Читать книгу Иэйик хоһуйа - - Страница 18

ИЭРЭҤ-СААРАҤ

Оглавление

Ытыам иһин харах уута кэлбэт,

Ыллыам иһин ырыа тыла тиийбэт,

Суохпун-баарбын билбэппин,

Сураҕын субутун кыайан эппэппин.

Өйдүөм иһин өйдөбүлэ көпсөгөй,

Өйөнүөм иһин өйөнөрө көҥдөй,

Тутуом иһин туура тутаах суох,

Тугум эрэ туохха эрэ итэҕэс.

Дьэ дьикти да түгэн буулаата,

Ааһан, араҕан биэрбэккэ уһаата,

Иэрэҥ-саараҥ иэдээнэ диэлийэр,

Ылбат-биэрбэт ынырыга дьиэтийэр.

Ынчыктыам да буоллар ыһыктыбакка,

Ыраахтан ыраны ыҥыран аҕалан

Ыан ылабын ылламматах ырыаларбын,

Ырааһырдар, чэлгитэр тылларбын.

Онтон эмиэ олох күүрээнигэр,

Олох туһа охсуһуу ортотугар

Дьонум туһа дьоруо айаҥҥа

Дьоллоох тэҥэ сылдьабын этэҥҥэ.


Иэйик хоһуйа

Подняться наверх