Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 8
ПОПОВ НИКОЛАЙ ГАВРИЛЬЕВИЧ
ОглавлениеДьонугар суруктарыттан
1942 сыл ыам ыйын 2 күнэ
Фронтан иккис сурукпун ыытабын. Биһиги Бүлүүттэн элбэх кэлбиппит да, иккиэ, Костя кэргэнин уруута Макаровтыын эрэ бииргэ баарбыт. Мин Москваттан 300 км Смоленскай куорат диэки баарбын.
Коля
1942 сыл от ыйын 5 күнэ
Дорооболоруҥ күндү Аҕам, Ийэм уонна Валя
Туох ханнык иннинэ эһиэхэ бары үчүгэйи, доруобуйаны баҕарабын. Мин бакаа тыыннаахпын, доруобайбын, ханан да эмсэҕэлии иликпин. Инникитин эмиэ ол курдук сылдьарга уонна тыыннаах кыайыынан дьиэбэр эргиллэргэ баҕатыйабын. Мин фашистскай суолаһы аны хаһан да нуучча норуотугар сэриинэн саба түспэт гына үлтү сынньар санаалаахпын. Кини эйэлээх нэһилиэнньэни муҥнаабытын-сордообутун, дэриэбинэлэри уоттаабытын көрө-көрө куйахам күүрэр. Биир таммах хаан баарын тухары өстөөҕү кытары охсуһуом, хардыы да сири кэннибинэн чугуйуом суоҕа диэн кытаанахтык этинним.
Эһиэхэ туох сонуннар баалларый?
Хааллым эһиги уолгут Коля
1943 сыл от ыйын 12 күнэ
…Тыыннаахпын, доруобуйам соччо олуһа суоҕун иһин, син сылдьабын. Бу сурукпун артиллерийскай бэлэмнэнии кэмигэр суруйабын. Фашистары бөҕөргөтүммүт кирбиилэриттэн үүрэн иннибит диэки барабыт. Онон сотору фашистскай ыттары үлтүрүтүөхпүт уонна кыайыынан дьиэбитигэр тиийиэхпит.
Эһиги уолгут Коля
Буойун Николай Гаврильевич Попов 1941 сыллаахха балаҕан ыйын саҥатыгар Бүлүү куоратыттан армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини Арҕааҥҥы фронт 33-с армиятын 110 дивизиятын 1291-с стрелковай пуолкатыгар сэриилэспитэ. 1943 сыл от ыйын 28 күнүгэр Орел куорат таһыгар өлбүтэ.