Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 9

ЕВСЕЕВ МАРК ИННОКЕНТЬЕВИЧ

Оглавление

1942 сыл ыам ыйын 15 күнэ

Улаханнык убаастыыр дьонум Харлампьев Гаврил уонна Маарыйа, оҕолор бары ыраас салгын хоту сылдьар сурукта тутуҥ уонна дорообото сылаас илиини тутар курдук санаан туран тутуҥ!

Мин бу күҥҥэ диэри баарбыттан дьэ суруйуох иннигэр этэбин эһиэхэ 7-с суругум буолла. Араанньы буолан баран биир эмит тиийээрэй диэн, өскө барыта тиийэр эбит буоллаҕына, куруук биири суруйар иирбит дуу диэххит, дьэ эмиэ суруйабын. Мин олунньу ый 14 күнүгэр Москва куораттан 20 көстөөх арҕаа фроҥҥа түүн 12 чааска уҥа илиибин, атахпын миинэ кэлэн ойута көтөн кээспитэ. Москва куорат 26 1№-дээх балыыһатыгар 24 хонон баран уларыйан Муурам диэн куорат 13-тээх балыыһатыгар сытан баран үтүөрэн госпиталга сылдьабын, сынньана диэн, субу сэриигэ ыыталлар. Дьэ, өлөрүм буолуо, сэриигэ өлбүт киһинэн хаххаланан сылдьаҕын, оннук хойуу сэрии буолбут сирэ. От-мас, сир орпот, барыта алдьанар. Сэриигэ киирбит киһи ордуох буолбатах… Үксэ кыһын араанньы буолуу элбэх үһү, сайын араанньы буолуу суох да үһү, сайын ама үһү, дьон инньэ дииллэр. Миигин кытта биир оруотаҕа 35 саха этибит. Мин араанньы буолан тахсарбар биир эрэ хаалта, 3 араанньы буолбут, 31 өлтө. Алын Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай дьоно этилэр. Манна хаар киһини моонньунан этэ. Маайга олох бүппүтэ, бу күн хатыҥ сэбирдэҕэ көҕөрөр, тыалырар, куорат сиргэ, атыны хантан билиэм баарай. Сылаас баҕайы киһи санаатын үтүө гынара диэн бөҕө, араанньы буолан сыттахха киинэ, араас оонньуу бөҕөнөн күнү биллэрбэт, да ис санаа обургу сүтүө баара дуо, тыыммат буоллахха сүтэр дуу, суох дуу, араас эгэлгэни көрөн өлүү буолла, эдэр дьон орпото, дьыала куһаҕан. Охонооһой эрэйдээх кэлэн сордонуо дии, сорох муҥнаахтар сэриигэ киирэн иһэн өлтөрө, буолан баран хата сотору сынньаммыттара. Мин хаһан өлөн сынньанабын. Бэйэм дьоннорбун кыайан билбэппин, урут суруйтум билэрбинэн. Мин араанньы буола иликпинэ киһи киэнэ уҥуохтаах тириитэ буолтум, билигин харах үүтэ көстүбэт буола уойдум, һы, оҕо үчүгэй ээ. Мин хаһан эһигиттэн сурук тутаары тугу ыйытыам баарай уонна хаһан ситэн суруйаары элбэҕи суруйуомуй. Тилигэрээмэ ыытыаҕы харчы суох. Дьэ, бука бары, бырастыыларыҥ.

М. Евсеев

1942 сыл бэс ыйын 17 күнэ

Күн сиригэр күндүтүк саныыр, ахтар дьонум Харлампьев Гаврил, Маарыйа, бука бары оҕолор миигиттэн сурукта тутуҥ!

Бэс ыйын 17 күнүгэр Калининскай диэн сиргэ киирдим. Мин араанньы буолан баран 19-с суругум буолла. Биир эмэ тиийэр дуу, суох дуу. Куһаҕан сиргэ киирдим, бука кэриэс сурук буолуо. Элбэҕи суруйар кыах суох, үчүгэйдик олоруҥ.

Олох хамнаабатын, өссө туругурдун. Дьэ, суругум тиий. Тиий кэриэс сурук. Бырастыыларыҥ.

Суруйдум М. Евсеев

Марк Иннокентьевич Евсеев 1910 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Баппаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ, кыра үөрэхтээх, сэрии иннинэ «Маай» холкуос бэрэссэдээтэлинэн, Андреев аатынан холкуоска пиэрмэ сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Армияҕа 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта, 1942 сыл алтынньы 1 күнүгэр сэриигэ өлбүтэ. Смоленскай уобалас Кармановскай оройуонугар Подберезки диэн дэриэбинэтигэр көмүллүбүтэ.

Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…

Подняться наверх