Читать книгу Буулдьа суола - - Страница 6
Быһылааннаах сырыылар, мүччүргэннээх түгэннэр
Криминалистика араас түгэниттэн
ОглавлениеБуруйу арыйыыга криминалистика биир сүрүн хайысханы ылар. Ол да иһин, институкка үөрэнэ сылдьан, бу салаанан утумнаахтык дьарыктаммытым. Бүлүүгэ үлэлии сылдьан, хаартыска оҥорор хоско, буруйу оҥорооччулартан ылыллыбыт маллары хомуйан криминалистика хоһун оҥорбутум. Манна булт сааларын арааһын хомуйбутум. Ол курдук, 32-н 8 калибрыгар тиийэ булт саалара баара. Буулдьанан эстэр бинтиэпкэлэр, харабыыннар, туоһапкалар араастарын хомуйан, истиэнэҕэ ыйаабытым. Биир ботуруоҥҥа төһө доруобунньук киирэрин көрдөрөр долбуур баара. Итини тэҥэ быһахтар, кастеттар, фотоаппарааттар ууруллубуттара.
Сайын биир сарсыарда сопхуос отделениетын тарбыйах көрөөччүлэрэ үлэлэригэр кэлбиттэрэ: хас да торбос хаан-билик буолан охто сыталлар, хас да байааттаҥныы сылдьаллара үһү. Ол туһунан суһал тыллабыр киирбитэ. Мин дьуһуурунай буолан, ол быһылааҥҥа барсыбатаҕым. Киэһэлик дьоммут туох да түмүгэ суох төннөн кэллилэр. Начальник хоһугар бөлөх ыстаарсайа Алексей Прокопьевич маннык диэн кэпсээтэ:
– Өлбүт тарбыйаҕы бэтэринээринэн эттэттибит. Онно туоһапка буулдьата көһүннэ. Ол гынан баран, туоһапканан буолбакка, атын саанан ыппыттар. Тоҕо диэтэххэ, буулдьатын эрилгэнэ (нареһа) аҕыйах.
Тит Николаевич истэн олордохпутуна ИДьМ-ҥа криминалистика отделыгар эрийдэ. Ону итиччэ эрилгэннээх ханнык эрэ омук бэстилиэтэ баар диэтилэр. Биһиги сэриигэ сылдьыбыт киһи аҕаллаҕа дэстибит. Мунньахтан тахсан иһэн, Алексей Прокопьевичка эттим:
– Оттон «Белка» эрилгэнэ хаһа буолла?
– Ээ, кырдьык да, бэрэбиэркэлээн көрүөх эрэ, – киһим хараҕа сырдаан өрүкүнэйэ түстэ.
Криминалистика хоһуттан «Белканы» ылан, кумахха тахсан ыттыбыт. Эрилгэнин ахсаана чуо сөп түбэстэ. Сарсыныгар баран, буруйдааҕы булан илдьэ киирдилэр. Маҥнай утаа нэһилиэк салайааччылара: «Буруйдаах булуллуохтаах уонна сууттанан хаайыыга олоруохтаах! Тыыннаах тарбыйахтары ытар киһи киһини да ытан кэбиһиэн сөп!» – диэн күүстээх модьуйууну туруорбуттара. Суутун саҕана киниттэн ордук үчүгэй киһи суох буолбута, барыта алҕас тахсыбыт аатырбыта. Кэлин истибиппит салайааччыларбыт уруулара буолан биэрбит этэ. Суут саалатыттан босхоломмута, кыһалаҥ үлэҕэ ууруллубута.
Буруйу арыйыыга техника тэрилин мэлдьи туттарбыт. Ордук магнитофоҥҥа суруйууну. Буруйданааччылар көрдөрүүлэрин суукка тиийэн, ардыгар уларытан бутууру таһаараллара. Ол иһин ордук ыарахан, иһэ хараҥа дьыалаларга силиэдэбэтэллэр бастакы доппуруоска, сирэй көрүһүннэриигэ магнитофону сөбүлээн тутталлара. Быһылаан буолбут сирин көрүүгэ тарбах суолун аналлаах пленкаҕа устан уорбаланар дьон киэнин кытта тэҥнээн көрөрбүт. Массыына, киһи атаҕын суолун гиипсэнэн кутан дакаастабыл да быһыытынан туттарбыт.
