Читать книгу Буулдьа суола - - Страница 8

Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Итэҕэйии

Оглавление

Бүлүүгэ үлэлээбитим сыл эрэ буолла. Ийэбиниин Марфа Гаврильевналыын Грабовскай уулуссаҕа икки квартиралаах дьиэҕэ олоробут. Тит Николаевич квартира бэрдэрэн, биһиги абыранныбыт. Чааһынай ыал дьиэтин курдук тиэргэннээх, оҕуруоттаах. Ыалларбыт Козловтар диэн нуучча ыала. Аҕалара Ньукулай сибээскэ үлэлиир. Ийэлэрэ Ольга дьиэтин көрөр-истэр. Кыыстара Валя оскуолаҕа үөрэнэр.

Биирдэ Краснодарскай уобалас Армавир диэн куоратыттан телеграмма кэллэ: «Задержать гражданку Масалову Валентину Андреевну (төрөөбүт сыла, сирэ ыйыллыбыт) зпт прописанную Кызыл Сыре тчк Арест имеется» диэн ис хоһоонноох. Тит Николаевич ону толотторууну бэйэтин оперативнай үлэҕэ солбуйааччытыгар В.Д. Кириллиҥҥэ сүктэрбит. Василий Дмитриевич Масалованы туттара миигин ыытта.

Пааспар остуолуттан ханна олорорун, ханна үлэлиирин сурунан ыллым. Таарыйа барар массыынаны булан Кыһыл Сыырдаатым. Үлэлиир сиригэр быһа тиийдим. Гааһы көрдүүр тэрилтэҕэ сэкирэтээрдиир эбит этэ. Бу туох эрэ ыарахан буруйу оҥорбут, дьонтон саһа сылдьар дьахтар мин туҥуй санаабар модороон көрүҥнээх, сүүрэлии сылдьар албын харахтаах эҥин буолуохтааҕа. Ол эрэн олох атын сирэйдээх-харахтаах киһи олороро. Санныгар түһэ сылдьар хараҥатыҥы кугас баттахтаах, тупсаҕай көрүҥнээх, сөбүгэр толору эттээх, орто уҥуохтаах эдэр дьахтар көрбөтөх киһитин көрөн:

– Кимиэхэ кэллиҥ, туох наадалааххын? – диэн бэрт эйэҕэс куолаһынан ис киирбэх киэҥ харахтарынан утары көрөн олорон ыйытта.

– Мин милииссийэттэн сылдьабын. Эйигин дойдугуттан көрдүүллэр, бэйэҥ да сэрэйэр инигин? Быһатын эттэххэ, эйиэхэ кэллим, – диэн, онно-манна муннарбакка, кэлбит сорукпун көнөтүнэн билиһиннэрдим.

– Уой, мин онно туох да буруйум суох ээ. Уонна ханна да саһа сатаабатаҕым. Манна кэлээт пропискаламмытым.

– Ити барыта үчүгэй, биһиги ону билэбит. Ол эрэн, миигин кытта барсан дьыалаҕын быһаарыстаххына табыллар.

– Хайдах ыллым да барыамый? Кэргэннээхпин, оҕолоохпун.

– Уоппускаҥ суотугар көҥүллэтэн күннэ ыл. Кэргэҥҥин, оҕоҕун бөһүөлэктээҕи милииссийэҕэ ыҥыр. Биирдэ аһыыр өйүөтэ уонна уларыттар таҥаста аҕаллын, – диэн ханна да ыыппаппын биллэрдим.

Масалова боппуруостарын суһаллык быһаарсан бүппүтүн кэннэ милииссийэҕэ бардыбыт. Дьоно кэлэн атаардылар. Дьокуускайтан суһал сырыылаах теплоход кэмигэр кэлэн Бүлүүлээтибит. Аара, таах иһиэхтээҕэр, туохха түбэспитин туһунан ыйыталастым. Ону кини маннык диэн кэпсээтэ.

Биир балай да тэрилтэҕэ кассирынан үлэлээбит. Тойоно сотору-сотору, туох да докумуона суох кэлин биэриэм диэн, харчы көрдөөн ылар эбит. Сокуоннайа суох биэрэрин Масалова өйдүүр эрээри, начальник этиититтэн тахсыбатах. Ол эрээри, сэрэхэдийэн, араспыыска суруйтаран баран биэрэр эбит. Эмискэ бэрэбиэркэ кэлэн, итэҕэстэрин булан ылбыт. Иккиэннэрин харчыны сиэбиккит диэн хаайбыттар. Харчы биэрбит араспыыскалара баар буолан кинини босхолообуттар уонна итээбит харчыны төлөһөргө быһаарбыттар. Харчылара суох буолан, элбэх хамнастаах сиргэ биһиэхэ үлэлии кэлбиттэр. Кини бу билигин үөскээбит быһыыны ыйыталаста:

– Дьэ, Бүлүүгэ тиийэн, миигин хайыыгытый?

– Хайыахпытый, хаайыахпыт буоллаҕа дии, – кыккыта суох, ыйыппытын курдук, эппиэттээтим.

– Хайдах уоруйах киһи курдук хааллан олоруомуй?

– Хаалларгын ааһан, анарааттан кэлэн, дойдугар илдьиэхтэригэр диэри биһиэхэ олоруоҥ.

– Өссө тутуллан дойдубар барабын дуо?! – ыксаабыт куолас иһилиннэ.

– Дьыала оҥоһуллубут сиригэр хаһан баҕарар быһаарыллар. Ый аҥаарынан, түргэтээтэҕинэ, уонча хонугунан, этап кэлиэҕэ. Уопсайынан, ый курдугунан дьиэҕэр тиийиэҕиҥ, – диэн быһаарабын.

– Эчи, уһунун! Тиийиэхпэр диэри сүүрбэччэ сыл кырдьар буоллаҕым дии… – киһи сэҥээрбэт суолун истэн ытамньыйда, олус харааһынна.

Мин этап айанын эрэйин-саатын туһунан толкуйдуубун, оттон кини букатын да атыны саныыр эбит.

Кырдьык да, оннук буолара чахчы. Биһиги систиэмэбит хамсыыра налыччы буолуо. Кэпсэтии үгэнигэр буолан, куоракка тиийбиппитин өйдөөмүнэ хааллым. Милииссийэҕэ кэлэн, наадалаах докумуоннары толорон, дьуһуурунайга Масалованы туттардым. Дьахтар дьуһуурунай биэрбит аһылыгын хайыһан да көрбөтө.

Василий Дмитриевичкэ сырыым туһунан дакылааттаатым. Хайдах да бу эдэр нуучча дьахтарыгар тугунан эмэ көмөлөһөргө бигэ сананным. Сүүрбэ да сыл кырдьыбатар, өскөтүн этэригэр дылы төрүт да буруйа суох буоллаҕына, суолга халтайга эрэйдэниэ, санаата алдьаныа турдаҕа. Бу дьыалаҕа Масалованы тутан кэлбит киһи быһыытынан кыттыгастаах курдук сананным. Сааттаахтык тутуллан тиийэн босхолонон хааллаҕына, биһиги туспутунан туох өйдөбүл хаалыай?

– Василий Дмитриевич, Масалова тылыттан-өһүттэн иһиттэххэ, отой да буруйа суох быһыылаах. Ыытан кэбистэхпитинэ хайдах буолуой, баран, бэйэтэ быһаарыстын ээ, – диэн бэйэм санаабын быктардым.

– Хайдах буолбут киһигиний?! Ол буруйдаах киһи тылын итэҕэйэҕин дуо? Хаайыыттан куотаары тугу баҕарар лахсыйыахтара. Чуолкайдык эппиттэр буолбат дуо, тутуҥ, хаайыҥ диэн. Сойуус үрдүнэн итинник телеграммалары толорбокко оннук-маннык толкуйдуу сылдьар буоллахпытына буруйу оҥорууну кытта хайдах охсуһабыт?! Ити санааҕын бырах. Хата, тутуллубутун туһунан тахсан телеграммата оҕус, хаалларын туһунан уурааҕы ыыта оҕустуннар. Бүттүбүт, табаарыс младшай лейтенант.

Мин итинник диэхтээҕин эрдэттэн сэрэйэр этим. Кини бэйэтэ кытаанах майгылааҕын таһынан олохтоммут сокуону тутуһарын дуоһунаһа да эрэйэн эрдэҕэ. Телеграмма биэрэ охсубатым. Начальникпар Тит Николаевичка тахсан, Масалованы туппутум туһунан сиһилии кэпсээтим.

– Тит Николаевич, кэлэн иһэн, Масалованы кытта туох буруйу оҥорбутун туһунан ыйыталастым. Мин санаабар, киһи хаайыах буруйун оҥорботох курдук. Ону ааһан быйыл дьахтар сыла. Оскуолаҕа киирэ илик саастаах кыыстаах. Хайдаҕын да иһин, хаайыыттан босхолуохтара.

