Читать книгу Буулдьа суола - - Страница 9

Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Флигель

Оглавление

Холуобунай ирдэбил үлэтэ киэҥ уонна, саҥатык үлэлии сылдьар буолан, билбэтим-көрбөтүм элбэх. Күннээҕи түбүктэн ордон, тохтотуллан көрдөбүлгэ сылдьар дьон дьыалаларынан олохтоохтук дьарыктаныаҕы бириэмэ да тиийбэт курдуга. Ол да буоллар, сөп буола-буола ылан үөрэтэрим, өссө тугу гыныахха диэн толкуйтан тиийбэтин ситэрэн-хоторон биэрэрим.

Мин иннибэр аҕыйах лиистээх Шебетовскай диэн нуучча уолун көрдүүр дьыала сытар. Кини Кыһыл Сыырга үлэлии сылдьан, мин өссө кэлиэм инниттэн ыарахан холуобунай дьыаланы оҥорон баран туттарбакка күрээн сылдьара. Ханна баара биллибэт буолан, Сойуус үрдүнэн көрдөнөрө. Төрөөбүт сиригэр милииссийэҕэ тиийэ сырытта дуо диэн сурук ыыттым уонна төрөппүттэрин туоһуластым. Син балай эмэ буолан баран хоруй кэллэ, ийэтэ дойдутугар олорор эбит. Борокуруортан көҥүл ылан, Шебетовскай ийэтигэр уолугар суругар хааччахтааһын миэрэтин тутуннум.

Буулдьа суола

Подняться наверх