Биирдэ уончалаах уол хаста да уоран эрэйдээбитэ.
Уорарын ааһан туттаран туран мэлдьэһэрэ, буруйун ончу билиммэтэ. Алексей Прокопьевичтыын сүбэлэһэн баран, ультрофиолетовай лаампаны туттан, «детектор лжи» диэн ааттаан оҥордубут. Ыраас кумааҕыга биир өттүгэр «сымыйалыыр», иккис өттүгэр «кырдьыгы этэр» диэн көстүбэт харандааһынан суруйдубут. Алексей Прокопьевич уоруйахтары утары саҥа техниканы оҥорбуттарын туһунан бэрт үчүгэйдик оҕоҕо тиийэр гына кэпсээтэ уонна уоруйах уолтан биллэр соҕус боппуруоһу ыйытта. Мин детекторбын холбоотум, «кырдьыгы этэр» диэн уол эппиэтигэр кини сөбүлэстэ. Онтон уоруу буолбут сирин диэки ыйытыыбытын чугаһаттыбыт. Киһибит билиммэт. Детекторбыт «сымыйалыыр» диэн көрдөрдө. Итинник төттөрү-таары хачайдаан, буруйун син билиннэрбиппит. Бу аҕыйах хонуктааҕыта «Якутск вечерний» диэн хаһыаты көрө олорон билбитим, биһиги оҥоро сатаабыт детекторбытын 1999 сыллаахха оҥорбуттар эбит. Дьону үөрэтэн, Дьокуускайга уонна Нерюнгригэ саҥа туттан эрэллэр үһү. Бу «Эпос» диэн ааттаах полиграф эбит. Көмпүүтэртэн уонна сүрэххин уһулар дааччыктартан турар үһү. Маннык тэрили албынныыр ыарахан дииллэр. Ол эрэн көрдөрүүтэ дакаастабыл быһыытынан сыаналаммат эбит.
Холуобунай ирдэбил иниспиэктэрин үлэтэ ирдээн иһэр булчут ыты санатар. Ол эрэн буруйдаахтар бары кус-куобах курдук сытан биэрбэттэр. Биирдэ өрөбүлбэр милииссийэҕэ таарыйдым. Киирээппин кытта дьуһуурунай көмөлөһөөччүтэ Н.С. Григорьев:
– Бу эппиэт дьуһуурунай Иван Григорьевиһы кытта биир сиргэ баран кэлиҥ эрэ. Бөтүрүөп уола дьиэтигэр арыгылаан баппатах, – диэтэ.
Иван Григорьевич матасыыкылыгар олоро биэрээт, аадырыспытыгар көтүтэн тиийдибит. Дьиэ иһигэр киирбиппит, иһит-хомуос ыскааба сууллан муостаҕа сытар. Эр киһи орто холуочук айдаара сылдьар. Ону намыраттыбыт, Иван Григорьевич дьахтартан сайабылыанньа суруйтара олордо. Мин аан аттыгар киһибин манаан турдум. Бөтүрүөп улахан тугу да оҥорботор, арыгылыыра иһиллэрэ. Киһим таһырдьа тахсаары ааҥҥа кэллэ:
– Ииктээри гынабын, – диэтэ. Иван Григорьевичка этэн баран киһибин кытта таһырдьа таҕыстым. Дьиэ таһыгар тэпилииссэ турара. Киһим ол кэннигэр киирэн хаалла. Аан аттыгар кэтэһэн турдум. Дьиэ олбуордаах, ханна да барбат ини дии санаатым. Чочумча буолаат, киһим саа тутуурдаах, биир батарантаас кыбыныылаах бу тахсан кэллэ. Ол бириэмэҕэ Иван Григорьевич дьиэ иһиттэн бүтэн таҕыста. Киһибит саатын уоһун биһиги диэки туһаайбытынан утары кэлэн:
– Ытаттаан кэбиһиэм! Хамсаамаҥ! Гириинньэ да уола буол! – диэн Иван Григорьевичка саана-саана олбуор аанын кэннинэн аһан тахсан барда.
