Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 4
БУБЯКИН ЕВСЕЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ
Оглавление1941 сыл ахсынньы 25 күнэ
Уважаемые папа, мама, дяди, тети и братья, сестры!
Примите от меня пламенный горячий привет!
Дьэ, убаастыыр дьоннорум, төһө бэркэ олороҕут, доруобуйаҕыт хайдаҕый, дойдугут-сиргит өҥө-тото хайдаҕый, бырааттарым, сестэрэлэрим төһө бэркэ сылдьаллар, хайдах үөрэнэ сылдьаллар? Мэхээс төһө бэркэ олорор, доруобуйата хайдаҕый, төһө дохуоту быйыл колхозтан ааҕыста, баабыскалаах бэркэ олороллор дуо? Миша, Костя, Сергей Барабинск куоракка пулеметнай үөрэххэ үөрэнэ хаалтара, кинилэртэн мин арахпытым икки ыйтан орто, билигин ханна баалларын, хайдах сылдьалларын билбэппин.
Урут бэрт үчүгэйдик бииргэ сылдьыбыппыт. Оттон Софронеев стройбатальоҥҥа Новосибирскай куоракка эмиэ саха оҕолорун кытта үлэлии хаалта, мин киниттэн арахпытым балтараа ыйтан орто, Сталинскайга көспүппүт, онон кини ханнатын, Новосибирскайтан көһөртөрүн, баарын-суоҕун билбэппин. Араҕыахпыт иннигэр бииргэ бэрт үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Стройбатальоҥҥа барбыт дьоннор уонна оҕолор фроҥҥа барбаппыт. Биһигини көрдөспүт да иһин ылбаттар. Сылаабай мөлтөх дьону миигинньиги үлэҕэ туталлар, оттон үчүгэй доруобай дьону күн-түүн мобилизациялаан хомуйан аҕалан баран бэрт дьоҕустук үөрэтэ түспүтэ буола-буола фроҥҥа атааран иһэллэр. Фронтан бааһыран кэлбит дьону биһигини кытта бииргэ үлэҕэ илдьэ сылдьаллар. Төһө да улахан баастаахтарын иһин дьиэлэригэр ханнык да киһини көҥүллээбэттэр. Улахан да кыра да куораттар аайы көҥүл үлэлии сылдьар эр киһи биир да суох. Барыта дьахталлар, кыра оҕолор эбэтэр кырдьаҕас оҕонньоттор. Сылдьарым былааныгар дьахтар эрэ өттө үгүс ордубут. Мин дьиэбиттэн арахсыахпыттан сүүрбэттэн тахса куоракка сырыттым, ол тухары биир да куорат өҥсүйэн олороро диэн олох суох, отой барыта быстыбыт, барытыгар килиэп нуорма. Үлэһит баһыгар 400 гр., кэргэнигэр 200 гр., баһаарга эти киилэтин 25 солк. булбаккын. Арыы 35 солк. көстүбэт. Таҥас чааһа олох суох, онтон-мантан олохтоох дьон эргэни-урбаны хомуһаллар. Байыаннайдары олус кытаанахтык туталлар. Биир хаамыы устатыгар ханна да олох көҥүллээбэттэр. Биһиги үлэбит сарсыарда 5 чаастан, киэһэ уоҥҥа диэри үлэлиибит. Аһылык чааһа олус куһаҕан. Сарсыарда 250 гр. килиэп сухой паек буолааччы, оттон обед биир тэриэлкэ сууп уонна 300 гр. килиэп, ужин 250 гр. килиэп суп баар күнүгэр биэрэллэр, суох күнүгэр килиэпкинэн бүтэр. Күҥҥэ 800 гр. килиэптэн олох топпоппут, атын да ас олох суох. Таҥаспыт сэтинньи 28 күнүгэр диэри сайыҥҥы таҥаһынан сылдьабыт. Чараас шинель уонна бачыыҥка тымныыта олус сүрдээх, онон тоҥобут да, аччыктыыбыт да бэрт, үлэ да элбэх, онон улахан эрэйгэ сылдьабыт. Хаатыргаҕа барбыт дьоннооҕор куһаҕаннык сылдьабыт. Эрэй диэн манныга баҕайы буолуо. Урут дьиэбэр сылдьан тотон, иһим туолан армияҕа барарга сананарым, ол санаабытым саҕаны амсайдым, эрэйдэнним, мөлтөөтүм. Дьоннорбун-сэргэлэрбин, дьиэбин-уоппун олус ахтабын. Капустины кытта урут бэркэ сылдьыбыппытын кэпсэтэ-кэпсэтэ харах уута тохтор, ытаһабыт кругом. Капустинныын биһиги тыыннаахпыт тухары арахсыахпыт суоҕа, биирбит туох эмэ буоллаҕына, иккиспит үтүктэр кэпсэтиилээхпит уонна тугу булбуту төбө тыырар идэлээхпит. Куораттан атын куоракка көһөрөллөрүгэр суолга аһаппат идэлээхтэр, табыллыбыт бириэмэтигэр түөртүү хонукка аһаппакка сылдьар түбэлтэбит үгүс буолар. Ол иһин суолга утуйан тахсабыт, сыппыт сирбититтэн турбаппыт, дьон аһыгар иҥсэрэрбит иһин. Кыайан саҥабыт тахсыбат түбэлтэтэ үгүс, ол биһиэхэ эрэ буолбатах, бары красноармеец үрдүнэн оннук. Биһиги харчыбыт суоҕуттан уонна точнай адреспыт суох, кругом көһө сылдьабыт, ол иһин телеграмма уонна сурук да ыыппаппыт, ону эһиги соруйан биллэрбэттэр дии саныыргыт буолуо. Биһиги сүрэхпит тугу да биллэрбэппит. Мин туох баар табаарыстарбар уонна барыларыгар приветта этиҥ. Эһиги дойдуга мобилизация барда дуо? Онно ким-кимнээх хабылыннылар? Ону адреспын биллэрдэхпинэ сурукта суруйаарыҥ. Уонна бука бары бэрт үчүгэйдик олоруҥ. Ытаһымаҥ-соҥоһумаҥ, биһигини аһыйан. Биһиги өтөр дьиэбитигэр тиийиэхпит. Бу буону хайдах эмэ тулуйуллуо. Онон санаарҕаамаҥ-муучурумаҥ. Үчүгэй баҕайытык олоруҥ, өтөр көрсүллүө. Бу суругу туттугут да Капустин дьонугар биллэрээриҥ, бииргэ сылдьарбыт туһунан. Бука бары туох баар билсээччилэрбитигэр, дьоннорбут, урууларбыт үчүгэй баҕайытык олоруҥ. Өтөр көрсүллүө.
Быраһаайдарыҥ, кытаанах баҕайытык убуруубут. Манан биһиги сурукпут бүтэр.
Суруйдубут Бубякин Евсей, Капустин Семен
Евсей Гаврильевич Бубякин 1922 сыллаахха Бүлүү куоратыгар төрөөбүтэ, омугунан нуучча. Ситэтэ суох орто үөрэхтээх, Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин баспытааталынан үлэлээбитэ. Бүлүүттэн 1941 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыта, рядовой этэ. 1942 сыллаахха сэтинньи ыйга өлбүтэ, көмүллүбүт сирэ биллибэт.