Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 53

БҮЛҮҮ
ХАҺА ЭМЭЭХСИН

Оглавление

Уруккута бу томторго Хаһа диэн эмээхсин олорто үһү. Бу эмээхсин иннинэ кимнээх олоро сылдьыбыттарын билэр кырдьаҕастар суохтар. Кини олоро сылдьыбыт дьиэтин онно дэриэбинэ арҕаа өттүгэр аймаҕын уһаайбатыгар баар. Хаһа эмээхсин, дьон этиитинэн, биллэр-көстөр күүстээҕэ дииллэр. Бэл кырдьан да баран, улааппыт отуччалаах уолаттарын, хам тутан туран, кырбыыра үһү. Бу эмээхсин, дьиктитэ диэн, үөһээ уоһугар тор курдук бытыктааҕа дииллэр.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх