Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 22

ААҺАР АБЫЛАҤ

Оглавление

Хаһан этэй, мин эйиэхэ

хараҕым уотун хатаабытым,

Хаһан этэй, эн миигин

ааһан иһэн абылаабытыҥ?

Ол онно эн миэхэ

мичилийэ мичээрдээбитиҥ,

Ол онно эн миэхэ

чэмэлийэ эйэргээбитиҥ.

Онтон ыла эн биһикки

суохтаһар, ахтыһар эбиппит,

Онтон ыла эн биһикки

сүрэххэ сүтүгү ииппиппит.

Кэлин этэ, билбиппит

олохпут тус-туспа суоллааҕын,

Хойутаан биһи билбиппит

таптал төннүбэт аналлааҕын.

Билигин эн биһикки

бүтүн буолбат аҥаар-аҥаарбыт,

Бу күн эн биһиэхэ

биир буолбатах ахтар аналбыт.


2004 с.

Иэйик хоһуйа

Подняться наверх