Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 61

БҮЛҮҮ
СИЛЭЭН

Оглавление

Силээҥҥэ ити эмээхсин олорбутун кэннэ Дагдаҕар Силээн диэн киһи (кимтэн кииннээҕэ, хантан хааннааҕа биллибэт), буруо-тараа таһаарынан, олорбута үһү.

Ити олордоҕуна, хантан да кэлбитэ биллибэккэ, Уһуктаах Түмэппий диэн киһи Силээни булбут. Ол эрээри былыр икки киһи биир сиргэ сатаан олорботторо үһү. Ол да иһин буолуо, үс хонук бэлэмнэнэн баран, кыргыһарга диэн хааннаах хабала, буордаах баппыыска бэрсибиттэр.

Уһуктаах Түмэппий улахан уҥуохтаах, модун быччыҥнардаах, бухатыырдыы майгыннаах киһи үһү. Дагдаҕар Силээн, төһө да дагдайдар, дьулайа көрбүт, онон сарыы аһатын көстүбэт өттүн суллаан ылбыт. Уотугар муҥураат тиит чөҥөчөгүн анньан кэбиспит. Онтуката үс күн буруолуу турбут. Уонна күрээн хаалбыт. Уһуктаах Түмэппий көрдөҕүнэ, уота быстыбакка буруолуу турбут, ураһата, кини көрдөҕүнэ, турар.

Үс хонон баран, кыргыһардыы хонууга тахсан күүтэр да киһитэ кэлбэт. «Куттанан сытаҕын дуо? Дагдайа сытыйбыт Дагдаҕар Силээн, көҕөрө сытыйбыт күөх көппө!» – диэн үөхсэ-үөхсэ кэлэр.

Киһитэ суох. Хата, сарыы ураһа аҥарын туһанан хаалар.

Ол курдук Уһуктаах Түмэппий Силээн олорбут сирин күүс өттүнэн былдьаан ылбыт. Ол да буоллар, сир Силээн диэн ааттаммыт. Онно Уһуктаах Түмэппий киһи төрдө буолбут.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх