Читать книгу Буулдьа суола - - Страница 3
Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Саппыкы суола
ОглавлениеБүлүүтээҕи педучилище үөрэнэр куорпуһа саҥа тутуллан үлэлии турар кэмэ этэ. Уолаттар-кыргыттар оройуон аайыттан сылын аайы кэлэн, учуутал идэтин ылаары, бэйэлэрин тэҥнээхтэрин кытта билиигэ күрэс былдьаһан, кыайыы дьолун билэн уопсай дьиэлэргэ тарҕанан үөрэнэ хаалаллара. Бу биһиэхэ биир саамай түбүктээх учаастагынан буолара.
Биир сарсыарда үлэбэр кэлбиппэр дьуһуурунай Васильев И.Н. кэпсии тоһуйда:
– Училище кыргыттарын уопсайыгар түүн түннүгүнэн киирэннэр, хас да маллардаах чымадааннары уоран тахсыбыттар. Түннүк тааһыгар хаан суола хаалбыт, таһырдьа хаарга атах суола баар дииллэр. Бу соторутааҕыта биллэрдилэр. Ким да кэлэ илик, бу кэтэһэн олоробут, – диэн Иван Николаевич быһылаан туһунан кылгастык билиһиннэрдэ. Ити кэмҥэ силиэдэбэтэл И.Е. Петров кэллэ. Массыынаҕа олороот, училищеҕа бардыбыт. Уопсайга кыргыттар кэтэһэн олороллоро. Таһырдьа тахсан, алдьаммыт түннүк аттын чинчийдибит. Онно көрдөххө, хаарга дириҥ, эриллэҕэс ойуулардаах саппыкы суола хаалбыт. Түннүгүнэн киирээри өстүөкүлэҕэ эчэйбиттэр, хаан хаалбыт. Иван Ефремович кэрэһиттэри булаттаан, быһылаан буолбут сирин көрүү боротокуолун суруйбутунан барда. Кыргыттары кытта кэпсэтэн көрдүбүт да, ким да уоруйах киирэ сылдьыбытын көрүөхтээҕэр буолуох, истибэтэх даҕаны. Оннооҕор түннүктэрэ аһыллан, дьиэлэрэ тоҥ хаһаа буолбутугар улаханнык маҥкыларыгар оҕустарбатахтар.
Атах суолуттан атын, итиитинэ биһиэхэ туһалаах, туох да суох курдук. Миэстэтигэр эмсэҕэлэммиттэртэн туһа тахсыа суоҕун билэн, холуобунай ирдэбил иниспиэктэрэ буоларым быһыытынан, саппыкы суолун суоллаабытынан бардым. Төһө да училище үөрэнээччилэрэ сарсыарда үөрэхтэригэр бараары-кэлээри суолу тэбистэллэр, бөдөҥ ойуулардаах саппыкы суолун син онно-манна булаттаатым. Кыылы суоллуур кэриэтэ төҥкөччү туттан, Калинин уулуссанан куорат киинин диэки бардым. Сотору-сотору суолун сүтэрэн, төттөрү-таары элбэхтэ тиэһинним. Сарсыардаттан да кэлии-барыы куорат сиргэ ханна барыай. Киһи сылдьар ыллык суолун батан, Үөһээ Бүлүү диэки барар киин Ленин уулуссаҕа таҕыстым. Уулуссабыт килэгир, өссө массыыналар соторутааҕыта сылдьыбыттар. Саппыкым суолун төрүт да сүтэрэн кэбистим.
Ити иһэн, Магадааҥҥа үөрэммит сылларбын өйдөөн кэллим. Суоллуурга икки албас баар: бастакыта – ити мин курдук быһылаан буолбут сириттэн батыһыы. Иккиһэ – суолгун сүтэрдэххинэ, тэйиччинэн эргийэ сылдьан көрдөөһүн. Уоруйах бастаан тоҕо эрэ киин диэки барбыт. Ол иһин уулуссаҕа тахсыбыт сириттэн суолу икки өттүнэн, өссө туора уулуссалары хабан ыраахха диэри тэлэкэччийэн, куорат диэки өттүн көрөн кэллим.
Уоруйах суолун ханна да булбатым. Суол суоҕа эмиэ түмүк. Ол аата киин диэки барбатах буолуон сөп. Ол иһин Үөһээ Бүлүү өттүн кичэйэн көрө-көрө, оргууй аҕай хааман истим. Ол иһэн биир сиргэ чуолкай баҕайы суолу булан ыллым. Куорат таһын диэки уулусса устун барбыт. Төһө да тоҥнорбун, суоллаан баран истим. Куорат кытыытыгар баар элэктростанция тиэргэнигэр суолум кэлэн киирдэ.
Быһа хонтуораҕа аастым. Бу тэрилтэ салайааччыта – мин бэркэ билэр киһим. Кузьма Иванович үлэтигэр баар буолан биэрдэ. Дэлби тоҥон киирээт батареяҕа сыстан турдум. Кузьма Иванович сылаас чэй кутан биэрдэ. Үлэ-хамнас туһунан сэһэргэстибит.
