Читать книгу Үһүйээннэр, номохтор - - Страница 62

БҮЛҮҮ
СЭТТЭ СОРТУОЛЛАР

Оглавление

Сортуолга олохсуйбут киһи улуу ойуун үһү. Ол киһи, дойдутугар олорон, быраатын кытта иирсэн баран, былыкка олорон, сири-дойдуну кэрийбит. Ол сылдьан, бүтэй оттоох-мастаах Бүтэйдээх Алаас диэн баар эбит диэн, онно көһөн кэлбит. Ол Сортуол ойуун 7 уол оҕоломмут. Онтон буолуо, Сортуоллары Сэттэ Сортуоллар диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрин үгүстүк истэр этим.

Үһүйээннэр, номохтор

Подняться наверх