Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 5

ПЕСТРЯКОВ НИКИФОР ЕГОРОВИЧ

Оглавление

Дьонугар суруга

1942 сыл олунньу 12 күнэ

Мин саамай таптыыр ийэм, аҕам, эбэм, Өрүүнэ буолаҥҥыт мин ааппыттан аныгылыы итии приветтэ тутуҥ!

Мин үчүгэйдик сылдьабын. Доруобуйа чааһа олус бэрт. Миэхэ туох да сонун-нуомас суох. Дьэ эһиги диэки төһө бэркэ олороҕут, доруобуйаҕыт чааһа төһө бэрдий? Сүөһүгүт төһө үчүгэйдик турарый? Быйыл кыһын колхозкутугар үлэлээн төһө күнү өлөрдүгүт? Атын чугастааҕы ыалларгыт төһө бэркэ олороллоруй? Уонна бурдуккут-оккут төһө бэркэ үүннэ? Мин эһиэхэ тохсунньу ый 1 күнэ буолуутугар сурук суруйан ыыппытым этэ, ол тиийдэ буолла, суох эбитэ дуу?

Мин Харьков куорат таһыгар баарбын, ыалдьан балыыһаҕа киирэн сытабын. Сэрииттэн тохсунньу 7 күнүгэр кээлтим, онтон комиссияҕа көрөн баран госпиталга ыыппыттара. Ыарыым диэн – уҥа атаҕым бүтүннүү иһэн хаалта. Билигин үтүөрэн эрэбин. Аны икки, үс хонон баран фроҥҥа ыыталлара буолуо. Миигин кытта бииргэ кэлбит саха уолаттара сэриигэ бааһыран эмиэ эмтэнэ сыталлар. Уус-Алдан оройуонун, Хоро нэһилиэгин уолун уҥа илиитин тарбаҕын үһүөннэрин буулдьа быһа көтөн ааспыт.

Туох да күнүн-түүнүн билбэккэ сэрии алдьархайдааҕа бара турар. Кэмэ суох элбэх дьиэ умайар. Самолетунан көтө сылдьан бомбаны быыстала суох быраҕаллар. Сир ийэ бүтүннүү өрө эккирии турар, киһи биирдэ даҕаны сынньаммат, утуйбат үлүгэрэ. Тохсунньу ыйын бүтүүтүгэр биһиги дьоммут түөрт куораты ылбыттара.

Эһиги дьэ үчүгэйдик олоруҥ. Уол оҕо дьоллоох буолар. Үчүгэйдик сылдьан баҕар дойдубар эргиллэн тиийэр буолуом. Онно тиийдэхпинэ сонуну кэпсиэм.

Өлбөккө-сүппэккэ үчүгэйдик олоруҥ.

Мин немец омук ылан олорор Чугуев уонна Харьков куораттарыттан 4 биэрэстэ сиргэ баарбын. Олорор сирим аата «Быласыалапка» диэн дэриэбинэ. Дьэ мин эһиэхэ хаартыскабын ыытабын. Баарым курдук көрө сылдьыҥ. Манан суруйарым бүттэ. Суруйдум эһиги уолгут

Пестряков Никифор Георгиевич

Никифор Георгиевич Пестряков Уус Алдан оройуонугар II Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха Армияҕа ыҥырыллыбыта. Сэриигэ артиллериһынан сылдьыбыта. Командование бойобуой сорудахтарын уһулуччулаахтык толорбутун иһин «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» уордьанынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аҕа дойду көҥүлүн, чиэһин иһин охсуһа сылдьан, 1944 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр Польша сиригэр өлбүтэ.

Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…

Подняться наверх