Читать книгу Куорат булчуттара - - Страница 6

Сорох ардыгар

Оглавление

Булка араас буолара ханна барыай? Ордук атын сиргэ, атын хампаанньаны биитэр билбэт дьоҥҥун кытта кыттыстахха, өйдөспөт түгэннэр баар буолан ылааччылар. Өрүү бииргэ бултуур дьон туһунан сиэрдээх-туомнаах, бэйэлэрин истэригэр тулхадыйбат быраабылалаах буолаллара чуолкай. Хайа, уонна бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнсэн, эппиккэ дылы, тыла суох өйдөһөр буоллахтара.

Арай туран, куобахтыы тахсаары тэриннибит. Үүрүүгэ элбэх киһи наада диэн, массыыналаах, саалаах табаарыстарбытын, доҕотторбутун ыҥырарга сүбэлэстибит. Атын хампаанньаттан сыалай биир массыына киһи барсарын биллэрдэ. Үгүстэрин көрөн, истэн билэттиибит. Бэртээхэй хамаанда, урут эмиэ бииргэ бултаан турабыт. Онон үөрдүбүт. Арай биир табаарыспыт табаарыһа, ханнык эрэ тэрилтэҕэ тос курдук тойон оҕо, баара. Табаарыспыт ол киһини бүөбэйдиир да бүөбэйдиир. Бэл, саатын хомуйан биэрдэ, «ыалдьыппыт» ботуруона да суох. Таҥаһа-саба куораттыы. Бачыыҥканан сылдьарын көрөн, саппыкы уларыстыбыт. «Чэ, кылаабынайа, булка көхтөөх эрэ буоллун» диэн үгүспүт аахайбат. Намсыырдыыр суолунан айаннатан иһэн, Кэҥкэмэ диэки түстүбүт да, бултаабытынан бардыбыт. Сирин билэр буоламмыт, суол баар сиригэр толору киһилээх биир массыынаны инники ыытан тоһуйтарабыт. Уоннааҕылар сэлэлии туран, үүрэ-үүрэ хаамабыт. Ытар баҕа баһаам, онон тоһуурга барыыга уочараттаһабыт. Арай «ыалдьыппыт» сырыы аайы тоһуурга барар. Үүрүүгэ олох хаампат. Бастаан утаа, табаарыспытын ытыктаан, ким даҕаны саҥарбат. Аны киһибит үүрүү бүттэҕин аайы «ититинэр» ас көрдүүр, саата хаппырыыстыырын үҥсэргиир. Уолаттар сөбүлээбэтилэр, сирэйигэр эппэтэллэр даҕаны: «Ойуурга бары тэҥмит. Олорон-туран иһиҥ», – дэһэн, бэйэлэрин күөртэһэллэр. Син куобахтанан, киэһэ хонуктуур сирбитин буллубут. Ким мас мастыыр, ким уот оттор, ким ас буһарар, ким балаакка, остуол тардар түбүгэр түстүбүт. Арай «ыалдьыппыт» эрэ күн иллэҥ курдук, туохха да наадыйбат. Олорор. Айаҕалыы сатаан килиэп быстара биэрбиттэрин, атын киһиэхэ көлбөрүйэн ону-маны кэпсээбитэ буолар.

