Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 7
НИКИФОР КИРИКОВИЧ СЕДАЛИЩЕВ-ДЬҮӨГЭ ААНЫСТЫЫРАП
ОглавлениеКэргэнигэр суруктара
1942 сыл ыам ыйын 2 күнэ
Бүгүн ыам ыйын 2 күнэ. Эйигин, доҕорбун ахтарым наһаа күүстээх. Ааспыт дьылларга 1 Маайы хайдах көрүнэн-нарынан, аһынан-үөлүнэн атаарарбытын саныыбын.
Быйыл оннук буолбатах. Армия усулуобуйатыгар бырааһынньыгы атаарыы бэрт боростуой. Эн бэйэҥ да билэриҥ буолуо быйылгы 1 Маай үлэ күнэ буолла. Ити барыта сэрии сабыдыала.
Мин фроҥҥа баран иһэн сурук суруйбутум. Ол сурукпун бу сурукпуттан эрдэ дуу, хойут дуу тутарыҥ буолуо. Бу да суругум сайын тиийэрэ буолуо. Бу суругум тиийэрин саҕана мин эбэтэр өлүөм, эбэтэр баас ылан госпиталга сытыам.
Биһиги аан маҥнай Ленинградтан уонча көс бэттэх тохтообуппут. Онно сэрии биһигиттэн 10–12 биэрэстэ сиргэ буола турара. Биһиги үрдүбүтүнэн самолеттар охсуһаллара, немец самолеттара халлаантан умайбытынан түһэллэрин хаста да көрдүм. Билиэн түбэспит немецтэри эмиэ көрөттөөтүм.
Маҥнай тохтообут сирбит дьэ быртах сир, барыта уу уонна бадараан. Онно отуу туттан биир нэдиэлэ буоллубут. Барбыт сыалбыт – Ленинграды босхолуурга көмөлөһөргө диэн этэ. Онон бүгүн дуу, сарсын дуу сэриини кэтэһэ олорбуппут. Ол олордохпутуна эмискэччи бирикээс кэллэ – атын сиргэ сыҕарыйарга. Тобукпутунан ууну, бадарааны икки суукка тухары кэһэн саҥа сиргэ кэлэн тохтоотубут. Тохтообут сыалбыт – уруккуттан төгүрүйүллэн турар немец 16-с армиятын үлтү охсорго кыттыыны ыларга. Биһигиттэн фронт 10 биэрэстэ. Хаһан бирикээс кэллэ да сэриигэ киирэбит. Ол бэрт чугас, сарсын дуу, өйүүн дуу.
Тохтообут сирбит үчүгэй, бэс ойуур, салгына доруобай. Саас барахсан кэллэ. Чыычаахтар ыллыыллар, үрэххэ балык сэмсиир, кустар саҥарсаллар, ойуурга улар охсор, ылааҥы күн үөһэттэн тыгар.
Мин маннык сааһы кытта Сахам сирин, саха ыаллардаах, үрүҥ астаах, үүттээх-суораттаах, түптэ буруолаах алааһы ахтабын. 1934 сыллаахха баччаҕа мин Харбалаахха баарбын. Үчүгэй да саас эбит. Онно мин, эн уонна оччотооҕу өҥ-тот олох барыта дьол этэ. Ону билигин ахта саныахха олус астык, үчүгэй. Сэрииттэн тыыннаах эргиллэр күннээх буоллахха, олох дьолуттан астыктык тииһинэргэ баҕа санаанан туолабын. Итинэн эрэ сүрэхпин-быарбын уоскутабын, көхсүбүн кэҥэтэбин.
Эн хайдах олороҕун, тугу үлэлиигин. Мин аны соторунан биллэр кыаҕым суох. Сэриигэ өлбөтөххө, тыыннаах көрсүһэр күннээх буоллахпытына сэһэргэһиэхпит.
