Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 10
ГИТААРА
ОглавлениеМин доҕуһуолдьут доҕорум —
гитаара,
Мин кынаттаах атым —
гитаара.
Махтанабын эйиэхэ,
Долгуйар иэйиим
долгураҥ дьүрүскэнин,
Добун халлаан санааҕа
дорҕоон гынан көтүппүккэр.
Дойдубар, дьоммор
мин ааппын ааттаппыккар.
Мин ыллыыр баҕа ырам —
гитаара,
Сүрэҕим ырыаҕа сирдьитэ —
гитаара,
Махтанабын эйиэхэ,
Ис дьиҥим кырдьыгын
иһирэхтик истибиккэр,
Өй-сүрэх мөккүөрүн
дьүөрэ тэтимҥэ тиспиккэр.
Кэрэ, дьикти эйгэтигэр
сүрэхпин сиэтэн илдьибиккэр.
Саҥарбат санаам тыллара —
мин гитаарам кыллара.
Иэйиим утаҕын кыллара —
мин гитаарам тыллара.
Махтанабын эйиэхэ,
Иһирэҕим истилэҥин
илдьитэ эн буолбуккар,
Айар олоҕум кистэлэҥин
араҥаччылыы арчылаабыккар.
Куппун-сүрбүн ытата,
ыллата арыаллаабыккар.
Саҥарбат санаам тыллара —
мин гитаарам кыллара.
Иэйиим утаҕын кыллара —
мин гитаарам тыллара.
Махтанабын эйиэхэ,
Дорҕоону доҕуһуоллуу
тэтимҥэр тиһэ тиспиккэр,
Абылаҥнаах ахтылҕан аатталбын
арахпакка арыаллаан испиккэр.
Миигин кытта тэҥҥэ үөрүүнү,
хомолтону билбиккэр.
Эрэллээх доҕорум Гитаарам —
мин айар аҥаарым,
Эйиэхэ мин —
ырабын итэҕэйэбин,
Эйиэхэ мин —
ырыанан сүгүрүйэбин!
2004 с.