Уулуссаҕа тахсан кэннин эрэ көрөн хааллыбыт. Иван Григорьевич:
– Саата баран ылыахха! Хайаан да туттахха табыллар, – диэт, матасыыкылын үрдүгэр түстэ. Дьуһуурунай чааска тиийэн кэпсээбиппитигэр:
– Ханна да барыа суоҕа. Киһини ыппат киһи, сарсыарда тутуохпут, – диэн Иван Степанович оргууй аҕай унаарытта.
Иван Григорьевич, сибилигин тиийээт тута охсор төһө да баҕалааҕын иһин, кырдьаҕас киһи тылын ылынна. Сарсыарда өйдөммүтүн кэннэ, дьон утуйа сыттахтарына, аймахтарыттан аҕалан, бытархай күлүгээннээһиҥҥэ дьыалалаабыттар этэ.
Күһүн кус көҥүллэниэн аҕай иннинэ браконьердааһыны утары үлэлииргэ дьону аттарыы буолла. Миигин кытта биһиги суоппарбыт Константинов Коля барсар буолла. Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, Дьокуускайдыыр суолунан бардыбыт. Өкүндүгэ бииргэ үлэлээбит табаарыспытын В.Н. Трофимовы уһугуннара тиийдибит. Чэй иһэн баран айан суолугар тахсан турдубут. Арай аҕыс миэстэлээх ГАЗ-ик Дьокуускай диэкиттэн иһэр. Биһиги тохтотон, суоппартан докумуонун көрдөөтүбүт. Массыына иһигэр дьон толору олороро көстөр. Коля массыынаны эргийэ барда:
– Хайа, бу тугуй? Браконьердыы сылдьар эбиккит буолбат дуо?! – диэн соһуйбут саҥата иһилиннэ.
Онно эргийэ тиийбитим – массыына иһигэр саа, кус бөҕөтө. Дьоммут тугу да саҥарбаттар. Саалары хомуйан, бэйэбит массыынабытыгар уктубут. Мин кинилэр массыыналарыгар олорсон, милииссийэҕэ тиийдибит. Онно тоҕус киһини боротокуоллаан, тоҕус сааны уонна 70-ча куһу, биир хомуллар кыра тыыны тутан, булчуттар тэрилтэлэригэр илдьэн биэрдибит. Биирдии улахан көҕөнү махтал быһыытынан биһиэхэ туттартаан ыыттылар. Дьолбутугар, браконьердар арыгылара эрдэ бүтэн, ол күн өйдөөх биһиэхэ түбэспиттэрэ. Ол иһин туох да утарсыыны оҥорботохторо. Арай итирик буоллуннар…
Чернышевскай бөһүөлэккэ өлөрүү буолбутугар түүн кэлэн, буруйдаах гарааска киирэн, биһигини саалаах кэтэһэн олорорун билбиппит. Чуҥнаан баран, кими да онно чугаһаппакка кэтэһэ түспүппүт. Аан быыһынан көрөн, утуйбутун кэннэ киирэн тыраахтар хабыынатыттан туох да эрэйэ суох туппуппут. Өскөтүн итирик, милииссийэлэри кытта ытыалаһыам, таах бэриниэм суоҕа диир киһини сонно тута сатаабыппыт буоллар, туох тахсыа эбитэ буолла?..
Биирдэ оттомо суохпар милииссийэ бэтэрээнин Гаврил Алексеевич Варвариковы улаханнык өһүргэтэн турардаахпын. Биһиги, эдэр үлэһиттэр, ол онтон үйэ-саас тухары өйдүүр үөрэҕи ылбыппыт. Оччолорго милииссийэҕэ саҥа үлэлээн эрэр эдэр киһи этим. Олоххо билбэтим-көрбөтүм ханна барыай? Санаабар барыта кыраттан, киһи улахаҥҥа уурбат түгэниттэн саҕаламмыта.