Мотя! Чэ быраһаай, бу баҕар бэстилиэнэй суругум буолуо. Ол эрээри өлүөм диэн санаа миэхэ ончу суох, хайдах эрэ бэйэбин дьоллооҕунан, өлүө суоҕунан дойдубар эргийиэҕинэн сананабын. Маннык дьикти санаабын бэйэм сөҕө саныыбын. Доруобуйам үчүгэй, ыалдьыбаппын. Оттон уопсай этим-хааным туруга сылаабай мөлтөх, үрүҥ аһы суохтуубун.
Сыллыыбын, убуруубун – быраһаай, хааллым доҕоруҥ
Микииппэр
1942 сыл ыам ыйын 16 күнэ
Мотя! Доҕоруом, сыллыыбын-убуруубун. Киһи улаханнык да үөрэр, сүрэҕэ-быара дьэгдьийэр буолар эбит. Эн кулун тутар 23 күнүгэр суруйбут суруккун ыам ыйын 12 күнүгэр 1942 с. туттум. Бу суруктан ураты эн 2 суругу тутуохтааххын: 1) сэриигэ баран иһэн, 2) сэрии сиригэр – фроҥҥа тиийэн баран 1 Маайы хайдах атаарбыппыт туһунан.
Дьэ эн суруккун түһээн да көрбөтөх усулуобуйабар сылдьан туттум – уоттаах сэрии буола турдаҕына, окуопаҕа сытан. Суруккун тутан баран 4 хонукка суруйбакка сылдьан баран, дьэ бу бүгүн арыый иллэҥнэнэн суруйан эрэбин. Биһиги сэриилэспиппит 8 хонно. Сэрии олоҕо, усулуобуйата диэни киһи киһиэхэ сатаан кэпсиэх буолбатах. Мин туох да буолан көрө иликпин. Арай 2 төгүл снаряд-миинэ аттыбар түһэн көхсүм доргуйталаата – бу букатын кыра дьыала.
Мин сэргэстэһэ сытар эбэтэр бииргэ үлэлии сылдьар табаарыстарым мэйиилэрэ ыһыллар, быһар быһалар. Дьэ бу аата снаряд таптаҕына өллөҕүҥ, таппатаҕына тыыннаах ортоҕуҥ. Немецтэр самолеттан бомбалыыллар, пушкаттан уонна миинэттэн ыталлар. Сороҕор төһө эмэ киэҥ сиргэ биир да тыыннаах кырыс орпот буолар. Оттон биһиги немецтэргэ оннооҕор ордугунан хардарабыт, онон кыралаан иннибит диэки сыҕарыйан иһэбит.
Мин сибээс взводугар телеграфиһынан үлэлиибин. Сэрии буола турдаҕына командирдар приказтарын телефонунан биэрэбин. Үксүн сэрии уотун хаба ортотунан айаннаан штаб уонна роталар икки ардыларыгар сибээс-линия тардабын.
Итинник үлэни сүүрүүнэн, аттаан уонна быарбынан сынан толоробун, ууну, кутаны, бадарааны хаба ортотунан барабын.
Куттанар, өлүөм эбээт диэни киһи умнар буолар эбит. Снаряд аттыгар түһэн дэлби ыстаннаҕына хаптас эрэ гынаҕын, табаарыһыҥ бааһырдаҕына эбэтэр өллөҕүнэ бэлиэтии эрэ көрөн кээһэҕин. Оттон винтовка эбэтэр пулемет буулдьатыттан кумаардаан да көрбөккүн, таптаҕына биирдэ охтуоҥ буолуо.
Мин олоҕум диэн итинник. Ыам ыйын 7 күнүттэн 16 күнүгэр диэри буолбут сэриигэ мин тыыннаахпын, өлүөм эбээт диэн санаа ончу суох. Маннык будулҕан ортотугар аһы-үөлү бэркэ тэрийэллэр – аччыктаабаккын, арай сороҕор урут, сороҕор хойут эрэ аһаталлар.