Син барыта орун-оннугар түһэн, бүтэн-оһон, остуолга олордубут. Күө-дьаа буолан, ким чөмпүйүөннээн иһэрин быһаарсыы буолла. Ити биһиги үгэспит диэххэ сөп. Суруллубатах, этиллибэтэх сокуонунан, өрүү куоталаһан тахсабыт. Ким ордук баартааҕа, бастыҥ ытааччыта чиэстэнэр. Бу, туһугар, бултааһыны олус көҕүлүүр. Сороҕор чөмпүйүөннүүргэ бэрт кыра тиийбэккэ, кус, куобах аҥаардыытынан аахсыы кытта буолааччы. Ол көрө-күлүүтэ наһаа бэрт. Туһугар, «көтүү ырытыыта» буоллаҕа. Манна даҕатан кэпсээн ыллахха, бултуурбут тухары бэргэн ытыылар, хамыйахтаах халбыйыылар баар бөҕө буоллахтара. Ити бэйэбит хампаанньабыт тус рекортара. Сыл аайы да буолбатар, итилэртэн сорохторун куоһарталыыбыт. Холобура, 150 миэтэрэттэн туоһапканан түспүт андыны табыы, биэстэ ытан биэс андыны түһэрии, көтөн иһэр кустары хоһулатыы, үстүү хааһы сууһарыы, 400-тэн тахса миэтэрэттэн чубукуну охторуу, онтон да атын элбэх буоллаҕа.

Итинник быһаарса олорон, «кыһыылаах» сыыһыылар, сыыһа-халты туттуулар ахтылыннылар.

– Хайдах оннук сыыһа ытыахха сөбүй? – диэн «ыалдьыппыт» өрүкүйэн турда. – Мин эбитим буоллар, сыыһа туттуом суоҕа этэ, – диэн бэрт хотуулаахтык саҥарда.

Уолаттар ах баран хааллылар.

– Бээрэ, эн төһөнү бултаатыҥ? Өрүү тоһуурга турбут киһи, – диэн биир уолбут эҕэлээх соҕустук ыйытта.

– Ээй, саам моһуоктаан уонна ботуруонун сирэн, мэлийдим. Сарсын, атын ботуруону биэрдэххитинэ, көрүлэтиэм.

– Хайа, доо, бары итинник ботуруонунан ыта сылдьабыт дии, тугуҥ тылай? – диэн хайалара эрэ сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.

Ити итинэн хаалыа эбит да, «ыалдьыппыт» кыраттан холуочуйан, тойонун хаанын киллэрэн: «Ырыата ыллааҥ! Ырыа истиэхпин баҕардым», – диэн ампаалыктанан турда.

Илдьэ кэлбит табаарыспыт киһитин тохтото сатыыр, куһаахан буолла. Бииргэ сылдьарбыт тухары маннык тыл-тылга өйдөспөт, буолаары буолан, «ыллааҥ» диэн ыххайары истибэтэх уолаттар кэлэйдилэр. «Чэ, киһигин утут дуу, хайаа дуу», – диэн сөбүлээбэтэхтэрин аһаҕастык эттилэр. Хайыахпытый? Уку-суку аһаан баран, утуйдубут.

Сарсыарда борук-сорукка туран чэйдээтибит. «Ыалдьыппыт» турбата. Түүн остуолга туран хаалбыт бытыылка аҥаара буокканы иһэн, сөҕүрүйбүт кутаа таһыгар тоҥон бабыгырыы олорорун массыынаҕа киллэрэн утуппуттар. Табаарыспыт олох буруйдаах курдук сананан, кулук-халык сылдьар. «Чэ, уолаттар, ити киһиэхэ кыһаллымаҥ. Аны хаһан даҕаны илдьэ сылдьыбаппын. Көрдөспүтэ бэрдиттэн илдьэ кэлбитим. Мээнэ испэт, оттомноох тыллаах-өстөөх курдуга», – диэн уолбут киһититтэн кэлэйбитин биллэрбитэ.

Ити күн киһибит массыынаҕа тиэллэ эрэ сылдьыбыта. Биһиэхэ ол ордуга. Эмиэ күлэн-оонньоон, дьээбэлэһэн, бэйэбит-бэйэбитинэн буолбуппут. Олус табыллан, бултаан-алтаан дьиэбитигэр төннүбүппүт. «Ыалдьыппытын» даҕаны куобах өлүүтүттэн матарбатахпыт. Онтон ылата ити тойон оҕону көрбөтөхпүт.

Куорат булчуттара

Подняться наверх