хас даҕаны маҕаһыынтан мэлийэн, арай ырыынакка тиийбиппит, кытайдар барахсаттар муус маҥан пенопласт мончуугу босхону эрэ үрдүнэн атыылаан ньамалаһа тураллар эбит! Биһиги, үөрүүнү кытта, уонтан тахсаны атыыластыбыт. Муус маҥаттар. Эҥин араас кэрэ дьүһүнүнэн кырааскалаатахха, бэртээхэй буолсулар. Эчи, илдьэ сылдьарга чэпчэкилэрэ да бэрт. Аны түргэнник куурар, ууга суураллыбат, кылабачыйбат кырааска көрдөөн, араас маҕаһыыннары кэрийдибит. Барыта ыксал. Дьиктиргиэхпит иһин, ханна даҕаны биһиги наадыйар кырааскабыт ордубатах. Бэл, маслянай кырааска көстүбэтэ. Арааһа, булчуттар бары маҥан мончуугу ылынан, кыраасканы бүтэрбиттэр быһыылаах. Олох ыксаатыбыт, субу барыахтаахпыт. Хайыахпытый? Кумааҕы килиэйин кытта ууга суураллар гуашь кыраасканы хото атыыластыбыт уонна айанната турдубут.

Кустуохтаах сирбитигэр этэҥҥэ тиийэн, дурда туттан, эргэ мончууктарбытын ууга анньыталаан, бэлэм буоллубут. Көҥүл бастакы түүнүгэр Байанайбыт барахсан маанылаан, уонча куһу бултатта. Кус барыта кэлбит. Эбэбитигэр сис уута хас даҕаны сиринэн халдьыгыраччы киирэр буолан, уута түргэнник кэҥээн барда. Чахчыта даҕаны, киэҥ Эбэҕэ эргэ мончууктарбыт көстүүтэ суох буолан бардылар. Кустар биһиги эрэ мончууктарбытыгар наадыйбакка, онон-манан көтүүлэрэ элбээтэ. Дьэ, саҥа мончууктарбытын хостотолоон, бултаабыт кустарбытыгар маарыннатан, кырааскалаан дьэрэлиттибит. Бары даҕаны уруһуйга сыстаҕас соҕус буоламмыт, тулуппатыбыт. Бэрт сотору бэртээхэй мончууктар күн уотугар хатарылла уурулуннулар.

Киэһэ саҥа мончууктарбытын эргэлэрбитин кытта анньан барылаттыбыт. «Эбэҕэ киирбит кус биһиэнэ» диэн күлүкпүтүгэр имнэнсэн кэбистибит. Уу нуурал буолан, мончууктарбыт олус үчүгэйдик көстөллөр. Кырдьык, ол түүн Эбэҕэ киирбит кус биһигини быһа ааспатаҕа. Бэркэ ыттарбыта. Сарсыарда кус көтүүтүн аҕырымныырын баттаһа кыратык тыалыран, быстах былыт ыга анньан кэлбитигэр, отуубутугар тахсан чэйдээн баран, утуйан хааллыбыт.

Дьон саҥатыттан уһуктан кэлбитим, сылгыһыттар кэлэн чэйдии олороллор. Ардах ааспыт, күн да күн буолбут. Сылгыһыттар биһиги куурда тэлгэппит кустарбытын көрөн сөҕүү бөҕө. «Дьикти эбит. Ити маҥан мончууктаргытыгар тартараҕыт дуо? Оттон ыраахтан маҥхаһан, куһу даҕаны чугаһатыа суох курдуктар дии». Биһиги, төһө да өйдөөбөтөрбүт, уҥа-хаҥас кэпсэттибит.

Дьоммут чэйдээт, үргүлдьү ааһа турдулар. Мин мончууктарбын көрө киирдим. Чугаһаан иһэн халампааһынан тартаран көрбүтүм, чахчы даҕаны, мончууктарбыт быыстарыгар үп-үрүҥ кустар төттөрү-таары уста сылдьаллар. Дьиктиргээммин, чуут үөмэ сыстым. Онтон өйдөөн көрбүтүм, бэйэлээх бэйэбит мончууктарбыт эбит! Сарсыарда ардах түһэн, маа бэйэлээх мааны кырааскаларбытын суурайан, кылбаччы сууйан кэбиспит. Хайыахпытый, төттөрү хомуйталаан ылан, иккистээн кырааскалаатыбыт. Киэһэ эмиэ киллэрэн, тардан кэбистибит. Киэһэтин бэркэ ыттыбыт. Арай сарсыарданан кустар, түһүөхчэ буола-буола, өрө көтөн тахсаллар. Сорохтор эргийэ даҕаны барбаттар, ааһа тураллар. Ити кэмҥэ сиккиэр тыаллаах этэ. Туох буоллаҕай, туохтан сиргэнэллэр диэн өйдөөн көрбүппүт, мончууктарбыт аллара өттүлэрэ долгуҥҥа оҕустаран, ууга суураллан, олох маҥхаҥнаан олорор эбит. Быстыахпыт дуо, эмиэ хомуйан ыллыбыт. Бу сырыыга үлэтэ аҕыйах, аллара эрэ өттүлэрин кырааскалаатыбыт. Айылҕа бэйэтэ үөрэтэн, «учуонай» буоллубут. Тыал, ардах суох эрэ кэмигэр ууга түһэрэбит. Улаханнык тыалырдаҕына, кытыыга таһааран, бадарааҥҥа лаһыгыраччы олордон кэбиһэбит…

Дьэ итинник маҥан мончууктарынан, эрэйдэнэн да буоллар, бэркэ кустаан турабыт. Кэлин ол мончууктары харанан грунтовкалаан баран, барбат кырааскаларынан ойуулаан, билиҥҥэ диэри тутта сылдьабыт. Арай пенопласт буолан, айаҥҥа муннулара тосторо бэрт. Онно даҕаны албаһы булбуппут.

