Читать книгу Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм… - Группа авторов - Страница 3
ПЕТРОВ ВАСИЛИЙ НИКОЛАЕВИЧ
ОглавлениеХонооhойго!
Убаастыыр быраатым Хонооhой дорообо! Сылдьабын үчүгэйдик, үөрэнэбин. Эн суруккун туппутум, махтанабын үтүө… суруксут буолтуҥ туhунан. Yөрэн үчүгэйдик, күнү көтүппэккэ, сүрэҕэлдьээбэккэ. Кыhан уhулуччу нуучча тылын уруогар, ону кытта нууччалыы кэпсэтэргэр. Тугу билэргинэн баhылыы сырыт, оччоҕо үөрэниэҥ. Эн эдэргин, аччыгыйгын, эйиэхэ дьону-сэргэни кытта сылдьыаҥ, Саха эрэ сирбитинэн бүтүө суоҕа, оччоҕо бэйэҕэр үчүгэй буолуо туох да мэhэйэ суох. Эрэнэбин, таптыыр быраатым, мин этэрбинэн буолуо диэн хааллым эн убайыҥ
Баhылай.
1941 сыл атырдьах ыйын 28 күнэ
Убаастыыр ийэбэр Мотуруоска, аҕабар Ньукулайга, бырааппар Хонооhойго!
Солун кэпсиир суох эhиэхэ кэрэхсэллээх. Yөрэнэбин үчүгэйдик, доруобайбын. Бардым бэрт ыраах сиргэ, онон эhиги мин саҥа аадырыспын өтөр кыайан билбэккит буолуо. Сирбэр-дойдубар бүттэхпинэ бириэмэ баар буоллаҕына суруйуоҕум, сөптөөх кэм көhүннэҕинэ. Суолга да хайдах айаннаан иhэрим туhунан суруйуом. Биhиги айаммыт атын дьон курдук оччо тиэтэлэ суох буолуо. Эргэ таҥаспын бука барытын суулаан чымыдааҥҥа уган бэчээттээн кэбистим, ону мин барбытым кэннэ эhиэхэ ыытыахтара. Онно бөппүрүөскэ иhитин (хаатын) иhигэр 210 солкуобай хаччыны уган кэбистим, ону булан ылаарыҥ. Төhө өр бириэмэнэн дойдубар эргийэрбин билбэппин. Онон күүтэ-ахта сатаамаҥ. Икки сыл туолуутугар дойдубар буолуом диэн эрэнэ саныыбын. Эhигини да эрэнэбин, олох билиҥҥи майгытын сыаналыахтара (өйдүөхтэрэ), онон итинэн мин эhи өттүгүтүнэн эрэллээхтик хоргутуохтара, хомойуохтара суоҕа диэн эрэх-турах барыах тустаахпын.
Хонооhойго!
Таптыыр быраатым Хонооhой, үөрэн үчүгэйдик, сүрэҕэлдьээмэ, күнү көтүтүмэ, кытаат нууччалыы билэргэ. Бу мин иккис суругум эйиэхэ, онон убайгын убаастыы саныыр буоллаххына мин тылбын истиэх тустааххын. Хааллым привети кытта бука барыгытын илиигитин тутан.
Суруйдум эhи улахан уолгут.
1941 сыл балаҕан ыйын 19 күнэ
Василий Николаевич Петров 1919 сыллаахха Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Армияҕа 1940 сыллаахха балаҕан ыйыгар, Дьокуускайдааҕы автодорожнай техникумҥа 3-с кууруска үөрэнэ сылдьан ыҥырыллыбыта. Забайкальскай байыаннай уокурукка сулууспалаабыта. 1942 сыллаахха Москваҕа орто хамандыырдары бэлэмниир оскуоланы бүтэрбитэ. 140-с минометнай дивизияҕа батарея, кэлин взвод хамандыырынан сэриилэспитэ. Гвардия младшай лейтенана. Олунньу 14 күнүгэр 1943 сыллаахха өлбүтэ. Белоруссия Витебскэй уобалаһын Лиозненскай оройуонун «Великое село» диэн дэриэбинэтигэр «братскай могилаҕа» көмүллэн сытар.