Читать книгу Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ - Л. В. Иванова - Страница 4
Олоҕун олуктара
Оглавление1928 с. сэтинньи 8 к. – I Ньурба (билиҥҥинэн Ньурбачаан) нэһилиэгэр төрөөбүтэ;
1942–1945 сс. – Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэр;
1945–1948 сс. – Өлөөҥҥө учууталлыыр;
1952 с. олунньу 19 к. – сымыйа балыырга түбэһэн хаайыллар;
1954 с. – хаайыыттан босхолонор;
1955 с. – Дьокуускайдааҕы пединститут история салаатын бүтэрэр;
1954–1956 сс. – сэрии инбэлииттэрин интернат-оскуолатыгар үлэлиир;
1956–1958 сс. – Кэбээйигэ оскуола дириэктэринэн үлэлиир;
1957 с. – Варвара Михайловна Пермяковалыын ыал буолаллар;
1958–1974 сс. – Бүлүү педучилищетыгар дириэктэрдиир;
1960-с сыллартан сир аатын хомуйан чинчийиитин саҕалыыр;
1967 с. – «Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала» аат иҥэриллэр;
1974–1982 сс. – Учууталлар таһымнарын үрдэтэр институкка история, обществоведение кабинетын салайар;
1983–2003 сс. – Гуманитарнай чинчийии институтун старшай научнай үлэһитэ;
2017 с. кулун тутар 25 к. олохтон барбыта.
Багдарыын Сүлбэ