* * *

Биирдэ ыкса күһүн, кус айанын баттаһа, кустуу барар буоллубут. Эмиэ ыксал-тиэтэл бөҕө буоллахпыт. Хайа, үлэ кэнниттэн тэйиччи сиргэ тиийэн, киэһээҥҥи ытыыны баттаһар баҕа баһаам буоллаҕа. Бэлэм турар таһаҕастарбытын массыынаҕа хаалаат, айанната турдубут. Киэһээҥҥи ытыыны бэрт нэһииччэ баттаан, Эбэбитигэр киирэн миэстэлэрбитин булуннубут уонна турунан кэбистибит. Бараары аһара уойбут кустар күөл ортотуттан сотору-сотору өрө көтөн тахсан, ытыллыбат ырааҕынан эргийэ көтөн, төттөрү түһэн барылыыллар. Кынаттарын куурдан, эрчийэн эрдэхтэрэ. Хараҥарыыта атын күөллэртэн аһаары, үөргэ холбоһоору кустар киирэн бардылар. Сырдык-хараҥа былдьаһыгар аҕыйахта тыаһаатыбыт. Биир үөр кус үөһэ баҕайынан сырылаан киирдэ. Мин ырааҕырҕатан ытымаары гынан баран, «баҕар» диэн санааттан, чыыбыспын тардан кэбистим. Өс киирбэх биир кус үөһэттэн тааһы бырахпыттыы аллара куугунаан, күөл ортотугар тиийэн өрө ыһылла түстэ.

«Сарсын сырдыкка ылыахпыт. Киириэхпитигэр диэри көтөр ылбат ини?» – дэһэн, салгыы турбахтыы түһэн баран, отуубутугар таҕыстыбыт.

Сарсыарда олох эрдэ туран киирдибит эрээри, мэлийдибит. Биирдэ-иккитэ саа тыаһаатын кытта, хоммут кустар күөл ортотуттан тыастаахтык көтөн суугунаан, соҕуруу диэки түһэ турдулар. Лаппа сырдаабытын кэннэ көрбүтүм, бэҕэһээҥҥи куһум сытар эбит. Ымсыырбыт санаабар, харааран, улахана сүрдээх. Массыынаттан эрэһиинэ тыыны сүгэн аҕалан, ыһан, үрдэрээри гыммыппыт, арай ниппеллэрэ, носуоһа мэлигир. Мөһөөччүгэр эмиэ хаалбатах. Били, ааспыт сырыыга куурда хостоон баран, кэлии ыксалын хомууругар носуостаах суумка турбутунан хаалбыт. Дьэ, кыһыы! Хайдах даҕаны күһүҥҥү эмис куһу ыллахпытына сатанар диэн буолла. Массыынаны сүүрдэн аҕалан, бензин сүүрдэр эрэһиинэ шланганы выхлопной турбаҕа уган, гааһынан үрдэрэн бырылаттыбыт. Бу даҕаны сырыыга кытайдар барахсаттар айбыт «Роса» бытыылкалара туһалаата. Киһи сөҕүөн курдук, ниппель эриллэн киирэр сиригэр «Роса» бытыылкатын төбөтө оруобуна сөп түбэһэр эбит. Кыратык быыһылыыр эрэ. Тэрээпкэлээн баран, тыы икки өттүгэр бытыылкалары хороччу эрийтээн кэбистибит. Куспут 100-чэкэ миэтэрэлээх сиргэ сытар. Саамай үөрүйэхпит, эрдииһиппит Капитан бэйэтинэн тыыны ууга анньан киллэрээт, эрдэн кулуппаайдаабытынан барда. Көрөргө астык – күрэхтэһиигэ кытта сылдьар курдук, эрдии элэҥнээн олорор. Ону даҕаспытынан тыы икки өттүгэр «Роса» бытыылкалара үрүҥ былаах курдук биир кэм эйэҥнээн иһэллэр. Эрэһиинэ тыы өссө итинник түргэнник устарын көрө илигим. Эрдииһитэ үчүгэйэ бэрт буоллаҕа. Начаас элэҥнэтэн тиийэн куһун ылаат, төттөрү хайысханы тутта. Ити кэмҥэ тыы салгына тахсан, ньалбайыахча буолла. Көрөн турааччылар, киһибитин тиэтэтэн, ыһыы-хаһыы бөҕөтөбүт. Тыы кытылга тиксиитигэр олох ньалбайан кэлбитэ…

Кытайдар барахсаттарга тыыннаахтыы пааматынньык туруоруох буоламмыт, күлэ-үөрэ, быыһаабыт «Роса» бытыылкаларбытын талахтарга анньыталаан кэбиспиппит.

Дьэ, итинник сырыы эмиэ баара. «Роса» бытыылката элбэхтик туһалаан турар, биирдэ автомат саа цевьетун хаппаҕа түһэн хаалан, ол оннугар ити бытыылка хаппаҕын эрийэн, кустаан турардаахпыт. Ити туһунан кэпсээн. Хайа, уонна кураанах куул иһигэр бытыылка бөҕөнү симэн, алталыы куулу бииргэ баайан, болуот оҥостубуттарын туһунан кэпсээн, билигин кими даҕаны соһуппаккын.

Куорат булчуттара

Подняться наверх