Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 20

ТҮГЭН

Оглавление

Түгэнтэн төрүүллэр түбэһиэх иэйиилэр,

Түгэнтэн төрүүллэр үйэлээх үөрүүлэр.

Түгэнтэн үөскүүллэр түөкүннүү санаалар,

Түгэнтэн үөскүүллэр төрүт өйдөбүллэр.

Түгэнтэн саҕаланар түһэн биэрии,

төннөн иһии,

Түгэнтэн саҕаланар кэскил кэлиитэ,

туску туруута.

Түгэҥҥэ биллэр бу олоххо ким кимэ,

              туох туга,

Түгэҥҥэ биллэр сымыйа албына,

                  кырдьык дьиҥэ.

Түгэҥҥэ быһаарыллар ким өлөрө,

ким тиллэрэ,

Түгэҥҥэ быһаарыллар ким самнара,

ким кыайара.

Түгэни баһылаа эн бу күннээҕи

                    күлүм түбүккэр,

Түгэни баһылаа эн бу уһун,

              бу кыл түгэнэ олоххор.

Түгэн диэн бу эн, бэйэҥ олороҕун.

Түгэн диэн бу эн, олох буолаҕын.

Түгэн анараата өлүү уонна тиллии,

Түгэн анараата үрүҥ уонна хара.

Түгэн диэн улуу күүс, идэлээх уус,

Түгэн диэн айар-үҥэр таҥара!


Иэйик хоһуйа

Подняться наверх