– Уоту биэрэр сүрүн дизельбит алдьанан, саппааспытын холбонон олоробут, – киһим кыһалҕатын кэпсиир. – Владивостоктан оннук мотуору өрөмүөннүүр дьон кэлэн үлэлээбиттэрэ ыраатта. Бүтэрэн эрэллэр.
– Дьоҥҥун ханна олордоҕун?
– Манна. «Кыһыл муннукка» үрдүттэн олорон үлэлииллэр.
Төлөпүөн үрдүгэр түстүм:
– Суһаллык силиэдэбэтэл Петров электростанцияҕа кэллин, педучилищеҕа баар буолуохтаах. Мин манна хонтуораҕа баарбын, – диэн дьуһуурунайы дьаһайдым.
Дьонум кэлиэхтэригэр диэри тугу гына олоруохпунуй, Кузьма Ивановичтыын кыһыл муннукка таҕыстыбыт. Таһырдьаттан манна быһа киирэр туһунан ааннаах эбит. Мин бастаатым. Ааны аһан киирбитим, үс нуучча уолаттара ону-маны гына сылдьаллар. Киирэр ааны утары турар олоппоско, уҥа саппыкылаах атаҕын оллооннуу ууран эдэр нуучча уола олорор эбит. Мин уллуҥаҕын көрбүтүнэн киирдим. Ойуута анарааҥҥы суолга олус майгынныыр! Дорооболоһоот, ол уолу ыҥыран, хонтуораҕа батыһыннаран таҕыстыбыт. Кузьма Иванович хонтуоратыгар киирээт милииссийэ сотруднига буоларым туһунан дастабырыанньабын таһааран уолга көрдөрдүм. Туохха кэлэ сылдьалларын, аатын-суолун чуолкайдаан баран:
– Бэҕэһээ киэһэ ханна сырыттыҥ? – диэн ыйыттым.
– Суох. Билбэт сирбэр ханна мэнээк сылдьыамый? Хоспутугар олорбуппут, – Поляков ымырыттан да көрбөтө.
– Бу эн саппыкыҥ дуо? – кэтэн олорор саппыкытын ыйабын.
– Суох, бу уопсай саппыкы. Ким баҕарар наадыйдаҕына кэтэр. Таһырдьа тахса сылдьаары, сарсыарда кэппиппинэн сылдьабын, – киһим адьас да чугаһатар санаата суох.
Ити кэмҥэ Иван Ефремович киирэн кэллэ. Бу түгэҥҥэ балаһыанньа хайдаҕын кылгастык билиһиннэрдим. Кэрэһиттэри киллэрэн, Поляковтан саппыкытын устан ыллыбыт. Бэйэтин атын хоско таһааран кэтэһиннэрдибит. Биригээдэ чилиэннэрин ыйыппыппытыттан туһа тахсыбата. Поляков сытар оронун көрүү кэмигэр тэллэҕин анныттан хааннаах биинтэни булан ыллыбыт. Кэтэ сылдьар таҥаһын устан көрбүппүт, хаҥас илиитин быччыҥар туох эрэ сытыынан туора сотуу баар. Силиэдэбэтэл уураах таһааран, Полякову балыыһаҕа илдьэн, илиитин бааһын чуолкайдатта. Экспертизэҕэ анаан хаан ылларда. Ити эрэ кэнниттэн Полякову милииссийэҕэ аҕалан, РСФСР ХПК-н 122 ыстатыйатыгар олоҕуран туттубут. Ити күн элбэх туоһуну, эмсэҕэлэммит кыргыттары доппуруостаатыбыт.
Поляков буруйун дакаастыыр балай да матырыйаал хомулунна. Ол курдук гипсэнэн кутан ылыллыбыт түннүк аннынааҕы атах суола, онно сөп түбэһэр ойуулаах кэтэ сылдьар саппыкыта. Ону тэҥэ уоруу тахсыбыт сиригэр өстүөкүлэҕэ сыстыбыт хаан уонна кини тэллэҕин анныттан ылыллыбыт биинтэҕэ хаалбыт хаан бээтинэтэ кини хаанын бөлөҕүн кытта сөп түбэһэллэрэ. Ити барыта кини уорбутун чопчу кэрэһилиирэ. Хомуллубут дакаастабылларга олоҕуран, силиэдэбэтэл Петров Поляковтаах олорор хонтуораларыгар уоруллубут маллары булар сыаллаах дьэҥдьиир оҥорорго уураах таһааран, борокуруортан көҥүл ылла. Полякову киллэрэн, ол уурааҕы кытта билиһиннэрдибит уонна бэйэтин буруйун чэпчэтэн, силиэстийэҕэ уорбут малларын көҥүл өттүнэн бэйэтэ көрдөрөн биэрэригэр сүбэлээтибит. Киһибит уйатыгар уу киирэн, буруйун билинэргэ күһэллибитэ. Электростанция дьиэтин анныгар кистээбит малларын ити киэһэ массыына фаратын сырдыгар көрдөрөн биэрбитэ.
Ити курдук уоруйах ир суолун ирдээн, тоҥ суолун тордоон, дакаастабылларынан муннукка хаайан, буруйун биир күн иһигэр толору билиннэрэн турабыт.