Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 6
ТАРАСОВ САВВА ИВАНОВИЧ
Оглавление1942 сыл муус устар 8 күнэ
Ытыктабыллаах төрөппүттэрим аҕам Ваня, ийэм Шура, бырааттарым Савва II, Савва III, балтыларым Анисия, Анна дорооболоруҥ!!
Мин кулун тутар 18 күнүгэр «Чудово» диэн тимир суол станциятын ыларга кыттаммын хаҥас илиибэр араанньы буолтум. Бу «Чудово» станцияны ылар билигин да өтөрүнэн кыаллыа суох, аҥардас биир биэрэстэ хаалан турар да кыайтаран ылылла илик. Өскөтө ылар буоллар, Ленинград босхолонор. Ленинграды немецтэр эргийэн тураллар, ол тас өттүнэн биһиги немецтэри эргийэн турабыт. Биһиэхэ арай винтовка эрэ баар. Атын сэптэр суохтар. Оттон немецтэргэ хас биирдиилэригэр автомат, пулемет толору, салгынтан күүстэрэ сүрдээх – бомбанан ордук хотуталлар. Оттон биһиги самолеттарбыт биирдэ да көстүбэттэр. Наступлениеҕа киирбит киһиттэн тыыннаах ордубут суох, арай мин курдук араанньы буолбут ордор, ол да дьоллооҕо. Захаров Михаил Николаевич өлбүтэ, киһи ити өлөр, субу өлөр. Оттон бэйэҥ олох куттанан, кумаардаан да көрбөккүн. Сахаттан ордубут аҕыйах буолуоҕа.
Билигин мин госпиталга сытабын: Ярославскай уобалас, Рыбинскай куорат, 3 почта отделениета, полевой нүөмэрэ 313. Госпиталь усулуобуйата үчүгэй. Бу күннэргэ мин испинэн ыалдьан аһара хотторон эрэбин, үтүөрдэхпинэ иккиһин киирсэрим буолуо, дьэ хайдах буолуллар. Дьоллоох буоллахха тыыннаах ордуллуо. Хаара халыҥа бэрт, ол мэһэйдиир – 120 см буолар.
Эһиги дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын. Ыалдьымаҥ, сүтүмэҥ.
Эһиги уолгут Савва
1942 сыл от ыйын 18 күнэ
Дьонум эһиги саныаххыт миигин
Хоту сир омуга
Сахачаан ыччата —
Савелий мин кэлэн
Волгаҕа турабын.
Өҥөйөн көрдөххө
Харааран дириҥиэн!
Уҥуоргу эҥээрэ
Көҕөрөн кэрэтиэн!
Ийэ сир иннигэр
Сэриигэ кэлбитим.
Хотугу фроҥҥа
Сэриигэ киирбитим.
Сирилээн-ыйылаан
Буулдьалар ытыыллар.
Самолет эргийэр,
Бомбалар эстэллэр.
Миналар түһэллэр
Төлүтэ тэбэллэр.
Буускалар эстэллэр,
Снаряд бурҕайар.
Сөтөллө-сөтөллө
Танкалар сырсаллар.
Уотунан кытыастан
Уой! Сэрии да сэрии!
Немецтэр суоластар
Ыталлар… сүрүкэй!
Өстөөх биир буулдьата
Таппыта… абытай!!
Хаҥастыыр илиибин
Өйдөнөн көрбүтүм:
Баастара сүрдээҕиэн,
Хааннара сүүрэриэн.
Уҥаахтаан ылбытым,
Сүрэҕим тэбэриэн!
Сүһүөҕүм мөҕөннөр
Түҥнэри кээһэллэр!
Март ыйын уон аҕыс
Күнүгэр бу буолтум.
Госпиталь иһигэр
Мин эмкэ киирбитим.
Тапталлаах Рыбинск
Аҕыс уон алтатыгар
«Лазарет» эмтэрин
Астына испитим.
Үтүөрэн чөрөйөн
Бу кэлэн турабын.
Сарсын син барабын
Иккиһин фроҥҥа.
Дьэ, хайдах буоларын
Мин кыайан эппэппин:
Баҕар мин өлүөҕүм?!
Баҕар мин эргийиэм?!!
Оччоҕо Элиэнэ
Өрүһүм – эбэккэм
Үөрүүнэн көрсүһэн
Таҥнары уһаарыа.
Төрөөбүт куоратым
Якутскай иһигэр
Дьоллонон үөрүүнэн
Битийэ хаамыаҕым.
Тапталлаах ийэбэр,
Аҕабар киирэммин:
«Дорообо, мин ийэм.
Мин аҕам», – диэн этиэм.
«Өлбөккө эргийэн
Дьэ, кэллим», – диэхтиэҕим.
Дьэ хайдах буолбутун
Сиһилии кэпсиэҕим.
Өллөхпүнэ арай:
Мин ийэм, мин аҕам
Сэрии бүттэҕинэ
Оччоҕо билиэххит.
Суох аата суоҕунан
Суох буола туруоҕа.
Мин суохпун туоһулаан,
Ый тахсан кытарыа.
Оччоҕо саныаххыт
Бу ыытар ырыабын.
Нойосуус үөрэтэн
Ыллыаххыт куруутун.
Волгаҕа турабын,
Каналы көрөбүн,
Саныыбын өрүспүн,
Элиэнэ эбэбин.
Өҥөйөн көрдөххө
Харааран дириҥиэн!
Мин санаам кинилии
Ыаһыран харыастар!
Савва Иванович Тарасов 1918 сыллаахха Горнай оройуонун Солодок нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннинэ Мытаах нэһилиэгэр «Эргис» холкуоска суотчутунан үлэлээбитэ. 1941 сыллаахха фроҥҥа барбыта. 111 гвардейскай стрелковай пуолкаҕа 40 гвардейскай стрелковай дивизияҕа рядовой байыаһынан сылдьыбыта. 1942 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэр Волгоградскай уобаласка Перекопка таһыгар буолбут кыргыһыыга геройдуу охсуһан өлбүтэ.