Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 60

БҮЛҮҮ
ТАХТАҔАС ЭЛГЭЭНЭ

Оглавление

Былыргы суол ыал ханан олорорун батыһа барар. Баай Эбэҕэ дьон суох буолбутун кэннэ, арыый быһалыытын иһин уонна ыал баарын иһин, Силээнинэн сылдьар буолбуттар. Ол саҕана Силээн аата суоҕа үһү. Билиҥҥитэ Бэс Күөлэ диэн дьиэлээх эҥин, сайын дьоннор оттуур сирдэрин аттыгар биир элгээн баар. Онно Тахтаҕас диэн собус-соҕотох эмээхсин дьахтар олорбут. Сүрдээх сытыы-хотуу үһү. Ол эмээхсин суолунан киһини аһарбат эбит. Эдэригэр үчүгэй дьүһүннээх. Кэлбит киһи, ыал буолла да, хонор эбит. Ону түүн, утуйбутун кэннэ, төбөтүн сүгэнэн быһа охсор эбит уонна, Луҥха диэн Танара үрэх салаатыгар киллэрэн, ууга тимирдэр эбит. Ону ким билиэй? Эмээхсин байа олорор эбит.

Кэнники, биир эрэ киһи куотан, биллибит ол эмээхсин киһини өлөрөрө. Ол маннык буолбут. Бүлүү диэккиттэн испит. Кини билэрин тухары, 4–5 сылтан бэттэх, Дьокуускайтан иһэбит диэбит киһини көрсө илик эбит. Онон дьиктиргии сылдьыбыт. Тахтаҕас эмээхсиҥҥэ кэлбитин үөрүүнэн көрсүбүт. Киһи дьиксинэ-дьиксинэ хоммут. Эмээхсин хойут, түүҥҥэ дылы, утуйбакка сылдьыбыт.

Эмээхсин таһырдьа тахсыбытыгар, дьиэ сыбаҕа сулламмытынан көрдөҕүнэ, сүгэ аалынан килэбэчитэ олорор эбит. Ону көрөн, киһи этэ саласпыт, куйахата күүрбүт. Сотору соҕус буолан баран, сүгэтин туппутунан эмээхсин киирэн кэлбит. Киһи уһукта сытарын көрөн, сүрүргээбитэ буолуо, көрө сытар киһини өлөрүөн. Утуйбута буолбут. Утуйда ээ быһыыта дии санаан, киһи, түүн туран, күрүүр. Тахсаат, үүт маҕан атыгар түһэр да, уута киирэн турар Луҥханы харбатан ортолоон эрдэҕинэ, кэннигэр эмээхсин ыһыы-хаһыы бөҕөнөн сүүрэн тэйэн иһэр эбит. «Хара түөкүнү, били, киирээт өлөрбөккө, куоттардахпын көр эрэ!»

Үрэҕи туораан баран хайыһан көрбүтэ, үрэххэ кэлээт, Тахтаҕас эмээхсин сүгэтинэн быраҕан кыыратар. Үтүө киһи буолан, киһи, хаптас гынан, аһаран биэрбит. Төбөтүн үрдүнэн ыһыыран ааһан, сүгэ тииккэ угугар дылы батары түһэн хаалбыт.

«Оо, абам да баар эбит! Хайдах гынан ситиэм баарай», – дии-дии кыыһырбыт эмээхсин эккирии хаалбыта үһү.

Ол кэнниттэн итиннэ икки атах үктэммэтэх. Хайдах олорон өлбүтэ биллибэт. Ол элгээни билигин да Тахтаҕас Элгээнэ дииллэр.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх