Читать книгу Буулдьа суола - - Страница 4

Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Пушкин хоһоонноро

Оглавление

Күнүс эбиэттии бараары олордохпутуна дьуһуурунайга Халбаакы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анастасия Павловна абаран-сатаран туран эрийбит: «Биир билбэт киһибит кэлэн буулаата. Бу туох ааттаах үлүгэрэй, от саамай үгэнигэр кустуу сылдьар диэн! Олохтоох киһи буолбатах, кус оҕолорун баччаҕа биһиэхэ ким да ыппат. Кэлэн быһаарсыа этигит», – диэн.

Биһиги сонно тута ким кустуон сөбүн сабаҕалаан биллибит. Бэрт соторутааҕыта Күүлэт диэки (ханнык дэриэбинэтин умнубуппун) биир хаайыыттан тахсыбыт киһи 60-чалаах аҥаардас дьахтары дьиэтигэр киирэн күүһүлээн баран, Бүлүү диэки сатыы куоппут этэ. Ойуур устун бу кумаарга ханна үлүбээй сырса сылдьыахпытый, көрдөөн көрөн баран төннүбүппүт. Биллиэн сөптөөх нэһилиэктэрин сэрэтэлээбиппит. Өр-өтөр буолбакка, ити Халбаакыттан биллэрии киирдэ. Кини буолуон сөп, билигин, кырдьык, ким сааланыай? Отчуттар кистээн илдьэ сылдьар эргэ сааларын уордаҕа. Анастасия Павловнаны кытта эбиэт кэннэ билсэ сырыттым. Киһибит дьону көрдөр эрэ саһан хаалар эбит. Ыппыт сирдэриттэн ботуруонун быыһын ылан көрдөхтөрүнэ, Пушкин хоһооннордоох кинигэ лииһэ буолар үһү.

Тутан аҕаларга С.В. Никифоров биһиккини ыыттылар. Халбаакыттан көмөҕө дружинник ылан аастыбыт. Отчуттартан туоһулаһан, кыһын мас кэрдээччилэр олоро сылдьыбыт болуоктара киһибит «кустуур» сирин таһыгар баарын биллибит. Уһуктаҕас буоллаҕына, киһини былдьыа диэн болуокка тиийбэккэ эрэ аара тохтоон, сарсыардааҥҥы саһарҕаны кэтэстибит. Сэксэ оҥостон сыта түстүбүт да, кумаар утуппата.

Болуокка чугаһаан баран, сэп курдук сэрэнэн, ох курдук оҥостон үөмэн киирдибит. Ыттааҕа буолуо диэн дьиксинэрбит. Хата, ыта суох эбит. Олох тыаһа суох кэлэн, ааны оргууй анньан көрбүппүт – иһиттэн хатыылаах эбит. Чэ, дэһээт, ааны тоҕо көтөн, эмискэ наара аттыгар баар буола түстүбүт, үрдүгэр түһэн, харытыгар тимир кыаһы кэтэртибит. Эргэ саа истиэнэҕэ өйөнүллэн турара. Уоһугар иитиилээх ботуруон сылдьара. Хас да иитиилээх ботуруон сыттыгын анныгар сытара.

– Эрдэ билтим буоллар, киирсэрим хаалла, – диэн чабыламмыта.

Төһө кырдьыгы эппитэ буолла? Биир ботуруон үрдүкү быыһын быһаҕынан олуйан ылан көрдүм. Кырдьык, Пушкин хоһооннордоох кинигэ лииһэ буолан биэрбитэ. Ону билигин, баҕардар, улуу поэт тыына араҥаччылаан, хаан тохтубатаҕа буолаарай диэх курдук санаан ылабын.

Ити курдук эҥкилэ суох, ардыгар мүччү-хаччы да буоллар, табыллыбыт сырыылар биһиги сэрэхтээх үлэбитигэр хам-түм баар буолааччылар. Кутталлаах сырыыларга үчүгэй толкуй, ыксаабат буолуу, буруйдаах санаатын, кыаллар буоллаҕына олоҕун да билии улахан суолталаах буолар. Буоллун-хааллын диэн сыһыан араас алдьархайга тэбиэн сөп.

Буулдьа суола

Подняться наверх