Быһылаан буолбут сирин көрөн, чинчийэн кэлэн баран киэһэ личнэй састаап иннигэр тугу көрбүппүн, тугу сабаҕалыырбын, туохтан бастаан саҕалыахха сөбүн дакылааттаатым. Кыра массыынанан сылдьыбыттар, суоллара хаарга чуолкайдык көстө сытар. Тит Николаевич сылааһына бу массыынаны көрдүүргэ хамаанда биэрдэ. Отделтан тахсан истэхпитинэ, уоппускаҕа сылдьар милииссийэ старшината Варвариков сулууспаҕа илдьэ сылдьар массыыната кэлэн гарааска киирдэ.
– Уолаттар, таарыччы көрөн ааһыаҕыҥ эрэ, көлүөһэ хайдах быһыылааҕын көрдөрүөм, – диэт өссө аана сабылла илик гарааска кэллибит. – Көрүҥ эрэ, бу адьас атын ойуулаах протектор. Оттон бу хаҥас көлүөһэни көрүҥ эрэ, ойуута оруобуна иннинээҕи уҥа көлүөһэ киэнин курдук. Иннинээҕи көлүөһэлэр ойуулара мантан атыттар, уруһуйдаабытым курдук буолуохтаахтар. Чэ, бардыбыт, – диэтибит. Тэрилтэ гараастарын уһун түүнү быһа бэрэбиэркэлээбиппит.
Сарсыарда үлэлии олордохпуна, Тит Николаевич хоһугар ыҥыртаран ылла. Саҥата суох икки тэтэрээт лииһигэр иннигэр, кэннигэр толору суруллубут суругу куду анньан биэрдэ. Эмиэ туох эрэ буоллаҕа диэн билсэн бардым. Ааҕан иһэн, кэннин көрбүтүм, Варвариков начальник аатыгар суруйбут араапара эбит. Соһуйуу бөҕөнү соһуйдум:
– Мин манна туох да буруйум суох. Туох диэммин Гаврил Алексеевиһы уорбалыы сылдьыамый? Сүрэ да бэрт. Көннөрү милииссийэ массыынатыгар протектор ойуутун уолаттарга көрдөрөн, быһааран ааспытым. Тылынан истэр биир, илэ көрөр туһунан буоллаҕа дии, – диэн кытыга суохтук тутуннум.
– Уорбалаатыҥ диэбэппин, дьалаҕай сыһыаҥҥынан кырдьаҕас киһини кыыһырдыбыккын. Бу суругу таах хаалларар табыллыбат. Эписиэрдэр чиэстэрин көрөр суукка ыытабын.
Ити кэнниттэн кырдьаҕас милииссийэ үлэһиттэрэ кыттыылаах суут буолбута. Сууту баһаарынай иниспиэксийэ начальнига, эписиэрдэр сууттарын бэрэссэдээтэлэ К.А. Акимов ыыппыта. Суут иннинэ эдэр уолаттар миигин көмүскүүр, буруйа суох киһини таах да дьүүлгэ таһаараллар диэн киирсэр санаалаах ленинскэй хоско киирбиттэрэ. Ол эрэн тылы маҥнайгыттан кырдьаҕастар ылбыттара. Кинилэр ыллыктаах тылларын кэнниттэн буруйум арылыс гына түспүтэ. Бу кэлин өйдөөтөххө, олох да көстөн турар дьыала эбит – саастаах дьоҥҥо сайаҕас сыһыан, убаастабыл, сиэрдээхтик туттуу ирдэнэр. Итини тула киэҥ кэпсэтии тахсыбыта. Гаврил Алексеевиһы кытта гарааска атын киһи баарыгар биһиги олох да санаабытын уурбатахпыт. Ол киһи хараҕар уорбалыыр курдук көһүннэхпит буолуо. Эрдэтинэ сэрэтии, туох да кэпсэтии суоҕа. Эдэр дьон ууну омурдубуттуу саҥата-иҥэтэ суох барбыттара, эрдэ өрүкүнэйбиппит тохтообута. Сэрэтии биэрбиттэрэ. Онно сөрү-сөп буолбутум. Табаарыстарым үөрэҕэ олоҕум устата хаалбыта. Кэлин бэйэм начальник буолан баран, ити боппуруоска элбэхтик эргиллибитим.