– Бу киһи албакаат буолан бүппүккүн дии. Эдэр киһи, кыраһыабай дьахтары көрөн, сүрэҕиҥ уйулҕата хамсаабыт дуу? Чэ, ити мин дьээбэрэн эттим. Чахчы, эн интуицияҥ итинник эппит буоллаҕына, оттон биһиги үлэбитигэр курдаттыы таайыы, сэрэйии кырата суох миэстэни ылар, маннык гыныахха. Почтаҕа баран, телеграмма ыыппыт дьону кытта кэпсэт. Масалова туох буруйу оҥорбутун туоһулас. Онтон быһаарыахпыт, – диэн түмүктээтэ.

Бэйэбин босхолоппут курдук сананан, почтаҕа тэбинним. Армавиры кытта сибээс, сакаастаатахха, биир нэдиэлэнэн бэриллиэ диэтилэр. Эчи, уһунун. Тугу да ситиспэккэ төнүннүм. Үлэ кэннэ дьиэбэр тиийэн, ийэбэр алаадьы оҥортордум. Киэһэ кэлэн, дьуһуурунайынан Масаловаҕа бэрдэрдим.

Сарсыныгар Тит Николаевичка киирбиппэр ыксаама, кэтэһиэххэ диэтэ. Мин ыксыырым сүр, күнүн аайы кинини кытта ньээҥкэлэһэр бириэмэм суох:

– Масалова манна олорбот диэн телеграммата охсуохха уонна бэйэтин ыытан кэбиһиэххэ, баран быһаарыстын ээ, – диэн этии киллэрдим.

– Дьэ, ыксал киһигин, доҕор, – Тит Николаевич тохтуу түһэн толкуйдаата. – Кэргэнин ыҥыр уонна Армавирга диэри билиэттэ ылларан, сөмөлүөккэ киллэрэн ыыт. Уонна дойдутугар барбыт диэн телеграммата оҕус, – диэн мин этиибэр сөбүлэһэн, дьаһал биэрдэ.

Масалованы хаайыыттан таһааран, кэргэнигэр эрийтэрдим. Кэргэнэ киэһэ кыыһын кытта кэллилэр. Авиапорду кытта кэпсэтэн, Дьокуускайынан Армавирга диэри аһаҕас күннээх билиэт ыллаттардым. Нөҥүө сарсыардатыгар босхолоон, Тойон Хонууга таһааран Дьокуускайдаттым. Василий Дмитриевич ону билэн, сэттэбин ыла сыста:

– Туох эмит буоллаҕына, эн эппиэттиэҥ! – диэн кытаанахтык сэрэттэ.

Дьэ, ол курдук, мин Масалованы итэҕэйэн, оттон начальнигым миэхэ эрэнэн, итинник судургута суох быһаарыыны ылынан турардаахпыт.

Күннэр ааһан истилэр. Иккиэйэх холуобунай ирдэбил иниспиэктэригэр дьыала элбэх, оройуон киэҥ.

Биир сарсыарда тыаҕа командировкаҕа бараары, уҥуор тахсан, сөмөлүөт көтөрүн күүтэ сырыттым. Ол бириэмэҕэ Дьокуускайтан сөмөлүөт кэлэн түстэ. Дьон тахсыбытыгар көрбүтүм, арай кинилэр быыстарынан Масалова иһэр эбит. Мин турарбын көрөөт, үөрэ-көтө кэлэн дорооболосто. Тохтоло суох, табыллан сылдьыбытын туһунан кэпсээн ыһан-тоҕон кэбистэ. Кини дьыалатын суукка тириэрдибэккэ саппыттар, оттон тойонун хаайбыттар. Туох да эрэйэ суох, дьыалатын быһаарсан, биһиэхэ махтала улахан. Регистрация саҕаланан, мин барыахтаах сирбэр көттүм.

Сайын ааһан күһүн буолла. Түбүк бөҕө буола сырыттахпына:

– Эйиэхэ дьон кэллэ, – диэн дьуһуурунай биллэрдэ. Тиийбитим, Масалова кыыһын уонна биир билбэт киһибин кытта турара. Валентина Андреевнаны хоспор киллэрэн сэһэргэһэ түстүм. Билбэт киһим саҥа кэргэнэ эбит. Армавирга сырыттаҕына, эрэ ыала дьахтары кытта бэртии буолбуттар. Онтон сылтаан, атырдьах салаатыныы арахсыбыттар. Самодеятельноска кытта сылдьан, байааҥҥа оонньуур киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Бу хоту үлэлии баран иһэллэр эбит.

Валентина Андреевна ити кылгас кэмҥэ милииссийэ туһунан санаата тосту уларыйбытын уонна ол санаатын үйэ-саас тухары илдьэ сылдьыан туһунан бэрт үгүс үтүө тылы эппитэ.

Буулдьа суола

Подняться наверх