Читать книгу Буулдьа суола - - Страница 7

Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Дьахтар суола

Оглавление

Дьуһуурунайдыы олоробун. Бүлүү куоратын биир ойдом турар дьиэтиттэн уоруу буолбутун туһунан дьиэлээх Слепцова эрийэн биллэрдэ. Кэтэс диэн баран, онно тиийдим. Хаһаайка, сайын буолан, тиэргэҥҥэ көрүстэ. Туох буолбутун туоһуластым. Хас да сыаналаах малы уорбуттар. Кэрэһиттэри булан, көрүү боротокуолун суруйбутунан бардым.

Дьыала ис хоһооно маннык эбит. Дьиэлэрин муостатын кырааскалаан, малларын биир хоско хатаан баран, икки хонуктааҕыта урууларыгар баран хоммуттар. Бүгүн эрэ, муоста кырааската төһө куурбутун көрөөрү, хаһаайка уоруу буолбутун билбит. Кими да уорбалаабат. Киһи хараҕар чуо быраҕыллар атах суола муостаҕа хаалбыт. Уоруйах күүлэҕэ кыракый бааҥкаҕа дьиэлээхтэр оһохторун оппуохалаабыт бороһуоктарын тобоҕо турбутун хараҥаҕа көрбөккө тоҕо тэбэн, үрдүгэр үктээн дьиэҕэ ааспыт. Суолуттан көрдөххө, дьахтар эрэһиинэ саппыкытын суолугар майгынныыр. Кырааскаламмыт муостаҕа суола чуолкайдык көстөр. Ити суолу анал пленканан түһэрэн ыллым. Уоруон сөптөөх дьону бэрэбиэркэлээн көрдүбүт да мэлийдибит. Буруйдаах көстүбэтэ. Күн-дьыл ааһан истэ.

Арай биир күн туохха эрэ наадыйан силиэстийэ хоһугар киирдим. Ыстаарсай силиэдэбэтэл П.В. Павлов эдэр уолу доппуруостуу олорор. Уол атаҕар кылгас дьахтар эрэһиинэ саппыкытын кэтэн олорор. Атаҕын көтөхтөрөн, саппыкытын уллуҥаҕын ойуутун көрдүм – Слепцова дьиэтин муостатыгар хаалбыт суолга олус майгынныыр. Прокопий Васильевичтан, бүттэҕинэ, уолу илдьэ мин хоспор киирэ сылдьарыгар көрдөстүм. Сотору киирэн кэллилэр. Пленкаҕа уһуллубут суолу кытта саппыкытын ойуутун тэҥнээн көрдүбүт. Үүт-үкчү сөп түбэстэ! Салгыы эрийэн, ити күн уоруллубут маллары уол олорор дьиэтин үрдүттэн Прокопий Васильевичтыын баран боротокуоллаан ыллыбыт. Эмсэҕэлээччини ыҥыран, малларын көрдөрдүбүт. Барыта, хата, баар эбит. Буруйдаах киһи көстүбэккэ, тохтоон сытар дьыала, саҥа сүүрээннэннэ. Бытархай күлүгээнистибэҕэ 15 сууккаҕа олорор киһибит, ыстатыйа эбинэн, үргүлдьү атын сиргэ суруогун матайдыы барар буолла.

Буулдьа суола

Подняться наверх