Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 21

ИЙЭМ КЭТЭҺЭР

Оглавление

Тулабар

тулаайахсытар

туймаархай туман

тууйа тунаарыйар.

Санаабар

ыраах баар

дьиэм буруота

ыҥыра унаарыйар.

Арҕааттан

атыҥырас тыал

атарахсыта

аргыарыйар.

Аттыбар

айаным суола

аһыммыттыы

аҥаарыйар.

Турабын,

тумаҥҥа муннарар

туоххаһытар санаабар

                        туймаара сууйуллан…

Турабын,

ийэбэр тиийээри

истиҥ ахтылҕанынан

иэйэ тууйуллан…

Өссө биир

үрдэл хаалла,

сүрэхпин

ахтылҕан аалла…

Оол көстөр

тумарык хайалар

өргөстөрүн

нөҥүө өттүлэригэр

Төрөөбүт түөлбэм,

чэрдээх тэлгэһэм,

алаадьы сыттаах

алгыстаах алаһам

Ахтар айыыһыта

айаннаан кэлэрбин

ааҕа саныы,

аймана кэтэстэҕэ.

Онно,

хотон кэтэҕэр,

кыбыылаах отун

кытыытыгар,

Кырпа отун

кыраабыллыы сылдьан

кыра да тыаска

кыҥастаһа,

Илинтэн кэлэр

иччитэхсийбит

          айан суолун

тэһийбэтэхтии маныыр…

Ийэкэм

кэмэ суох

кэтэһиннэрбит

уолун саныыр.


Иэйик хоһуйа

Подняться наверх