Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 51

БҮЛҮҮ
КЫАДАҤДА

Оглавление

Бу сир тоҕо маннык ааттаммытын туһунан маннык сэһэн баар.

Былыр Луоҕа Боотур диэн киһи 40-ча киһилээх, сүөһүлээх-астаах Тыгынтан күрээн кэлэр. Кини Чыыбы хайатыттан чугас элбэх күөллэр баалларын көрөр. Онно биир күөлгэ хопто курдуктар сылдьаллар эбит. Ол тоҥустар туос тыынан балыктыыллар эбит. Бу тоҥустар күөл уҥуоргу өттүгэр олороллор эбит. Луоҕа Боотур манна барарга сананар уонна дьонноругар этэр: «Сааҕыт кирсин холкутатыҥ уонна аһаттахтарына, хамыйаҕынан аһаайаҕыт, тарбаххытынан аһаарыҥ».

Тоҥустарга кэлэллэр. Тоҥустар кинилэргэ барчаҕа балык хоргунун кутан аҕалан биэрэллэр уонна хамыйах уураллар. Ыалдьыттар хамыйаҕынан аһаабакка, тарбахтарынан аһыыллар. Ону көрөн, тоҥустар дьиксинэллэрэ уурайар. Үчүгэй дьон кэлбиттэр дии саныыллар. Хоргун буолбут илиилээх киһи саа кирсин кыайан тардыбат. Онтон Луоҕа Боотур баһылыктарыттан ыйытар: «Бу диэки эн ыыргыттан ураты ханна үчүгэй сир баарый? Ыйан биэрбэккин ээ». Онуоха тоҥус баһылыга: «Мантан бачча күннүк айаннаах сиргэ, илин диэки үчүгэй сир баар (билиҥҥи Лүүчүн). Онно табанан аастахха, таба атаҕа күп-күөх буолар этэ. Күөлүгэр, биэрэктэн ураҕас усталаах сиргэ түөрт былас усталаах сап илими үттэххэ, хараҕын аайы собо тутара. Көлүйэтин диэки көрдөххө, кус тумсуттан уу үрдэ килэрийэн олорор буолара».

Луоҕа Боотур ол ыйыллыбыт сиргэ баран иһэн, ол күөлтэн чугас сиргэ хонор. Бу хоно сытан, кыыһыран, түөртээх уолун төбөтүн быһа тэбэр. Ол гынан баран, оҕотун аһыйан: «Бу сиргэ оҕо хаана тоҕунна. Хаан тохтубут сирэ. Онон Кыадаҥда буоллун», – диир. Онтон ыла бу сир Кыадаҥда диэн ааттаммыт.

Былыр хааны кыа дииллэрэ үһү.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх