Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 10
ВИНОКУРОВ МИХАИЛ ГАВРИЛОВИЧ
ОглавлениеБыраатыгар Ильяҕа, балтыгар Пашаҕа суруктара
1942 сыл ыам ыйын 25 күнэ
Илья, Паша!
Дорооболоруҥ! Доруобуйам олус үчүгэй. Үөрэхпит бүттэ. Үөрэнии чааһа бэрт. Бүгүн Арҕаа фроҥҥа, Елец диэн сиргэ барабыт. Барар буолбуппунан олус үөрэбин. Бачча сылдьан баран сэриилэспэккэ хаалар хомолтолоох буолуох этэ. Баран биир эмэ үөн дууһатыгар турбут киһи үчүгэй буолуо этэ.
Эһиги убайгыт сэриигэ да баран куһаҕаннык сылдьыа суоҕа, саха аатын, норуот, партия эрэлин хайаан да толоруоҕа. Онуоха эрэнэн кэбиһиҥ. Уон биир сыл устатыгар партияҕа чилиэммин. Ол сыллар миэхэ мээлэҕэ ааспатахтара. Бассабыык партиятын үгэстэрэ, кини үрдүк аата мин эппэр-хааммар иҥмитэ мээлэҕэ хаалыа суоҕа. Өстөөҕү кыайар иһин өлөрбүн да харыстаныам суоҕа. Өллөхпүнэ даҕаны Ийэ дойдум иһин өлүөм. Өлөртөн куоппут диэн сир үрдүгэр суох. Паша кэлэрбэр ытаабыта. Өскөтүн өлөр-сүтэр да буоллахпына, ытыахха сатаммат. Хата маннык убайдаах этим диэн киэн туттуохха наада. Өссө биирдэ этэбин: Ийэ дойду иһин өлөрбүн да кэрэйиэм суоҕа.
Виля уол мэликтээбэтин, үчүгэйдик, көрсүөтүк сырыттын. Улааттаҕына, үчүгэй физкультурник буоллун. Көр, бу уол аҕатын эдэрин баппыт дэттин… Бэҕэһээ 600 солк. ыыттым. Квитанциятын маны кытта ыытабын. Өскөтүн тиийбэтэҕинэ, ирдэһээр. Кыах баар буоллаҕына, суругу, телеграмманы ыытыам. Телеграмманы аадырыспын биллэрдэрбин эрэ түргэнник ыытар буолуҥ.
Бу суругу кытта карточкабын ыытабын. Боростуой соҕус түһүү, баалаамаҥ.
Чэ, үчүгэйдик көрсүөххэ диэри.
Быраһаайдарыҥ.
М. Винокуров
1942 сыл атырдьах ыйын 4 күнэ
Паша! Эһиэхэ суруйбатаҕым ыраатта. Сылдьыы, доруобуйа чааһа олус үчүгэй. Сэриигэ киирэ иликпин. Ол гынан баран өтөр дуу, сотору дуу киирсэрим буолуо. Эрэнэн кэбис, эн убайыҥ сэрии уотуттан чугуйуо суоҕа, бэйэтин аатын, норуотун аатын түһэн биэриэ суоҕа. Бу сэриигэ эбэтэр өлүөм, эбэтэр тыыннаах кыайан-хотон тиийиэм.
Барыгытыгар коммунистическай привет.
Убайыҥ М. Винокуров
1942 сыл балаҕан ыйын 29 күнэ
Паша! Доруобуйа үчүгэй. Сэриилэһэ сылдьабын. Биир былыргы нуучча куоратын уһугар киирэн сүрдээх суолталаах сири ылан, ону тута сытабыт. Уон биэс хонно өстөөҕү утары быыстала суох сэриилэспиппит. Билигин биһигини тула сэнэрээттэр эстэллэр, буулдьалар ыйылаһаллар. Кинилэр биһиэхэ сонун буолбатахтар. Өстөөх сүтүгүн төннөрөөрү сорунан көрдө да, өссө улахан сүтүктээх төттөрү охсулунна. Кэнники төбөбөр чэпчэкитик баас ылбытым оһон эрэр. Оннубун бырахпакка оһордум. Үчүгэйдик олоруҥ, уолу үөрэттэр, бэйэҥ үөрэн дуу, үлэлээ дуу, мээлэ олорума. Малгын кичэйэн илдьэ олор. Кэлэр дьылга кыайыыны кытта тиийиэм. Бары дьоҥҥо привет. Окуопаҕа олорон суруйдум.
М. Винокуров
Михаил Гаврилович Винокуров Таатта оройуонугар Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Сэриигэ барыан иннинэ «Эдэр бассабыык» хаһыат редакторынан, оттон кэлин Саха сиринээҕи кинигэ кыһатыгар эппиэттиир редакторынан үлэлээбитэ. Армияҕа 1941 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр ыҥырыллыбыта. М.Г. Винокуров өстөөҕү кытта геройдуу охсуһа сылдьан, сэтинньи 22 күнүгэр 1942 сыллаахха өлбүтэ.