Читать книгу Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ - Л. В. Иванова - Страница 6
Кынаттаах тыллара
Оглавление– Топонимика – норуот олоҕун, историятын сиэркилэтэ.
– Саха түҥ былыргы баай историялаах омук. Биһиги революция иннинэ, революция маҥнайгы сылларыгар улахан суруйааччылардаах, бас-көс дьоннордоох этибит. Холобур Күлүмнүүр, Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа.
– Учууталбар Г.П. Башариҥҥа махтанабын. Уруогу ааҕар уонна ону учууталга кэпсээн сыана ылар эрэ диэнинэн муҥурданар тутах эбит диэҥҥэ харахпытын аспыта.
– Топонимика эҥинэ диэн дьиктилэрдээх да эбит.
– Мин – сахабын. Оҕолорбун, үөрэнээччилэрбин оннук тыыҥҥа иитэн кэллим.
– Саха буолуохтаахпыт, сахабытын өрө тутуохтаахпыт.
– Саха – өһөс диибит. Уһун тыыннанар туһугар кыах баарынан охсуһуохтаахпыт.
– Саха бэйэтэ суруктаах буолуохтаах. Оччоҕо эрэ кини сайдыа, санаата бөҕөргүө, үйэтэ уһуо.
– Саха киһитин сирэйэ аатыгар көстөр.
– Киһи ордук соҕуруу сырыттаҕына эбэтэр тас омук дойдутугар таҕыстаҕына сахалыы аата суоҕуттан кыбыстар. Бэйэбит сирэйбит суох курдук көстөбүт.
– Сахалыы ааттаах оҕо саха тыыннанан улаатар, патриот буолар.
– Биһиги ситиһиибит төрдө сомоҕолоһууга сытар.
– Сырдык санаанан салайтаран киэҥ көҕүстэниҥ, кэскиллээх санаа тула түмсүҥ.
– Олоҥхо курдук улуу айымньыны айбыт омук модун духовнай, интеллектуальнай кыахтаах. Ол аата кэлэр кэрэ кэскиллээх.
– Ыччаттарга, эдэр дьоҥҥо норуоккут туһугар, өрөспүүбүлүкэҕит сайдарын туһугар кыһаныҥ, туруулаһыҥ, мэһэйдэри туоратыҥ диэн баҕабын этэбин.
– Биһиги сабыдыалбыт – оҕолорбутун сахалыы өйдөөх-майгылаах, өбүгэлэрин, былыргыларын ытыктыыр гына ииппиппитигэр сытар.
– Патриот буолуохха наада, сайдыылаах омуктар таһымнарыгар норуоту, ыччаты тириэрдиэххэ наада. Олохтон хаалымыаҕыҥ, бастыҥ омуктар кэккэлэригэр тахсыаҕыҥ!
– Дьиҥнээх саха – сүрэхтээх, көтүмэх буолбатах. Аа-дьуо сыныйан, эргитэн, көрөн-истэн үлэлиирин сөбүлүүр, уолуһуйбат. Саха туппутун ыһыктыбат.
– Арыгы билигин саха омукка саамай кутталлаах өстөөх буолан турар.
– Биһиги сирбитигэр-дойдубутугар төһө кыайарбытынан туһааннаах үлэни үлэлээн олоруохтаахпыт.
– Биһиги түҥ былыргы култууралаах, бэйэбит туһунан итэҕэллээх Айыы оҕолоро буолабыт.
– Үөрэнэн, үлэлээн, өйү-санааны сытыылаан олоххутун оҥостуҥ, үүнүҥ-үрдээҥ, дьон-норуот буолуҥ.
– Ыччат бэрээдэктээх буоларга дьулуһуохтаах. Арыгы куһаҕан, эстии буоларын өйдүөххэ. Үөрэхтээх, идэлээх, үлэлээх буолуҥ. Ыал буолан оҕолонуҥ-урууланыҥ диэн алгыыбын.
– Үөрэниҥ. Үөрэхтээх, интеллектуальнай өттүнэн сайдыылаах эрэ киһиэхэ олох аартыга мэлдьи аһаҕас. Оннук үйэ кэллэ.
– Пусть работают, живут, добиваются лучшего. А молодежь я призываю к трезвости. Поймите, алкоголь и табак погубят не вас лично, а весь народ.
– Спордунан дьарыктаныҥ, эти-хааны эрчийиҥ. Ол гынан баран, спортсмен буолан, рекорду олохтуу сатаамаҥ. Доруобуйаҕытын тупсарар туһугар дьарыктаныҥ.
– Политикаҕа орооһумаҥ. Политика диэн куруук халбас харатын курдук.
– Үчүгэй билиилээх, туйгун бэлэмнээх специалист буоларга дьулуһуҥ.
– Эн көҥүлү туттуҥ – олоххун бэйэҥ оҥоһун. Киир-таҕыс, бул-тал.
– Саха тылын-өһүн, култууратын, былыргы үтүө-мааны үгэстэрин чөлүгэр түһэрэн, сайыннаран аан дойдутааҕы култуураҕа чугаһатыы, сэргэ туруоруу – биһиги өбүгэлэрбит иннигэр ытык иэспит буолуохтаах.
– Уруккуга төннүүгэ дьиксинии баар. Үгэспитинэн аҕа уустаһабыт, улуустаһабыт. Диктатураттан демократияҕа киириини сыыһа өйдөөһүн тахса сырытта. Туох да хонтуруола суох бас-баттах барыы, быһыы-майгы сатарыйыыта, арыгыга охтуу. Ол эрээри, саха чиҥ омук, өйдүөҕэ…
– Тылбытын оннунан хаалларар соҕотох суол – оҕону сахалыы иитии. Дьиэҕэ-уокка. Уонна сахалыы үөрэх.
– Уопсай култуура, таһым уларыйыан, сахалыы билэ сатааһын баар буолуон наада.
– Олус иллэҥ сылдьыы куһаҕан, киһи туох эмит дьарыктаах буолуохтаах. Дьарыктаах киһи олохтон хаалбат, туспа суоллаах-иистээх, түмүктээх үлэлээх буолар.
– Оҕону кыра аайы мөҕөн-этэн сабытыннаран кэбиһэр сыыһа. Үлэҕэ үөрэтиэххэ наада. Дьиэ үлэтигэр. Иһит, таҥас сууйарга.
– Мин ыччакка анаан суруйабын. Ыччаты көнө суолга киллэриэххэ наада. Бу суруйуум киниэхэ ананар.
– Саха топонимиката түстэннэ, төрүттэннэ, үөскээтэ диир толору бырааптаахпын.
– Сахалыы суруйа туруом, суруйар буолуҥ, тылгытыттан аккаастанымаҥ, тылгытын уһун үйэлээҥ диэн кэриэспин этиэм.