Доҕоруом, эн суруккун тутаммын, дойдум олоҕун сонуннарын билэммин бэркэ диэн дуоһуйдум-астынным. Быраһаай, этэҥҥэ сырыттахпына суруйуом.
Куораттан, дьиэҕиттэн уонна үлэҕиттэн араҕыма. Дьиэлэр үчүгэй хаһаайыстыбанньык ыалы дьуккаах киллэр. Мин билэр дьоммор барыларыгар привет.
Сыллыыбын, убуруубун!
Микииппэр
1942 сыл ахсынньы 27 күнэ
Мотя! Киэһэ. Иллэҥ бириэмэм, керосиным баранара чугаһаан уот имик-самык умайар. Бу сурукпун суруйа-суруйа дойдубун, эйигин, билсэр дьоммун сытыы баҕайытык тэһэ ахта саныыбын. Дойдуну, кэргэни ахтартан ордук киһи сүрэҕин тыытар туох баарый? Өстүйэр, абарар санаа баар. Ийэттэн оҕотун, кэргэниттэн эрин арааран тыһыынчанан көстөөх сиргэ сэриигэ ким миигин ыыппытай? Чуумпу, дьоллоох, өҥ-тот олохпуттан арааран, кыһыҥҥы тымныыга тоҥорго, сайыҥҥы бадарааҥҥа булкулларга ким миигин кыһайбытай? Тапталлаах кэргэммин, төрөөбүт Сахам сирин ахтартан сүрэҕим ыалдьарыгар ким миигин тиэрпитэй? Советскай норуот дьоллоох олоҕун ким аймаата? Советскай норуот кыа хаанын ким тохто?
Мотя! Өйдөө барытыгар буруйдаах Гитлер, германскай фашизм. Дьэ ситиһэр чаас улам чугаһаан иһэр. Өлбөтөхпүнэ – мин эмиэ ситиһиэм. Өллөхпүнэ – мин табаарыстарым ситиһиэхтэрэ.
* * *
Суруйааччы буолар – төрөөбүт культураҕа, искусствоҕа уйманар эмиэ эрэйдээх буолар эбит. Дойдубун мин ити боппуруоһунан ситимнээн ахтабын. Сахалыы кэпсэппэтэҕим, саха саҥатын истибэтэҕим балтараа сыл буолла. Киһиргээн этэр буолбатахпын – сорох тыллары умнуталыах курдук буолан эрэбин. Сахалыы кэпсээни ылбычча суруйуо суох курдукпун. Нууччалыы билэр, нуучча саҥатын истэр эмиэ кэрэ буолар эбит. Мин аҕыйах бириэмэҕэ нууччалыы билбэт омуктары командалыы сылдьыбытым. Онно дьэ куһаҕан этэ.
* * *
Мотя! Дьэ тыыннаах, эргиллэн көрсүһэбит дуу, суох дуу?! Боппуруос!
Ол эрээри эрэнэ саныыбын – дойдубар тыыннаах эргиллиэм диэн.
Чэ быраһаай, сыллыыбын, убуруубун. Посылка ыыттыҥ дуо? Дьиэ эргиннээҕи сонунна элбэхтик суруй!
Ахтылҕаны кытта Микииппэр
Никифор Кирикович Седалищев 1913 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии иннигэр «Бэлэм буол» хаһыат эппиэттиир редакторынан үлэлээбитэ. Армияҕа 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта.
Үсүһүн бааһыран, госпитальга эмтэнэн, үтүөрэн, сэриигэ хат киирээри туран, бэс ыйын 10 күнүгэр 1943 сыллаахха Н.К. Седалищев кэргэнигэр бу курдук суруйар: «Ахтылҕан күүстээх буолар эбит. Тыыннаах эргиллэн дойдубун көрөбүн дуу, суох дуу?! Боппуруос…» диэн. Ити кэнниттэн киниттэн даҕаны, кини туһунан туох да биллибэтэҕэ. Кыргыһыы уотугар саха биир суруйааччыта, төлөннөөх патриота сураҕа суох сүппүтэ.