Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 55

БҮЛҮҮ
КҮҮЛЭТ

Оглавление

Былыр тус-туспа омуктар сэриилэһэр идэлээхтэрэ. Билиҥҥитэ Күүлэт Күөлгэ тоҥус дьоно кэлэн тохтообуттар уонна онно балаҕан туттан олорбуттара үһү. Ол балаҕан күүлэлээҕэ эбитэ үһү. Омук дьонун кистээн көрдөрө-биллэрэ олохтоохтор биир эмээхсини ыыппыттар. Бу эмээхсин күн тахсыытын эргин, ситэ балаҕаҥҥа тиийбэккэ эрэ, чарапчыланан ол дьиэ диэки көрбүт. Күүлэҕэ сытар харабыл тоҥус ытан, бу эмээхсини өлөрбүт. Уонна, кими да чугаһаппакка, ытыалаан, өлөрөн испиттэр. Оттон бараллара кэлбитигэр, бу күөлү, чиэстээннэр, Күүлэт буоллун диэбиттэр.

Тоһуур оҥоһуллубут бу күөл билиитин Саллаат Билиитэ диэн ааттаабыттар. Бу күөл атын өттүгэр дьоннор сайылыыллара. Онно маҥан ураһа турбут сирин Суурт диэн ааттыыллара. Онон бу Күүлэт күөлгэ түһэр үрэх таһынааҕы сири Суурт дииллэр. Сууртаах диэн күөлү эмиэ сити тылтан таһаарбыт буолуохтаахтар.

Үһүйээни Николай Иосифович Кириллин (1912) кэпсээбит.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх