Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 12

КҮНТЭН КҮН

Оглавление

Түгэнтэн түгэн

түбэһэн иһэриҥ түргэниэн,

Күнтэн-күн

күрэнэн иһэриҥ күлүмэҕиэн,

Ыйтан-ый

ыган иһэриҥ ыксалыан,

Сылтан-сыл

сыыллан иһэриҥ сыыдамыан.

Кэлин биллим

эн айаныҥ хас хардыытын,

Хаһан да хатыламмат

харданы эрэйэр атылын,

Ааһа барар дьыллар

саҥата суох ыйытыктарын,

Кэлэн иһэр кэмнэр

кээмэйэ суох сылыктарын.

Истэр буоллум

иэйэр ис турукпунан

Сүтэр хонуктар

сүпсүлгэннээх түбүктэрин,

Сүрэхпэр иҥэринним,

сүрбэр-куппар эбинним

Сүдү өбүгэлэрим

сүппэт-өлбөт сүбэлэрин.

Итэҕэстээхпин билинэн

итэҕэлбэр иҥэ иэйдим,

Эрэйдээхпин этэммин

эрэлбэр элэ эҥээҥнээтим,

Хоруйун булбатах —

хомолтолоох санааларбын

Кимиэхэ да буолбатах —

хороҥ бэйэбэр этинним.


2004 с.

Иэйик хоһуйа

Подняться наверх