Араас быһылаан сөп буола-буола тахсара. Ол быыһыгар киһи күлүөх да курдук түгэннэрэ баар буолааччы. Күһүн биирдэ исполком бэрэссэдээтэлэ А.Е. Старостин Хара Алдантан эрийдэ:
– Хаандыга диэкиттэн өрүһү батан сатыы нуучча киһитэ иһэр үһү. Кыра ботуоҥка сүгэһэрдээх уонна харабыыннаах дииллэр. Ону булчут Самсонов кыра сиэнэ кыыс көрбүт уонна «эһээ курдук саалаах диэбит» диэн ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэттэ. Ити кэмҥэ, кырдьык да, Хаандыгаттан хаайыылаах күрээн туттарбакка сылдьара. Ол иһин, кини сырыттаҕа диэн түргэнник тутар-хабар бөлөх уолаттарын хомуйа охсоот, Хара Алданнаабыппыт.
Олохтоох былааһы көрсөн, киһибитин хайдах, ханна тутарбытын сүбэлэстибит. Тыынан барыаҕы, ыраахтан көрөн, саһан эрэйдиэн сөбө. Ол иһин аара тоһуйарга быһаардыбыт. Кэтэһэргэ тоҕоостоох сир баар эбит. Суоттааһын быһыытынан сарсын киэһэ ол сиргэ тиийэн кэлиэхтээх. Сарсыарда милииссийэ уолаттары кэтэһиэхтээх сирдэригэр илдьэн түһэртээтибит. Кырдьык да, олус табыгастаах сир эбит. Биир өттө өрүс, иккис өттө үрдүк быраан. Өрүс сүнньүнэн иһэр киһи ити тоһууру хайдах да мүччү түспэт сирэ.
Мин чахчы кытылынан киһи иһэрин чопчулуохпун баҕаран, мотуордаах тыыга олорсон өрө уһуннум. Син балай да айаннаатыбыт, киһи баара көстүбэт. Суол-иис көрөөрү, ыраахтан иһэр дьон быһыытынан, кытылга «сынньана» тахса сырыттыбыт. Кумахха эргэ саппыкылаах соҕотох киһи суола аллара диэки ааспыта чуолкайдык көстө сытара. Биһиги төннөн, дьоммутугар тиийэн, сатыы киһи чахчы иһэрин кэпсээтибит уонна бүтэһик төгүлүн ыйыы-кэрдии биэрэн баран ааһа турдубут.
Киэһэ сэбиэт хонтуоратыгар кэтэһэн олордохпутуна, аптамааттаах, түөс куйахтаах уолаттар киирэн кэллилэр. Биир бытыктаах, орто уҥуохтаах, бэрт мөкү таҥастаах, кыракый сүгэһэр оҕолоох нуучча киһитин аҕалбыттар. Онно ыйыталаһан билбиппит, Хаандыгаҕа ону-маны үлэлээн баран, сөп буолан, сирэйин хоту балыктаан аһыы-аһыы айаннаан иһэр көччүр киһи эбит. Сиэбиттэн докумуонун ылан көрдөрдө. Хаандыга милииссийэтин кытта сибээстэһэ сырыттым, киһи тордуохтаһара туох да суох буолан биэрдэ. Ханнааҕы сэбэ кэлиэй, ботуоҥкатын сүгэн иһэр маһын оҕо харабыыҥҥа холуйан эппит буолуон сөп. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Алексей Егорович туох идэлээҕин иҥэн-тоҥон ыйыталаста. Онно билбиппит, хачыгаар, оһохчут идэлээх, маһы да мастыыр, «Дружбаны» да бэркэ билэр киһи буолан биэрдэ. «Күрүөйэхпит» манна хаалан үлэлиэх буолан, тылын ылан, биһиги кэлбит сорукпутун сиппит дьон быһыытынан дьиэлээбиппит. Отой хойукка диэри үлэһит киһини булан биэрбиккит диэн, Харалар махталлара улахан этэ.